Үүннэрэргэ табыгастаах Сибиир дьаабылыката

Ааптар: 
16.05.2017
Бөлөххө киир:

Учуонай сүбэтэ. Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэр үүнээйилэрэ тымныыны балачча тулуйар буоланнар, Саха сиригэр олус табыллан үүнэллэр. Олортон биирдэстэрэ — Сибиир дьаабылыката буолар.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas ru

Бу үүнээйини саха учуонайдара Покровскай таһыгар, Селекционнай бөһүөлэккэ 1930-с сс. олордубуттара. Ол туһунан сааһын тухары отонноох үүнээйилэр селекцияларынан дьарыктаммыт, моонньоҕон суортарын айан тэниппит биллиилээх селекционер-учуонай, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата, бу ыам ыйын 12 күнүгэр 90 сааһын туолбут Мария Черткова суруйан турар. Түгэнинэн туһанан, Мария Алексеевнаны ытык сааһынан эҕэрдэлээн туран, чөл туругу, уһун олоҕу баҕарабыт.
Сибиир дьаабылыкатыгар тирэҕирэннэр, соҕуруу дойду учуонайдара ранетка диэн бөдөҥ отонноох, кыһыны балачча тулуйар суорду айбыттара. Ранетка биир суорда ССТХНЧИ питомнигар олордуллан, сыл аайы отон биэрэн үөрдэ турар. Ол эрээри, Сибиир дьаабылыкатыгар, биллэн турар, баһыйтарар, күһүн аайы тоҥмотун диэн отунан сабан, буорунан көмөн түбүгүрүөххэ наада.
Оттон Сибиир дьаабылыката биһиги тыйыс кыһыммытын бэркэ тулуйар, сабыыта суох кыстыыр. Инньэ гынан, даачалаахтар олус биһирээн үүннэрэр буоллулар. Холобур, куорат олохтоохторо Логлоровтар даачаларыгар атын да мастары, сэппэрээктэри кытары Сибиир дьаабылыкатын үүннэрэннэр, үгүс ыалга үтүө холобуру көрдөрдүлэр. Былырыын күһүн 1966 с. Уус Алдан нэһилиэктэрин орто оскуолаларын бүтэрбит дьон Бороҕоҥҥо сүлүөт тэрийбиттэрэ итиэннэ Бороҕон болуоссатыгар 50 устуука Сибиир дьаабылыкаларын үнүгэстэрин олордубуттара. Нам олохтоохторо эмиэ оскуола таһыгар дьаабылыка үнүгэстэрин олордубуттарын туһунан хаһыакка суруйан тураллар. Ити аҕыйах холобурдар Сибиир дьаабылыката Саха сирин уһун, тыйыс кыһынын тулуйарын, улахан көрүүтэ-истиитэ суох тарҕанан эрэрин кэрэһилииллэр.
Сибиир дьаабылыкатын олордууга сүбэ:
* Икки-үс саастаах үнүгэстэр (мантан улахан үнүгэс көһөрөрү тулуйумуон сөп) ССТХНЧИ Покровскайдааҕы питомнигар, Дьокуускайга Биология институтун Ботаническай саадыгар атыыланаллар. Сыаната 500-800 солк. халбаҥныыр.
* Олордуллар кэмэ: ыам ыйын үһүс дэкээдэтэ эбэтэр күһүн, балаҕан ыйа.
* Олордорго син биир сэппэрээккэ курдук, 0,5 м диаметрдаах, 70 см дириҥнээх дьаама хаһыллар.
* Буоругар талымаһа суох да буоллар, кунуһу, кумаҕы көннөрү буорга (3:1:2) булкуйан эбэтэр минеральнай уоҕурдууну (аммофосфаты, диаммофосканы) таммалатан баран, уу кутуллар уонна силиһин тэниччи тутан көмүллэр. Силис уонна умнас икки ардын сиртэн арыый быгар гына олордуллар.
* Бастакы сылыгар тостубатын, тэпсиллибэтин диэн хааччах оҥоһуллар. Холобур, массыына эргэ резинатын кэтэрдиэххэ сөп, үүнээйи улаатыыта ылыллар. Тулатынааҕы буоругар үүнэр сыыс оту үргүүр ордук. Кураан кэмҥэ ууну сэрэнэн, мээнэ халыппакка кутан биэрэ сылдьыллар. Көрүүтэ итинэн бүтэр. Кэлэр сылларга саас биирдэ 15-20 гр (үөһээ ахтыллыбыт уоҕурдууну) биир биэдэрэ ууга суурайан кутуллар.
Дьаабылыка бу көрүҥэ түргэнник сибэккилиир уратылаах. Биллэн турар, сааһыттан көрөн, бастаан сибэккитэ аҕыйах буолар, онтон улаатан-ситэн истэҕин ахсын хойдор. Сайынын сэбирдэҕэ балайда күлүгү биэрэн сөрүүкэтэр, күһүнүн кып-кыракый кыһыл отонунан бүрүллэн, олус кэрэ көстүүнү үөскэтэр.
Отоно хабаххай амтаннаах эрээри, күһүҥҥү хаһыҥнар кэннилэриттэн минньийэр. Оччоҕуна джем оҥосторго барсар. Дойдутугар, Сибииргэ, үрдүгэ 5-10 миэтэрэҕэ тиийэр, оттон биһиэхэ икки-үс миэтэрэ буолар. Маннык бары өттүнэн туһалаах, кэрэ, буорга, көрүүгэ-истиигэ соччо талымаһа суох Сибиир дьаабылыкатын көҕөрдүүгэ туһанаргытыгар ыҥырабыт.
Анна ЕМЕЛЬЯНОВА,
ССТХНЧИ научнай үлэһитэ.
“Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru.
Хаартыскаҕа: селекционер-учуонай, тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата М.Черткова биир идэлээҕэ Л.Готовцеваны кытары сибэккинэн симэммит дьаабылыкаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0