Норуот билиммит драматура (Степан Ефремов төрөөбүтэ 115 сылыгар)
Тохсунньу 15 күнүгэр П.Ойуунускай аатынан литература мусуойугар драматург, Саха сирин искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Саха сирин үтүөлээх учуутала Степан Ефремов төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһин ыытылынна.
edersaas.ru
Мусуойга драматург туруорбут испэктээктэрин хаартыскаларын, кинигэлэрин, туттубут малын-салын, илиинэн суруллубут айымньыларын быыстапката кэлбит дьон улахан сэҥээриитин ылла. Ону сэргэ, “Саха” Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа көмүс пуондатыттан араадьыйа биэриилэрин уонна суруйааччылар ахтан-санаан ааспыт видеоларын көрдөрдүлэр. Саха тыйаатырын артыыс уолаттара уонна Булгунньахтаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ драматург пьесаларыттан быһа тардан оонньоотулар.
БЭЙЭТИН КЭМИН ТЫЫНЫН БИЭРБИТЭ
Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт суруйааччы Николай Винокуров-Урсун Степан Ефремов төһө да “норуодунай суруйааччы” аатыгар тиксибэтэҕин иһин, норуот билинэр, таптыыр суруйааччыта буоларын, Суорун Омоллоон уу иһэ-иһэ хайҕаабыт аҕыйах киһитин ахсааныгар киирсибитин астынан бэлиэтээтэ.
Степан Ефремов кэргэниниин 9 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэриттэн билигин 6 оҕото баар. Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ Степан Ефремов кыргыттара Светлана Степановна Евдокимова, Антонина Степановна уонна күтүөтэ Афанасий Николаевич Дьяконовтар, сиэнэ Уйбаан Ундаар уонна аймахтара кэлбиттэр.
Суруйааччылар Николай Лугинов, Степан Сивцев уо.д.а. драматург туһунан ахтан-санаан аастылар. Билиҥҥи кэм драматура Баһылай Харысхал бэлиэтээбитинэн, саха суруйааччылара Булгунньахтаахха Степан Ефремовка тахсан ыалдьыттыыр (ордук элбэхтик Леонид Попов сылдьара), бары кинини ис сүрэхтэриттэн сөбүлүүр этилэр.
Экэниэмикэ наукатын дуоктара, суруйааччы Эдуард Ефремов-Дэхси тыйаатырга турбут пьесаларга дириҥ хорутуулаах ырытыыны оҥордо.
Нам сэлиэнньэтин 1 №-дээх орто оскуолатын түмэлин сэбиэдиссэйэ Яна Корякина Степан Ефремов Намҥа үлэлээбит кэмин туоһулуур сэдэх докумуоннары, хаартыскалары билиһиннэрдэ.
Хаҥалас бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Валентина Колесова Степан Ефремов уонна сахалартан бастакы анал үрдүк үөрэхтээх режиссер Спиридон Григорьевтыын Саха тыйаатыра сайдарыгар элбэҕи үлэлээбиттэрин бэлиэтээн туран, быйыл үбүлүөйдээх драматурдарын пьесата Саха тыйаатырын сценатыгар турарыгар баҕа санаатын тириэртэ.
АХТЫЫЛАР
Андрей Борисов, Степан Ефремов үөрэнээччитэ:
— Учууталым Степан Павлович Ефремов – миигин литератураҕа, култуураҕа чугаһаппыт киһим. Киниэхэ 1-4 кылаастарга үөрэммитим. Үөйбэтэх-ахтыбатах тиэмэбитигэр ким эппиэттиирин ыйыттаҕына, үөрэнээччилэр бары былдьаһа-былдьаһа эппиэттии сатыырбыт. Инньэ гынан, кини ойуулаан көрөр, айар дьоҕурбутун уһугуннарбыт эбит. Бэйэтэ аахпыт кинигэлэрин барытын дорҕоонноохтук кэпсээн биэрэрэ.
Билигин санаатахха, тыйаатыр, пьеса, уобарас диэн өйдөбүллэри өссө оччолорго билиһиннэрбит эбит. Ойуулаан көрүү – олус улахан хаачыстыба, ону миэхэ тилиннэрбит учууталбынан, мин тыйаатырга кэлэрбэр улахан кылаатын киллэрбит киһинэн Степан Павлович буолар. Санаан көрдөххө, уһулуччу суолталаах пьесалары суруйар эбит. Кэм-кэрдии ааспытын да иһин, итинник драматургия билиҥҥи кэмҥэ оруобуна сөп түбэһэр буолан хаалааччы.
Биһиги көлүөнэ тыйаатыр сыанатыгар элбэхтэ туруоруллубут “Ини-бии” (1934-35 сс. турбута), “Лэкиэс” (1958-59 сс.), “Куорат кыыһа” (1961-62 сс.) уо.д.а. пьесаларга иитиллибиппит. Онон, Степан Павлович Саха тыйаатырын уус-уран өттүгэр араас буоларыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Билигин кини ханнык пьесата туруон сөбүн толкуйдуубун. Өйгө-санааҕа туох эмэ чаҕылыйан кэллэҕинэ, ханнык айымньыта туруон сөбө биллиэ…
Оҕочоос бэйэм оччотооҕуга учууталбар махтамматах эбиппин диэн, билигин бу кэрэ-бэлиэ түгэнинэн туһанан, чугас аймахтарыгар махтанабын”, — диэн, бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кэлбит Степан Ефремов төрөппүт кыыһа Антонина Степановнаҕа сибэкки дьөрбөтүн туттарда.
