«Норуотум олоҕун көрдөрөр соруктаах үлэлээн кэллим»

18.05.2022
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 18 күнүгэр аан дойду үрдүнэн Түмэл күнэ бэлиэтэнэр. Бу күҥҥэ анаан худуоһунньук, живописец Николай Николаевич Иннокентьев мастарыскыайыгар ыалдьыттаатыбыт, айар куттаах киһи үлэлиир сирэ туспа эйгэлээҕин бэлиэтээтибит.

Николай Николаевич мастарыскыайыгар үлэ үгэнэ. Биллиилээх худуоһунньук баҕалаах дьоҥҥо хартыына суруйарга үөрэтэр эбит. Мастарыскыайга Николай Николаевич устудьуоннуу сылдьан суруйбут үлэлэриттэн саҕалаан оҕолорун хартыыналарыгар тиийэ баар.

Николай Иннокентьев уһун кэмҥэ Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үлэлээн кэллэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Иллэҥ кэмигэр бу курдук уруок биэрэр.

Худуоһунньук үөрэнээччилэрин ортолоругар Саха сирин үтүөлээх артыыһа, норуот маастара Софья Иннокентьевна Баранова уруһуйга уһуйулла олорор эбит:

“Араас идэлээх дьон буоллахпыт дии. Сааһыран баран атын идэни боруобалыан баҕарар дьон элбэх. Николай Николаевич уратыта диэн кини соцреализм, реализм, үөрэх төрдүн ылыммыт киһи. Онтукатын ыһыктыбакка илдьэ сылдьар. Билигин араас хайысхалаах худуоһунньук элбэх, олорго барбакка, биһиги чуолаан сэбиэскэй саҕанааҕы оскуоланы ылынаары, туһанаары Николай Николаевичка кэлэн дьарыктанабыт. Кини курдук худуоһунньуктар аҕыйахтар. Соҕуруу үөрэнэ сылдьан, биһиги, дэриэбинэ оҕолоро, Москваҕа тиийэн туох баар улахан түмэллэри кэрийэрбит, художественнайга үөрэнэр оҕолору кытта доҕордоһорбут”.

 ххх

Николай Иннокентьев Ньурба улууһун Чучукаан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1966 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, 1973 сыллахха Репин аатынан живопись, скульптура уонна архитектура институтун живопись салаатын бүтэрбитэ.

Дьокуускайдааҕы училище кэнниттэн Ньурбаҕа Убайаан оскуолатыгар уруһуй учууталынан үлэлиир. Онтон айымньылаахтык үлэлииргэ билии-көрүү, атын дойдулар худуоһунньуктарын ньымаларын үөрэтии, элбэхтэ эрчиллии наадатын өйдөөн, Ленинград куоракка тиийэн Репин аатынан художественнай академияҕа үөрэххэ киирэр.

Нуучча улуу худуоһунньуктара бары Репин аатынан институкка үөрэнэн ааспыттара. Ол саҕана соҕуруу баран үрдүк үөрэххэ туттарсан киирии олус ыарахан этэ. Николай Николаевич иккис сылын туттарсан киирбитэ, антах үөрэх таһыма чыҥха атын уонна үрдүк этэ диэн бэлиэтиир.

Худуоһунньук айар үлэтин мэтириэттэн саҕалаабыт. БАМ тутуута саҕаламмытыгар хомсомуол линиятынан баран үлэлээбит. Ол сылдьан Беркакикка туруу үлэһит Гаврил Винокуровы уруһуйдаабыт. Оччолорго ханнык баҕарар ускуустубаҕа норуот олоҕун көрдөрүөхтээххин диэн эбит. Николай Николаевич ол сыалынан-соругунан сиэттэрэн, баччаҕа диэри үлэлээн кэллэ. Норуоккар туһалаах буолаары, норуотун олоҕун көрдөрөөрү. Норуот олоҕо диэн тугуй? Оччолорго сүрүннээн үлэни өрө тутуу, үлэни хайҕааһын. Билигин үлэни өрө тутуу туһунан хайдах эрэ аҕыйахта истэр курдукпун диэн этэр.

