Бүгүн Нолуок федеральнай сулууспатын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 5 №-дээх оройуоннар икки ардыларынааҕы иниспиэксийэтэ нолуогу төлөөччүлэргэ – физическэй сирэйдэргэ Аһаҕас аан күнүн тэрийдэ. Аһаҕас аан күннэрэ өссө сэтинньи 11 уонна 25 күннэригэр ыытыллыахтара.
edersaas.ru
Сэтинньи 11 күнүгэр (субуота) 10 чаастан 15:00 диэри;
Сэтинньи 25 күнүгэр (субуота) 10 чаастан 15:00 диэри.
Нолуогу төлөөччүлэри кытта үлэлэһэр отдел үлэһиттэрэ этэллэринэн, бу тэрээһин кэмигэр хамсаабат баай-дуол, сир уонна тырааныспар нолуогун ааҕыы бэрээдэгин уонна төлөбүрүн туһунан билсиэххит.
Ону тэҥэ, “Личный кабинет налогоплательщиков для физических лиц” диэн нолуок сулууспатын интернет-сервиһигэр регистрацияланар кыахтааххыт. Аһаҕас аан күнүгэр кэлэргитигэр ким буоларгытын туоһулуур докумуоҥҥутун, ону тэҥэ, учуокка турбуккут туһунан сибидиэтэлистибэни эбэтэр куопуйатын илдьэ кэлэҕит.
Буолар сирэ: 202 мкр., 23 куорпус, оперсаала.
Дьокуускайы сэргэ Нам улууһун олохтоохторугар Аһаҕас аан күнэ Нам с. баар Нолуок иниспиэксийэтигэр ыытыллар.
Женни СТРЮКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru