Ньуккуу. Ойуур Кыыһа (Үһүйээн)

Ааптар:  Михаил Гоголев – Долгун
10.03.2018
Бөлөххө киир:
Ити тухары Ньуккуу дьиэ таһыгар, эгэ, ойуурга-сыһыыга да сылдьарын ким даҕаны көрбөтөҕө.

Салгыытта. Иннин 09.03.18 көр

Итинник сайын, күһүн, кыһын ааһаннар, саас кэлиитэ Ньуккуу кумааҕы курдук кубарыйан, уҥуох-тирии буола дьүдьэйэн, дьиэтин таһынааҕы сабараанньаҕа тахсан күҥҥэ сыламныыр буолла. Эмээхсин даҕаны сылайбыт, илистибит көрүҥнэммит, биллэ кырдьыбыт.

Онтон от-мас ситиитэ, эдэр эдэрэ өтөн, сыыйа-баайа иҥин хаана кэйэн, сирэйэ-хараҕа сырдаан барда.

Бэс ыйын бүтүүтэ, уруккутунааҕар өссө ордук эт тутан, түөһэ томтойон, самыыта төгүрүйэн, кыыс-дьахтар кылаан бэрдэ буолан, кыталык кыыл курдук кынталдьыйа хааман, эмиэ били сылдьар сирдэринэн кэмэ суох кэрийэр, харыыта суох хаамар буолла.

Бу Ньуккуу уон аҕыһын туолбут кэмэ этэ. Бу кэмҥэ, кинини арай бэркэ билэр киһи өйдөөн-дьүүллээн көрөрө буоллар, харааччы буспут моонньоҕон курдук кэрэчээн харахтарыгар сытыы кылыс биитин курдук тымныы дьирбии олорбутун бэлиэтии көрүө эбитэ дуу?.. Ол тымныы дьирбии, Ньуккуу тугу эмэ сөбүлээбэтэҕинэ, эбэтэр кыыһырдаҕына, уон төгүл уохтанан, тыбыс-тымныынан хаарыйан, тыгар тымырдаахха, итии хааннаахха — утары көрбүккэ эрэ барыларыгар, турбутунан туруору тоҥуох айылаах, умнуллубат тымныы, тыйыс өйдөбүлү хаалларыахтаах, өскөтүн ол муҥнаахтар ити көрүүнү тулуйан көрбүт буоллахтарына. Оттон тулуйбатахтарына, туох кэлээхтиэй, ол аата, бу киһи кини харахтарын уонна күн сырдыгын бүтэһик көрүүтэ буолуохтаах.

Билигин Ньуккуу уруккута буолбатах, тас көрүҥэ, биллэн турар, уруккуттан улахан уларыйыыта суох, ис тутула, санаата атын, уонна өссө туох эрэ биллибэт сүдү күүс этигэр-сиинигэр олоччу тарҕанан иҥэн сылдьарын билэр буолбут. Ити биллибэт күүс таска тахсыан, туохха эрэ туһуланыан, эбэтэр тугу эрэ урусхаллыан, ордук кутталлааҕа, кими эрэ эчэтиэн сөбүн эмиэ сэрэйэр, билэр. Ону туохха туһаныан, кимиэхэ аныан соччо быһааран билбэккэ сылдьар, эбэтэ этэринэн, дьэ, итини бэйэтэ эрэ быһаарыахтаах. Бэйэтигэр мунньан-хаайан тута сылдьара табыллыбат, кэмигэр таска тахсыах, туохха эрэ туһуланан тарҕаныах тустаах.

Били ааспыт сайын абырахтыы сатаабыт хатыҥа аанньа тыллыбакка турарын көрөн, аттыгар тиийэн, тобуктаан олорон аллараттан өрө көрөн таһаарда. Аттыгар турар хатыҥнар ситэн-тупсан силигилээн ырааппыттар. Арай Ньуккуу хатыҥа эрэ онон-манан саһархай сэбирдэхтэрдээх, били кыыл муоһун аалынан хастаабыт туоһа, сырҕан баас курдук хап-хара буолан, эбиитин көбүс-көнө бэйэкэтэ ортотунан эрийэ баран, киһи хараҕар тута быраҕыллар. Кини эрэ собус-соҕотоҕун иинэн-хатан аҕай тураахтыыр эбит. Чочумча саҥата суох олорбохтуу түһэн баран, харахтарын симэн, бэйэтэ эрэ билэр туругар киирэн, аргыый аҕай ботугураан, хатыҥчааныгар алгыс тылларын анаата.

Хатыҥын кытта оннук балачча өр дьарыгырда. Ити курдук, хас да хонук хатыҥын алҕаан, эмтээн, үтүөрдэн кэбиспитэ.

