«Аяври хоктоли» испэктээкилгэ — хотугу норуоттар

Ааптар: 
22.04.2018
Бөлөххө киир:

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Аяври хоктоли» («Таптал ыллыгынан») диэн эбэҥки тылынан испэктээкил буолан ааста.

edersaas.ru

Бу Аярган уонна Бираи диэн икки халыҥ аймах ыччаттарын ыраас тапталларын туһунан кэпсэнэр театрализованнай көстүү аҕыйах ахсааннаах норуоттар ассоциацияларын отчуотун быһыытынан барда.

Тэрийээччилэр бэлиэтииллэринэн, ассоциацияҕа киирсэр норуоттар ырыаларын-тойуктарын көннөрү кэнсиэр курдук көрдөрбөккө, айар кэлэктииптэри испэктээкилгэ кытыннарыы сонун көстүүнэн буолла.

Испэктээкилгэ туундара маанылаах кыыла — таба бэйэтинэн киирэн, көрөөччүлэри үөртэ.

Кылаабынай оруоллары култуура колледжын устудьуона, «Долбор» эбэҥки үҥкүүтүн ансаамбылын солиһа Уйгу Семенов, кини тапталлааҕын «Орончикан» эбэҥки үҥкүүтүн народнай ансаабылын солистката Карина Васильева оонньоотулар. Ыччаттар иккиэн Өлөөн улууһуттан сылдьаллар.

Эбэҥки фольклоругар олоҕурбут испэктээкили былырыын алтынньыга аан бастаан туруорбуттара. Быйыл театрализованнай көстүүгэ «Индигир», «Долгунча» эбээн, «Колымчанки» юкагир,  «Аймулдан» эбээн ыччатын, эбэҥки «Хокто» көһө сылдьар, аатырбыт «Орончикан» уонна «Гиркилэн» фольклорнай ансаамбыллар кыттыыны ыллылар.

Испэктээкилгэ кыра оҕотуттан ытык кырдьаҕаһыгар  тиийэ кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх.

«Аяври хоктоли» (Таптал ыллыгынан») испэктээкилгэ кыттыылара аҕыйах ахсааннаах норуоттар айар кэлэктииптэрин саҥалыы тыыннаата, сонун толкуйу тобуларга кынаттаата.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Сахас сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0