
2019 с. тохсунньу 1 күнүттэн НДС 20% диэри үрдээн, аска-таҥаска сыана эмиэ үүнэ-тэһиинэ суох барыа диэн үгүс киһи долгуйар. Ол эрэн, бу нолуок аска-үөлгэ, бородууктаҕа 10% куоһарыа суохтаах. Ол туһунан сиһилии Госдуума дьокутаата, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа чилиэнэ Сергей Сопчук кэпсээтэ.
edersaas.ru
«Дьиҥэр, дойдуга 20% НДС уруккуттан баар этэ, ону 2005 с. уларыппыттара. Билигин ити икки бырыһыан үрдээбитэ федеральнай бүддьүөккэ, быһа холоон, 600 млрд солк. аҕалан, социальнай эйгэни сайыннарарга үп-харчы эмиэ көстүө. Аска-үөлгэ, бородууктаҕа НДС 10% хаалыа, кыра уонна дьоҕус урбаан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар НДС буолбакка, судургутуллубут нолуогу төлүүллэр. Бырамыысыланнаска үлэлиир улахан хампаанньалар 20% НДС төлүөхтэрэ, ол иһин бу нолуок үрдээһинэ боростуой дьону хаарыйыа суоҕа», — диэн быһааран биэрдэ Сергей Андреевич.
Дойду бэрэсидьиэнэ В. Путин Уһук Илин сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууран, бу эрэгийиэни сайыннарарга тустаах министиэристибэ тэриллэн үлэлиир. Ол курдук, урбаанынан дьарыктанар саҥа тэрилтэлэргэ нолуокка чэпчэтии көрүллэн, урутаан сайдар сиргэ сонун бырайыактар олоххо киириэхтэрэ, федеральнай бүддьүөттэн социальнай эбийиэктэр тутуллуохтара. Аны аҕыйах сылынан манна дьон олоҕун таһыма биллэ тупсуо, киин сиртэн хаалсыа суоҕа.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru