«Новосибирскай арыылара» федеральнай таһымнаныахтара

Ааптар: 
18.04.2018
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр баар «Новосибирскай арыылара» заказнигы, РФ  Айылҕа ресурсаларын  уонна экологиятын министиэристибэтэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбыта федеральнай таһымнаах заказник буолар тэрээһиннэрин саҕалаатылар. Бу туһунан, муус устар 17 күнүгэр, СӨ айылҕа харыстабылын  миниистирэ Сахамин Афанасьев суруналыыстары кытары көрсүһүү кэмигэр иһитиннэрдэ. 


«Новосибирскай арыылара» Булуҥ улууһун сиригэр, Илин-Сибиирдээҕи уонна Лаптевтар муораларын икки ардынан сытар. Манна Арассыыйа Кыһыл кинигэтигэр киирбит үрүҥ эһэ, морж, муора куобаҕа, кубархай кыһыл чайка уонна да элбэх  тыынар-тыыннаахтар үөскүүр сирэ. Заказник 6,6 мөл. га иэннээх.

«Саха сирэ «Новосибирскай арыылара» судаарыстыбыннай заказнигы тэрийэр үлэтэ түмүктэннэ. Кулун тутар 2 күнүгэр Арассыыйа бырабыыталыстыбатын дьаһала баттаммыта. Арассыыйа айылҕатын саппааһын уонна экологиятын министиэристибэтин кытта анал харабылланар сирдэргэ ыытыллар тэрээһиннэри ыытан саҕалаатыбыт«,-диэн Сахамин Афанасьев бэлиэтиир.

Санатан эттэххэ, «Новосибирскай арыылара» эрдэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Лена-Дельта» резерватка киирсэрэ.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0