Норуоттары сомоҕолуур сүрүн түһүлгэ

15.02.2019
Бөлөххө киир:

2012 сыллаахха СӨ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи култуура киинэ Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ диэн статустаммыта. Тэрилтэ аата да этэрин курдук, норуоттар сомоҕолоһууларыгар улахан болҕомтотун ууран, сүрүн сыалын-соругун онно туһаайан киэҥ далааһыннаах үлэни тэрийэн ыытар тэрилтэнэн буолар.

Манна сыл устатыгар 300-тэн тахса тэрээһин арааһа тиһиктээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик, бииртэн-биир уратылаахтык, сонуннук ыытыллар. Ити тэрээһиннэр иилэринэн, быһа холуйан, сыл устатыгар 90 тыһыынчаттан тахса киһи сылдьар. Ону сэргэ, куруһуоктар, түмсүүлэр, сүбэ-мунньахтар, көрсүһүүлэр эмиэ бу дьиэ түһүлгэтэ суох табыллыбаттар. 


Өрүүрү билбэт тэрилтэ

Мин бу норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ хаһан эмэ чуумпуран, иһийэн хаалбытын, үлэһиттэрэ бука бары биир эмэ күн өрөбүллээбиттэрин өссө көрө да, истэ да иликпин. Арааһа, “Бүгүн – сынньалаҥ күнэ” диэн биллэрии ааннарыгар ыйанара буоллар, киһи эрэ барыта улаханнык соһуйуо эбитэ буолуо. “Хайдах буоллулар? Тоҕо өрөөтүлэр? Оччоҕо биһиги?” диэччилэр кэмэ суох төлөпүөннүөхтэрэ эбитэ дуу…

Итинник ыйытыылаах мин генеральнай дириэктэри, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитин Яна Викторовна Игнатьеваны көрсөн кэпсэттим.

Саха сиригэр 129 араас бырааттыы норуоттар олороллор. 75 араас национальнай култуурунай түмсүүлэр тиһиктээхтик үлэлииллэр. Бу түмсүүлэртэн 36-та биһиэхэ, манна, түмсэн үлэтин өрө көтөҕүллүүлээхтик тэрийэр. Аҥардас ааспыт сылы көрдөххө, норуоттар доҕордоһууларыгар туһааннаах элбэх үлэ ыытылынна. Онон сыллата норуоттар сомоҕолоһууларыгар туһаайар үлэбит сыалын-соругун ситиһэбит, былааннаммыты куоһарабыт, — диэн саҕалыыр кэпсээнин Яна Викторовна.

Манна даҕатан эттэххэ, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин тэрийэр үлэтин-хамнаһын өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторо билэллэр-көрөллөр диир өссө тутах. Тоҕо диэтэххэ, бу тэрилтэ тэрийэр үлэтин далааһына олус улахан уонна өссө кэҥээн, сайдан иһэр. Арассыыйаны уҥуордаан тас дойдулары кытары сибээстээх үлэни ыытара үрдүк сыанабылы ылыан ылар. Ол да иһин, Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн норуоттар доҕордоһууларыгар саамай күүстээх, ньиргиччи үлэлээх буоларынан биллэр, үрдүктүк сыаналанар буоллаҕа.

Биһиги үлэбитин интэриниэтинэн, саайпытынан киирэн көрө-билэ, биһиги үлэбититтэн холобур ыла олорооччулар элбэхтэр. Маныаха биһиги өрөспүүбүлүкэбит бырааттыы норуоттары кытары иллээхтик-эйэлээхтик олорор эрэгийиэн быһыытынан сыаналанар итиэннэ үлэбитинэн болҕомто ууруллара көстөр.

Норуоттар кэпсэтиилэрэ, норуоттар култууралара

—Быйыл үһүс төгүлүн “Диалог народов – диалог культур” норуоттар икки ардыларынааҕы этнофоруму ситиһиилээхтик тэрийэн ыыттыбыт. Бу тэрээһиммитигэр Москваттан, Санкт Петербуртан, Бурятияттан, Читаттан эспиэрдэр кэлэн үлэбитин билсэллэр, санааларын үллэстэллэр. Маныаха биһиги методическай кииммит үлэ көрдөөн кэлбит миграннарга Сахабыт сирин култууратын, норуоттарын билиһиннэрэр анал босуобуйа оҥороро улахан сэҥээриини ылар. Биһиги ити босуобуйабытын сэргээн, атын регионнар холобур ылан үлэлэригэр туһаналлар.

