Нолуок амнистиятыгар кимнээх хапсаллар?

21.12.2017
Бөлөххө киир:

Госдума бүддьүөккэ кэмитиэтэ гражданнар уонна предпрринимателлэр иэстэрин сотор туһунан сокуоҥҥа көннөрүүлэри бигэргэттэ. Бу туһунан бастаан бэрэсидьиэн В.Путин эппитэ.


Нолуок сулууспатын дааннайынан, сиргэ-уокка, дьиэҕэ, көлөҕө нолуок иэһэ 41 миллиард солк. тэҥнэспит. Бу манна 42 мөлүйүөн киһи иэстээх. 2015 сыл тохсунньутугар диэри мунньуллубут сиргэ-уокка, дьиэҕэ, көлөҕө нолуок иэһэ, пенята сотуллар буолла. Бу иэһи “гражданин кыттыыта суох”, кэтэхтэн сотон кэбиһиэхтээхтэр. Оттон биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, сэрии бэтэрээннэрэ 6 “соткаҕа” диэри кээмэйдээх кыракый сир учаастагар нолуоктан босхолоноллор.

Страховой усунуоска иэстээх, ИП-ларын саба илик эрээри, үлэлээбэт, дохуот ылбат предпринимателлэр 2015 сыл тохсунньутугар диэри мунньуллубут нолуоктарын “бырастыы гыныахтаахтар”. Бу сиртэн хостонор баайга, акцизка уонна таможня НДС нолуогар сыһыана суох. Манна эмиэ предприниматель сайаапката суох, кэтэхтэн сотуохтара. 2,9 мөл. предприниматель 15 миллиард солк. иэһэ сотуллуохтаах.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0