Номоххо киирбит ыт (дьиҥнээх олохтон)

Ааптар: 
20.04.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Куликовтар Орто Халымаҕа уон биэс сыл олорбуттара. Кинилэр Ленинградтан кэлбиттэрэ. Аҕалара Александр геолог этэ. Онтон «Берёзовка» сопхуоска каадырабай булчутунан үлэлээбитэ. Куликовтар Саха сирин дойду оҥостон, хоту сир айылҕатын ис сүрэхтэриттэн таптаан, дьонун-сэргэтин биhирээн олорор ыаллар этэ.

Биирдэ Александр Куликов бэтэринээр Дойду Уолугар кэлбитэ. Бэйэтин тыhы ытын кытта Мухтаары иссиhиннэрэн, үчүгэй тɵрүɵх ылар баҕалааҕын эппитэ. Айталыын “биир ыт оҕотун бастакынан таларын” этэн туран, үɵрүүнэн сɵбүлэспитэ. Куликовтар ыттарын аҕалан, Мухтаар турар вольерыгар киллэрбиттэрэ. Мухтаар, кɵхсүн түгэҕэр кырдьыгыныы түhээт, сонно тута Куликовтар ыттарыгар саба түспүтэ. Хабарҕатын хам ылларбыт ыт хардьыгынаабытыгар, хаhаайыттара ыттары туора соhоттоон, араартаабыттара. Бу иннинэ атыыр ыт сүүлбүт тыhы ыты тутан кэбиhэрин кɵрбɵтɵх да, истибэтэх буолан, Александрдаах Айталыын олус сɵхпүттэрэ. Куликов аатырбыт булчут ыттан тɵрүɵх ылар былаана туолбатаҕа.

Дьалхааннаах тоҕус уонус сылларга “Берёзовка” сопхуос түɵрт общинаҕа арахсыбыта. Атын сирдэртэн, киин уобаластартан кэлэн үлэлии сылдьар испэсэлиистэр утуу-субуу дойдуларыгар тɵннүтэлээн барбыттара. Куликовтар Санкт-Петербурга кɵспүттэрэ. Ол эрэн, сотору кэминэн тɵттɵрү Орто Халымаҕа кɵhɵн кэлбиттэрэ.

1993 сыл үүммүтэ. Сааhыары Никушор Радукан дьиэ кэргэнин кытта тɵрүт дойдуларыгар – Молдавияҕа — тɵннɵргɵ былааннаммыта. Кини Дойду Уолугар ытын Казбегы хаалларбыта. Казбек үс атахтаах этэ. Тыаҕа сылдьан бɵрɵ хапкааныгар түбэhэн биир атаҕыттан мэлийбит күɵрт ыт ɵссɵ биир уратылааҕа. Казбек – тыhы ыт этэ. Тыhы ыт оҕотун булан аҕалбыттарын ийэлэригэр биллэримээри (ийэлэрэ Радмила атыыр ыт оҕотун эрэ ииттэри кɵҥүллээбитэ) уолаттара Руслан уонна Дан итинник ааттаабыттар этэ. Кэлин ийэлэрэ Казбек тыhытын билбитэ эрээри, хайыаҕай, аhынан хааллаттарбыта. Радуканнар Молдавияҕа барбыттара. Казбек Айталыын ыттарын Мухтаары уонна Баhырҕаhы кытта түргэнник бодоруспута. Yс ый буолан баран Мухтаар Казбектыын сыбаайбалаабыттара. Мухтаартан тɵрүɵх ылар соруктанан, бэтэринээр уол Баhырҕаhы тыhы ыкка чугаhаппатаҕа. Онтон аны Айталыын Дьокуускайга кɵhɵргɵ бэлэмнэммитэ. Тɵрɵɵрү сылдьар Казбегы табаарыhыгар Третьяков Сергейгэ хаалларбыта уонна:

— Доҕо-ор, тɵрɵɵтɵ да тута биллэрээр, — диэн кɵрдɵспүтэ.

Ыты кɵрɵ-истэ хааларын манньатыгар Айталыын тырахтарыыс табаарыhыгар телевизор бэлэхтээбитэ. Егор онтон олуhун үɵрбүтэ. “Казбек айаҕар” диэн ыт аhылыгын: обургу кууллаах «Педегри-палл» комбикорму хаалларбыта.

Эбээн Курдук Дойду Уола кɵhɵн баран эрэр сураҕын истэн, дьон бɵҕɵ кэлэ сылдьыбыта. Бары биири кɵрдɵhɵллɵрɵ: улахан ыккын – Мухтаары – хааллар эбэтэр атыылаа.

Сопхуос биллиилээх табаhыта, наар мичимээрдии сылдьар, салгын сиэбит сирэйдээх Семен Хабаров Мухтаар иhин 15 киис тириитин биэрэ сатаабыта. Айталыынн аккаастаммыта:

— Ыппын илдьэ барабын, — диэбитэ.

Сарсыныгар Семен Павлович 30 саарба тириитин тутан кэлбитэ. Дойду Уола:

— Ээс, ыппын атыылаабаппын. Илдьэбин, — диэн быhа-бааччы эппитэ.

Кɵтүɵн биир күн баарына Хабаров эмиэ кэлбитэ. Ыксаабакка чэй испиттэрэ, ирэ-хоро ону-маны сэhэргэспиттэрэ. Онтон Семен аргыый аҕай:

— Айталыын Басылайабыс, эн дойдугар баран атын үчүгэй ыты булунуоҥ. Муктааргын миэхэ хаалларан бар. 50 чулуукаан киис тириитин биэрэбин, — диэбитэ, остуолга тоҥолоҕунан ɵйɵнɵн олорон. Онтон ыт хаhаайына туох диирин кэтэспитэ.

— Биир ыт иhин биэс уон киис тириитэ – олус үчүгэй сыана, — Айталыын аа-дьуо саҥарбыта, — Дьокуускайга биирдии тириини иккилии мɵhɵɵккɵ батардахпына уон тыhыынча “лас”! Саҥа “Жигулиттан” ордон тахсар. Таак даҕаны, ыппын массыынаттан ордук сыаналаабыккар улахан махтал. Доҕо-ор, ол эрэн бу ыт миэнэ эрэ буолбатах эбээт. Балтым куукула оннугар оонньоон улаатыннарбыт ыта. Тɵрɵппүттэрим, убайдарым ымыы оҥостубут ыттара. Член нашей семьи. Ону хайдах да гынан, атыылыыр да, бэлэхтиир да кыаҕым суох. Ыппын илдьэ барбатахпына дьонум ɵйдүɵхтэрэ суоҕа. Бэйэм да, олус убанан хаалан, Мухтаарбын туох да иhин биэриэхпин баҕарбат эбиппин. Дьэ, онон, аккаастыырбын бырастыы гынаргар тиийэҕин.

— Дьэ, хаарыаннаах үчүгэй ыт! Илдьэ хаалбытым буоллар, тыhы ыттарбын кытары иссиhиннэрэн, бэйэтин курдук башкаатай уонна кыанар-хотунар, кырасыабай ыттарданарым хааллаҕа. Чэ, туох буолуой. Ородукаан үс атахтаах тыhы ыта Мухтаартан тɵрɵɵрү сылдьар үhү дии. Саатар, онтон биир эмэ быргыйы ылар киhи, — Хабаров хомойбута эрээри, ымсыырбыт ытын оҕотун ылар баҕалааҕын биллэрбитэ. Ити кэмҥэ Мухтаартан итэҕэhэ суох бултуу үɵрэннэр да, Баhырҕаhы ким да интэриэhиргээбэтэҕэ: бэйэлэрин бɵhүɵлэктэрин дворняжкатын аанньа ахсарбатахтара. Саатар, котоку бэйэлээх, кɵрүҥэ да соччо мааныта суох этэ.

Дьокуускайга Айталыын Мухтаардаах Баhырҕаhын илдьэ кэлбитэ. Кыбартыыра куортамнаабыта, эрдэттэн кэпсэппит тэрилтэтигэр үлэлии киирбитэ.

Сайын буолбута. Балта Саара тыа хаhаайыстыбатын техникумугар үɵрэнэрэ. Кини каникулугар дойдулууругар Мухтаары илдьэ барар буолбута. Дьокуускай аэропордугар ытын илдьэ киирэн, Саара билиэтин регистрациялаппыта.

Сɵмɵлүɵккэ киириини биллэрбиттэрэ. Устудьуон кыыс намордниктаах аарыма ытын кытта пассажирдары кɵтɵр аалга илдьэр уhун оптуобуска киирбитэ.

— Туох бɵдɵҥ, кыраhыабай ытай! – Ньурбаҕа хомондьуруопкаҕа баран иhэр Якутскгеология хотуна саҥа аллайбыта. – Аата?

— Мухтаар диэн, — Саара хардарбыта.

— Наhаа оттомноохтук кɵрɵр. Боччумнаах ыт, — хотун хайҕаабыта.

— Халымаҕа хас да сыл буолан баран, дойдулаан иhэр, — устудьуон кыыс ытын туhунан кэпсээбитэ, — миигин умнубут быhыылаах, бэл, имэрийтэриэн баҕарбат. Иччитин, убайбын, суохтаан эрэр быhыылаах.

Оптуобус, бетон балаhа устун эрэhиинэ шиналара сымнаҕастык суугунаан, АН-24 сɵмɵлүɵт аттыгар кэлэн тохтообута. Оптуобус ааннара тэлэччи аhыллыбыттара. Пассажирдар тахсан суугунаспыттара. Сиргэ түhээт, арай, эмискэччи, Мухтаар иннин хоту ыстаммыта. Саара поводогу мүлчү туппута. Ыт аэровокзал диэки муҥ кыраайынан сүүрэн быыппаста турбута.

— Мухтаар! Мухтаар! Кэл! Кэл! – кыыс хаhыытаабыта. Ыт истибэтэҕэ, сүүрэрин кубулппакка, ойуолаан кытарыҥныы турбута. Пассажирдар бары:

— Мухтаар! Мухтаар! Иди! Сюда! Кэл! Ко мне! – диэн хаhыытаспыттара.

Уонча мүнүүтэ курдук ыт биллибэтэҕэ. Саара дэлби кыыhыран хаалбыта: Аны кини ытын туhуттан эриэйсэ хойутуур туруктанна! Бэйи, оччоҕо хайыырый? Сɵмɵлүɵттэн хаалан ытын кɵрдүүр дуу, биитэр Ньурбаҕа кɵтɵн тиийэн баран убайыгар: “Мухтаар куотта, аэропорка хаалла», — диэн тɵлɵппүɵннүүр дуу? Баҕар, убайа киирэн булан ылыа. Ити кэмҥэ баксаал диэкиттэн Мухтаар сүүрэн иhэрэ кɵстүбүтэ. Сүүрэн кэлэн, Саараны булбута. Кыыс ытын быатыттан тутан ылбыта уонна кыыhырбыт куолаhынан:

— Чуут хаала сыстыҥ, аны куоттаххына, ыҥыра да сатыам суоҕа! – диэбитэ. Ыта саhархай харахтарынан кинини мунчаарбыттыы кɵрɵн кэбиспитэ. Саара ытын аhыммыттыы: — Дьиэлээн эрэбит ээ, Мухтаарчык, — диэбитэ уонна арҕаhын хойуу түүтүн имэрийбитэ. Оҕо эрдэҕинээҕи аатын истэн, Мухтаар кыыhы сыныйан кɵрбүтэ уонна, дьэ, билбиттии кутуругун хамсаппыта.

Ньурбаҕа этэҥҥэ кɵтɵн тиийбиттэрэ. Бɵhүɵлэккэ хонон баран, сарсыныгар «Заря» теплоходунан Маалыкайга барбыттара. Саара ыттарын Мухтаары илдьэ кэлбититтэн дьоно олус үɵрбүттэрэ. Дьиэтигэр кэлэн, иччилэрин билэн, Мухтаар уоскуйбута, налыйбыта. Кини аҕыhын туолбут, сааhырбыт этэ. Кɵрɵрɵ-истэрэ мɵлтɵɵбүт этэ.

Айталыын сотору буолаат Баhырҕаhы аҕалбыта. Мухтаар доҕорун үɵрэ-кɵтɵ кɵрсүбүтэ. Маалыкайга ити кэмҥэ Максим Катялыын Ɵлүɵхүмэттэн, 2-с Нɵɵрүкитээйиттэн кɵhɵн кэлбиттэрэ. Мухтаар Максимы тута билбитэ. Кийиити, Катяны, эмиэ ɵр атыҥыраабатаҕа, билиммитэ. Максим быраатын Кыдааны кытта бултуу бардахтарына Мухтаары илдьэ сылдьаллара. Ыттара бултуурун олус таптыыра.

Күн-дьыл устан испитэ. 1996 сыл сайына үүммүтэ. Атырдьах ыйын бастакы декадатыгар Силиппиэнтэптэр оттоон бүппүттэрэ.

Максим биир күн кустуу барбыта. Мухтаар, тɵhɵ да сааhырдар, булка сылдьыhара. Баҕа Балык, Куhаҕан Ураhалаах, Чоргул диэн сирдэр кɵлүкэлэрин кэрийэн балайда бултуйбуттара. Мухтаар ууттан кустары таhааран биэрэн, бааhырбыт кустары ирдээн булаттаан, иччитэ этэринэн, «баhаамы туhалаабыта». Дьиэлэригэр сүүрбэччэ кустаах кэлбиттэрэ.

…Мухтаар уһун, дьоллоох олоҕу олорон ааспыта.

Максим Ксенофонтов.

(ааптар арпагыраапыйата уларыйбата).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0