“Күн табата” аан дойдуну тилийэ көттө

—Айар дьоҕуру сайыннарар, атыттарга көрдөрөр, далаһа буолар бырайыактарга эмиэ болҕомтобутун ууран күүскэ үлэлэһэбит. Холобур, “Күн табата” норуоттар икки ардыларынааҕы этническэй муода көһө сылдьар бэстибээлэ үһүс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Бу бэстибээл биһигиттэн кыым саҕан баран иккис төгүлүн Забайкальеҕа буолбута. Быйыл эмиэ биһиэхэ тэрилиннэ. Быйылгы түһүлгэбитигэр Алтайтан, Бурятияттан, Забайкалье кыраайыттан, Монголияттан, Хакасияттан, Казахстантан, Дьокуускайтан, өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан барыта 50-тан тахса уран тарбахтаах иистэнньэҥнэр, муода айааччылар кытыннылар. Эһиил Алтайга, онтон Монголияҕа былааннанар.

Ат симэҕэ болҕомто улаханын тарта

Дьөһөгөйү таҥара оҥостон сүгүрүйэр, кылынан, сиэлинэн үлүһүйэн тигэр, оҥорор маастардар, уустар, иистэнньэҥнэр, ыалдьыттар ат симэҕэр, киэргэлигэр анаабыт быыстапкабытыгар өрүү да буоларыныы көхтөөхтүк кытталлар уонна өссө элбээн иһэр чинчилээхтэрэ үөрдэр. Манна буолар, билии-көрүү бастыҥа, киэҥэ, сатабыл киэнэ кэрэхсэбиллээҕэ. Киһи эрэ хараҕа халтарыйар үчүгэй тигиилэрин, симэхтэрин, киэргэллэрин көрдөрүүгэ аҕалаллар.  

Тохсус төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа Чурапчыга үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Дьон-сэргэ күн бүгүҥҥэ диэри ону астынан, үөрэн, киэн туттан бэлиэтиириттэн долгуйабын, үөрэбин. Тоҕо диэтэххэ, биһиги онно “Күн Дьөһөгөй оҕото” диэн ат симэҕин куонкуруһун аан бастаан тэрийэн ыыппыппыт. 15 тыһыынчаттан тахса киһи түстэспит түһүлгэтигэр, Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн, 14 тас дойдуттан бэрэстэбиитэллэр ыалдьыттаабыттара. Дьэ доҕоор, оннук уйгулаах ыһыах түһүлгэтигэр ыраахтан-чугастан ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттар бука бары бары ат симэҕин быыстапкатын “маннык тэрийиэххэ баар эбит” диэн соһуйа, хайгыы, сэргии көрбүттэрэ. Кырдьык, онтон да сиэттэрэн буоллаҕа, күөн күрэспит билигин киэҥ сиринэн тайаата. Арассыыйа таһымнанна, Тыванан, Забайкальенан барда. Быйыл Казахстаҥҥа улахан бэстибээлгэ ат симэҕэр күөн күрэс ааттааҕа буолбута. Өссө Монголия маннык куонкуруһу тэрийэн ыытар былааннааҕын биллэрэн турар. Ити курдук, биһиги бырайыактарбытын улаханнык сэҥээрэн иилэ хабан иһэллэр. Ол аата, биһиги бары биир эргимтэҕэ киирэн сайдан иһэр эбиппит диэн ону сыаналыыбын.

Уран тарбахтаахтар, удьуор уустар түмсэр түһүлгэлэрэ

Уран тарбахтаах уустарга, иистэнньэҥнэргэ болҕомто куруук ууруллар. Олортон биирдэстэринэн, муосчуттарга аналлаах далааһыннаах тэрээһиммитин ааттыыбыт. Ол курдук, аан бастаан 2004 сыллаахха улахан түһүлгэни тэрийбиппит. Бу тэрээһиммитин улаханнык сэргээн, сэҥээрэн алтыс сырыыга магаданнар ылан үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыттаыгар Кытайтан кэлэн кыттыбыттара. Онтон быйыл алтынньы, сэтинньи ыйдарга сэттис төгүлүн эмиэ манна бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар тэрийэн ыытыахпыт диэн бэлэмнэнэбит. Бу түһүлгэҕэ аан дойдуттан бастыҥнары күүтэбит. Камчаткаттан, Магадантан, Архангельскайтан, Тобольскайтан, Ханты-Мансийскайтан, Гренландияттан, Канадаттан, Аляскаттан кэлэр баҕалаахтарын номнуо биллэрэн тураллар.

