Норуот суруйааччыта Баһылай Харысхаллыын көрсүһүү

Бөлөххө киир:

Тохсунньу 19 күнүгэр Саха тыйаатырыгар биллиилээх драматург, прозаик, саха норуодунай суруйааччыта Василий Васильев-Харысхал  айар киэһэтэ буолла.

 “Эргиллиэм хайаан да”,  “Көмүөл”, “Бастыҥ хатыыта”, “Учуутал”,  “Кэт Марсден. Үтүө санаа аанньала”… Харысхал мантан да атын пьесаларын көрбөтөх киһи аҕыйах буолуо. Кини хас биирдии испэктээгэ саалы тобус-толору көрөөччүнү түмэр. Бүгүн, суруйааччы дьоро киэһэтигэр  Былатыан Ойуунускай аатынан  Саха тыйаатырын сценатыгар бу испэктээктэртэн быһа тардыылар көрдөрүлүннүлэр.

Национальнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаата, үтүө үгэс быһыытынан, Харысхал 7 кинигэтинэн, ыстатыйаларынан, кини туһунан публикацияларынан тыйаатыр фойетыгар бэртээхэй быыстапканы бэлэмнээн туруорбут.

Норуот суруйааччытын СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов, муниципальнай тэриллиилэри кытта үлэҕэ департамент салайааччыта Афанасий Владимиров, СӨ култууратын миниистирин солбуйааччы Владислав Левочкин, РФ Суруйааччыларын сойууһун сэкирэтээрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гавриил Андросов, Уус-Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, дьокутааттар, биир дойдулаахтара-аммалар, өрөспүүбүлүкэ айар сойуустара, кэлэктииптэр, тэрилтэлэр салайааччылара, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, махталлаах көрөөччүлэрэ, ааҕааччылар  уонна, биллэн турар, доҕотторо эҕэрдэлээтилэр.

Харысхал, аҕа көлүөнэ саха суруйааччыларын үгүстэрин кытта бииргэ алтыспыт, доҕордоспут, кинилэртэн элбэххэ үөрэммит, алгыстарын ылбыт айар үлэһит буолар. Оттон норуодунай суруйааччы Софрон Данилов  драматургияҕа саха литературатын кэскилин чуолаан Харысхалга көрөрө, диэн кэпсээччилэр суруйааччылар.

—Баһылай эдэр эрдэҕиттэн этитиилээх киһи эбит. Биһигиттэн ураты. Саха бастакы интэлигиэнсийэтин дьылҕатын хара маҥнайгыттан кэрэхсиирэ, интэриэһиргиирэ.  Бу тиэмэтин хаһан даҕаны ыһыктыбатаҕа. Онто – кини дьылҕата эбит! Кини эрэ дьылҕата буолуо дуо – барахсаттар, сүтэн хаалбыт, былаҕайга былдьаппыт дьон дьоллоругар маннык киһи көстөн, тахсан, кинилэр норуоттарыгар төнүннэхтэрэ.., — диэтэ норуодунай суруйааччы Николай Лугинов.

Оттон норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат бэйэтин этиитигэр:

—Саха литературатын историятыгар, олус улахан суолталаах суолу солообут дьоннортон бастакыларынан Өксөкүлээх Өлөксөй буолар. Кини бэйэтин дьулуурунан, дьүккүөрүнэн хотугу улуустарга, Өймөкөөҥҥө тиийэ айаннаан, саха тылын ирдэһэн-тордоһон, хайдах курдук айымньылаахтык үлэлээбитин бары билэбит. Иккиһинэн, биһиги доҕорбутун-табаарыспытын Баһылайы ааттыыбын. Устудьуоннуур да кэмнэрбитигэр арааһы кэпсэтэр эбиппит. Атын омук сирдэригэр эмиграциялаабыт интэлигиэнсийэ, биир дойдулаахтарбыт  суолларын ирдэһэриҥ буоллар, диэн биирдэ санаабын эппиттээхпин. Баһылай бэйэтэ-бэйэтигэр эспэдьииссийэ тэрийэн, уһун сылларга саха бастакы интэлигиэнсийэтин дьылҕатын сыныйан үөрэтэн суруйбут пьесаларын эһиги, көрөөччүлэр, сэргээҥҥит, биһирээҥҥит, уолгутун саха норуотун суруйааччытын килбиэннээх үрдүк аатыгар  таһаардыгыт!, — диэн көрөөччүлэргэ махтанна.

Раиса Реасовна Кулаковская эҕэрдэлиир.

Норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал харда тылыгар, бастатан туран, СӨ Ил Дарханыгар Айсен Николаевка, долгуйан туран, көрөөччүлэригэр, тапталлаах тыйаатырын артыыстарыгар, суруйааччы-доҕотторугар, бар дьонугар махталын биллэрдэ, эһиги алгыскытынан салгыы өссө үлэлиэм-хамсыам диэтэ.

Татьяна Маркова.

Рустам Каженкин уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Ыспыраапка

Васильев Василий Егорович-Харысхал

1950 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин Мээндиги учаастагар төрөөбүтэ.

1968 с. орто оскуоланы бүтэрээт, сопхуоска тырахтарыыһынан үлэлээбитэ.

1974 с. Саха госуниверситетын үөрэнэн бүтэрбитэ. “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттар кэрэспэдьиэннэринэн үлэлээбитэ.

1982-85 сс. Суруйааччылар сойуустарыгар уус-уран литератураны пропагандалыыр бюро салайааччыта.

“Аммаҕа саас этэ” пьесата 1980 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куонкуруска 3-с миэстэ буолбута, 1982 сыллаахха Саха тыйаатырын сценатыгар турбута.

9 драма, 7 кинигэ ааптара.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Духуобунас академиятын академига, Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата. Саха норуодунай суруйааччыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0