Арассыыйаҕа биллэриллибит Тыйаатыр сыла уонна Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр түмүктэнэн, билигин артыыстар ааспыт сылга туох суолталаах үлэни ыыппыттарын, былааннаабыт тосхоллоро төһө туолбутун-туолбатаҕын ырытар, саҥа бырайыактары толкуйдуур кэмнэрэ.
Суолталаах Тыйаатыр сыла СӨ народнай артыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьевка туох бэлиэ өйдөбүлү хаалларда? Бу туһунан биһиги «Үҥкүү хоруолунан» биллэр норуот билиммит артыыһын кытта анаан көрсөн кэпсэттибит.
Баай уопуту — тыа сиригэр
— Афанасий Дмитриевич, эн Тыйаатыр сылыгар туох сыалы-соругу туруоран үлэлээтиҥ?
— 70-с сыллар саҥаларыгар Чукоткаҕа – “Эргырон”, Камчаткаҕа – “Мэнго” курдук хоту дойду норуоттарын искусствотын уонна фольклорун норуокка тарҕатар уонна билиһиннэрэр үҥкүү уонна ырыа судаарыстыбаннай ансаамбыллара баар эбит буоллахтарына, биһиэхэ, Саха сиригэр, хомойуох иһин, ол суоҕа. Ол иһин СӨ Култууратын министиэристибэтэ 70-с сыллар ортолоругар өрөспүүбүлүкэбитигэр Үҥкүү судаарыстыбаннай ансаамбылын тэрийэр инниттэн оройуоннарынан үҥкүүгэ талааннаах отучча оҕону хомуйтаран, Ленинградка үөрэттэрбитэ. Онно биһигини, обургу оҕолору, Ленинградтан бэйэтиттэн кэлэн, көрөн-истэн, талан ылбыттара. Ол кэмтэн ыла, мин 14 сааспыттан үбүлүөйдээх 55 сааспар диэри анал идэлээх үҥкүүһүт быһыытынан сыанаҕа 41 сыл үҥкүүлээн кэллим. Онон норуот артыыһа статустаах киһи, сыта-тура толкуйдаан баран, Тыйаатыр сылыгар тус бэйэм киһи өйүгэр-санаатыгар хаалар туох эрэ үлэни ыытыыһыбын диэн, анал бырайыак оҥостубутум. Ол тосхолум сүрүн ис хоһооно – норуот артыыһын быһыытынан баай уопуппун тыа сиригэр тиийэн, дьоммун-сэргэбин кытта үллэстэн, нэһилиэктэр кулууптарыгар, оскуолатааҕы үҥкүү ансаамбылларыгар тарҕатыы.
— Ол үлэҕиттэн билиһиннэрэриҥ буоллар.
— Хоту-соҕуруу сылдьыбыт улууһум, тэрилтэм үгүс. Сыл бүтүүтэ Ленскэй улууһун Бэчинчэ нэһилиэгэр баран кэллим. “Сибиир күүһэ” диэн гаас утаҕын тардар бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах үлэ барар сирин аттыгар турар нэһилиэккэ анаан ыҥырбыттара. Онно Оҕо искусствотын оскуолатыгар үбүлүөйдээх кэлэр сылга бэлэмнэнэн, Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт “Кыайыы оһуохайа” диэн анал композиция туруордум.
Дьиҥэр, мин да атын артыыстар курдук (Олоҥхо тыйаатыра — Санкт-Петербурга, Суорун Омоллоон аатынан опера тыйаатыра Москваҕа тиийэн “Тиэтэйбити” көрдөрбүттэрэ), дойду эрэгийиэннэрин кэрийэн, саха култууратын тарҕатыахпын, билиһиннэриэхпин сөп этэ. Ол эрээри бэйэҥ төрөөбүт дойдуҥ устун сылдьан, бар-дьоҥҥун кытта бэйэҥ билиигин-көрүүгүн кытта үллэстэртэн саҕа дьол суох эбит диэн санааҕа кэллим. Ону оҕолор үөрбүт-көппүт харахтара, үҥкүү араас ньымаларын билбит кэлэктииптэр үҥкүүһүттэрэ махтал тыллара бигэргэтэллэр. Айар куттаах киһиэхэ итинтэн ордук күндү наҕараада суох. Онон тыа сирин сайыннарыахха диэн толкуйдаахпын.
— Ханнык улуустар туох тэрээһининэн сибээстээн ыҥыраллар эбитий?
— Ленскэй улууһун иннинэ Горнайга, Аммаҕа уонна Намҥа сылдьыбытым. Ыҥырар сыаллара араас: ким нэһилиэгин үбүлүөйүн бэлиэтиир, ким тэрилтэтигэр улахан тэрээһин тэрийэр, ким ити Ленскэй Бэчинчэтигэр курдук Улуу Кыайыыга бэлэмнэнэн, композиция туруорар. Урукку сылларга ыраах Дьааҥы нэһилиэктэригэр тиийэ ыҥыраллар этэ.
Үҥкүү дууһа кылын таарыйар
— Үҥкүүнү туруораргар туох эрэ толкуйдаах тиийэриҥ буолуо?
