Норуодунай бэйиэт Нам улууһугар ааҕааччыларын кытары көрүстэ
Бэс ыйа – саха норуотугар ыһыах ыһар кэрэ кэм, дьол, уйгу түһүлгэтэ, айылҕа тыллар дьикти абылаҥа, уйаҕас иэйиинэн туолбут үрүҥ түүннэр, уһун кыһын кэнниттэн истиҥ көрсүһүүлэр, тыыны таһаарар кэпсэтиилэр… Ол да иһин саха бэс ыйын таптыыр, кэтэһэр.
Бэс ыйын 8 күнүгэр Нам улууһугар Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, СӨ Духуобунаска академиятын академига, норуодунай бэйиэт, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Суорун Омоллоон аатынан Ил Дархан литературнай, Саха АССР комсомолун, Казахстан «Алаш» литературнай, Арассыыйа «Улахан литературнай», Александр Твардовскай аатынан бириэмийэлэрин лауреата, Маҕан бөһүөлэгин, Нам уонна Горнай улуустарын Ытык киһитэ Наталья Ивановна Харлампьева 70 сааһыгар аналлаах көрсүһүүлэр буоллулар.
Ол курдук, I Хомустаах нэһилиэгин уонна Нам сэлиэнньэтин олохтоохторун, «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрин кытта сылаас көрсүһүүлэр, санаа атастаһыыта, истиҥ кэпсэтиилэр буоллулар. Кинигэ быыстапката турда, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан литературнай мусуойга экскурсия тэрилиннэ.
I Хомустаах нэһилиэгэр ыалдьыттарын алгыстаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан, кыынньар кымыһынан айах тутан көрүстүлэр. Үрүҥ тунах ыһыахтар саҕаламмыттарынан, Наталья Харлампьева “Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы” хоһоонунан Сардаана Татаринова, Александра Новгородова уонна Татьяна Филипповна Лаврентьева дьүһүйүүлэринэн дьоро күн саҕаланна.
Наталья Ивановна бөлүһүөктүү көрүүлэрин кинигэтигэр тиспитин, саха норуота үйэлэргэ муспут муудараһын сэгэттэ, сэһэргээтэ, хоһооннорун хото аахта. Кини бөрүөтүн анныттан тахсыбыт тыллар киһи сүрэҕин кылын таарыйар курдук нарыннар, иэйиитин долгутар дириҥ ис хоһоонноохтор.
Кини бэйиэт быһыытынан олоххо ураты көрүүлээх, дириҥ толкуйдаах, чараас, уйаҕас иэйиилээх, онон тылын-өһүн, санаатын-оноотун истэн, быһа ыйытыылары биэрэн, элбэҕи эбиниэххэ, туска туһаныахха сөп. Көрсүһүү кыттыылаахтара түгэнинэн туһанан, долгутар боппуруостарын, тус ыйытыктарын биэрдилэр, бэйиэт хоһооннорун долгуйа аахтылар. Дууһа кылын таарыйар хомоҕой хоһоон, саханы саха дэппит дьүрүскэн дорҕоон, өркөн өй өргөһө, санаа сарбынньахтара холбонон, ураты истиҥ эйгэлээх, атах тэпсэн олорон сэргэх кэпсэтии буолла.
Нэһилиэк баһылыга В.Г. Жирков эҕэрдэ тылын сэргэ «Хомустаах 1-кы нэһилиэгэ” анал бэлиэтин, ытык дьонун туһунан сэһэргиир кинигэни уонна Наталья Харлампьева бэйэтин хоһоонугар эппитинии:
“Саха бэлэхтиир чороону
Олус истиҥ киһитигэр,
Үрдүк үөрүү түгэнигэр
Алгыстаах кэрэ кэмигэр...” — өлгөм быйаҥ илдьитин, кыынньар кымыс иһитин — дьол чороонун бэлэх уунна.
— Сахалыы саламааттаах алаадьынан айах тутан күндүлээн көрсүбүккүтүгэр истиҥ махталбын тиэрдэбин. Поэзияны сэргиир, иэйэр куттаах, хоһоон аргыстаах нэһилиэк буоларгытын сэргии иһиттим. Эһиги нэһилиэккитигэр маннык ураты эйгэлээх бибилэтиэкэ баарын сөхтүм, биһирии көрдүм. Олус ураты көстүүлээх, киһи кутун тутар кинигэ инсталляция-быыстапкатын оҥорбуккутун сэҥээрдим, — диэн Наталья Ивановна барҕа махталын биллэрэн туран, бибилэтиэкэҕэ саҥа тахсыбыт халандаарын бэлэх уунна, ааҕааччыларыгар автограф биэрдэ.
Уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн биир умнуллубат көрсүһүү түмүктэннэ. Кэрэ-бэлиэ поэзия түһүлгэтин СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, улуустааҕы “Отуу уота” литературнай түмсүү салайааччыта А.М. Татаринов-Удьурҕай салайан ыытта диэн “Эйгэ” модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кэпсииллэр.
Н.И. Харлампьева өрөспүүбүлүкэ эрэ иһинэн муҥурдаммакка, Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин кытары култуура эйгэтигэр араас бырайыактары олоххо киллэрсэр. “Үрүҥ хаар алгыһынан” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия фестивалын салайан ыытар. Айар сойуустары өйөөһүҥҥэ, граннары биэрии усулуобуйатын саҥардыыга, суруйааччылар кинигэлэрин бэчээттээһиҥҥэ, эдэр ааптардары өйүүргэ, уус-уран тылбаас боппуруостарын туруорсууга, саха литературатын Арассыыйаҕа, тас дойдуга таһаарарга сыралаһан үлэлэһэр.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: «Эйгэ» модельнай бибилэтиэкэ.