Номоххо киирбит Парасковья Федорова төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтээтибит
Хатаска балаҕан ыйын 1 күнэ Билии күнүн сэргэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйаҕа киэҥник биллибит хаһаайыстыбаннай салайааччы, олоҕун бүтүннүү үлэҕэ анаабыт Ытык киһибит Парасковья Павловна Федорова үрдүк аатын ааттыыр күнүнэн биллэр.
Ол курдук, кини орто дойдуга баара эбитэ буоллар, 95 сааһын туолуо этэ. Бу бэлиэ күнү бэлиэтээһиҥҥэ нэһилиэк эрдэттэн бэлэмнэнэн, киниэхэ анаммыт дорҕоонноох тэрээһиннэр буоллулар.
Эрдэ биллэриллибит бырагырааманан икки чааска нэһилиэкпит түмэлин тэлгэһэтигэр дьон-сэргэ эдэрдиин-эмэнниин муһуннулар. Бастатан туран, тэлгэһэҕэ постамент үрдүгэр олорбут боруонсаттан кутуллубут бюст үөрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.
Кэлбит дьону Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын (дириэктэр Винокурова Х.Н) норуот үнүстүрүмүөннэрин «Сандал» оркестра тыыннаах доҕуһуолунан көрсүбүтэ долгутуулаах, истиҥ иһирэх эйгэни үөскэттэ. Бу оркестр маҥнайгы хардыыларын оҥороругар Парасковья Павловна салайар Хатас сопхуос кэлэктиибэ үп-харчы көрбүтэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтиири наадалааҕынан ааҕабыт. Кэлбит бочуоттаах ыалдьыттарбыт — СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Степанович Афанасьев, Ил Түмэн дьокутаата Иван Иванович Слепцов, Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Владимир Владимирович Аржаков, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата, кэккэ сылларга Хатас нэһилиэгин баһылыга Парасковья Афанасьевна Козлова, Хабаровскай куораттан кэлбит, бюст ааптара скульптор Роман Викторович Босов нэһилиэкпит үөрүүтүн-көтүүтүн үллэстэн, дириҥ ис хоһоонноох эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Бюст Хабаровскай куоракка оҥоһуллан, кутуллан баран, сүрдээх уһун айаны айаннаан анаммыт күнүгэр лоп-бааччы кэлэн туруорулунна. Манна сүрүн оруолу Николай Владимирович Слепцов дириэктэрдээх Н.Е.уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын кэлэктиибэ ылла. Ол курдук, эдэр учууталлар Р.В.Обоюкин, В.Н. Решетникова, А.С. Острельдина, Н.И.Маркова бырайыак суруйан, симиэтэ оҥорон, араас бырагыраамаларга, куонкурустарга кыттан баран кыаллыбатаҕын иһин, оскуола кэлэктиибэ бары үп-харчы өттүнэн кыттыһан, бюст туруоруутун үлэтин бары түһүмэҕин тиһэҕэр диэри бэйэлэрэ оҥорсон, этэргэ дылы, сурукка суруйбуттарын үрүҥ-хара үлэтин барытын чиэстээхтик толордулар.
Бу күн буолбут тэрээһиннэр, хамсаныылар, дьаһаллар норуот күүһэ көмүөл күүһэ буоларын өссө төгүл чаҕылхайдык дакаастыылларын илэ харахпытынан көрөн, эт кулгаахпытынан истэн, бииргэбититтэн биһирэбили, түмсүүлээхпититтэн тирэхтэнэри, сомоҕолоһуулаахпытыттан дириҥ силистэнэри-мутуктанары дьиҥ чахчы биллибит. Ол курдук, былырыын баччаҕа нэһилиэкпит түмэлэ туспа дьиэлэнэн-уоттанан үөрдүбүт буоллаҕына, быйылгы сыл үйэтитии үлэтэ күүскэ баран, эдэр көлүөнэ ыччакка кэһии гынан хаалларар элбэх матырыйаал хомулунна.
