Норуодунай бэйиэт Михаил Тимофеев төрөөбүтэ 85 сылын бэлиэтээтибит

13.04.2017
Бөлөххө киир:

Биһиги биир дойдулаахпыт М.Е.Тимофеев төрөөбүтэ 85 сылын нэһилиэкпитигэр киэҥник, үрдүк тэрээһиннээхтик бэлиэтээтибит.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Михаил Тимофеев 1959 с. университеты бүтэрэн, Уус Алдан оройуонугар учууталлаабыта. Дьокуускайга радиокомитекка, кинигэ издательствотыгар эрэдээктэринэн, уус-уран литэрэтиирэ салаатын сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1964 с. ССРС, кэлин Арассыыйа Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ буолбута. Кини литэрэтиирэҕэ лирик бэйиэт быһыытынан киирбитэ. Хоһоонноругар нуучча, саха биллииллээх композитордара ырыалары, моноопераны айбыттара. Аҥаардас Герман Комраков М.Тимофеев хоһоонноругар 50-тан тахса ырыаны суруйбута. Биллиилээх ырыаһыттарбыт  Анегина Ильина, Мария Попова кини тылларыгар сөбүлээн ыллыыллара.

Норуодунай бэйиэт үгүс сыл тылбааска утумнаахтык үлэлээбитэ. Ол түмүгэр, А.Пушкины, М. Ломоносовы, Е.Евтушенконы, Р.Гамзатовы, М.Каримы, Абайы, М.Джалилы, Т. Шевченконы уонна Казахстан, Узбекистан, Япония, Корея, Кытай бэйиэттэрин сахалыы саҥардыбыта. Биир дойдулаахпыт айымньылара нууччалыы тылбаастанан, 4 кинигэ буолан тахсыбыттара, киин сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. Онон кини саха поэзиятын байытыспыт, Арассыыйаҕа тиэрдиспит бөдөҥ суруйааччынан буолар. Кини эрэдээктэр быһыытынан далааһыннаах үлэни ыыппыта. Саха бастыҥ бэйиэттэрэ Эллэй, Л.Попов, С. Данилов, И. Гоголев, о.д.а кинигэлэрэ үгүстэрэ кини эрэдээксийэтинэн күн сирин көрөллөрө. Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ С.П. Даниловка эрэллээх доҕорунан, көмөлөһөөччүтүнэн буолбута.

Саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэр үтүө ааттара тиллиитигэр, кинигэлэрэ бэчээттэниитигэр норуодунай бэйиэт оруола улахан этэ. С.П. Данилов, М.Е. Тимофеев, о.д.а тэрийиилэринэн, көҕүлээһиннэринэн Эллэй, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, К.Уурастыырап норуодунай суруйааччы аатын ылбыттара. Ону сэргэ кини эдэр көлүөнэ суруйааччылар литэрэтиирэҕэ киириилэрин хааччыйбыта.

П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, биллиилээх суруйааччы Н.Е.Винокуров – Урсун: «М.Тимофеев уҕараабат уохтаах поэзиятын ыймахтааҥ», – диэн кини айар талааныгар үрдүк сыанабылы биэрбитэ.

х х х

Спорт саалатын  сцената. Манна М.Е.Тимофеев улахан мэтириэтэ, төрөөбүт-үөскээбит Нэлэкээ күөлүн ойуута ыраахтан ыҥыра-угуйа турар курдуктар.

Аллараа саалаҕа бэйиэт айымньыларын быыстапката, сорох наҕараадалара, дьиэ кэргэнин, аймахтарын туһунан хаартыска быыстапката дьон болҕомтотун тартылар. Улахан экраҥҥа табаарыстарын, доҕотторун кытары араас кэмҥэ түспүт хаартыскалара, ырыалара хоһоонноро көһүннүлэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна  нэһилиэк гимнэрэ дуораһыйда, элбэх киһилээх хор ыллаата.

Олохтоох дьаһалта баһылыга Андрей Иванов кылгас киирии тылы этэн туран, норуодунай бэйиэт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Өрөспүүбүлүкэ Өрөгөйүн ырыатын ааптардарыттан биирдэстэрэ, Бороҕон Модуттан төрүттээх Михаил Елисеевич Тимофеев төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах биэчэри саҕаламмытын биллэрдэ.

Биэчэри иилээн-саҕалаан ыытааччы Семен Федоров нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, холкуос-сопхуос экэниэмикэтэ сайдарыгар олоҕун анаабыт, төрдү-ууһу анааран, төрүччүнү оҥорооччу, элбэх кинигэ ааптара Прокопий Колтовскайга тылы биэрдэ. Кини Михаил Елисеевич төрдүн-ууһун бэрт ыраахтан саҕалаан, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сэһэнин саҕалаата. Тимофеевтар оҕолорун кытта бииргэ үөскээбит буолан, кини хас биирдиилэрин билэр.

Биир ыалтан бүттүүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хас да киһи таҕыста. Ол курдук, Михаил бииргэ төрөөбүтэ убайа Христофор сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһит этэ. Быраата Константин ССРС киноматографиятын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ этэ. Убайа Афанасий үйэтин тухары авиапортка үлэлээбитэ, элбэх оҕолордоох. Онон, Дьэлэһиэй Түмэппиэйэптэр үчүгэй, дьоллоох холумтаннаах ыаллар. Биһиги, Михаил Елисеевич дойдулаахтара, үөлээннээхтэрэ итинтэн астынабыт, үөрэбит.

