Норуот талбыт биэс бастыҥ дипломата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

“Саха сирин киэн туттуута” норуот бириэмийэтин “Норуот дипломата” ааты иҥэрии түмүктэннэ. Кыайыылаах билиннэ. Саамай элбэх куолаһы ылан, Тааттаттан төрүттээх, билигин Сербияҕа олорор Лариса Кулаковская кыайыылааҕынан таҕыста. Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, “Саха сирин киэн туттуута” бырайыак саайтыгар түмүктүүр түһүмэххэ 21 112 куолас киирбит. Ол курдук, Лариса Кулаковская-Велисавлевичка 6510, Саргылаана Нафанаиловаҕа 5726, Михаил Ершовка 4619, Яна Игнатьеваҕа 3423, Николай Барамыгиҥҥа 834 киһи куоластаабыт. Бүгүн финалга тахсыбыт биэс бастыҥ дипломаты билиһиннэрэбит.

edersaas.ru


“Барыбыт кыайыыбыт”

Лариса Кулаковскаяны билбэт киһи, бука, суоҕа буолуо. Төһө даҕаны төрөөбүт дойдутуттан тэлэһийэ сырыттар, киинэ түспүт сирин умнубат, Саха сирин тас дойдуга ааттатар, киэн туттар дьоммутуттан биирдэстэрэ. Лариса Реасовна аата-ахсаана биллибэт бырайыактар ааптардара, салайааччылара, ол иһигэр Европаҕа ыһыаҕы тэрийбитэ. 2017 сыллаахха Сербия Сурчин общинатын Прогар сиригэр Европаҕа аан маҥнайгытын саха норуотун национальнай бырааһынньыга тэриллибитэ. Ыһыахха Европа 11 дойдутуттан 150 биир дойдулаахпыт кыттыбыта. Сербияны уонна Саха сирин кытта ыкса сибээс олохтоммута, хас даҕаны кыттыгас тэрээһиннэри ыытан кэллилэр, Саха сириттэн барар турист ахсаана үксээтэ. Аҥаардас биир эрэ бырайыагы чорбоппокко, бары эйгэҕэ ылсан үлэлэһэр. Дойду тас өттүгэр Саха сирэ дорҕоонноохтук ааттанарын туһугар туруулаһар. Норуоттар доҕордоһууларын, уопсастыбаннай сыаннастары үрдүктүк тутар, патриотизм тыынын иҥэрэр. Литэрэтиирэ, искусство, айар үлэ, спорт, наука, экология – бары эйгэҕэ бырайыактары үлэлэтэллэр.

Бу күннэргэ Болгарияҕа “Кириллица” кириэппэс-мусуойга А.Е.Кулаковскай бүүһүн арыйыыга Саха сирин дэлэгээссийэтэ кыттыытын тэрийэ сылдьар. Тэрээһин иитинэн Саха сирин уус-уран самодеятельноһын кэнсиэрэ, норуот айымньытын уонна прикладной искусствотын быыстапката, Болгария уонна Саха сирин суруйааччыларын, худуоһунньуктарын, уопсастыбаннаһын дьыалабыай көрсүһүүлэрэ буолуохтара, “Кыайыы маршрутунан” бырайыак чэрчитинэн бырааттыы көмүллүбүттэр уҥуохтарыгар сылдьан сибэкки ууруохтара. Салгыы Сербияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы киэҥ бырагыраамалаах наука-литэрэтиирэ тэрээһинигэр кыттыаҕа. Ити курдук, ситимин быспакка үлэлиир.