«Хатас» сопхуоска үлэлээбит дьон түмэлгэ бэлэх-туһах тутуурдаах — икки кинигэ таһаартаран бэлэхтээтилэр. «Тускул» Култуура киинин (сал.Чепалов В.А) иһинэн үлэлиир «Бары уруһуйдуубут» түмсүү худуоһунньуктара мэтириэттэри суруйдулар, эмиэ «Тускул» КК иһинэн үлэлиир «Хатассы в лицах» бырайыак чэрчитинэн «Хатас» сопхуос үлэһиттэрин туһунан тахсыбыт кинигэлэр быыстапкалара турда. Түмэл биир саалатыгар Парасковья Павловна тус бэйэтэ туттубут маллара, наҕараадалара, олоҕун хардыыларын кэпсиир хаартыска, видео матырыйааллар турдулар. Манна даҕатан эттэххэ, оҕуруот үлэһиттэрэ кинигэлэрин таһынан норуот айымньытыгар анаммыт үлэлэрин (баайыы, тигии, төрүт иис, кылынан өрүү, быысапка уо.д.а) быыстапката турбута саха дьахтара сатаабатаҕа суоҕунан, кырдьыга даҕаны, номоххо сылдьыаҕын сылдьар эбит диэн санааны өссө бигэргэттэ.
Үс чааска Бастакы Баҕарах түөлбэҕэ Парасковья Павловна аатынан уулуссаҕа тиийэн, «Бэйэҥ уулуссаҥ устуоруйатын бил» бырайыак чэрчитинэн интерактивнай табличка аһылынна. Бу бырайыак сүрүн сыалынан-соругунан эдэр көлүөнэ ыччат, олохтоохтор устуоруйаны билэллэригэр, төрөөбүт дойдуга тапталы иитиигэ, Хатас сайдарын туһугар кылааттарын киллэрбит дьоһун дьонун туһунан билэллэригэр аныгылыы тиийимтиэ табыгастаах ньыманы туһаныы буолар. Дьэ, ити курдук, Парасковья Федорова «Дьонум туһугар үлэлээбит дьоллоохпун» диэн эппит кынаттаах тыллара бүгүҥҥү тэрээһиннэр сүрүн өйдөбүллэринэн буолла. Бүгүн үгүс элбэх ыалга, түмсүүлэргэ, үлэһит кэлэктииптэргэ кини туһунан кэпсэтии, сэһэргэһии таҕыста, үтүө санаа кыыма умайда. Хатас туһугар, Саха сирин сайдыытын туһугар улахан кылаатын киллэрбит үтүө киһибит аатын үйэтитии кэлэр көлүөнэ ыччаппытын кытта быстыспат ситиммит буолар.
Түмэлбит үлэтин бар дьон өйүүрүн-өйдүүрүн, дириҥник ылынарын бу күннэргэ олох күүскэ өйдөөтүбүт, илэ харахпытынан көрдүбүт. Ол курдук, бу күннэргэ ыытыллыбыт «Сүүс сыл – сүүс солкуобай» диэн ыҥырыынан матырыйаал харчыта хомуллан, түмэл дьиэтин сылытыыга улахан үлэ барда – тас өттүнэн анал матырыйаалынан бүрүлүннэ. Бу туһунан» Саха сирэ» хаһыакка уонна «Эдэр саас» сайтыгар анал ыстатыйа суруллан тахсыбыта.
Үтүө-мааны майгы кэмигэр махталы ыллаҕына, кэмигэр эҕэрдэлэннэҕинэ, бириэмэтигэр биһирэннэҕинэ өссө салгыы сайдыыны-үүнүүнү, үрдүккэ тардыһыыны аҕалар. Онон, бүгүҥҥү тэрээһиннэр бэлэмнэнии үлэлэригэр кыттыбыттар, көҕүлээччилэр, саҕалааччылар махтал суруктары, грамоталары, бэлэхтэри туттулар.
Бүгүҥҥү күн үөрүүтүн түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буоламмыт нэһилиэк дьонун барытын киэн тутта кэпсиир сонуна, сэһэнэ буолла. Манна нэһилиэк дьаһалтата (сал. Пермяков Е.П) тэрилтэлэри, нэһилиэнньэни кытта биир сомоҕо буолан үлэлиирэ өссө төгүл көһүннэ.
«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Наталья РУФОВА