Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн СТБ (суол-транспортнай быһылаан) тахсыытын былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы икки ый түмүгүнэн киһи өлүүлээх, эт-хаан эчэйиилээх саахал элбээбит. Маннык саахаллар үксүн уруулга итирик туруктаах олорууттан тахсар эбит.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Бүгүн Саха сиринээҕи ГИБДД иниспиэксийэтигэр «Суол быраабылатын кэһиини аҕыйатыыга «Норуот хонтуруола» диэн тиэмэҕэ «төгүрүк остуол» ыытылынна. Суолга куттал суох буолуутун хонтуруоллааһыҥҥа нэһилиэнньэ кыттыытын тэрийии Саха сиригэр быйылгыттан саҕаланна.
«Төгүрүк остуол» кэпсэтиитигэр бастаан утаа «Норуот хонтуруолугар» хайдах кыттары билиһиннэрдилэр.
Бастакы хардыы. www. sakha.gov.ru официальнай порталга регистрацияланыахха наада.
Иккис хардыы. «Народный контроль» модульга «ЕСИА» нөҥүө киириллиэхтээх.
Үһүс хардыы. Регистрацияланан баран, «Народный контроль» баттаа.
Төрдүс хардыы. Сайаапканы киллэриэх иннинэ уопсай быраабыланы кытта билсиһиллиэхтээх уонна киирэн суруйбутунан барыахха сөп.
Бэһис хардыы. Уопсай быраабыла быһыытынан, хайаан даҕаны манныгы тутуһуллуохтаах, суруйуллуохтаах:
– араспаанньа, аат, аҕа аата, электроннай почта эбэтэр дьиэ аадырыһа;
– туох кыһалҕа баарын суруйуллар;
– тиэкис кээмэйэ 280 бэлиэттэн элбиэ суохтаах;
– иһитиннэриигэ хаартысканы, видеоны уонна анал докумуону угуохха сөп.
Алтыс хардыы. Иһитиннэриини суруйан баран, «Отправить обращение» баттаныллар.
Сэттис хардыы. Кыһалҕа туһунан иһитиннэрии систиэмэ модератыгар (СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтата) тиийэр. Салгыы тустаах министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ тиийэн боппуруос көрүллэн барар. Боппуруоһу быһаарыы болдьоҕо 10 күн.Самсон Чупров, СӨ ИДьМ-ын Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтин управлениетын начаалынньыга, полиция полковнига:
– Суолга куттал суох буолуутугар «Норуот хонтуруола» элбэҕи оҥоруо диэн эрэнэбит. Билиҥҥи туругунан, сайаапка киириитэ аҕыйах. Арааһа, дьон ситэ болҕомтоҕо ыла илик быһыылаах. Онон, төһө кыалларынан, дьоҥҥо маннык хонтуруол баар диэн күүскэ иһитиннэриэхпитин, кэпсиэхпитин наада.
Билиҥҥи туругунан, араас иһитиннэриилэри, ол курдук, ханнык тимир көлө суол быраабылатын кэспитин батсаап көмөтүнэн ыытыы элбэх. Мантан инньэ тустаах портал көмөтүн туһаныахтарын наада. Билигин, хомойуох иһин, уруулга итирик олоруу олус элбээтэ. Иккиһинэн, аһара түргэнник айанныыллар. Маннык ньүдьү-балай дьону норуот кыраҕытык кэтиэхтээх.
* * *
«Норуот хонтуруола» аҥардас суол быраабылатын кэһиини эрэ буолбакка, суол туругун эмиэ көрүөҕэ. Дьокуускай куоракка Чайковскай уулуссаҕа турар оскуола аттыгар биир даҕаны суол бэлиэтэ, тротуардар, сатыы сылдьар дьону харыстыыр аналлаах күрүө-хаһаа суохтара биллэр. Маны төрөппүттэр долгуйан ирдэспиттэрэ син ыраатта. Маннык хабааннаах түгэннэри дьон анал порталга киирэн этиэхтэрин наада.
Өссө холобурдуур буоллахха, Чернышевскай уулуссаҕа турар «Азия» атыы-эргиэн дьиэтин аттыгар анал бэлиэлэр, сатыы сылдьар дьону харыстыыр күрүө эмиэ суохтар. Манна дьон сылдьыыта элбэх. Ол курдук, саҥа эбийиэккэ атыы-кутуу павильоннара баалларын сэргэ, киинэ тыйаатыра баар. Бу боппуруоска сарсын 5 чааска Дьокуускай куорат салалтатыгар мунньах буолуоҕа. Дьиҥэр, ГАИ иниспиэктэрдэрэ анал бэлиэлэр суохтарын туһунан акт докумуонун оҥорбуттара ырааппыт. Онон итини атах-тэпсэн олорон эрэ быһаарар буолбуттар.