Бириэмийэни тэрийээччилэргэ улахан махтал. “Норуот дипломата” номинация олохтоммута олус үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, биһиги сахабыт норуотун ураты култууратын, литэрэтиирэтин аан дойдуга билиһиннэрэр дьон элбэх. Кинилэри уопсастыба билиэн наада. Номинацияҕа кыайбыппыттан үөрэбин. Ол эрээри, мин соҕотох кыайыым буолбатах. Миигин кытта норуоттар икки ардыларынааҕы быра­йыактарым тэри­йээччилэрэ, кыттааччылара бааллар. Онон, барыбыт кыайыыбыт. Финалга киирбиттэр бары өрөспүүбүлүкэлэрин дорҕоонноохтук ааттатар дьоһун дьон дии саныыбын, —  диэн санаатын үллэһиннэ.

Оҕону иитиигэ ураты көрүүлэрдээх

Саргылаана Нафанаилова олоҕун бүүс-бүтүннүү оҕону, ыччаты иитиигэ анаабыт киһи. “ЮНЕСКО ассоциированнай оскуолата”, “күрэстэһэр кыахтаах оҕону иитэн таһаарыы” диэн тыллар билигин хото иһиллэллэр. Оттон Саргылаана Егоровна итини өссө 1990-с сылларга сэрэйэн, глобализация үйэтигэр тыа сирин оҕото күрэстэһэр кыахтаах, олоххо бэлэмнээх тахсарын туһугар кэккэ бырайыактары олоххо киллэрбитэ. Ол курдук, 1995 сыллаахха Үөрэх министиэристибэтин эспиэрдэрин сэбиэтигэр “Омук тылын хайысхалаан үөрэтии” эспэримиэнин көмүскээбитэ. 1998 сыллаахха Уус Алдан улууһун Кэптэнитигэр элбэх хайысхалаах Саха-Бельгийскэй гимназияны тэрийбитэ. Күндэйэҕэ (Сунтаар), Мастаахха (Кэбээйи), Верхоянскайга (Дьааҥы) гимназия салааларын арыйталаабыттара. Манна кэлэн үлэлээбит тас дойду учууталлара үп-харчы ыытан, көмөлөһөн 40 миэстэлээх интэринээти аспыттара. Оҕолору өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, Уус Алдан нэһилиэктэриттэн сүүмэрдииллэрэ. Кэптэнигэ кэлэн үөрэммит 200-чэ оҕо Франция, Бельгия, Ирландия, Англия, Корея, о.д.а. сайдыылаах тас дойдуларга эбии үөрэҕи ааспыт. Тустаах гимназия өрөспүүбүлүкэҕэ иккис ЮНЕСКО оскуолата буолбута. “Омуктары аҕалан дьиэбитигэр олордон, кыһынын гимназияҕа бэйэтигэр, тас салааларга, сайынын лааҕырга үлэлэтэн онон ситиһиилэммиппит”, —  диэн кэпсиир.

Итини таһынан, Саргылаана Егоровна “Гражданин мира” сылы эргиччи үлэлиир киин уонна лааҕыр (2005-2006 сыллар) барылын төрүттээччинэн буолар. От ыйыгар “Сосновай Бор” оҕо киинигэр “Я —  гражданин мира” сынньанар кэми 13-с сылын үлэлэтэр. ЮНЕСКО кынат оскуолаларыттан оҕолор кэлэн 21 хонук устата дьарыктаналлар. Ситим быстыбат, Саха-Бельгийскэй гимназияны бүтэрбит оҕолор манна баһаатайынан, учууталынан үлэлииллэр.

Инникитин оҕону иитиигэ болҕомтону туохха уурар нааданый диэн ыйытыыбар: “Омук тылын үөрэтии хаһан даҕаны олохтон хаалбат, туһалаах. Атын омук тылын үөрэтэр оҕо аан дойдуга тахсарыгар, үүнэригэр, сайдарыгар аан өрүү аһаҕас. Соторутааҕыта Бельгияҕа баран оскуолабыт тэриллибитэ 20 сылынан, үлэлээбит учууталларбытын көрсөн кэллим. Аҕыйах хонуктааҕыта оскуолабыт үбүлүөйэ буолла. “Норуот дипломата” номинация ити кэмҥэ сөп түбэһэн, кыттан хааллым”, —  диэн санаатын үллэстэр.

