Икки үйэ кирбиитигэр, 20 сыл анараа өттүгэр, өрөспүүбүлүкэбитигэр “Көмүөл” диэн ааттаах кинигэ кыһата баар буолбута. Бу үтүө дьыаланы саҕалаабыт биллиилээх суруналыыс, махталлаах ааҕааччылардаах прозаик, киэҥ сиринэн тэлэһийэр публицист, кыһа дириэктэрэ Борис Павлов этэринии, биир кыра хос муннугуттан үлэтин саҕалаабыт, оттон билигин өрөспүүбүлүкэ таһыгар тиийэ сураҕырар тэрилтэ үлэтин-хамнаһын билсиэҕиҥ.
edersaas.ru
Судаарыстыбаны утары барыыга тэҥнээҕэ
— Борис Иванович, аан бастаан тэриллибит кэмҥитигэр эргиллэн көрдөххө?
— 2000 сыллаахха “Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ” хаһыакка эрэдээктэри солбуйааччынан үлэлии сылдьан, бэйэм туспа барарга быһаарыммытым. Кимтэн да тутулуга суох, санаатын көҥүллүк этэр хаһыат дуу, сурунаал дуу тэрийиэхпин баҕаран, чааһынай тэрилтэ тэриммитим. Оччолорго ырыынак өйдөбүлэ улаханнык олохсуйа илигэ, ким да кими да өйөөбөт кэмэ этэ. Онон туохха-ханныкка тиийиэхпин бэйэм да билбэтим. Чааһынай буолуу судаарыстыбаны утары барыыга тэҥнээҕэ, ыарахан этэ. Элбэхтик оройго охсуллан, саха курдук аҕыйах ахсааннаах норуокка сахалыы тыллаах, бэйэтин бэйэтэ үбүлэнэр көҥүл хаһыат, сурунаал тэрийэр кыаллыбатын эппинэн-хааммынан билэн баран, кинигэ оҥоһуутугар ылсыбытым.
Онон, “Көмүөл” өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы чааһынай кинигэ кыһатынан буолбута. Тэрилтэбит аатын суруйааччы Лена Слепцова-Куорсуннаах толкуйдаабыта. “Саас көмүөл мууһа кыдьымаҕы үлтү солоон аастаҕына, саас кэлэр, чыычаах ыллыыр, от көҕөрөр. Эһиги эмиэ көмүөл мууһун курдук туохха да бэриммэт, дьулуурдаах, күүстээх дьон буолуоххут”, – диэбитэ.
20 сыл ааста. Бу кэм устата элбэх тэрилтэ тэрилиннэ, эһиннэ. Барыыс хайдах баччааҥҥа диэри тохтообокко, иннин хоту баран иһэрий, арааһа, ким эрэ кистээн үбүлүүр быһыылаах дии саныыллар сорохтор. Тоҕо оннугуй диэн билигин санаан көрдөхпүнэ, биһиги кинигэ таһааран, харчы оҥорон байыахпыт-тайыахпыт дии санаабат этибит. Биһиги аан бастаан норуот туһугар үлэлиибит дии саныырбыт. Нэһилиэктэр, улуустар бэйэлэрин устуоруйаларын сөргүтэллэригэр, боростуой дьон олоҕо сурукка-бичиккэ суруллан хааларыгар саха бэчээтэ, полиграфията, дизайна атын омуктартан итэҕэһэ суох буоларын туһугар үлэлээн кэллибит. Оттон дьиҥнээх профессионал быһыытынан, ылсыбыт дьыалаҕын ымпыгар-чымпыгар диэри билэр, дьон баҕа санаатын толорор буоллаххына, харчы, хамнас бэйэтэ да тиийэн кэлэр. Ити син биир кэммиэрсийэ, биисинэс буоллаҕа дии.
— Кинигэ кыһатын биисинэһэ туох ураты сокуоннардааҕый?
— Бастатан туран, эппит тылгар булгуччу турар буолуохтааххын. Эппиэтинэс. “Тыл барда, бас барда” диэн. Алҕаһаабыт да буоллаххына, эрэннэрбит кэпсэтиигиттэн туоруо суохтааххын. Мин эрэннэрэн баран, ону толороору, иккилии-үстүү күн утуйбакка үлэлиир этим. Эбэтэр буор-босхо сакаас оҥорон биэрэрим. Сүрүнэ, хас биирдии киһиэхэ, кини кимин-тугун араарбакка, ытыктабыл, үчүгэй сыһыан баар буолуохтаах. Учууталым кэриэтэ саныыр киһим, бөлүһүөк Ксенофонт Дмитриевич Уткин-Нүһүлгэн: “Кинигэ – үйэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэр үрдэллэрэ. Борис, эн норуокка туһалаах үтүө дьыаланан дьарыктанаҕын. Ону олох ыһыктыма!” – диирэ.
