Николай Новгородов: «Ыарахан кэмҥэ ырыам, айар талааным күүс-көмө буолбута»

17.12.2018
Бөлөххө киир:

Николай Новгородов аата ыччакка киэҥник биллибитэ үс-түөрт сыл буолла. Кини толорор “Ийэбэр”, “Дойдубар”, “Доҕорбутугар” диэн анабыл ырыаларын сэргээн истэллэр, араадьыйаҕа сакаастыыллар. Ыччат эдэр киһи ырыаларын таптал эрэ туһунан ­буолбакка, киһини толкуйдаталлар, дириҥ суолталаахтар диэн ордорор. Коля “Биир тэтим” диэн айар түмсүүнү төрүттээччилэртэн ­биирдэстэрэ, «Эйигин талабын» ырыа күрэһин кыттыылааҕа, “Үрдэл-2016” мусу­каалынай бириэмийэ номинана буолар.

Ураты суоллаах-иистээх талааннаах ыччаты кытта кэпсэттибит:
— Мин Уус Алдантан төрүттээхпин. Оҕо сылдьаммын кэккэ төрүөттэринэн хас да оскуолаҕа үөрэммитим, сүрүннээн, Тумулга улааппытым. Оскуолаттан доҕордоһор Аня диэн кыыспын кэргэн ылан, икки уол оҕолоохпут – Гоэл уонна Эрэл. Билигин Дьокуускайга олоробут.

— Ыллыыр дьоҕуруҥ кимтэн бэриллибитий?
— Ийэм өттүнэн ­эбээ­лээх эһээм ыллыыл­лара. Эһээм ба­­йааҥҥа оон­н­ьуу­рун, онуоха эбээм маҥан былааты бүрүнэн үҥкүүлүү-үҥкүү­лүү ыллыырын бу баардыы өйдүүбүн. Оттон мин, эдьиийим этэринэн, олох кырабыттан ыллыыр үһүбүн. Уон биир саастаахпар “Ийэбэр” диэн бастакы ырыабын суруйбутум. Аҕам үс саастаахпар күн сириттэн барбыта. Онон ийэбитигэр ыарахан кэмнэр этэ. Ол санааларга тууйуллан суруйбут ырыам буолар.

— Ырыаҥ тылын уонна матыыбын бэйэҥ айар эбиккин дии.
— Мин олохпуттан быһа тардан, кырдьыгы хайдах өйдүүрбүн, олоҕу көрүүбүн суруйан, ырыа оҥоробун. Ол иһин ырыаларым эдэр дьоҥҥо чэпчэкитик тиийэллэр быһыылаах дии саныыбын. Ырыа тылын, матыыбын тэҥҥэ айабын.

— Эбии тугунан дьарыктанаҕын?
— Урут спордунан дьарыктанар этим. Буоксаҕа идэтийбит спортсмен буолар баҕа санаалаах, былааннардаах этим. Киһиргээбэккэ эттэххэ, ол ыллыырбынааҕар ордук табыллар этэ. Хомойуох иһин, наһаа үлүһүйэммин, сыыһа-халты дьарыктанан, сиспин эчэппитим. Эчэйиибиттэн санаам түһэн, хомойон, ыһыктына сылдьыбыт кэмнээҕим. Ол ыарахан кэмҥэ ырыам, айар талааным сүрүн күүс-көмө буолбута. Киһи күүстээх санаалаах буоллаҕына, барытын тулуйан, аһарынан, атын суолу талан, бэйэтин булар эбит. Оттон билигин ыллыырым таһынан интэри­ниэт-маҕаһыыны үлэлэтэбин.

— Билигин туох бырайыактааххыный? Инники былааныҥ?
— Кэлэр сылга истээччилэрбэр элбэх саҥа айымньыны бэлэх уунаарыбын, кыратык тохтоон, сынньанан, өйбүн-санаабын сааһыланабын. Альбом таһаарыам дии санаабытым, ол эрээри билиҥҥи үйэҕэ бу соччо интэриэһи таппат быһыылаах. Онон ырыаларбын биир-­биир таһааран, харса суох ыл­лаан-туойан иһиэҕим.

Ырыа куттаах эдэр киһи айар үлэтигэр, дьиэ кэргэнигэр ситиһиилэри баҕарабыт!

Лера ЛЬВОВА,
ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатын устудьуона.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0