Хатыҥ ситэн-хотон силигилээн, ыраахтан харааран көстөр сырҕан бааһа сүтэн, токуруйбут быһыыта көнөн, чугастан эрэ көрдөххө көстөр хара сурааһын хаалбыта.

Дьэ, бу күнтэн саҕаланнаҕа буолуо орой-буурай охсуһуулаах орто дойдуга сырдык-хараҥа, үрүҥ-хара, үтүө-мөкү күүстэр баранан биэрбэт харсыыларыгар орооһор, итии хааннаах, иннинэн сирэйдээх икки атахтааҕы эрэ араҥаччылыыр буолбакка, тулалыыр айылҕаны, көтөрү-сүүрэри эмиэ бэйэтин аналлаах идэтинэн көмүскүүр-харыстыыр, анарааттан айдарыылаах, үөһээттэн этиттэриилээх удаҕан оҕо, Ойуур Кыыһын, олоҕо.

Бу кэнники кэмҥэ, Ньуккуу ыалдьан туруоҕуттан, урут билбэтэх дьикти туруга кинини арыаллыыр буолла. Эмиэ да илэ, эмиэ да түүлүгэр курдук, кини көтөн хаалыах курдук турукка киирэр. Көтүө дуо, суох. Хайдах эрэ чэпчээн хаалан баран, сиртэн бэрт кыратык дугунна да, уонча-сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ атаҕа сири таарыйбакка устан тиийэр. Өссө онтун санаатын күүһүнэн төһө баҕарар уһатар кыахтаах курдук сананар. Ити барыта санаатыгар эрэ буолбатын сэрэйэр даҕаны, билэр даҕаны курдугун иһин, дьиҥ олоххо туттан көрбүтэ суох этэ. Аны туран, бэйэтэ утуйа сытар курдук эрээри, хас да сиргэ тэҥҥэ тиийэн хаалар түгэннэрэ баар буолаллар. Ол курдук, дьүөгэ кыргыттарын өр кэмҥэ көрсүбэккэ сылдьан баран, тугу гыммыттарын, кимниин көрсүбүттэрин, туох туһунан кэпсэппиттэрин көрөн олорбут курдук кэпсэтэлээн соһуталыыр идэлэннэ.

Дьүөгэ кыргыттара Ньуккуу дьикти талаанын, эбэтин кытта быһаччы ситимнээн, эбэн-сабан, түөлбэни толорон кэбистилэр. Онуоха эбии өссө биир түгэн дьон хараҕын ортотугар буолан, ол түбэлтэ, эбии сиэллэнэн-кутуруктанан, чугас нэһилиэктэринэн тилэри сүүрдэ. Итинник сонун тарҕанара сөҕүмэр түргэнин уонна хабар сирэ кэмэ суох киэҥин дьон-сэргэ билбит аҕай суола буоллаҕа эбээт.

Ол курдук, ыһыах тэрээһинигэр Ньуккуу дьүөгэлэрэ эт буһарыытыгар кинини көмөҕө ыҥырбыттарыгар, эбэтиттэн көҥүллэтэн, бөһүөлэккэ барбыта.

Саха киһитигэр, урааҥхай удьуоругар бэс ыйа — бэлиэ, кэтэһиилээх кэрэ кэм. Уһун кыһынтан уһуктубут айылҕа барахсан муҥутуу ситэн, чэчирии тиллэн, кыыллыын-сүөллүүн, көтөрдүүн-сүүрэрдиин төрүүр-ууһуур кэмнэрэ. Сайылыкка көһүү буолар, анды булда саҕаланар, ырбыы собото көбөр — барыта күндү кэмнэр. Хайа, уонна Омоҕой оҕонньор, Эллэй эһэбит саҕаттан күндү-мааны ыһыахпыт ыһыллар буоллаҕа дии.

Бэс ыйын үрүҥ түүннэрэ муҥутаан аҕай турар кэмнэрэ. Сир-дойду, ото-маһа ситэри ситэн, нуолур солко, торҕо күөҕүнэн, дьикти кэрэ сибэккилэрин уон араас өҥүнэн толбоннура симэнэр кэпсээҥҥэ киирбит, тойукка туойуллубут, ырыаҕа ылламмыт үтүө-мааны кэмэ.

Бөһүөлэк балачча улахан күөл үрдүгэр турар. Эбэлэрин хабыллар хаба ортотунан үрэхтэрэ ааһар, үрэх күөлгэ түһэр төрдө балачча кэҥэс, сэттэ уонча ыллар хардыы буолара буолуо. Ол уҥуоргу өттүгэр оҕолор барахсаттар түүннэри сөтүөлээн чомполонуу бөҕөтө. Бэтэрээ кытылга ып-ыраас сыыр үрдүгэр ыһыах этин буһарааччылар түбүгүрэллэр. Ньуккуулаах, биэс кыыс уонна үс уол буоланнар, икки кырдьаҕас дьон дьаһалынан, икки улахан чугуун чааннарга эмис сылгы этин, иһин буһаран, сойутан, үтэһэлиир соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Ынах маҥырыыра, сылгы кистиирэ, оҕолор хатан күлүүлэрэ, кэҕэ этэрэ, өтөн үөтэрэ, түптэ сыта — барыта холбоһон, дьикти кэрэ иэйиини саҕар буоллаҕа саха ааттаахха, урааҥхай удьуорга бу кэрэ бэйэлээх кэм.

Оҕолор барахсаттар түүннэри сөтүөлээн чомполонуу бөҕө. Эмискэ үүт тураан намыын-намчы сайыҥҥы түүнү оҕолор ыксаабыт хатан хаһыылара аймаата.

Улахан дьон үрэх уҥуор сыыр үрдүгэр сырса сылдьар оҕолор айдааннарыттан туох эрэ бэрдэ суох быһылаан буолбутун сэрэйэн көрө түспүттэрэ, уҥуоргу кытылтан чугас соҕус үөскэ икки оҕо төбөлөрө, ууга сүтэ-сүтэ күөрэс гынаат, мэлис гынан хааллылар. Өлүү түбэлтэлээх, сор суоллаах диэбиккэ дылы, уҥуоргу кытылга олоччу кыра оҕолор эрэ сөтүөлүү сылдьаллар эбит. Бэтэрээ кытылтан харбаан тиийиэххэ ырааҕа бэрт. Саатар, тыы да баара биллибэт-көстүбэт, эмискэ үлүгэр ааттаах араллаан тоҕо тардылынна. Дьон аймалҕана, оҕолор сарылаһыылара, икки кытылынан төттөрү-таары сүүрэкэлэһии.

Арай саҥа көтөн эрэр туманы кытта булкуһа, икки илиитин уҥуор диэки ууммутунан, сырдык күөх былаачыйатын тэллэҕэ тэлээрбитинэн, биир кыыс үрэх ньуурун үрдүнэн, атаҕа ууну таарыйбакка, туманныын бииргэ устан тунаарытан, үрэх уҥуор туораан, оҕолор тимирбит сирдэригэр тиийэн умсан хаалла. Сотору биир кыыс оҕону ууттан таһааран кытылга сытыаран баран, ууга иккистээн киирэн, аны, тимирэн хаалбыт уол оҕону булан таһаарда уонна бэлиэр тыыммат буолбут уол оҕону испит уутун хотуолатан тыын киллэрдэ.

Тыын киллэрээтин кытта уол барахсан бастакы саҥата:

— Балтым ханнаный? — диэн буолла.

Балта, хата, туох да буолбакка, убайыгар кэлэн ыга сыстан баран, ытаан сыыгынаан бараахтаата. Убайа барахсан, кыайан үчүгэйдик харбаабат балтын үрэх сүүрүгэ үөс диэки тардан, иэдээн буолан эрэрин быыһаары, бэйэтин былдьата сыстаҕа үһү.

Бу түгэни көрөн турбут дьон бука бары, көрбүттэрин итэҕэйбэккэ, бэри диэн бэркиһээн, сөрү диэн сөҕөн, төбөлөрүн эрэ илгистэн кэбиспиттэрэ.

Аймалҕан ааһыыта дьон-сэргэ, дьэ, өйдөрүн-төйдөрүн булунан, оҕолор барахсаттар үрүҥ тыыннарын өллөйдөөбүт быыһааччыларын көрдөөн көрбүттэр даҕаны, кыыстара сиик туманын курдук сүтэн хаалбыт этэ, хайа диэки барбытын даҕаны ким да өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөх. Быыһааччы Ньургуһун кыыс этэ.

Бу түбэлтэ кэнниттэн:

— Хараадай удаҕан сиэнэ эмиэ улахан хомуһуннаах, уу үрдүнэн көҥүл хаамар, уу анныгар балык курдук төһө баҕарар сылдьар, ууга түһэн өлбүт оҕолору тириэртээбит, — диэн, олохтоох эрээри, эбиилээх-сабыылаах сурах сири-сибиири бараабыт.

Бэс ыйын бүтүүтэ ороһулаан төрөөрү сылдьар ынахтара биир киэһэ кэлбэтэ.

