Киһи күөгэйэр күнүттэн табаарыстаспыт киһитиниин кэлин сааһыран да баран, эн-мин дэһэр буоллахтарына, бу дьон доҕордоһуулара саха лиҥкинэс тиит маһыныы бөҕө-таҕа, чиргэл буолар. Мин оннук киһинэн доҕорбун, Үлэ Албан Аатын үһүс степеннээх уордьанын кавалерын, Усуйаана улууһун бочуоттаах олохтооҕун, көмүс бириискэлэрин номохо киирбит суоппардарын Седалищев Петр Петровиһы ааттыыбын.
Сахаларга аҕа ууһугар былыр-былыргыттан ыччаттарыгар угуйар сулус буолан кэпсэлгэ сылдьар чулуу дьон баар буолаллар. Ол курдук, Чурапчы Одьулуунугар Седалищевтарга, олоҕун үтүө сылларыгар нуучча улуу геолог чинчийээччитигэр Билибин Юрий Александровичка сирдьитинэн сылдьыбыт, сахалартан биир бастакынан промышленность сайдарыгар үөрэҕэ да суох буоллар кыттыспыт Седалищев Михаил Иванович буолар.
Доҕорум Бүөккэ кыра эрдэҕиттэн, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан ол аймаҕын туһунан истэрэ даҕаны, бэйэтин көрбүтэ даҕаны. Ол иһин, кини үөрэҕэ бүтэрэ чугаһаатаҕын аайы, чопчу ханнык идэни таларын быһаарымматар даҕаны, абаҕатын курдук сахатын сирин кэрийиэн, промышленноска сыстан үлэлиэн баҕарара күүһүрэн испитэ. Сыл-хонук түргэнник устан испитэ. Бүөккэ оскуолатын бүтэрэн оройуон киинигэр хачыгаардыы сылдьан, күһүн сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы ыҥырыллыбыта. Ол кэмнэргэ ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларынааҕы ыччат уолаттарга килбиэннээх Сэбиэскэй аармыйа олоҕун икки сыл ааһан, Ийэ дойдуга ытык иэһи төлөөһүн дьиҥнээх эр киһи буоларын көрдөрөрө. Олох бастакы оскуолатын, аармыйа олоҕун ааспыт бэҕэһээҥҥи саллаат илиитигэр, 1976 сыллаахха атырдьах ыйыгар, оччотооҕу «Кыым» хаһыат хайдах тиксибитин Бүөккэ бу баардыы өйдүүр. Ол хаһыакка кини оҕо эрдэҕиттэн баҕарбыт баҕатын, ол эбэтэр промышленноска улахан уйуктаах самосвал массыына суоппардарын бэлэмниибит диэн ыҥырыы тахсыбыт этэ. Ыйыллыбыт аадырыска тиийэн тургутууну ааһан, бары көрдөрүүлэрэ, докумуоннара сөп түбэһэн, отут саха уоланын кэккэтигэр киирсэн, БелАЗ массыына суоппара буолаары 46-с группа курсаана диэн ааты сүгэр.
Бу группаҕа производственнай үөрэхтээһин маастарынан, настаабынньыгынан миигин анаабыттара. Атырдьах ыйын бүтүүтэ, биир күн, мин уонна училище директора Ларионов Иван Николаевич «Якутзолото» производственнай холбоһук генеральнай директорыгар, Социалистическай Үлэ Геройугар Тарас Гарильевич Десяткиҥҥа приемҥа ыҥырыллан барбыппыт. Орджоникидзе уулусса устун баран иһэн Иван Николаевич кэпсиир: — Улахан киһиэхэ киирэбит. Обком бюротун чилиэнэ. Көмүс хостуур тэрилтэлэри барыларын дьаһайар генеральнай директор. Үлэ Геройа, — эҥин диирин өйдөөн хаалбыппын. Кини биһиэхэ холбоһук төһө үлэһиттээҕин, хайа омуктар хантан кэлэн үлэлииллэрин, хайдах көрүнэн-дьаһанан сылдьарбытыгар тиийэ эппитэ.
Группаны талан наардыыры миэхэ сүктэрбиттэрэ. Ол иһин, мин уон кылаас үөрэхтээх, аармыйаҕа сылдьыбыт, бөҕө-таҕа уолаттары кэпсэтиһэн, эксээмэннээн, отут киһини талан ылан группа оҥорбутум.
Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх курсаан Седалищев Петр Петрович тыла-өһө лоп бааччыта, толкуйдаан сөпкө барыны бары быһаарара тута биллибитэ. Бүөккэ уонна Потапов Вася олорор уопсайга усулуобуйа суох буолан, училище үөрэтэр корпуһугар киирэн бэйэлэрэ боксанан дьарыктана сылдьалларын хаста да түбэһэн көрбүтүм. Маннык хабыр спорт уолаттарга өйдөөн-төйдөөн сырыттахтарына наадалааҕын билэр буолан, сорохтор төһө да сөбүлээбэтэллэр бопсубатаҕым. Курсааннар үөрэх кэнниттэн бэйэлэрэ баҕаран дьарыктанар буоллахтарына, ол туһаттан атыны аҕалбатын иитээччилэр бары өйдүүрбүт. Оччолорго үөрэнэр сирбит Короленко уулуссатын бэһис нүөмэригэр, уруккута механизация оскуолата, кэлин 1 №-дээх ПТУ диэн этэ. Туһунан спортсаала суоҕа, үөрэнэр дьиэҕэ кыра саала баарыгар дьарыктаналлара. Ол кэмнэргэ, сэттэ уонус сылларга, атааннаһыы, хабырыйсыы да уулуссаҕа, пааркаҕа баара. Ол иһин училище оҕолорун киэһэ быһаарыллыбыт чаастан онно-манна куоракка сылдьалларын боборбут.
Бүөккэ чопчу сыал-сорук туруоруммут буолан дьаныһан, тосту туора хаампакка үөрэммитэ. Бары аармыйаҕа сылдьыбыт тоҥ маһы тосту тардыах уолаттар элэҥнэһиэх курдук гынан иһэн, үөрэх дьылын иккис аҥаарыттан ылсан сүүс бырыһыан бүтэрбиттэрэ. Теоретическай предметтэри үчүгэйдик туттаран ГАИ экзамена от ыйыгар бу ыган кэлбитэ. Массыынаны ыытыыны уонна суол быраабылатын сыыһата суох туттаран, Седалищев Петр “С” категориялаах суоппар праватын ылар чиэскэ тиксибитэ. Отут уолбун уонна миигин, маастардарын, Герой Десяткин 1977 сыллаахха от ыйын биир ыраас чаҕылхай күнүгэр кабинетыгар ыҥыран приемнаабыта, кимтэн да хаалсыбакка үлэлииргэ алҕаабыта. Ол курдук, түөрт уон биир сыл анараа өттүгэр, бастакы анал бэлэми барбыт саха уолаттара БелАЗ диэн карьернай үрдүк уйуктаах массыына суоппардара буолан, анаммыт бириискэлэригэр тарҕаспыттара. Алдан, Индигир, Кулаар бириискэлэрэ саха киһитин уйанын-хатанын, мындырын тургутаары адаар таас хайалар быыстарыгар, Усуйаана уйаара-кэйээрэ биллибэт туундаратыгар кэтэһэн күүстээх үлэ үөһүгэр тигинии тураллара.
Петр Седалищев оҕо эрдэҕиттэн иитиэхтээбит баҕата туолуохча буолан, сиэбигэр күндү кыһыл тастаах праватын уонна саха саарына аатырбыт горняк, Герой Десяткин анал суругун уктан тус хоту анаммыт сиригэр, Кулаарга, көтөөрү авиапортка киирбитэ. Кинини кытта бааллара хоту Лаптевтар муораларын аттыгар сытар бириискэҕэ барар доҕотторо Вася Потапов уонна Саша Чикальдин. Кинилэр тиийэн самолеттан түһүөхтэриттэн ыарахаттары көрсөн барбыттара. Бэл, кэпсэтэллэригэр кытары сэмэлэммиттэрэ. Бүөккэ хонтуораҕа тиийэн суругун биэрэн баран, хас да күн үлэҕэ ылабыт да, ылбаппыт да диэн хоруйу кэтэспитэ. Кэмниэ-кэнэҕэс ылыа суох курдук тыллаһан барбыттара. Ол эрээри, Бүөккэ хантан билиэй, иннигэр унньуктаах уһун сылларга бу сир уһугар, муора кытыытыгар Кулаарга, соҕотох саха үлэлиэҕин.
Хас да хонон баран, Бүөккэ ыксаан ГОК тойонугар көтөн түһэр, ол да туһалаабат. Тиийбит үс уолга бирикээс таһааран биэрбэттэр. Биир күн Бүөккэ өй ылан тойоҥҥо көтөн түһэр уонна: “Генералга звоннуом, эн суруккун билиммэттэр, дьаһалгын манна толорботтор диэн”, — диир. Дьэ, онтон тойон тута уларыйа түһэн бирикээс таһаарар. Билибин сирдьитин сиэн быраата, көмүс промышленноһын бэтэрээнэ Петр Петрович Седалищев, аан маҥнайгы тургутууну ити курдук ааһан промышленноска үлэтэ саҕаламмыта. Хоту көмүһү сир анныттан хостоон рудаттан арааран, ылҕаан, туһаҕа таһаарыы төһөлөөх улахан үлэни эрэйэрин, төһөлөөх элбэх техника үлэлиирин барытын бэйэтинэн билбитэ, муннунан тыырбыта.