Сэмэн Попов-Сэмэн Тумат, СӨ норуодунай суруйааччыта:
— Мин аҕам, икки саһаан үрдүктээх киһи Булуҥҥа Пистолет оруолун ооонньоон турар.
“Степан Ефремов бэйэтин кэмин тыынын төһө үчүгэйдик биэрбит суруйааччыный?” диэн ыйытыы турдаҕына, кини онно толору үчүгэйдик эппиэттиир айымньылары хаалларбытын туһунан бигэтик этэбин. Литература дыраамата суох хайдах да литература буолар кыаҕа суох. Былыр-былыргыттан дыраама кыайтарбатын айдаана. Дыраама кыайтарбат айдааныгар бэйэ кэмин тыынын биэрии улахан суолталаах. Кини айымньыларын эһиги оҕолоргут, сиэннэргит ааҕан, хос эбээлэрбит-эһээлэрбит олорон ааспыт кэмнэрин идеологията этэ диэн киэн тутта саныахтара”.
Александр Петрович Тимофеев, Булгунньахтаах орто оскуолатын дириэктэрэ:
— Ыччаттарбытыгар биир дойдулаахпыт өлбөт-сүппэт пьесаларын ис хоһоонун сиһилии кэпсиэххэ наада. Оҕо сылдьан, Степан Павлович Булгунньахтаах сэлиэнньэтин хабыллар хаба ортотугар баар улахан остолобуойга аһыы олорорун көрөр эбиппин…
Кини биһиги оскуолабытыгар саха тылын үөрэппит. Саха тылын учуутала Евдокия Егорова иилээн-саҕалаан, оскуолабытыгар “Ефремовскай ааҕыылар” саҕаламмыттара уонна күн бүгүҥҥэ диэри ыытылла тураллар. 2007 сылтан ыла ааҕыыларбыт улуус таһымыгар тахсыбыттара. Онтон 2017 сылтан аҥаардас ааҕыы эрэ буолбакка, оскуола оҕолоро сыанаҕа оонньоон көрдөрөллөр. Ол аата, оҕолорбут биир дойдулаахтарын олоҕун, үлэтин бэйэлэрин эттэринэн-хааннарынан билэр буолаллар.
СӨ иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров ыйааҕынан, Степан Ефремов аата Булгунньахтаах орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ. Быйыл кулун тутар 27 күнүгэр оскуолабыт скверигэр киниэхэ бюст туруохтаах. Ону сэргэ, бастыҥ үөрэнээччилэргэ сыл аайы Степан Ефремов аатынан истипиэндьийэ туттарыллар, кини аатынан волейбол күрэҕэ улууска ыытыллыбыта 20-тэн тахса сыл буолла. Сорохтор: “Степан Ефремов волейболист этэ дуо?” – диэн ыйытааччылар. Онуоха мин этэбин: “Волейболлуурун сөбүлүүр оҕо кини аатынан мэтээл ыллаҕына, интэриэһиргээн билэ-көрө сатыаҕа. Суолтата итиннэ сытар.
Биир дойдулаахпыт пьесаларын аныгылыы да туруоран, араас улуустарга көрдөрүөхтэрин, билиһиннэриэхтэрин баҕарабыт. Оскуолабыт оҕолоро бырайыак оҥордулар. Ол чэрчитинэн, Степан Ефремов олоҕун, айар үлэтин кытары сибээстээх, ситимнээх улуустарга эспэдииссийэлэри тэрийдилэр, чинчийэр үлэлэри ыыттылар. Сотору Нам улууһугар тиийиэхтэрэ. Ити курдук, биһиги ытыктыыр киһибит үбүлүөйүн бэлиэтээһин ыыра кэҥиир.
ҮБҮЛҮӨЙДЭЭХ ТЭРЭЭҺИННЭР СЫЛЫ БЫҺА ЫЫТЫЛЛЫАХТАРА
Хаҥалас улууһун култууратын салаатын салайааччыта Сахаайа Громова эппитинэн, Хаҥалас улууһа 12 суруйааччылааҕыттан – Степан Ефремов соҕотох драматург.
Хаҥалас улууһуттан төрүттээх суруйааччылар ааттарын үйэтитэргэ үгүс үлэ барар. Орджоникидзевскай оройуон бочуоттаах гражданина төрөөбүтэ 115 сылын бэлиэтииргэ анал хамыыһыйа тэриллибит. Бастыҥ суруналыыстарыгар, суруйааччыларыгар Степан Ефремов аатынан бириэмийэлэри туттарыахтара. Улахан тэрээһин өр сылга олорбут, үлэлээбит Булгунньахтаах сиригэр-уотугар ыытыллыаҕа. Кулун тутар 27 күнүгэр, Тыйаатыр күнүгэр диэри улууска баар норуодунай уонна самодеятельнай тыйаатырдарга кини пьесаларын көрдөрүүгэ күөн-күрэс биллэрилиннэ. Драматург төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах ыһыах эмиэ Булгунньахтаахха ыһыллыаҕа.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru