Бүгүн Ил Түмэн алтыс ыҥырыылаах мунньаҕын норуодунай дьокутааттарыгар талыллыбыттарын туоһулуур дастабырыанньалары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Саха сирин аныгы историятыгар саамай улахан быыбар буолан ааста. Ил Дарханы, 70 (35 дьокутаат өрөспүүбүлүкэтээҕи испииһэгинэн, 35 дьокутаат биир мандааттаах уокуругунан) Ил Түмэн дьокутаатын, Дьокуускай куорат, улуус, нэһилиэк баһылыктарын, улуус мунньаҕын дьокутааттарын таллыбыт.
Ол курдук, бүгүн Бырабыыталыстыба 2-с №-дээх дьиэтигэр норуот дьокутааттара муһуннулар. Кинилэри Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов, быыбар киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Ефимов эҕэрдэлээтилэр.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов:
«Саха сирин историятыгар биир улахан быыбар түмүктэннэ. Норуот дьокутааттарынан талыллыбыккытынан эҕэрдэлиибин. Өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар ситиһиилээх үлэни баҕарабын!»
Быыбар киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Ефимов:
«Саха сирин үрдүнэн быыбардыыр хамыыһыйаҕа уопсайа 7 тыһ. тахса киһи үлэлээтэ. Быыбар кэмигэр туох да улахан кэһии тахсыбата, быыбардыыр учаастактарга кэтээн көрөр тэриллэр туруорулланнар, хандьыдааттар уонна политическай баартыйалар өттүлэриттэн уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлээннэр, куоластааһын сиэр быһыытынан, чиэһинэйдик ыытылынна. Норуот дьокутааттарынан талыллыбыккытынан эҕэрдэлиибин!»
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 634 тыһ. 269 быыбардааччы баарыттан балаҕан ыйын 9 күнүгэр ыытыллыбыт быыбарга 50,71 %-а куоластаата. Ордук көхтөөхтөр: Өлөөн 90,34 %, Амма 80,04 %, Анаабыр 72 %. Нэстэрин көрдөрдүлэр: Ленскэй 35,03 %, Мирнэй 37,23 %., Алдан 40,24 %.
edersaas.ru
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.