Бу бэстибээлгэ куонкуруһу сэргэ, научнай-практическай кэмпириэнсийэ, төгүрүк остуоллар, маастар-кылаастар ыытыллаллар. Онон сэргиир, сэҥээрэр уран тарбахтаахтарга суолтата улахан уонна туһалаах, кэскиллээх даҕаны.

“Кыһалҕаны быһаардарбыт”

—Атын сирдэргэ сылдьан көрдөххө, ордук Магадан, Камчатка маастардара сэлии муоһуттан сүрдээх улахан, киһи эрэ сөҕө көрөр оҥоһуктары чочуйан аҕалбыт буолаллар. Оттон биһиги уран тарбахтаахтарбытыгар сэлии муоһа көстөрө уустук буолан, быыкайкааны чочуйалларыгар тиийэллэр. Эбэтэр таба, ынах муоһуттан сүрдээх үчүгэй гына оҥорбуттарын аҕалаллар. Итинэн сиэттэрэн мин тугу этээри гынабыный?  Биһиги ханна да суох ураты буочардаах хаарыаннаах маастардарбыт ураты нарын-намчы, киһи эрэ сөҕө, хайгыы көрөр үлэлэрин аан дойдуга таһаарар туһуттан, Сахабыт сирин муосчуттарыгар  анаан СӨ Бырабыыталыстыбаттан өйөбүл көрдүүр баҕалаахпын. Сэлии муоһунан маастардарбытын хааччыйарга диэн быһаччы этэбин. Өйөбүл ылларбыт, сэттис бэстибээлгэ муосчуттарбыт үлэлэрэ үрдүк таһымҥа көстүө, сүрэҕи-быары, дьэ кырдьык, хайдахтаах өрүкүтүө этибитий?! Манна сигэнэн эттэхпинэ, сэлии муоһун булар уустук, оттон сыаната — “бас быстар”.  Онон маастар тус бэйэтэ хайдах да атыылаһар кыаҕа суох. Оттон талааннара – сөҕүмэр. Дьэ, ол иһин хаарыан талааннар хааччахтаммакка аар-саарга тахсалларыгар, үлэлэрин көрдөрөллөрүгэр, Сахаларын сирин аан дойдуга ааттаталларыгар баҕарабын, — диэн Яна Викторовна ис санаатын этэр.

Барытын уйар култуура эргимтэтэ

—Эһиэхэ куорат уонна таһынааҕы бөһүөлэктэр эрэ буолбакка, өссө улуустар тэрээһиннэрэ, быыстапкалара кытары ыытыллар. Өссө дьукаахтардааххыт. Кинилэр бэлэмнэниилэрэ, быыстапкалара эмиэ элбэх буоллаҕа. Хайдах ыаллаһан, аттарынан, үмүрү тутан олороҕут?

Хайдах кыалларынан усулуобуйаны барытын оҥорорго кыһаллабыт. Эрдэттэн былаан бөҕө оҥоробут, бэрээдэктиибит. Барыларыгар күнү, сааланы, хоһу тиксиһиннэрэр толкуйугар түһэбит.  Кырдьык, сөпкө эттиҥ ээ. Манна үс автономнай учреждение баар. Сергей Зверев аатынан үҥкүү тыйаатыра 20-тэн тахса сыл буолла. Ону сэргэ, “Симэх”  уус-уран оҥоһук киинэ. Онон норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ сүрүннээн үс тэрилтэни тутан, көрөн-истэн олорор. Өссө ону таһынан норуоттар диаспоралара, художественнай самодеятельностар кэлэктииптэрэ – 29, эмиэ манна түмсэллэр. Барыта тус-туспа сыаллаах-соруктаах тэрилтэлэр. “Сюрприз”, “Сандалы” үҥкүү ансаамбыллара, олор истэринэн баар хастыы да группалара, аҕыйах ахсааннаах норуоттар ансаамбыллара-12, о.д.а. Оҕолор барахсаттар куруһуоктаахпыт диэн бары манна төрөөбүт дьиэлэрин курдук кэлэллэр. Онон итинник ыаллаһан, дьукаахтаһан устунан бары бэйэбит оҕолорбут-урууларбыт тэҥэ буолан хаалбыттар. Иллээхпит-эйэлээхпит.

