Аныгы сайдыылаах үйэбитигэр өрөспүүбүлүкэбит хайа да муннугар аны хаалыылаах, түҥкэтэх сир диэн суох. Бэл, сүүрбэччэ буруолаах дьиэлээх уу-чуумпу, билиҥҥинэн нэһилиэнньэлээх пууҥҥа олохтоохтор үөһээттэн соҥнонор оптимизация бэлиитикэтин утарсан, күргүөмүнэн хоргуйууну биллэрэн, собостуопкалыы сыһан, уонтан тахса үөрэнээччилээх оскуолаларын саптарбакка, эһээхэйдэри-үөрэнээччилэри барыларын холбоон, уһуйаан-оскуола диэн ааттаан тутан олороллор.
Бээ, бу ыраах, сир халлаанныын ыпсыылаһар сиригэр көҕөрүмтүйэн көстөр хайалартан тардыыланан, будулуйа-бидилийэ уста сытар, кыһыннары-сайыннары быстыбат дүлүҥ саҕа балыктаах үрэҕи сыттана сытар Түҥкэтэхтээҕи аатыгар холоон түҥкэтэх сир диэмэҥ. Манна аныгы үйэ түргэн сибээһин ооҕуй оҕуһун ситимэ – бассаап диэтэххинэ бассаап, уоптаболохуна диэтэххэ, ол да барыта баар. Санныларыттан сааларын араарбат сылгыһыттар, бостууктар, булчуттар сиэптэриттэн сымарпуоннарын таһааран күнү супту сэлэһэллэр. Дьэ, сүрдээх диэтэҕиҥ. Киһи сымыйаргыан курдук.
Аҕыйах күн хонуктаабыт ыалым аҕа баһылыктара, мөлбөөрүччү уойбут ойоҕун, үөннээҕинэн тэһитэ көрүтэлиир, кымаахтаһан ыла-ыла саһыгыраһар ситэн эрэр кыргыттарын кынчыаттыы, күөйэн түгэх диэки кыһарыйталыы сылдьар дьиэ хаһаайына Түмэппий Сахаарабыс үһүс кылаас үөрэнээччитэ уолчаанын ноукбукка “сэриилэһэн” тиритэ-хорута олордоҕуна, үнтү бардьыгынаан дьиэтээҕи үлэтин толорторооччу буолла. Ахсаан суоттаан айдааны тартылар, ытаһан да ыллылар.
– Иккигэ иккини эптэххэ хаһый?
– Икки…
– Көр, бу, биир 5 солкуобай. Бу иккис 5 солкуобай. Холбоон хас буоларый?
– Икки…
– Поо-суол, баллаас! — Түмэппий Сахаарабыс кыйаханан, онто суох уу-хаар баһан, ытыырга бэлэмнэнэн олорор уолчаанын чанчыгыттан тардан сарылатта.
– Оттон, икки 5 солкуобайдаахтар буолбат дуо, ыы-ыы…
– Сахаҥ тылыгар биэрбит сорудахтарын толордуҥ дуо?
– Ээ, толорбоппун хайаабаппын. Күүскүтүнэн үөрэтэр быраапкыт суох . Оннук сокуон тахсан эрэрин туһунан бассаапка суруйбуттарын аахпатаҕыҥ дуо? Ыы-ыы…, – Сахаарчык ытаан сыҥсырыйа, чанчыгын имэринэ олордо.
Түмэппий Сахаарабыс тылыттан матан, мах бэрдэрэн тура түһэн баран, ыстаанын кэтит курун устубутунан барда. “Аҕаа, ааттыыбыан, ыы-ыы…”—Сахаарчык аймана хаалла, мин маннык “норуодунай педагогиканы” тулуйбакка, уолчааны аһына-аһына таһырдьа атахха биллэрдим…
Биэтэс Билээхэп
Хаартыска, ойуулар: интэриниэттэн