Биисинэс өттүнэн ылан көрдөххө, сахаҕа, атын омуктартан уратыбыт диэн, биһиэхэ интуиция баар. Өбүгэлэрбит “Саха көхсүнэн да олордор, сэрэйэр” дииллэрэ. Ол курдук, саха киһитэ син биир билэр: бу талбыт суола төһө сэрэхтээҕин, үлэлиэхтээх киһитэ төһө эрэллээҕин, албынныа дуу, суох дуу диэн. Ол иһин, билигин саха эдэр уолаттара чааһынай дьыалаҕа аан дойдуга кытта тахсан эрэллэр.
— Биһиги эрэгийиэммит саамай элбэх кинигэни таһаарарынан биллэр. Саха киһитигэр кинигэ туох суолталааҕый?
— Итиннэ мин суруйааччы Николай Заболоцкай-Чысхаан “Мааппа” диэн кэпсээнин наар саныыбын. Быраҕыллыбыт эргэ өтөххө үөр буолбут кыыс муҥнаах бэйэтин кистэтээри, муммут айанньыт уолга киһи буолан тахсар. Уоллуун таптаһан олох диэн тугун билэр, онтон бүтэһигэр, бу сиргэ саатар ытыһым омооно хааллын диэн муус түннүккэ даҕайан, илиитин ойуулаан хааллараахтыыр. Бу, дьиҥэр, киһи уонна олох суолтатын көрдөрөр аан дойду таһымнаах айымньы. Сэбиэскэй кэмҥэ мистика диэн өйдөөннөр, сыаналамматах. Саха киһитэ олоҕу, күн сирин ити курдук сыаналыыр, дириҥник өйдүүр эбит. Киһи бу күн сиригэр кэлэн суолун хайаан да хаалларыахтаах. Ол буолар – олох сүрүн суолтата.
Биһиэхэ биирдэ биир ытык кырдьаҕас кинигэ сакаастыы кэлбитэ. Олоҕун, дьонун туһунан суруйбут. “Бу кинигэни таһаарарбар эмээхсиним алта сылы быһа биэнсийэтин харчытын муста”, – диэн кэпсээн долгуппута. Эмээхсинэ 20 тыһыынча биэнсийэлээх эбит. Көр, кинигэ күн сирин көрүүтүгэр итинник улахан суолтаны биэрэллэр.
Бэчээтим, тэрилтэм үлэтинэн Москваҕа, Владивостокка, Новосибирскайга сырыттахпына, сахалар элбэх да кинигэни таһаараҕыт диэн аһара сөҕөллөр. Ол иһин, саха ырыынагын былдьаһа сатыыллар.
Ити эн ыйытыыгар бэйэтин санаатын билээри, хаһан эрэ учууталбыттан, бэрэпиэссэр Гаврил Гаврильевич Филипповтан ыйытан турардаахпын. Онуоха кини: “Сахаларга атын омуктартан туспа, туох эрэ аристократическай хаан, ураты духуобунас баар. Еврейдэр уонна армяннар курдук”, – диэбитэ.
«Кинигэ таһаарарбар эмээхсиним 6 сыл биэнсийэтин муспута»
— Кэнники сылларга нэһилиэктэр кинигэлэрин таһаараллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Көрө-билэ сырыттахха, “Көмүөл” кыһатыгар тахсыбыт итинник кинигэ ахсаана элбии турар.
— Ураты сөбүлүүрбүт – нэһилиэк, улуус кинигэтин таһаарыы. Бу нэһилиэк дьонун кытары тэҥҥэ олорбут уонна аймахтыы курдук буолан хаалаҕын. Итиннэ олохтоох кыраайы үөрэтэр дьон сүҥкэн үлэни оҥордулар. Холобур, М.Герасимова-Сэҥээрэ Хайахсыт нэһилиэгэр үс туомнаах кинигэ оҥордо. Бүтэйдээхтэн К.Родионов, Дьокуускайтан Н.Петров, М.Решетникова, Туора Күөлтэн О.Осипов, Хатылыттан М.Иустинова, Кириэс Халдьаайыттан В.Габышев, Түбэй Дьаархантан Т.Михайлова, Усуйаанаттан П.Томскай, Тааттаттан М.Барахова уо.д.а. курдук энтузиаст дьоннордоохпут. Олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Майя Софронова салалтатынан Нам улууһа дьоно-сэргэтэ дойдуларын сырдатарга сыал-сорук туруорунан, дойдуларын устуоруйатын сөргүтэргэ үлэ үтүмэнин көрүстүлэр, үйэлэргэ хаалар дьоһун академическай кинигэлэри таһаартардылар. Билигин быыһык кэмҥэ маннык дьон турумматахтара буоллар, көлүөнэ олорбут олоҕо биллибэккэ ааһан хаалыа, биһиги ийэлэрбит-аҕаларбыт, эһээлэрбит-эбээлэрбит үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара, олох олорбуттара, ыллаабыттара-туойбуттара биир тыла суох умнуллан хаалыа эбит.
Олорон хаалбакка, олоҕу кытта тэҥҥэ
— Барыбытын долгутар ааҕыы туһунан санааҕа, кинигэ кыһатын салайааччытын быһыытынан, туох саҥа көрүүлэрдээххин?
— Сэбиэскэй кэмҥэ саха суруйааччытын 10-20 тыһыынча ахсаанынан тахсар кинигэтэ хас биирдии ыалга тиийэр эбит буоллаҕына, балаһыанньа уларыйда. Билигин ааҕааччыга туһалаах, наадалаах да кинигэлэр, бэркэ гыннахха, 300-500 ахсаанынан тахсаллар. Ол аата, бу киһини 300 эрэ киһи ааҕар дуо? Дьиҥэр, олоҕу кытта тэҥҥэ уларыйыахтаах эбиккин, “ыччат аахпат” диэн куолулуу-куолулуу олорон биэрбит киһи хаалар. Оттон олох түөрэҕэ уларыйда. Урут хайдах этэй? Сонуну-нуомаһы тириэрдэр, кэрэхсэбиллээҕи кэпсиир идэлээх биһиги, суруналыыстар, эрэ баарбыт дии саныырбыт. Оттон билигин блогер диэн өйдөбүл баар буолла. Интэриэһинэй көрүүлээх, бэйэтин санаатын сатаан сааһылаан суруйар, анал үөрэҕэ да суох киһи тыһыынчанан, уонунан тыһыынча киһи интэриэһин тардар, биһирэбилин ылар. Биһиги, хаһыаттар, үйэлээх сааспыт тухары ахсаан (тираж) туһугар охсуспуппут. Дьэ, ити үөһээ эппитим баар – дьиҥнээх тираж. Кинигэ бэчээттэниитигэр эмиэ ити саҥа суолунан барыахха наада. Холобур, 200-300 кинигэни бэчээттиигин, онтон атынын электроннай көрүҥүнэн, куйаар ситиминэн тарҕатан кэбиһэҕин. Оннук үйэ кэллэ быһыылаах.
— “Көмүөл” 20 сыллаах аргыстарын туһунан кэпсээ эрэ.
— Киһи кэргэнигэр табылларын курдук, кэлэктиибигэр өйөһөр-өйдөһөр дьонноох эрэ буоллаҕына, маннык улахан дьыаланы оҥорор. Биһиги кэлэктииппитигэр эмиэ туруу үлэһит, идэтигэр бэриниилээх, үлэттэн үөрүүнү ылар дьон кэлэллэр.
Аан бастаан Элеонора Дементьева диэн дизайнер үлэһиттиин саҕалаабыппыт. Хомойуох иһин, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта. Ол кэнниттэн Туйаара Галактионовалыын, Алексей Егоровтыын, Владимир Дойдуковтыын, Герта Рудыхтыын, Степан Спиридоновтыын кинигэ бэчээттээн, күн сирин көрдөрбүппүт. Августина Чемчоева уонча сыл тэрилтэбитин тутан, дьаһайан, сүрүннээн кэллэ. Саамай киэн туттар киһибит, кылаабынай эрэдээктэрбит Варвара Петровна Саввинова – сахалыы кинигэни таһаарыыга биир суолталаах үлэһиппит. “Кинигэбитин Варвара Петровна көрөр буоллаҕына эрэ, эһиэхэ тиийэбин” диир киһилэрэ. Ону кытта тэҥҥэ эдэр көлүөнэ дьон: талааннаах верстальщиктар, дизайнердар Ирина Захарова, Наталья Саввинова, Вероника Федотова, саайт эрэдээктэрэ Мария Дегтярева-Күндэли таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар.
— Борис Иванович, ытыктыыр киһиҥ Нүһүлгэн эппитинии, уостубат утумнаах, сыыллыбат сындыыстаах, сах ыраах саҕахтаах, өркөн өй илдьитэ буола туруҥ!
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыскалар: «Көмүөл» кыһатын архыыбыттан