Сахамин Афанасьев: «Ниобийи тиэйиини күүскэ хонтуруоллуохпут»
2015 сыл тохсунньу 20 күнүгэр хоту сиргэ кистэнэ сытар ниобийи туһаҕа таһаарыахтаах «Восток Инжиниринг» ХЭТ бэрэстэбиитэллэрэ Өлөөн олохтоохторун кытта атах тэпсэн олорон нэһилиэнньэ туох санаалааҕын истибиттэрэ. Билигин «Восток Инжиниринг» хампаанньа салгыы баайдаах сири туһаҕа таһаарыы бырайыагын оҥоруохтаах. Онно ниобийи хайдах хостууру уонна хайдах тиэйэн илдьэри барытын быһааран биэриэхтээхтэр.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Олохтоохтор санааларын аһаҕастык уонна хорсуннук этиммиттэрэ. Саамай сөп. Хостуур тэрилтэ радиация тахсыбатын курдук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан үлэлиэхтээҕин модьуйбуттара. Учаастакка барытыгар, ортотунан, чааска 7-16 мкР гамма-сардаҥа (гамма-излучение) баарын ыйбыттар. Бу орто кээмэйдээх радиацияҕа тэҥнэһэр буолан, улахан куттала суох диэн быһаараллар. Ол гынан баран, 1960-с сылларга хаһыллыбыт скважина аттыгар чааска 40 мкР гамма-сардаҥа баара биллибит. Дьэ, бу киһи доруобуйатыгар сэрэхтээҕэ чуолкай.
Маны Өлөөн олохтоохторо бэркэ диэн билэллэр. Карьеры хаһыы саҕаланнаҕына, радиация өрө «уһууран» тахсыа диэн сэрэхэдийэллэр. Онон шахта ньыматын туһаналларыгар этии киллэрбиттэрэ саамай сөп. Бу ньыма быдан ордуга биллэр.
Баайдаах сири туһаҕа таһаарыы болдьоҕо
2015-2016 сылларга Томтордооҕу баайдаах сиргэ геологическай чинчийии ыытыллан түмүктэннэ. 2017-2018 сылларга руданы хостуур бырайыагы бэлэмнээһин, техническэй үлэни ыытыы уонна Уопсастыбаннай истии буолуоҕа. 2020 сылтан руданы хостооһун саҕаланыаҕа. Баайдаах сиргэ хайа-байытар эбийиэктэр тутуллубаттар.
Сахамин Афанасьев, СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ:
– Өлөөҥҥө Томтордооҕу ниобий баайдаах сиргэ тустаах хампаанньа көҥүл ылан, геологическай чинчийиини ыытан, 2016 сылга түмүктээтэ. Манна сэдэх металлартан ордук ниобий хостонуохтаах. Геологическай чинчийии түмүктэнээтин кытта тиийэн көрбүтүм. Скважиналары барытын бетонунан саппыттар этэ. Билигин онно харабыл эрэ баар. Төһө саппаас баарын быһаардылар.
Билигин «Восток Инжиниринг» хампаанньа салгыы баайдаах сири туһаҕа таһаарыы бырайыагын оҥорон көрдөрүөхтээх. Ниобийи хайдах быһыылаахтык хостуулларыттан саҕалаан ханнык технология туһанылларын, төһө тиэхиньикэ, төһө исписэлиис үлэлиирин уонна хайдах тиэйэн илдьэллэрин барытын быһааран биэриэхтээхтэр. Итини тэҥэ, айылҕаны харыстааһыҥҥа туох үлэ ыыталларын эмиэ. Холобур, сааскы халаан уутуттан туох миэрэни ылыахтаахтарын быһаарыахтаахтар. Бырайыагы оҥорон бүтэрдэхтэринэ, Уопсастыбаннай истии Өлөөҥҥө уонна Анаабырга ыытыллыаҕа.
Айылҕаны харыстыыр миэрэлэрин үчүгэйдик ырытан көрүөхпүт, биһиги ирдэбилбитигэр сөп түбэспэт буоллаҕына, бырайыагы хат оҥоруохтара.
