Сахалыы тылынан киинэни кэпсиир «ютуб»-ханаалланныбыт

13.02.2020
Бөлөххө киир:

YouTube киэҥ хонуутугар сахалыы тылынан киинэни ырытар ханаал арылынна. Бу ханаалы Николай Корякин салайар эбит. Манна кини киинэ тыйаатырыгар көстүбүт киинэлэри ырытан, сүбэлээн биэрэр эбит. Сонун бырайыак туһунан сиһилии ааптардыын кэпсэттибит. 

Николай ханаалын аата NIKOLAYATE диэн. Ютубтаах уол Горнай улууһун Одунутуттан төрүттээх. Билигин Дьокуускайга Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар үлэлиир, оҕолору сахалыы тыллаах КВН-ҥа уһуйар. Сэһэргээччим блогун хайдах саҕалаабытын туһунан маннык кэпсиир:

— Хаамыраны кытта оҕо эрдэхпиттэн үлэлиибин. Оччолорго бэйэбэр хаамырам суоҕа, онон оскуолаттан уларсан, доҕотторбун кытта күлүүлээх видеолары устан саҕалаабыппыт. Онтон атыҥҥа аралдьыйан, тохтоон хаалбытым, дьиҥэ, видео устарга, таҥан оҥорорго куруук интэриэстээҕим. Оҕолору кытта үлэлиир буоламмын, күлүүлээх видеолары устар буолбуппут. Олохтоохтук ылсыахха баар диэн санааттан, кирэдьииккэ бэйэбэр хаамыра атыыласпытым. Онтум сыанатын ороскуотун бэйэтэ сабыныахтаах диэн сыалланаммын, блог оҥоробун уонна уруу малааһыннарын устар буоллум.

— Бастакы блогуҥ туох туһунан этэй?

— Былырыын доҕорум Дьулустаан Ноговицын Уйбаан Белолюбскай бирииһигэр “Чөмпүйүөн куубагар” кыттан кыайбыта. Онно кинини өйөөн, күрэхтэһиини былаһын тухары эккирэтэ сылдьан устубутум. Ол устуубун таҥан, биир улахан блог оҥорон, ютуб-ханаалбар укпутум. Дьон ону наһаа сэҥээрбитэ, элбэх киһи көрбүт этэ. Онтон кынаттанан, “Туран-ТВ” диэн спорду сырдатар ханаал буолуон сөп диэммин, күрэхтэһиилэри устар буолбутум. Максим Тихонов онно номнуо блогтаах этэ, кини сүбэлээн, өйөөн, биир сыл курдук үлэлээбитим.

— Ол ханаалыҥ?

— Мин спорка улахан сыһыана суох киһи буоламмын, кэккэ ыарахаттары көрсүбүтүм. Этэргэ дылы, “просмотру эккирэтэн” өрөбүл аайы күрэхтэһиилэри кэрийэр тустаахха сылаалаах этэ. Бэйэм тугу интэриэһиргиирбин устуохтаахпын диэн санааттан тохтообутум. Ол курдук, иллэҥ кэммэр киинэни хайдах устубуттарын, режиссер үлэтин арыйар тиэмэлээх видеолары, ырытыылары көрөөччүбүн. Онтон сирдэтинэн, сахам тылынан киинэлэри кэпсиир, сырдатар, ырытар блог оҥорорго толкуйдаабытым. Киинэҕэ сылдьан баран, тугу сөбүлээбиппин, туох тиийбэт дии санаабыппын, режиссер тугу этиэн баҕарбытын уо.д.а. кэпсиибин, сынньалаҥҥа ханнык киинэни көрүөххэ сөбүн “NikolayAte” диэн ханаалбар сүбэлиибин. Бастаан бэйэм сирэйбин видеоҕа көрөр дьикти этэ, кэлин үөрэнэн хаалбыппын.

— Эн блогкар дьон ордук тугу интэриэһиргээн көрөр эбитий?

— Соторутааҕыта саҥа сүрэхтэммит “Тиэтэйбит” киинэ туһунан бэйэм санаабын устубутум. Ону дьон сэргээбит этэ. Сахалыы киинэлэри ырытарбын, анаарарбын сөбүлүүбүн. Көрөөччүлэр ордук дьон санаата хайдыһарын, мөккүһүүнү көрөллөрүн сөбүлүүллэр быһыылаах, хайп буоллаҕа дии. Оттон биһиэхэ, омуктарга курдук нэдиэлэ аайы саҥа киинэ тахсыбат, онон нууччалар да, атын омук да киинэтин ырытабын. Ол эрээри маннык блогтар кыра сэҥээриини ылаллар.

«Тиэтэйбит» киинэ туһунан ырытыыны манна көрүҥ:

— Блог устарга тугу сатыахха нааданый?

— Видео устарбар уокка-күөскэ, тыаска-ууска болҕомто уурабын, сырдатар тэриллээхпин. “Adobe Premiere Pro” диэн бырагырааманы туһанан таҥабын. Маныаха барытыгар бэйэм үөрэммитим.

— Хас сурутааччылааххын?

— Билигин тыһыынчаттан таҕыста – 1400-чэ киһи блогпун көрөр. Маны таһынан, “Инстаграм”, “Телеграм” ситимнэргэ эмиэ үлэлиибин. Суруйар, киинэ сүбэлэттэрэр да дьон элбэхтэр.

— Туох былааннардааххыный?

— Киинэ эйгэтин үлэһиттэрин кытта кэпсэтэн, интервьюлары таһаарыахпын баҕарабын. Өссө инникитин киинэ устуутугар сылдьан, ону иһиттэн көрөн, блог оҥорор санаалаахпын.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0