Ниобийдаах кэнтиэйнэр тас өттүгэр радиация нуормаҕа эппиэттиир диэн быһаардылар

17.02.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн «Восток-Инжиниринг» ХЭУо сайаапкатынан «Гигиенаҕа уонна эпидемиологияҕа» тэрилтэ лабораторията Дьокуускайдааҕы өрүс пуордугар 20 туонналаах кэнтиэйнэргэ угуллубут Томтордооҕу сэдэх металлаах сиртэн хостонуллубут руда (керн) радиациятын кээмэйдээтэ.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Томтордооҕу ниобий баайдаах сири туһаҕа таһаарыахтаах хампаанньа рудалаах кэнтиэйнэри бу күннэргэ Дьокуускайга аҕалбыт уонна бүгүн салгыы тимир суолунан Москва куоракка айаннаата. Бүтүн Россиятааҕы минеральнай сырьеҕа института рудаттан ниобийи уонна сэдэх металлары арааран чинчийиэ.
Анал лаборатория чинчийбитигэр, кэнтиэйнэр үрдүгэр гамма-сардаҥата чааска 0,3 мкЗв үрдээбэтэ. 1 м тэйиччиттэн чааска 0,2 мкЗв көрдөрдө. Санатар буоллахха, кэнтиэйнэр иһигэр дьааһыктарга «Бураннай» учаастактан хостонуллубут керн (руда) бааллар.
«Восток-Инжиниринг» ХЭУо исписэлиистэрэ дьааһыктары аһан, быласымаас анал иһиттэргэ керннэр (руда боруобата) баалларын көрдөрдүлэр. Ону бэрэбиэркэлээбиттэригэр гамма-сардаҥата чааска 0,45 мкЗв көрдөрдө.
Санитарнай ирдэбилинэн, руда үрдүгэр (керн) гамма-сардаҥата чааска 2,5 мкЗв үрдүө суохтаах.
Владислав Ущницкай, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин экологическай куттал суох буолууга управлениетын кылаабынай исписэлииһэ:
Кэнтиэйнэр атта нуормаҕа эппиэттиир. Радиацията кыра буолан, сэдэх металлардаах руда ханнык баҕарар транспорынан тиэллэр кыахтаах. Ол иһин, поеһынан Москваҕа барда.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Ниобийы тиэйии туһунан сиһилии манна аах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0