— Үлэ уопута баар буолан, нэһилиэк баһылыктара, кулууп, оскуола дириэктэрдэрэ ыҥырар түбэлтэлэригэр, ким туох этиилээх тахсарынан бэйэм идиэйэбин эмиэ эбэбин. Үгүстэр тус бэйэм көрүүбэр этии киллэрэллэр. Анал хореография үөрэҕэр үөрэнэрбэр, үҥкүү балларын туруорар эксээмэннэри туттарар этим. Онон бу сөбүлүүр көрүҥүм да диэххэ сөп. Иитиэхтии сылдьар толкуйбун Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар, Сунтаар улууһугар, кэккэ тэрилтэлэргэ Учууталлар балларыгар, туйгун үөрэнээччилэри чиэстиир Ил Дархан Саҥа Дьыллааҕы харыйатыгар олоххо киллэрэбин.
— Идэлээх артыыстар тыа сиригэр төһө сылдьаллар эбитий?
— Санаан көр, үҥкүү тыйаатыра Бэчинчэҕэ 1987 сыллаахха сылдьыбыт. Онтон ыла бу нэһилиэккэ биир да артыыс сылдьыбатах. Тыйаатыр артыыстарын көрүөхтэрин наһаа баҕараллар эбит. Ол да иһин буолуо, миигин: “Норуот артыыһа диэн маннык эбит дии”, – диэбиттии көрөллөр-истэллэр. Оҕо сылдьан биһиги, оннооҕор киин улуус оҕолоро: ”Тыый, артыыстар кэлбиттэр үһү!” – диэн омун-төлөн бөҕө буоларбыт. Билигин төһөлөөх элбэх айар үлэһит, кинилэр дэриэбинэлэригэр кэлэн барбыт артыыстарга ымсыыран, дууһатыгар аан бастаан сырдык кыым күөдьүйбүтэ буолуой?
Мин Бэчинчэҕэ кулуупка тиийбиппэр, дьон бөҕө мустубутун көрөн соһуйбутум аҕай. Дьон: “Норуот артыыһа үҥкүүнү хайдах туруорар эбитий?” — диэн анаан интэриэһиргээн мустубут этэ.
— Артыыс хараҕынан көрдөххүнэ, тыа сирин оҕото эн туруорар үҥкүүгүн хайдах ылынарый?
— Былыр былыргыттан тыа оҕото наһаа ыраас уонна чараас дууһалаах. Биһиги сэбиэскэй кэммитигэр да оннук этэ. Билигин да оннук. Бу пластикалара үчүгэйин. Кыргыттарга “Кыталык”, уолаттарга “Боотур” үҥкүүлэрин туруорабын. Улууһуттан тутулуга суох оҕолор наһаа ылыналлар. Төһө да ирдэбил быһыытынан сатаабаталлар, айылҕалара – саха сахата син биир өтөр. Үҥкүү дууһа кылын таарыйар күүстээх. Ол онтон үҥкүүгэ үөрэтээччи киһи быһыытынан харахтыын сырдыыгын. Мин Бэчинчэҕэ оҕолору үҥкүүгэ дьарыктаабыт үс күнүм бэрт түргэнник элэс гынан ааспыта. Оҕолор: ”Баһаалыста, өссө кэлээр”, — дии хаалбыттара.
— Арай бу интервьюну ааҕан баран, улуустартан ыҥырыы бөҕө кэллин?
— Үөрүүнэн барар буоллаҕым! Соторутааҕыта эбээннэр уонна сахалар түөлбэлээн олорор биир хоту улуус нэһилиэгин баһылыга уулуссаҕа көрсө түһэн тута: “Мин эйигин үбүлүөйдээх ыһыахпытыгар Олоҥхо үҥкүүтүн туруорарга ыҥырыахпын баҕарабын”, — диэн кэпсэтэн барбыта. Улуустарынан сылдьар үөрүйэҕим суоҕа эбитэ буоллар, мух-мах барыам эбитэ буолуо. Оттон мин, төттөрүтүн, наһаа үөрбүтүм: “Көр, баһылыктар олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр дьон эбит ээ”, – диэн.
— Афанасий Дмитриевич, эн баҕа санааҥ.
— Түгэнинэн туһанан, мин биир идэлээхтэрбэр – тыйаатыр артыыстарыгар төрөөбүт Сахабыт сирин нэһилиэктэрин кулууптарын, оскуолаларын өйөөн, кинилэргэ күүс-көмө буолуохха диэн ыҥырабын. Биһиги, идэлээх дьон, сатабылбыт тугунан да кэмнэммэт баай. Ол уопуппутун дьоммутун-сэргэбитин кытта бииргэ үллэстиэх. Билигин улуус аайы араас ис хоһоонноох тэрээһин үгүс. Ону истэ-билэ сылдьан, кинилэргэ тахсан, өйөбүл буолуохха, тыа сиригэр хайыһыахха. Улуустар салайааччыларыгар, уопсастыбанньыктарыгар эмиэ туһаайан этэбин – артыыстары көрсүҥ, кэпсэтиҥ, этиитэ киллэриҥ. Бэйэ-бэйэни өйөһүөххэ.
… Норуот артыыһа Афанасий Афанасьев эппит санаата, толкуйа өйөбүллээх буолуо диэн эрэнэбит.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска Афанасий Афанасьев үлэтин архыыбыттан.