“Дьоппуоннар холобурдарын туһанарбыт эрэйиллэр”

Николай Барамыгин 1991 сыллаахха Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сөбүлэҥинэн, Японияны кытта үлэлэһэр ассоциацияны тэрийэн, онно дириэктэринэн ананан, күн бүгүҥҥэ диэри сибээһи олохтуу сылдьар. Кини быһаччы көмөтүнэн Японияны кытта араас бэстибээллэр, быыстапкалар ыытыллаллар, тутуу барар. Билигин “СахаДаймонд” АУо сүбэһитинэн үлэлиир уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка лиэксийэ ааҕар.

Уһук Илиннээҕи муора училищетын бүтэрбит буолан, эдэр сааһыттан тас дойдулары кытта үлэлииргэ бэлэмнээх этэ. Ол курдук, 1983 сыллаахха курсант быһыытынан устар аалынан аан маҥнай Кытайга уонна Хотугу Кэриэйэҕэ тахсыбыта.

Дипломат буоларга ханнык хаачыстыбалар ирдэнэллэрий, диэн туоһулаһыыбар, Николай Андреевич, бастатан туран, дойдута сайдарын туһугар үлэлиирин ханнык да түгэҥҥэ умнуо суохтаах диир. Түргэнник уопсай тылы булар, бэйэ санаатын тиэрдэр, дьон тугу этиэн баҕарарын өйдүүр хаачыстыбалар, ону тэҥэ омуктары кытта үлэлэһэргэ анаарар, толкуйдуур өй, билии ирдэнэр диэн этэр.

—  Якт.ру, Ютуб курдук интэриниэт ситимнэргэ күннүк арыйан үлэбин сырдатабын, санаабын үллэстэбин. Аан дойдуга Бырамыысыланнас төрдүс өрөбөлүүссүйэтэ бара турарын хас да төгүл төхтүрүйэн этэн турабын. Япония нэһилиэнньэтэ Арассыыйаҕа курдук кырдьан аҕыйыы турарынан сибээстээн, дэриэбинэлэргэ кырдьаҕастар эрэ хаалан, кинилэр саҥа үйэҕэ сөптөөх быһаарыныылары эрдэ ылыммыттара. Итиниэхэ сөптөөх ньымаларга биһиги дьоп­пуоннартан үөрэнэрбит эрэйиллэр. Холобура, кинилэр эрдэттэн сакаас ылан эрэ баран тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын үүннэрэн таһаараллар. Аны роботтары хото туһаналлар. Биһиэхэ тыа сиригэр үксэ саастаах дьон хаалан эрэр. Онон экэнэмиичэскэй өттүнэн көдьүүстээх буоларын туһугар, дьоппуоннартан саҥа технологияларга үөрэниэхпитин наада. Сэбиэскэй кэмҥэ экэнэмиичэскэй сайдыыга ССРС Японияны кытта бииргэ үлэлэһиитигэр тоҕус бырайыак баарыттан, алтата Саха сиригэр быһаччы сыһыаннааҕа. Инникитин Саха сиригэр баар энергетическэй сир баайын хостооһуҥҥа дьоппуоннар ыаллыы олорор буолан интэриэстээхтэрэ сэрэйиллэр. Онон Японияны кытта сыһыан сир баайын хостооһуҥҥа эрэ буолбакка, технологияларга уонна олоххо сыһыаны олохсутууга көмөлөөх буолуо, —  диэн санаатын үллэстэр.