Ньуккуу онтун көрдөөн, дьиэтиттэн тэйэн, балачча ыраах ыырдана сылдьан, төрөөрү сылдьар көҥөс сүөһү тэҥкэҕэ саһар дииллэрин өйдөөн, харыйа быыстаах үрэх тэҥкэтин батта. Бу иһэн, хайдах эрэ, кэтэҕэ тымныйан, иэнин иҥиирэ илибирээн, этин сааһа аһыллан, икки чабырҕайдара чыбырҕаччы кэйиэлээн, ыксаан, сүүрэр-хаамар былаастаан үрэх тэҥкэтиттэн кып-кыра ырааһыйа оҕотугар сүүрэн тахсыбыта, арай, ынаҕа барахсан бу турар эбит. Хата, бэрт үчүгэйдик, кырачаан торбоһо ийэтин эмэн, кутуругун оҕото тойтоҥолуу аҕай турарыгар кыһаллыбакка ааһа ыстанан, ырааһыйа уҥуор өттүгэр таласта.

Ырааһыйаны сэлэлии үүммүт ыарҕа кэнниттэн, ардай аһыытын килэппитинэн, сүр улахан сур бөрө, харахтарыттан күөх уот сардырҕаабытынан, икки илин атахтарын уһаты быраҕан, кэлин атахтарыгар чохчойон, ыстаал буруһууна курдук туох баар быччыҥнара, иҥиирдэрэ чыҥкыначчы күүрэн, бултаары манаспыт булдун мэһэйдэспит икки атахтаахха утары ыстанаары тыҥаан аҕай сытарын көрө түһээтин, Ньуккуу харахтара тыбыс-тымныынан килэбэчиһэ түстүлэр уонна икки илиитин ытыстарын бөрө диэки хаххаланардыы утары ууммутунан, ийэ буоруттан икки атахтара арахсан, бөрө диэки умса нөрүйбүтүнэн, атахтарын да хамсаппакка утары уһунна.

Аар тайҕа ааттааҕа, бу дойдуга куттанарым-салларым суох диэн сылдьыбыт бэйэкэтэ, харахтарын уота умуллан, кутуругун кумунан, кулгаахтарын ньылатан, түөрт атахтарын өрө быраҕан, албыннаһар-ааттаһар моһуоннанан тиэрэ сытынан кэбистэ.

Ойуур Кыыһа, сиик туманын курдук тыаһа суох аргыый устан тунаарытан тиийэн, бөрө иннигэр аргыый аҕай тобуктуу түспүтүгэр сур бөрө кыыс утары ууна сылдьар илиилэрин хардары-таары салаамахтаан ылла.

Онуоха туран, Ойуур Кыыһа саҥалаах буолла:

— Ийэ кыылым, эн биһи үйэлээх сааспытыгар үстэ эрэ көрсүөхтээхпит, ол даҕаны үгүстэргэ кыаллыбат сорук. Аны даҕаны аттыбар баар буолаар, аналлаах соруккун бэйэҥ билиэҕиҥ, билигин сүт мантан, — диэтин кытары күөрт күлүк ыарҕа быыһыгар күлүкүчүс гынан хаалла.

Бу түгэнтэн ыла Ойуур Кыыһа удаҕан, ийэ кыылынаан биллибэт-көстүбэт биир ситиминэн бааллан, орто баайыы киһи санаатыгар да билбэт, тылынан да кыайан эппэт дьайыытын оҥорон-ситэрэн, үс дойду үргүөрдээх үрэхтэринэн, аргыардаах аартыктарынан сылдьар сата-буурай сырыылара саҕаланнаҕа диэххэйиҥ.

Бу кэннэ Ойуур Кыыһа, дьэ, киһи бодотун ылынан, кыталык кыыл курдук кынталдьыйан, дьороҕоркоон сотолорунан оонньохолуу дугунан, тарбыйахтаах ынаҕын үүрэн, дьиэтин диэки бара турда.

Бу күнтэн ылата кини кутун-сүрүн ийэ кыыла харабыллыыр, атын идэлээхтэртэн көмүскүүр-харыстыыр халбаҥнаабат харысхал, тулхадыйбат тулааһын буолар, өскөтүн атын айдарыылаах улуу дьаалы ийэ кыылын кытта дуолан охсуһууга кыайтаран былаҕайга былдьаппатахтарына. Иччитин кутун-сүрүн, кини удьуордарын үс үйэ эбэтэр тоҕус көлүөнэ тухары харабыллыыр, көмүскүүр, араҥаччылыыр ытык аналлаах. Ойуур Кыыһа удаҕан, ити аата, үрдүкү күүстэр көмөлөрүнэн, эбэтин Хараадай удаҕан уһуйуутунан, ийэ кыылланан, ананан кэлбит идэтин булуннаҕа.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0