Кини ити дойдуга олохтоох Слепцовтар кыыстарын, олоҕун аргыһын Настяны көрсөн, кэргэн ылбыта. Кыыс аҕата Слепцов Петр Иннокентьевич Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх, ытыктанар кыайыылаах үлэһит киһи эбит.
Көмүсчүттэр оройуоҥҥа элбэх суолу оҥорбуттара, онно барытыгар Седалищевы старшайынан ыыталлара. Кулаартан ыраах карьердарга командировкаҕа араас эриирдээх мускуурдаах, кутталлаах суолларга сайын ардах, кыһын тибии быыһынан төһөлөөх элбэхтэ сылдьыбыта буолуой. Онно барытыгар саахала суох этэҥҥэ сылдьан, саха суоппара атыттарга холобур буолбута. Ол түмүгэр, 1986 сыллаахха харса суох уонна саахала суох үлэтин сыаналааннар, Советскай Союз Правительствота Үлэ Албан аата уордьанынан наҕараадалаабыта.
Биһиги киһибит үтүөтэ итинэн муҥурдаммат. Кыһыҥҥы бытархан тымныыга сэлээркэ тоҥмотун диэн, уларытан оҥорон, автобазаҕа рационализаторскай этиитин олоххо киллэрэн, суоппардар абыраммыттара, автобазаҕа барыс киирбитэ. Таптыыр идэҕэ бэриниилээх буолууну, идэни, техниканы таптааһыны көрдөрбүтэ. 1990-с сыллар саҥаларыгар Союз ыһыллыыта “Якутзолото” холбоһугу тумнубатаҕа. “Кулаар” кэмбинээт банкрот барбыта. “Кулаар” ГОК 30 сыл көмүс хостооһунугар, 70 туонна көмүһү дойдуга биэрбитэ. Ити отут сылтан Бүөккэ 21 сыл тимир көлөтүнэн руда таспыта, Ийэ дойдутугар хас да центнеринэн көмүһү таһан биэрдэҕэ.
Үөһэ эппитим курдук, табаарыһым идэтигэр олус ылларан бэриниилээхтик үлэлээбитэ. ГОК ыһыллыбытын да кэннэ, Белаһыттан арахсыан ончу баҕарбатаҕа. Ол баҕатыгар уйдаран хотуттан соҕуруу Алданҥа, Аллараа Кураанах бириискэтигэр, көһөр буолбута. Таптыыр көлөтүн хоту мээнэ хаалларыан баҕарбакка, эт мэйиилээх мээнэ быһаарыммат эр санаатын ылынан, миинэр миҥэтин илдьэ барбыта. Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр унньуктаах уһун суолга хонор дьиэлэр, заправкалыыр станциялар бары ыһыллан тураллара.
Били, киниэхэ ыҥырар сулус буолбут абаҕата миинэр миҥэтин — аттарын олус диэн ытыктыыра. Дэлэҕэ даҕаны сис хайаны уһаты-туора туоруо, Күптэн соҕуруу тимир суолга тиийиэ дуо?! Абаҕатыттан булгуруйбат модун санаа кыырпаҕа Бүөккэҕэ эмиэ тигистэҕэ, айанныырга булгу быһаарыммыта. Үгүс дьон атын сирдэргэ сөмөлүөтүнэн, дьоҥҥо олорсон барбыттара. Оттон Бүөккэлээх биэс массыына буолан ыарахан айаҥҥа туруммуттара. Таарыйа дьоҥҥо үтүөнү оҥорон таһаҕастарын ылбыттара, сорохтору пассажир быһыытынан илдьэр буолбуттара. Дьааҥы өрүс сүнньүн тутуһан сис хайалары эрийэ көтөн туораталаан, Адыаччы таас үрэҕи батыһан Уолчаан аатырбыт таас кыараҕас дабаанын туораан, унньуктаах уһун сырыыны оҥорон, айаннаан, Бүөккэ этэҥҥэ Аллараа Кураанаҕы (Көмүстээх Үрүйэни) Сөдьүк эбэҥки дойдутун булбута. Ол айаҥҥа Тополинай дабаанын туоруулларыгар, Краз массыынаны кытта аасыһыыга олорсон испит, Украинаттан кэлэн үлэлии сылдьар солбук суоппара ботугуруу-ботугуруу таҥараҕа үҥэн кириэстэнэ испит. Бэл, дьоҥҥо чугаһаабат буолуор диэри сүрэҕэ хайдыбыта, оннук улаханнык куттаммыта үһү. Дьэ ол кэнниттэн, күннээх Украина уолаттара: “Куда Петро, туда и мы поедем” , — диэн этэр буолтара. Улуу геолог Билибин Халыма баайдаах сирдэрин арыйарыгар, айаҥҥа турунарыгар: “Возьму каюром и путеводителем только Седалищева”, — диэн эппитэ үһү. Онон биһиги Бүөккэбит абаҕатын суолун солоон, олоххо баҕатын толордо.