—Урукку тутуу буолан дьиэҕит холлороон курдук. Хос былдьаһыы, ыктарыы суох дуо?

Сэбиэскэй кэмҥэ тутуллубут дьиэ буолан таһыттан көрдөххө улахан курдугун иһин, көрүдүөрдэрэ, фойелара, хосторо, кырдьык да лабиринт курдук. Аата эрэ элбэх эрээри, сүрдээх кыараҕастар. Туох кистэлэ кэлиэй, ыктарыы баар буолар. Холобур, национальнай түмсүүлэрбит бары биир хоско түмсэллэр. Онно хардарыта кэлэн төрөөбүт тылларын үөрэтэллэр, хоһоон ааҕаллар, ырыа ыллыыллар, ыччаттарын уһуйаллар. Сыананы кэтэһэ сылдьан мүнүүтэнэн көрөн бэлэмнэнэллэр. Барыта омуна суох оннук.

Холобур, “Бисер Севера”, “Якутия мастеровая”, о.д.а. быыстапка-дьаарбаҥкаларбыт тиһиктээхтик ыытыллалларын билэ-көрө сылдьаҕыт. Үлүгэрдээх элбэх киһи көрө кэлэр тэрээһиннэрэ. Барахсаттар, манна кыттааччыларбыт Дьааҥыттан, Анаабыртан, Өлөөнтөн, Орто Халыматтан, Эбээн Бытантайтан айан суолун төлөбүрэ төһө да ыараханын үрдүнэн кэлэн наһаа көхтөөхтүк кытталлар. Баһылыктара эрдэттэн билсэллэр, сибээскэ тахсаллар, сайаапкаланаллар. Онон кыһалҕаны быһаараары бастакыттан үс мэндиэмэн тухары, муннукка буоллун, фойеҕа, көрүдүөргэ, оннооҕор гардеробка тиийэ миэстэ булан туруорарга күһэллээччибит. Ыраахтан оҥостон-оҥостон биирдэ кытта кэлбит дьону хайдах да матарар табыллыбат, санааҥ да сүгүн буолбат буоллаҕа. Онон муннук да буоллаҕына туруорабыт. Итинник биир тэрээһиҥҥэ тыһыынчаттан үстүү тыһыынчаҕа тиийэ киһи киирэн кыттар түгэнэ элбэх буолааччы. Онно көрөөччүлэр ахсааннара аахсыллыбат даҕаны.

Итиччэ таарыйбычча, ситэри эттэхпинэ, усулуобуйаны тупсарыахпытын баҕарарбыт кэмнээх буолуо дуо? Ол гынан баран, онно улахан үлэ ыытыллыан, үгүөрү үп көрүллүөн наада.

—Киинэ тыйаатырдара бааллар эрээри, эһиги киинэ көрдөрүүтүгэр ылсыбыккыт. Тоҕо?

— Манна урут, 1980 сылларга, киинэ көрдөрөллөр этэ. Дьон-сэргэ наһаа сылдьара. Ону суохтаабыттара биллэр этэ. Тулатынааҕы микро-оройуоннар бары киинэ ирдэһэллэрэ. Биһиги ону барытын ырытан, толкуйдаан, сыаналаан көрөн бараммыт, РФ киинэ уопсастыбатыгар үс сылы быһа суруйан Грант ыллыбыт. Онон киинэ көрдөрөр тэрили барытын хааччынныбыт, нэһилиэнньэҕэ саҥа өҥөнү оҥорор буоллубут. Биллэн турар, атын киинэ тыйаатырдарын кытары күрэстэспэппит. Ол гынан баран, кинилэргэ көрдөрүллэр киинэлэр манна, биһиэхэ, эмиэ буолаллар. Билиэттэрбит сыаналара 150-200 солкуобай, онлайн-каасса үлэлиир.

Биһиги бу үлэбитигэр оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын лааҕырдарын кытары дуогабардаһан үлэлэһэбит. Оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрэргэ үлэлэһэр оскуола-интернаттар оҕолорун босхо киллэрэбит. 600 миэстэлээхпитигэр сайаапка бөҕө киирэр.

Ону сэргэ, саҥа хайысханан эмиэ үлэлэһэбит. Ол курдук, Кыргыз киинэтин бэстибээлин оҥорон, Чингиз Айтматов “Материнское поле”, “Айгуль”, о.д.а. киинэлэрин көрдөрбүппүт улахан сэҥээриини ылбыта. Кинематографистар Сойуустарыттан кэлбиттэрэ, дьону-сэргэни көрсөн атах-тэпсэн олорон сэһэргэспиттэрэ. Саала биир кэм толору этэ. Дьон ахтар-саныыр эбит. Быйыл муус устар саҥатыттан Монголия киинэтин күннэрин оҥоруохпут. Монголияттан киинэ артыыстара, режиссердар кэлэллэригэр кэпсэтии баран турар. Итинник салгыы тэрийэн Каза фильм, Азербайджан фильм күннэрин ыыталыахпыт. Маныаха диаспоралар сэҥээрэн туруорсар буолан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх.

—Эһиги мэлдьи да норуоттар доҕордоһууларын туһугар үлэлээн кэллигит. Уопсастыба иннигэр сүдү улахан эппиэтинэһи сүгэҕит. Үлэҕитинэн улуустарга кытары тахсаҕыт.

— Үлэбит оннугу ирдиир буолан, үлэ кэлэктииптэринэн, үөрэх тэрилтэлэринэн, улуустарынан сылдьабыт. Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыга уруоктары ыытабыт. Оҕолору, ыччаттары, улахан дьону көрсөбүт, кэпсэтэбит, араас омуктар культураларын, үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын билиһиннэрэбит. Ырыа-үҥкүү бөҕөнү тардабыт, үстүрүмүөн арааһыгар оонньотобут. Таабырын таайсыыта, билиини-көрүүнү тургутар оонньуулар, хаартысканан быыстапкалар, көрдөөх күрэхтэһиилэр барыта көҕүлүттэн тутуллаллар. Ити үлэбитинэн Мэҥэ Хаҥалаһы, Тааттаны, Намы, Горнайы, Уус Маайаны, Өлүөхүмэни, о.д.а. улуустары кытары бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсибиппит.  Маннык ньыманан норуоттар бэйэ-бэйэлэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһалларыгар, хардарыта култуураларын билэллэригэр-көрөллөрүгэр, сэҥээрэллэригэр дириҥ үлэни ыытабыт дии саныыбын.

—Сомоҕолоһуу сылыгар туох баҕа санаалааххыт?

— Сомоҕолоһуу хас биирдии иэримэ дьиэттэн, нэһилиэктэн, тэрилтэттэн, улуустан саҕаланар. Оччоҕо эрэ норуот сомоҕолоһор. Онон Сомоҕолоһуу сылыгар кэмигэр таба тайанан, улуустарга “Доҕордоһуу дьиэлэрэ” тэриллэллэрэ буоллар, сүрдээх улахан, далааһыннаах үлэ ыытыллыах, ситиһии буолуох этэ. Этэргэ дылы, норуот күүһэ – көмүөл күүһэ буоллаҕа. Итинэн доҕордоһуу сыһыаны олохтуурга, сомоҕолоһорго, туох баар үлэни бара көмөлөөн тэрийэргэ ордук кыаҕы биэриэх, тирэх буолуох этэ дии саныыбын. Маны сэргэ, Дьокуускайга эбээннэр VII сийиэстэрэ, Нерюнгрига эбэҥкилэр VI сийиэстэрэ, Аллараа Халымаҕа Андрюшкино сэлиэнньэтигэр дьүкээгирдэр сийиэстэрэ буолуохтара. Итилэри сэргэ, быыстапкалар, көрсүһүүлэр, араас тэрээһиннэр элбэхтэр. Аны туран, быйыл аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциациялара тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиэхпит. Норуоттар Ассамблеялара быйыл тэриллибитэ 25 сыла. Манна даҕатан эттэхпинэ, бу Ассамблея 14 улууска отеделениелаах. Быйыл 15-с отделениетын тэрийээри түбүгүрэ сылдьаллар. Сэтинньигэ норуоттар икки ардыларынааҕы форумҥа Удмуртияттан, Башкортостантан, Россия норуоттарын ассамблеятыттан кэлэн кыттыахтара.  Дьэ ити курдук, элбэхтэн сороҕун эрэ билиһиннэрдэххэ, сугулаан бөҕө ыытыллаары турар.

—Кэпсээниҥ иһин махтал, Яна Викторовна. Түбүктээх үлэҕит ситиһиилээх буоллун, баҕа санааҕыт туоллун. Эһиги үлэҕит уон оччонон үтүөкэн хардалаах буоларыгар өрүү эрэнэбин.

Сардаана БАСНАЕВА, “Саха сирэ” хаһыат.

Хаартыскалар: интэриниэт, А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0