“Норуот бүддьүөтүн” торумнуурга нэһилиэнньэ кыттыыта Федеральнай сокуонунан сүрүннэниэҕэ
Арассыыйа 65 субъегар бүддьүөккэ көҕүлээһини киллэрэргэ уопут баар, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр. Докумуон соруга – бу нуорманы РФ бары субъектарыгар тэнитии.
edersaas.ru
Докумуон ааптардарыттан биирдэстэрэ, сенатор Олег Мельниченко этэринэн, “Биир ньыгыл Арассыыйа” бүддьүөккэ көҕүлээһини киллэрэр эрэгийиэннэр уопуттарын уонна “норуот бүддьүөтүн туһунан” иккис ааҕыыга көннөрүүлэри бэлэмнээһиҥҥэ миэстэлэртэн этиилэри ырытта. Бу этиилэр сүрүннээн гражданнар көхтөрүн күүһүрдүүгэ туһуланнылар.
“Кинилэри кытыннарыыга үгүс холобур баар, ол иһигэр гражданнар үлэҕэ кыттыылара. Биһиги сорукпут – федеральнай таһымҥа сокуоҥҥа кинилэри бүддьүөт үбүн тыырыыга кытыннарыы”, — диэтэ Олег Мельниченко.
“Биир ньыгыл Арассыыйа” Генеральнай сэбиэтин сэкирэтээрэ Андрей Турчак баартыйа Генсэбиэтин Президиумун мунньаҕар биир идэлээхтэригэр эрэгийиэннэргэ “норуот бүддьүөтүн” ньыматын олоххо киллэриигэ үлэҕэ көхтөөхтүк кыттарга ыҥырда.
“Билигин Госдуума көрүүтүгэр “Биир ньыгыл Арассыыйа” бүддьүөтү көҕүлээһин туһунан сокуонун барыла сытар – ити “норуот бүддьүөтэ” дэнэр. Уонна Бэрэсидьиэн өйөбүлүн ылан, бастакы ааҕыыны ааста. Иккис ааҕыытыгар эрэгиийэннэри кытта кэккэ көннөрүүлэри киллэрдибит”, — диэн быһаарда кини.
Бүддьүөккэ көҕүлээһиннэри киллэрии уопута Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэлиир. Холобур, “Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа тардыллыбыт муниципальнай тэриллиилэр ахсааннара 5-тэн 400-кэ диэри улаатта, оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бэриллибит үп сылга 31 мөлүйүөнтэн 500 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатта. Көҕүлүүр бөлөх мунньахтарыгар олохтоохтор ханнык бырайыактарга болҕомтону уурары бэйэлэрэ быһаараллар. Кинилэр үксүгэр оҕо уонна спорт былаһааккаларын оҥорууну, суолу өрөмүөннээһини уонна көрүүнү-истиини, култуура эбийиэктэрин өрөмүөннээһини уо.д.а. өйүүллэр.
Сунтаар улууһугар олохтоохтор көҕүлээһиннэригэр 2020 сылга 60 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ көрүллүөҕэ. Бырайыактар сүрүн хайысхалара – оҕо уонна оонньуур былаһааккалары оҥоруу, дьиэ таһын тупсаҕай оҥоруу, сэриигэ өлбүт биир дойдулаахтарын пааматынньыгын өрөмүөннээһин.
Өлүөхүмэ оройуонугар 2019 сылга бу бырагырааманан 21 сайаапка туолбута. Муниципальнай тэриллиилэргэ сайаапка үксэ сэриигэ өлбүт буойуттар пааматынньыктарын тупсаран оҥорууга, ону тэҥэ сынньалаҥ зонатыгар ууруллубута. Бу оройуоҥҥа субсидия кээмэйэ 18 425 203, 62 солкуобай.
Чурапчы улууһугар былырыын 39 мөлүйүөн кэриҥэ суумалаах 20 бырайыак олоххо киирбитэ. Чуолаан, сайыҥҥы уу ситимин тардыбыттара, эргэ дьиэлэри көтүрбүттэрэ, уулуссалары сырдаппыттара, суолу-ииһи дэхсилээбиттэрэ. Ону тэҥэ олохтоохтор тыа сиригэр үөрэх эйгэтин – SMART-ы тэрийиини өйөөбүттэрэ.
Эспиэрдэр санааларынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ нэһилиэнньэни быһаарыныылары ылыыга көҕүлүүргэ инники күөҥҥэ сылдьар. Манна нэһилиэнньэлээх пууннарга 1-2 тыһыынча киһи кыттар.
Санатан эттэххэ, Госдуума “Биир ньыгыл Арассыыйа” норуот бүддьүөтүгэр сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыммыта. Онон олохтоох бүддьүөтү хайдах туһанары дьон бэйэтэ быһаарар буолуоҕа. Баартыйа салаалара “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа дьокутааттарын кытта иккис ааҕыыга көннөрүүлэри киллэриини бэлэмнээтилэр.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат
Хаартыска: интэриниэттэн.