Саҥа сиргэ, Кураанахха, Бүөккэ уон биир сыл БелАЗ массыынатынан көмүстээх руда таспыта. Онно Бүөккэ бииргэ үөрэммит уолаттара бааллара. Онон дьиэтин курдук сылдьыбыта. Фабрика үс сменанан тохтоло суох үлэлиирэ. Ону руданан хааччыйарга технологическай транспорт хайалаах сиргэ түүн-күнүс, ардах, туман, кыһын тымныы, халтараан буоллун, үргүлдьү үлэлииргэ суоппардартан мэлдьи бэлэм буолуу эрэйиллэрэ. Ыарыйдахха, атын да убаастанар биричиинэнэн тахсыбатахха солбуйсуу буолара. Эргиирдэргэ, түһүүлэргэ-тахсыыларга ардахха, тумаҥҥа, халтархайга анал ааттар үөскүүллэрэ мээнэҕэ буолбатах этэ. Холобур: Кривун, Севернэй, Дэлбэ, онтон да атын ааттар. Уһун сылларга күүстээх үлэ, ыарахан техника, вибрация, хайа араас суола-ииһэ ити барыта дьайан, отут биир сыл үлэлээбитин кэннэ, быраастар доруобуйатын туругунан салгыы үлэлииргин тохтот диэн боппуттара. Таптыыр идэтиттэн, санаатыгар төһө да ыарахан буоллар, уурайарга күһэллибитэ. Аны сиэннэрин үөрэттэрэр, оскуолаҕа таһар эппиэттээх үлэ сүктэриллэн, эмтээх сиргэ, Дьокуускай куоракка көһөн кэлбиттэрэ.
Куоракка кэлээт, утумнаахтык эмтэнэн, сатыы хааман-сиимэн, пенсионер киһи быһыытынан уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар, көмүс промышленноһын профсоюһун, СӨ атыы-эргиэн промышленнай палатата ыытар тэрээһиннэригэр кыттар. Ол курдук, үлэһит буоларыгар уһуйбут маастарынаан ыкса сибээһи тутуһан, урукку училищеларын кытта ыкса үлэлэһэллэр. Куонкурустарга дьүүллүүр сүбэҕэ киирэбит, кылаас чаастарыгар кыттабыт, сыл аайы бастакы чуорааҥҥа, саас выпускниктарга диплом туттарыытыгар хайаан да сылдьабыт. Студеннарга промышленность үлэтигэр хайдах кыттыбыппытын, промышленноска урукку эдэр ыччат хайдах тиийэн үлэлээбитин туһунан кэпсиибит. Мэхээнньиккэ, суоппарга үөрэнэр оҕолорго Бүөтүр атын бырааттыы омуктары кытта хайдах бииргэ үлэлээбитин туһунан сэһэргиир. Оҕолор наһаа сэргээн истэллэриттэн үөрэр-көтөр. Урут да, билигин да үлэ ыараханын, ордук механизатор үлэтэ эриирдээх буола туруоҕун кэпсиир, быһаарар, санааларын үллэстэр.
2016 сыллаахха СӨ атыы-эргиэн промышленнай палататын президенэ В.М.Членов Алдан куоракка ыыппыт тэрээһинигэр В.В.Мигалкин, А.Г.Азаров, П.П.Седалищев П.П. кыттыбыттара.
2015 сыллаахха “Сахалартан бастакы белазистар” диэн ааттаах кыракый ахтыы кинигэ суруйан таһаарбыппыт. Онно Петр Петрович тэҥҥэ сүүрэн-көтөн көмөлөспүтэ. Үөрэммит, үлэлээбит училищебытыгар кулун тутарга презентация оҥорбуппутугар, промышленнай тэрилтэлэр, ол иһигэр “Алмазы Анабара” кыттыбыттара.
Петр Петрович билигин урут үөрэммит, үлэлээбит сылларын, көмүс хостооһунугар карьер суоппарын эриирдээх-мускуурдаах үлэтин туһунан ахтыы суруйар.
Василий МИГАЛКИН, үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ,
Лөгөй, 2-с Лөгөй, Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо,
“Гражданскай Килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.