Ол кэннэ Кыайыы 30 сылыгар Нөмүгүгэ тахсан, биэс фронтовик оҕонньору уонна таарыччы ыанньыксыттар кыргыттар мэтириэттэрин уруһуйдаабыт. Ол үлэлэрэ билигин Дьокуускайга Национальнай дьүһүннүүр-ойуулуур түмэлгэ бааллар. Биир үлэтэ Москваҕа художественнай академияҕа турар.

Москватааҕы художественнай академия саалаларыгар Сэбиэскэй сойуус худуоһунньуктарын кытта тэҥҥэ Николай Николаевич үлэлэрэ үстэ турбуттара. Олортон икки үлэтин «Огонек» сурунаал өҥнөөх таһаарыытыгар бэчээттээбиттэрэ. «Огонек» —  Сэбиэскэй Сойуус сүрүн сурунаала этэ. Сурунаал аан дойду континеннарыгар тарҕанара, оччолорго уопсай бэчээтин ахсаана 4 мөлүйүөн курдук эбит. Онон,  бу курдук киэҥник тарҕаммыт сурунаалга сиэн көрө сылдьар саха оҕонньоро Христофор Игнатьевич Руфов мэтириэтэ тахсыбыта.

Ону таһынан Николай Николаевич бастыҥ уруһуйдара, ол иһигэр «Сайылык», «Ийэлэр» диэн хартыыналара Арассыыйаҕа тахсар «Художник»  сурунаалга бэчээттэммиттэрэ. Ааптар биир бастыҥ «БАМ мерзловедтара» диэн хартыыната дойду худуоһунньуктарын бастыҥ үлэлэрин кытта аан дойдутааҕы быыстапкаҕа туруоруллубута.

Николай Николаевич: «Үлэни үлэ курдук үлэлиир этим, күүскэ соҕус, былыр окко үлэлиир курдук. Сороҕор сылы-сыллаан суруйабын, сороҕун биир тыынынан бүтэрэбин», — диэн кэпсиир.

Н.Н. Иннокентьев үлэлэрэ Москваҕа уонтан тахса төгүл, уонча төгүл Бүтүн Сойуустааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкаларга көрдөрүллүбүттэрэ. Худуоһунньук үлэлэрэ аан дойду быыстапкаларыгар эмиэ туруоруллубуттара.  Ол курдук,  Венгрияҕа Будапешт куоракка, Болгария киин куоратыгар Софияҕа, Югославия киин куоратыгар Белгракка, Чехословакияҕа Кремниц, Братислава куораттарга, Арҕаа Берлиҥҥэ, Монголия киин куоратыгар Улан-Баторга көрдөрүллүбүттэрэ.

Н.Н. Иннокентьев үлэлээбит сылларыгар элбэх киһини үөрэтэн-такайан, идэлээх үлэһит оҥорон таһаартаата. Учуутал идэтин ыһыктыбакка, билигин араас идэлээх дьону ускуустубаҕа угуйарын тохтоппот.

Училищены бүтэрбит үөрэнээччилэрэ дойду араас куораттарыгар идэлэрин дириҥэтэн үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кинилэртэн хас да киһи Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ буоллулар.

Николай Иннокентьев педагогическай уонна айар үлэтэ 2000 сыллаахха «Дружба» уордьанынан, 1990 сыллаахха «Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ» аатынан, ССРС Художественнай академиятын дипломунан бэлиэтэммитэ.

Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Николай Николаевич Иннокентьев  —    уруһуйдьут дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, кэргэнинээн Раида Михайловналыын үс кыыһы иитэн, үөрэтэн таһаардылар. Кыргыттар Мария, Ньургуйаана, Айталыына аҕаларын утумнаан, айар дьоҕурдаахтар, худуоһунньук идэтин баһылаан, ускуустуба эйгэтигэр үрдүк ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

 Сайыына КЛАРОВА, edersaas.ru саайтка анаан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0