“Култуура уонна искусство – норуот кэпсэтэр тыла”

Бириэмийэ финалиһа Михаил Ершов уопсастыбаннай үлэтэ 2009 сыллаахха “Үс Хатыҥ” этно-комплекс дириэктэрэ Вильям Яковлевы кытта “Эллайада” түмсүүнү тэрийиэхтэриттэн саҕаламмыта. Нью-Йорка Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин (ООН) Бастайааннай форумугар Ыһыах туһунан билиһиннэрбиттэрэ, пааркаҕа күнү көрсүү сиэрин-туомун толорбуттара. Ити кэмтэн ыла лоп курдук уон сыл ааста. Бу сыллар устата Михаил Михайлович Америкаҕа, Испанияҕа, Францияҕа, Латвияҕа, Мексикаҕа, о.д.а. сирдэргэ саха сэргэлэрин туруорууттан, түһүлгэлэри оҥорууттан саҕалаан, тас дойдуларга Ыһыахтар, норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэлэр, спортивнай күрэхтэһиилэр, быыстапкалар курдук улахан тэрээһиннэри ыытыһан кэллэ. Манна барытыгар Саха сириттэн төрүт үгэһи илдьэ сылдьар сүрүн дьону — тыа сиригэр үлэлиир-хамныыр худуоһунньуктары, маастардары, ырыаһыттары, тойуксуттары кытыннарарга дьулуһаллар. Сыралаах үлэтин тас дойду тэрилтэлэрэ биэрбит ахсаана биллибэт наҕараадалара, махтал суруктара туоһулууллар.

Манчаары Баһылай аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинин үлэһитэ Михаил Ершов эбии сүгэһэри тоҕо эрэллээхтик илдьэ сылдьарый? Бу сүгэһэрин иһин киниэхэ кэппиэйкэ да төлөммөт. Кини норуоттар кэпсэтэр тыллара – култуура уонна искусство диэн бигэ өйдөбүллээх. Ол да иһин, бырайыактара төрүт омуктар үгэс буолбут култуураларын уонна Саха сирин аатын үрдүк таһымҥа таһаарар, тарҕатар соруктаахтар. Былырыын этэ дии, сахалар Карибскай муора кытылыгар ыһыахтыы сылдьар устуулара тарҕаммыта. Дьолго, кэлин социальнай ситимнэр ыырдара кэҥээн, бу курдук үөрүүлээх сонуннар өрөспүүбүлүкэни тилийэ көтөллөр.

Саха норуотун култуурата дириҥ силистээх-мутуктаах. Ол көмөтүнэн биһиги тылбытын, үгэстэрбитин, өбүгэлэрбит төрүт уонна духуобунай сыаннастарын күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэллибит. Өбүгэлэрбит бэйэлэрин айылҕа оҕолорунан ааҕыналлара. Тулалыыр айылҕаны, тыаны, ууну, кыылы-сүөлү аймаабакка гына сатыыллара. Кинилэргэ айылҕа бэйэтэ таҥара дьиэтигэр тэҥнээҕэ. Элбээбитэ үс сэргэлээх, олортон биирдэстэрэ – Аар Баҕах, дьоҕус түһүлгэни оҥостоллоро. Онон сахаҕа түһүлгэ, православнай итэҕэллээхтэр таҥараларын дьиэлэригэр, мусульманнар мечеттэригэр, буддистар дацаннарыгар тэҥнээх. Инньэ гынан, тас дойдуларга Аар баҕах сэргэни туруоран көннөрү мас оҥоһугу эрэ көрдөрбөппүт, саха духуобунай култууратын кытта үллэстэбит, — диэн этэр.

Норуот дипломата аны ый курдугунан төрүт омуктар боппуруостарынан Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин (ООН) сиэссийэтигэр Аан дойдутааҕы оонньуулар сэбиэттэрин мунньаҕар бараары сылдьар. Салгыы Альбукерке куоракка бэстибээлгэ, онтон Калифорнияҕа аттаныаҕа. Ити курдук, биллибэтинэн-көстүбэтинэн сомоҕолоһууну олохтуоҕа.

“Доҕордоһуу дьиэтэ баар буолуохтаах”

Яна Игнатьева режиссер, искусствовед идэлээх. А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр 28 сыл, култуура эйгэтигэр уопсайа 40-тан тахса сыл үлэлээн кэллэ. Култуура, национальнай бэлиитикэ эйгэтигэр сүҥкэн кылаатын киллэрсэр дьонтон биирдэстэрэ. Олоҥхо дойдута Арассыыйа муосчуттара уопут атастаһар түһүлгэлэригэр кубулуйда. Бу кини сүҥкэн үлэтинэн ситиһилиннэ. Түүр-монгуол норуоттар баай историяларын көрдөрөр норуот искусствотын былыргы үгэстэрин сөргүтэр, салгыыр соруктаах “Наследие предков” эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы ат киэргэлин бэстибээлэ 2015 сыллаахха тэриллибитэ. Салгыы 2016-2017 сылларга Алтай, Тыва Өрөспүүбүлүкэлэрин бырабыыталыстыбалара өйөөн, бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар ыыппыттара. Кэлэр бэстибээл 2020 сылга Монголия Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр буолара былааннанар. Оттон “Солнечный олень” көһө сылдьар норуоттар икки ардыларынааҕы этническэй муода бэстибээлэ —  ааптар тус бырайыага. Яна Викторовна илиитин иһинэн ааһар норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыны бөҕөргөтөр сыаллаах, быыстапкалары, форумнары, о.д.а. тэрээһиннэри ааҕан ситиллибэт.

—  Эрэгийиэннэр икки ардыла­рынааҕы “Наследие предков” ат киэргэлэ быра­йыагы 2005 сылтан саҕалаабыппыт. Саха атын симэҕэ умнулла быһыытыйбыта. Оннооҕор ыҥыыры оҥорор технологияны билбэт этибит. Бэлэм собуокка оҥоһуллубуту атыылаһарбыт. Норуот маастардара билигин дьахтар, эр киһи ыҥыырдарын оҥорор буоллулар. Онон Дьөһөгөй оҕотун өбүгэлэртэн кэлбит маанылаах симэҕин тилиннэрдибит уонна өссө иннибит диэки хардыылаатыбыт. Биһиги холобурбутун батыһан, аны уруулуу омуктарбыт бэйэлэрин киэргэллэрин тилиннэрдилэр. Атын дойдуларга баран Саха сирин дьоһуннаахтык көрдөрөр, кэпсиир кыахтаах буоллубут. Оттон Арассыыйа норуоттарын муосчуттарын искусствотын бэстибээлигэр быйыл дойду бэрэсидьиэнин фондун Гранын сүүйдүбүт. Тэрээһин кэҥээн, аан дойду таһымнанна. Быйыл алтынньыга сэттис төгүлүн Дьокуускайга ыытыллара былааннанар, —  диэн кэпсиир.

Бу тэрээһиҥҥэ харахтарын хатыыр эрэгийиэн аҕыйаҕа суох. Яна Викторовна, тустаах бэстибээл Саха сириттэн саҕыллыбыт тэрээһин буолара умнуллумуон, өрүү Саха Өрөспүүбүлүкэтин ааттата туруон баҕарар.

Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр тиһигин быспакка араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Билиҥҥи курдук, омуктары кытта сыһыан тыҥаан турар кэмигэр, хайдах гынан итинтэн тахсар суолу булуохха сөбүй диэн ыйытыыбар, биир тылынан “сомоҕолоһуохха наада” диэн хоруйдуур уонна сиһилии быһааран биэрэр. Ол курдук, омуктар күргүөмнээн олорор сирдэригэр Доҕордоһуу дьиэлэрэ баар буолуохтаахтарын этэр. Маныаха кини Култуура дьиэтэ толорор анала, соруга арыый атынын ыйар. Биһиги, элбэх омук түөлбэлээн олорор өрөспүүбүлүкэтэ, Арассыыйа саамай улахан эрэгийиэнэ буоларбытын бэлиэтиир, биир ситимнээхтик үлэлээтэхпитинэ эрэ култууралары хардарыта байытыһыы барыан этэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0