А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр норуоттары биир түһүлгэҕэ түмэр, сомоҕолуур “Интернациональнай Саҥа дьыл” тэрээһин Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар СӨ министиэристибэтин өйөбүлүнэн үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Саха сирин норуоттарын Ассамблеята тэриллибитэ 25 сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт үөрүүлээх күн түһүлгэтигэр национальнай-култуурунай түмсүүлэр көхтөөх кыттааччылара түмүстүлэр.
—“Бары бииргэ” девиһинэн ыытыллар нациялар сыһыаннарын бигэ туруктуур, бары норуоттар сайдыыларыгар олугу уурар тэрээһиҥҥэ мустубут ыалдьыттары доруобуйа харыстабылын, социальнай көмүскэл, үлэ уонна дьарыктаах буолуу сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров, Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар СӨ миниистирэ Гаврил Кириллин, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Яна Игнатьева эҕэрдэлээтилэр.
“Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 129 араас бырааттыы норуоттар олороллоро, 16 конфессия баара, 75 национальнай-култуурунай түмсүүлэр үлэлииллэрэ биллэр. Сомоҕолоһуу сылын саҕаланыыта көрсүһэр, сэһэргэһэр, санааны үллэстэр, ааспыт сыл түмүктэрин билиһиннэрэр уонна саҥа сыл былааннарын иһитиннэрэр кыаҕы биэрэр”, — диэтэ Гаврил Кириллин. А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Яна Игнатьева Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр Сомоҕолоһуу, түмсүүлээх буолуу, бөҕөргөөһүн сылын биллэрбитигэр махтанна. “Өрөспүүбүлүкэбит иннигэр туруоруллубут улахан сыалы-соругу толорор туһугар бары түмсүүлээх буолуохтаахпыт”, — диэтэ.
Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2018 сыл түмүгүнэн НКТ (национальнай-култуурунай түмсүүлэр) бастыҥ бырайыактара ааттаммыттар.
Ол курдук, “Реконструкция свадебного обряда эвенов “Эведыкунту”, ааптар Наталья Сметанина, “СӨ эбээннэр түмсүүлэрэ” уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ. “СӨ эбэҥкилэр Ассоциациялара” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү, бэрэсидьиэн Борис Николаев, “Амтылхоктолитын: По тропам предков”, “Гирилкэн” эбэҥки фольклорун ансаамбылын 5 сылыгар анаммыт бырайыак, ааптар Анастасия Куличкина. СӨ дьүкээгирдэр Ассоциациялара” уопсастыбаннай түмсүү, бэрэссэдээтэл Инесса Томская, “Юкагирский национальный праздник «Шахадьибэ” бырайыак, ааптар Валентина Акимова. “СӨ долганнар Ассоциациялара”, бэрэссэдээтэл Елена Тимофеева, “Дни долганского языка и культуры” бырайыак, ааптардар Василий Баатаҕай, Елена Тимофеева. “Русскоустьинцы”, бэрэссэдээтэл Татьяна Шкулева, “Летний отдых детей-русскоустьинцев в Великом Новгороде” бырайыак, ааптар Татьяна Шкулева. “СӨ луораветланнар (чукчалар) Ассоциациялара”, бэрэссэдээтэл Жанна Дьячкова, “Воскресная школа по сохранению и развитию чукотского языка “Говорим по-чукотски” Черскэй Аллараа Халыма оройуонугар” бырайыак, ааптардар Валентина Слепцова, Ирина Баховец. “СӨ нууччалар общиналара”, бэрэссэдээтэл Александр Подголов, “Фестиваль детского творчества памяти председателя Русской общины Медведевой Л.Г.” бырайыак. “Күн судаар дьаамсыктарын удьуордара” өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ, бэрэссэдээтэл Анатолий Добрянцев, “Межрегиональный форум «По следам государевых ямщиков”, Иркутскай-Дьокуускай почта трага атаҕар турбута 275 сылыгар” бырайыак. “Русское раздолье” уопсастыбаннай түмсүү, бэрэссэдээтэл Лидия Яйлиян, “Детский утренник “Крещенские забавы в гостях у Раздолья” бырайыак. “Финское культурное общество в РС(Я)” уопсастыбаннай түмсүү, бэрэссэдээтэл Раиса Зырянова, “Экспедиция памяти “Возвращение к истокам” бырайыак. “Якутский казачий полк” уопсастыбаннай түмсүү, “Казачий круг” бырайыак”, атаман Александр Козырь. “Якутский казачий полк” уокуруктааҕы казактар полкалара, “Атаманская елка” бырайыак, атаман Александр Канин. “Польское общественное объединение РС(Я) «Полония», Валентина Шиманская бэрэссэдээтэллээх, “Поляки XIX-XX вв.: Якутск. Культурное наследие” төгүрүк остуол. “Союз армян РС(Я)” уопсастыбаннай түмсүү иһинэн тэриллибит ыччат сэбиэтэ, лидер Ани Нагапетян, “Календарный праздник «Вардавар» бырайыак. “Союз армян РС(Я)” уопсастыбаннай түмсүү, бэрэссэдээтэл Андраник Навоян, “День красоты и материнства” бырайыак. “Украинское общественно-культурное землячество им. Т.Шевченко “Крыныця” РС(Я), бэрэссэдээтэл Татьяна Дяченко, “Республиканский межнациональный фестиваль-конкурс «Шевченковские чтения» бырайыак. “Кыргызская диаспора “Ынтымак” в РС(Я)”, бэрэссэдээтэл Жазбек Бекболиев, “Благотворительная акция “Твори добро”, СӨ волонтер сылынан. “Сомониен” таджиктар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, бэрэссэдээтэл Музафар Сангалиев, “Благотворительная акция “Твори добро”, СӨ волонтер сылынан. “Национальная община «Тыва», бэрэссэдээтэл Зоя Шартан-оол, “25 лет вместе” бырайыак. Дьокуускайга кэриэйдэр Ассоциациялара, бэрэссэдээтэл Вера Шамаева, “Мастер-класс по корейским салатам” бырайыак. Еврейскэй национальнай-култуурунай түмсүү “Якутское общество еврейской культуры”, бэрэссэдээтэл Сара Лифшиц, “День памяти Холокоста” бырайыак. «Наран» Бурят ыччатын түмсүүтэ, лидер Надежда Парпаева, “Алтаргана 2018” бурят норуотун үгэһин, култууратын харыстыыр эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бырайыак. “Бурятская община г.Якутска” национальнай-култуурунай түмсүү, бэрэссэдээтэл Арсалан Номтоев, “Благопожелание Белого месяца” бырайыак. “Вайнах” ингуштар култуурунай кииннэрэ, бэрэссэдээтэл Магомед Гагиев, “Вайнах” собирает друзей” бырайыак.
Маны сэргэ, бырайыак чэрчитинэн “Норуоттар килиэптэрэ” диэн хас биирдии түмсүүттэн бурдук астарынан быыстапка бэртээхэйэ буолбут. Бу дьоро күн норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин айар кэлэктииптэрэ, общиналара кыттыылаах ырыа-үҥкүү көҕүлүттэн тутуллубут, үҥкүү марафона ыытыллыбыт.
Хаарыскалар: норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспатыттан