Норуот Фронун форумугар хото кытынныбыт

Ааптар: 
21.12.2017
Бөлөххө киир:
Норуот Фронун эдэр кыната

 Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин «Бүтүн Арассыыйатааҕы Норуот фрона (ОНФ)» хамсааһыны 2011 сыллаахха ыам ыйыгар  тэрийбитэ. Бу күннэргэ Москваҕа буолбут Хамсааһын форумуттан сонуннары ааҕыҥ. 

edersaas.ru

Судаарыстыба баһылыгын ыйаахтарын уонна сорудахтарын толорууну  хонтуруоллуур, хоруупсуйаны, судаарыстыба үбүн атын сыалга туттууну утары  үлэни ыытар Норуот фрона хамсааһыҥҥа айар интеллигенция, учуонайдар, биллэр уопсастыбаннай деятеллэр бааллар.

Бу күннэргэ «Кэскилгэ туһуламмыт Арассыыйа» диэн ааттаах сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаарар Норуот фронун хамсааһына «Хамсаныы форумун» ыытта. Тэрээһиҥҥэ Арассыыйа бары регионнарыттан 4000-тан тахса дэлэгээт кыттыыны ылла. Кинилэр ортолоругар форум үлэтигэр Саха сириттэн биэс киһи кытынна.

Норуот фронун хамсааһын иһинэн  «Ыччат» бырайыак  тэриллибитэ түөрт ый буолла. Бу хайысха сүрүн соруга — дойду регионнарын ыччаттарын кытта ыкса сибээһи олохтоон, сыллааҕы үлэни бииргэ торумнаан ыытыы. Форум бастакы күнүгэр спикердэри иһиттибит. Ол курдук, бэлиитиктэр, уопсастыбанньыктар, биллиилээх спортсменнар санааларын атастастылар. Мин ордук греко-римскэй тустуу үс төгүллээх олимпийскай чөмпүйүөнэ, Российскай Федерация  Дьоруойа Александр Карелин этиитин сөбүлээтим. Кини: «Олохпут тускула хайдах салаллара бэйэбититтэн тутулуктаах», — диэн бэлиэтээбитин кытта толору сөбүлэһэбин.

Ону тэҥэ: «Арассыыйа бары регионнарыттан кэлбит дэлэгээттэр сонун этиилэрин, иитиэхтии сылдьар санааларын истэн баран,  тэрээһин кэнниттэн чопчу быһаарыылары ылыныахпыт. Биллэн турар, бу форум бырайыактара Арассыыйа кэскилин түстүөхтэрэ», диэн  Норуот фронун Киин ыстаабын салайааччыларыттан биирдэстэрэ, Госдуума спикерэ Ольга Тимофеева этиитин сэргээтим.

Биһиги, дойду ыччаттарын хамаандата, тэриллибиппит төһө да баара-суоҕа түөрт ый буоллар, бары биир санаанан салайтаран үлэлиибит.

Норуот Фронун эдэр кыната

ДЭЛЭГЭЭТ САНААТА

  Надежда Оболкина, Хамсаныы форуму дэлэгээтэ, «Мин — инженербин» СӨ Техническэй исписэлиистэри сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:

— Хаһан туох уларыйыы буолан, олохпутун ким эрэ кэлэн тупсарарын кэтэспэккэ,  бэйэбит айарга-тутарга дьулуһабыт. Онон Сахабыт сиригэр олорор олоххо аныгылыы көрүүлээх, көхтөөх ыччаттары бэйэбит  кэккэбитигэр ыҥырабыт. Түгэнинэн туһанан, инженернэй-техническэй идэҕэ үөрэнэр устудьуоннары уонна бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар   Арассыыйа ханнык баҕарар регионугар практикаланыан, үлэлиэн баҕалаах ыччаттары «Профстажировка» бырайыакка кыттаргытыгар ыҥырабыт.

«Кэскилгэ туһуламмыт Арассыыйа»  Норуот фронун суолталаах тэрээһин кыттыылаахтара бэйэлэрин бырайыактарын көмүскүүллэригэр, сонун этиилэри киллэрэллэригэр аныгы технология бары көрүҥүн, уопсастыбанньыктар бииргэ түмсэн үлэлиир бастыҥ уопуттарын туһаннылар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0