Салгыы ахтыыны Михаил Елисеевичтыын институкка, университекка бииргэ үөрэммит табаарыһа Иннокентий Иванов оҥордо. «Үрдүк үөрэххэ биир факультекка үөрэммиппит, тус-туспа куорпустарга олорбуппут. Хам-хаадьа көрсүһэн ааһарбыт, истиҥник көрсөн кэпсэтэ түһэрбит. Сааһынан миигиттэн аҕа буолан, билигин санаатахпына, наһаа туһалаах сүбэлэри биэрэрэ. Саҥарар саҥата, тыла-өһө ылыннарыылаах буолааччы. Миша, мин өйдүүрбүнэн, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, сэмэй, көнө сүрүннээх, туохха барытыгар саха кырдьаҕаһыныы ыараҥнатан, ыраҥалаан көрөр, дириҥ толкуйдаах киḥи этэ. Кэлин билбитим, Михаил оҕо сылдьан сааскы кус соноругар сылдьан, муустаах ууттан тымныйан улаханнык ыалдьыбыт, олоҕун усталаах-туоратыгар ыарахан “мэнэрик” буолбут. Үрүҥ халааттаах аанньаллар көмөлөрүнэн уонна тапталлаах кэргэнэ, олоҕун аргыһа, билигин огдообото Александра Константиновна үтүө кыһамньытынан Михаил Елисеевич элбэҕи айдаҕа-туттаҕа, сахатын литэрэтиирэтигэр үүнэригэр-сайдарыгар дьоһуннаах кылааты киллэрдэҕэ.

Мин кинини нуучча чулуу уола, суруйааччы Н.Островскайга ханыылыы көрөбүн. Биһиги, Бүлүү дьоно, маннык күүстээх санаалаах, талааннаах, төрөөбүт литэрэтиирэтигэр элбэҕи оҥорбут суруйааччы биһиги өҥ буорбутуттан үүнэн-сайдан, үлэлээн-хамнаан, айан-тутан ааспытынан киэн туттабыт», – диэн киэн тутта аҕынна.

Бу күн Михаил Тимофеев «Бастакы снайпер» диэн сэһэнинэн В.Гоголева режиссердаах документальнай инсценировка көрдөрүлүннэ. Биллиилээх снайпер Дмитрий Гуляев (М.Тимофеев убайа) оруолун С.Федоров итэҕэтиилээхтик оонньоото. Оттон Миша Тимофеев оруолун 2-с кылаас үөрэнээччитэ Степа Быкалыров толордо. Маассабай сценаларга 20-тэн тахса киһи кытынна.

Михаил Елисеевич хоһооннорунан уус-уран ааҕыыга  бастакынан дьааһыла иитиллээччитэ, 2 саастаах Арсений Миндаев сценаҕа таҕыста уонна Михаил “Чооруостар ” диэн хоһоонун ааҕан чоргутта. Кырачааны дохсун ытыс тыаһынан атаардылар. Дьүүллүүр сүбэ Арсенийга оскуола иннинээҕи саастаахтарга бастакы миэстэни биэрдэ.

Алын сүһүөх кылаастарга Алена Федорова “Кыайыы” хоһоону ааҕан бастаата. Орто сүһүөх кылаас оҕолоругар Тимофей Александров “Тимир ууһа ” диэн ааптар убайыгар, тимир, мас биллиилээх ууһугар, Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕор К.К.Мальцевка анаабыт хоһоонун ааҕан, бастакы миэстэни ылла. Үрдукү кылаастарга Николай Кононов тэҥнээҕин булбата, бастакы миэстэни ылла.  7-с кылаас үөрэнээччитэ Айынаат Константинов дьүүллүүр сүбэ саамай үрдүкү сыанабылын ылан, Гран-при хаһаайынынан ааттанна. Бу күрэххэ, уопсайа, 60-ча оҕо кытынна.

Оҕолор ааҕыылара көрөөччүлэри барыбытын астыннарда. Гран-при, бастакы үс миэстэни ылбыт оҕолор М.Тимофеев мөссүөннээх күлүмүрдүү умайар дьикти үчүгэй көстүүлээх оҥоһуктары, грамоталары туттулар, үөрдүлэр-көттүлэр, астыннылар.

Михаил Тимофеев ырыа буолбут хоһооннорунан улахан дьоҥҥо “Сулустан сураспытым…” диэн ааттаах ырыа күрэҕэ буолла. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Зебо Абдулаева “Айыы кыыһа Аар Хатыҥ” ырыатынан бастаата. Иккискэ – Надежда Абрамова “Дьокуускайга хаар түһэр”, үһүскэ – Наталья Прокопьева «Табалар» таҕыстылар.

Биэчэри уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктээтибит. «Биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит Михаил Елисеевич Тимофеев дьиҥнээх төрөөбүт күнүгэр хаан-уруу дьонугар-сэргэтигэр иккистээн эргиллэн ааста», – диэн астынныбыт уонна тэрийээччилэргэ, модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Саргылана  Каратаеваҕа, орто оскуола кэлэктиибигэр (дириэктэр Март  Спиридоновка) махтал-баһыыба тылларын эттибит.

Иннокентий ИВАНОВ, Бүлүү Бороҕонун олохтооҕо, М.Е.Тимофеев бииргэ үөрэммит доҕоро.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0