Манна биири өйдүөххэ наада. Хостуу иликтэринэ, тиэйии боппуруоһа турбат. Хостуурга аналлаах бырайыак бигэргэммитин кэннэ, аны тиэйии боппуруоһа күөрэйэр. Сылга бачча руданы хостуубут диэн этиэхтээхтэр. Тиэйии өттүгэр тустаах хампаанньа хас даҕаны этиилээх. Кэпсэтиигэ тахсыбыт этиилэринэн, ниобий баайдаах Бураннай учаастактан сиринэн Өлүөнэ өрүс кытылыгар диэри аҕалаары гыналлар. Өрүһүнэн тимир суолга диэри аҕалыахтара. Салгыы поеһынан Читинскэй уобаласка барар.
Ниобийы хостооһуҥҥа уонна тиэйиигэ тус-туһунан Уопсастыбаннай истиилэр буолуохтара. Тиэйиигэ аналлаах Уопсастыбаннай истиилэр Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Хаҥаласка ыытыллыахтара. Тустаах хампаанньа кыһыл тылынан буолбакка, анал бырайыак оҥорон, тиэйии боппуруоһа хайдах буолуохтааҕын толору быһаарарын ирдиибит.
Ааспыкка мунньах Хачыкаакка хампаанньа салалтата суох эрдэ ыытыллан хаалла. Сөптөөх кэпсэтии кыайан тахсыбатах. Хампаанньа өттүттэн маннык буолар диэн быһаарыы суох буолан, нэһилиэнньэ үрдүттэн куттарын эрэ биллэрбит.
2020 сылтан хостооһун саҕаланыахтаах. Ниобийга торий диэн радиациялаах элемент баар. Ниобийдаах руда сир анныгар 20-50 м дириҥҥэ сытар. Маны сир үрдүн арыйан түһэллэр уонна руданы big-bag диэн анал кэнтиэйнэрдэргэ угаллар. Өрүһүнэн кэлэн, тимир суолунан Читинскэй уобаласка тиэрдиллэн, онно анал собуокка хайа-байытар үлэ ыытыллар. Ити кэнтиэйнэр техническэй өттүнэн хайдаҕын-тугун үчүгэйдик кэпсиэхтэрэ.
Кэнтиэйнэргэ руданы уган баран, тас өттүн радиациятын кээмэйдииллэр. Көрдөрүү чааска 250 микрорентген буоллаҕына, нуорма диэн. Маннык буоллаҕына, кэнтиэйнэргэ тиэллэн барар. Хааччахтыыр кыахпыт суох. Иккиһинэн, кэнтиэйнэр иһигэр баар руда радиацията 250 микрорентген чааска диэри көрдөрдөҕүнэ, радиактивнай элеменнээх диэн анал бэлиэ кэнтиэйнэр таһыгар ыйаммат. Тиэллиитэ оһуобай хонтуруолга барар. Мониторинг өттүн СӨ айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ үүннээн-тэһииннээн ыытыаҕа. Биһиги ирдэбилбитин «Восток Инжиниринг» хампаанньаҕа суруйбуппут уонна ону толору тутуһуохпут.
Ыспыраапка
Өлөөн улууһун Томтордооҕу ниобий баайдаах (сэдэх металлаах) сири өссө 60-с сыллар эргин булбуттара биллэр. 2000 сыллаахха бу сири туһаҕа таһаарыахха диэн этии киллэрэ сылдьыбыттарын, ороскуота бэрт буолсу диэн соччо-бачча аахайбатахтар. Кыраныысса таһыттан атыыласпыппыт көнө диэн быһаарбыттар. Билигин балаһыанньа уларыйан, хостоору оҥостоллор. Сэдэх металларга лантан, прометий, самарий, тербий, гольмий, о.д.а киирэллэр. Сэдэх металлара суох биир даҕаны аныгы тиэхиньикэ, күн аайы туттар электроникабыт, суотабай төлөпүөннэрбит, айпаадтарбыт оҥоһуллубаттар.