Быйыл алтынньы 1 күнүгэр саха норуодунай артыыһа Алексей Павлов 60 сааһын туолла, оттон кини салайар Үүнэр көлүөнэтин тыйаатыра төрүттэммитэ 25 сыла буолла.
Дьэ маннык бэлиэ сылы тыйаатыр кэлэктиибэ, биллэн турар, эмиэ уратытык бэлиэтиир. Ол курдук, эрдэттэн толкуйдаан-былааннаан, айар кэлэктиип ааспыт сайын “С благодарностью Учителю…” үбүлүөйдээх гастрольнай тууру тэрийэн, Улан-Удэ, Москва уонна Казань курдук Россия бөдөҥ куораттарын тыйаатырдарыгар бэйэтин испэктээкиллэрин көрдөрөн кэллэ. Маннык маршрут талыллыбыта ылбычча буолбатах – Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын үгүс артыыстара, режиссердара чуолаан бу куораттарга таптыыр идэлэригэр үөрэммиттэрэ.
Үгүскүт билэрэ буолуо, чуолаан Бурятия киин куоратыгар Улан-Удэҕэ – Илин Сибиирдээҕи култуура институтугар араас сылларга элбэх да саха ыччата үөрэммитэ, үүнэн-сайдан тахсыбыта!
Дьэ онон, Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин “Ульгэр” куукула тыйаатырыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Э.Ионеско “Хоруол өлөн эрэр” (режиссер К.Сергучев) уонна хотугу норуоттар номохторунан “Дьол тааһа” (режиссер А.Титигиров) испэктээктэрин көрдөрдө.
Испэктээкил кэнниттэн пресс-конференция ыытылынна, махталлаах үөрэнээччилэр Учууталларын кытта истиҥ көрсүһүүлэрэ буоллулар.
Бу, Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылын туолар бэлиэ дьылыгар СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын гастрола Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыларыгар култуурунай сибээс өссө бөҕөргүүрүгэр биллэр көмөлөөх буолара эрэбил.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын бас-көс артыыстара Москватааҕы М.С.Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищены бүтэрбиттэрэ. Онон, артыыстар Нациялар Судаарыстыбаннай тыйаатырдарын сценатыгар, Учууталларын иннилэригэр, олус долгуйан туран, Николай Гоголь “Вий” сэһэнинэн “Үс түүн” (реж. А.Титигиров) испэктээкили оонньоотулар. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу испэктээкили “Көмүс мааска” уонна “Көмүс витязь” бэстибээллэр дьүүллүүр сүбэлэрэ кэлэн көрдүлэр. Түмүгэр, испэктээкил сэтинньи 26 күнүгэр “Көмүс витязь” бэстибээлгэ ыҥырылынна.
Манна даҕатан эттэххэ, улуу классик Гоголь айымньытынан сахалар туруорбут испэктээкиллэрин театральнай кирииитиктэр, искусствоведтар, преподавателлэр, биллиилээх артыыстар (холобур, норуодунай артыыс Борис Клюев), “Щепкин” преподавателлэрэ, устудьуоннара, СТД-лар, уо.д.а. айар кэлэктииптэр сырыттылар, көрдүлэр-иһиттилэр, олус хайҕаатылар. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра РФ Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко Махтал суругун тутта.
Оттон гастрол түмүгэр СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Татарстаҥҥа, Казань куоракка Түүр норуоттарын тыйаатырдарын бэстибээлигэр кытынна. Манна, “Хоруол өлөн эрэр” (сүрүн оруолга СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов) испэктээги олус сөбүлээннэр, алтынньы 21 күнүгэр Чебоксары куоракка “Сказочная палитра” бэстибээлгэ кыттар буоллулар.
—“С благодарностью Учителю…” бырайыакпытын СӨ Култууратын, духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ истиҥник өйөөн, үбүлээтэ, онон, салайааччыларбытыгар улахан махтал!, — диир тыйаатыр дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Матрена Павлова.
Манна даҕатан, хайаан даҕаны бэлиэтээн этиэҕи баҕарыллар – Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра бу, уруккута Пионердар дыбарыастарын былыргы, эргэ дьиэтигэр билигин кыбыллан олорор. Манна күннэтэ сүүһүнэн, тыһыынчанан оҕо кэлэн, испэктээкил көрөр. Тыйаатыр саҥа анал дьиэлэнэрэ-уоттанара уолдьаста. Киин регионнарга сылдьан көрдөххө, ТЮЗ-тарыгар – үүнэр көлүөнэлэригэр, кырачаан көрөөччүлэригэр бары өттүнэн саамай үчүгэй, тупсаҕай дьиэлэрин аныыллар. Оттон биһиэхэ, киинтэн ыраах сытар хотугу дойдуга, ол хаһан ситиһиллэр?! Өрөспүүбүлүкэ салалтата бу боппуруоска улахан болҕомтотун ууруон наада.
Күн бүгүн, дьэ итинник усулуобуйаҕа да үлэлээтэр-хамсаатар, айымньылаах, түмсүүлээх кэлэктиип тыйаатыр уус-уран салайааччыта, саха норуодунай артыыһа Алексей Павлов үбүлүөйүн дьоһуннаахтык бэлиэтииргэ бэлэмнэнэр.
Онон, алтынньы 10, 12 уонна 14 күннэригэр эһигини, ытыктабыллаах көрөөччүлэр, норуот артыыһа Алексей Павлов ыҥырар!
Бу күннэргэ Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Былатыан Ойуунускай “Оҕоҕо баҕарбыт”, Э.Ионеско “Беранже Хоруол” уонна У.Шекспир “Ричард III” испэктээкиллэринэн Алексей Павлов бастыҥ оруолларын көрдөрүөҕэ.
Хаартыскаҕа: Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Казань куоракка.
Татьяна МАРКОВА,»Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru