«Ньоо, тураах мустубут!»

Ааптар: 
03.02.2022
Бөлөххө киир:

Сэмэн оҕонньор атаһыгар, уулусса уҥуор олорор Уйбааҥҥа, итинник үөгүлээтэ.

Димитров аатынан сопхуос отделениетын пиэрмэтин уһун хотонун кэннинээҕи киэҥ хонууга халыҥ үөрдээх тураахтар түһэн дааҕырҕаһыы, хааҕырҕаһыы бөҕөлөрө. Эмистэрэ, бөдөҥнөрө сүрдээх.

Оҕонньоттор сонно тута, төлөппүөннээн, атастарын Мэхэйиили ыҥырдылар, буоккачаанын илдьэ кэлэрин санаттылар. Кинилэр ити аата, сыл аайы, күһүөрү, «тураах амсайар» үгэстэринэн хомулуннулар.

«Бэргэн ытаайы» киһилэрэ – Уйбаан – кырдай устун үөмэн киирэн биир уостаах «Иж» саатынан ытан батыгыр гыннарда. Сонно тута, саҥа ботуруон укта охсон, көтөн тэлимэхтэнэн эрдэхтэринэ  биири таҥнары кулаачыктатта.

Кырдьаҕастар үөрэ-көтө кулуһун оттон, тураахтарын түүлэри, тириилэри сүлэн, уокка сырайан, буһаран бардылар. Бытыылкаларын арыйдылар, уокка бэрсэн баран куруускаларга кутуннулар. Уот тула олорон, оҕо сылдьан, сэрии саҕана, аччык кэмҥэ турааҕы бултаан сииллэрин ахтыстылар. Эттэрин уокка кэриэччи саллан сиэтилэр… Ити отучча сыллааҕыта этэ.

* * *

Тураах соччо-бачча ахсарыллыбат харамай. «Көтөр кынаттаах эйгэтин күтэрэ» диэн, бөҕү хаһарын, собулҕаны булан сиирин иһин этэллэр. Ол эрэн, сорох дойдуларга турааҕы  бултаан сииллэр.

Урут уруккуттан турааҕы Литва Калнабярже диэн дэриэбинэтигэр, бултууллар. Ол үгэһи, биир номох быһыытынан, помещиктар олохтообуттар. Элбэхтэрэ, айдааннара бэрдин иһин тураахтары ытыалаан кэбиһэллэр эбит. Помещиктар сүрдээх практичнай дьон, иитии (буорах, доробуунньа, бөстүөн) ороскуотун саптаары уонна сибиэһэй көтөр этин туһаҕа туруораары, тураахтары сиэн саҕалаабыттар. Астыыллара уратылаах: эр киһи астыахтаах. Тураах этин өр кэмҥэ  маринадка уган сытыараллар. Онтон араастаан ууга дуу, пиибэҕэ дуу буһараллар эбэтэр арыыга ыһаарылыыллар.

Оттон Калнабярже атын номоҕугар тураахтары саас, ас-үөл кырыымчык кэмигэр, сииллэрэ кэпсэнэр.

Биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл, Россия премьер-миниистирэ Пётр Аркадьевич Столыпин турааҕы сиир үгэстэн туора турбатаҕа. Сайын аайы Калнабярже дэриэбинэҕэ баар имиэнньэтигэр дэлэй астаах-үөллээх сайбарыын малааһын тэрийэрэ. Онно ыалдьыттар үөрэ-көтө буспут, ыһаарыламмыт тураах этин амсайаллара, Столыпин деликатеһын хайгыыллара, аҕата Аркадий Дмитриевич эмиэ маннык малааһыны тэрийэрин ахталлара.

Билигин да тураах этэ — Калнабярже дэриэбинэ аан дойдуга биллибит ураты «маарката». Манна кэнники уон биэс сылга «тураах этин сиир малааһын» үгэһэ сөргүтүллэн, кэрэхсэбиллээх бырааһынньыкка кубулуйда.

Дьобуруопа дойдуларыгар турааҕы 20-ис үйэ ортотугар диэри астына сиир этилэр. «Улахан кулинарнай тылдьыт» диэн кинигэтигэр  тураах этиттэн астанар бүлүүдэлэр тустарынан Александр Дюма суруйан турар. Россияҕа 19-с үйэҕэ, Санкт-Петербург куоракка, сорох рестораннарга тураах этин «бочугурас этэ» диэн биэрэллэрин туһунан оччотооҕу хаһыакка суруйан тураллар.

Тураах этин итальянецтар, ньиэмэстэр, латыштар сөбүлээн сииллэр. Дания киин куоратын Копенгаген рестораннара тураах этиттэн астаммыт минньигэс бүлүүдэлэринэн аатыраллар.

Илиҥҥи Пруссияҕа (билигин Калининград уобалаһа) олохтоохтор турааҕы сиэккэнэн тутан бултууллара. Саамай тиһэх Кенигсберг «тураахчыта» Алберт Куль 1968 сыллаахха олохтон туораабыта. Кини сэрии кэмигэр, бүтэһик булдугар, 1944 сыллаахха, илиминэн 63 турааҕы туппута.

Кенигсберг олохтоохторо күһүн уонна саас тураахтыыр этилэр. Күһүн уонна саас тураахтар үөрдэрэ кинилэр олорор сирдэринэн кэлэн ааһара. Илими атах курдук талахха иҥиннэрэн баран, анныгар мэҥиэ быраҕаллара. Аттыгар сиргэ батары саайыллыбыт мас тоһоҕоҕо тыыннаах турааҕы атаҕыттан баайаллара. Көтөн иһэр үөр, тыыннаах турааҕы көрөн, аттыгар кэлэн түһэрэ. Илим анныгар элбэх тураах киирдэҕинэ, дурдаттан көрө сытан, атах маһы сууллары тардан, тыыннаахтыы тутаттыыллара.  Тураахтары бастарын хампы ыстаан «нукуталлара». Ол иһин итинник бултуур дьону «ытырыыктар» дииллэрэ. «Ытырыыктар» бултаабыт көтөрдөрүн эрэстэрээннэргэ атыылыыллара. Тураах этэ оччолорго деликатес этэ. Манна даҕатан эттэххэ, итинник тутуллубут көтөрдөртөн биирдэстэригэр орнитологтар аан бастаан биһилэх кэтэрдэн баран босхо ыыппыттара. Көтөргө биһилэх кэтэрдэр ньыма онтон саҕаламмыта.

Илин, Азия дойдуларыгар, сорох сирдэргэ тураах эмиэ сиэнэр көтөр ахсааныгар киирсэр.

2011 сыллаахха Дьоппуонньа Ибараки префектуратыгар 4628 тураах бултаммыта. Бу эргин баар тураахтар, от-мас аһылыктаах буолан, эттэрэ хос сыта суоҕунан аатырар. Ибаракига турааҕы сэтинньиттэн олунньуга диэри бултуур көҥүллэнэр. «Олус сымнаҕас, минньигэс эттээх көтөр», — диэн тураах этин олохтоох бэтэринээр Кан Ясутоми сыаналыыр. Дьоппуоннар тураах этиттэн сасими, бөрүөк астыыллар, тураах буутун соркуойдууллар.

«Даах-дарараах саҥалаах тураах муҥнаах», онон, сорох сиргэ бултанар көтөр ахсааныгар киирсэр.

Максим Ксенофонтов

Хаартыска: krasivosti.pro

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0