Николай Рыкунов “Тыыннаах айымньыта”

Бөлөххө киир:

“Уус-уран айымньы бэйэтэ эйгэлээх. Ол эйгэттэн айымньы ис хоһооно үөскүүр. Ис хоһооно айымньы “тыынын” биэрэр. Айымньы “тыына” кэрдиис кэмтэн, ол кэминээҕи уопсастыба туругуттан тутулуктаах. Төһөнөн айымньы уус-ураннык, дьиҥник, олохтоохтук ойууланар да, соччонон “тыына” ааҕааччыга тиийэр, өйдөнөр, күүстээх буолар”, – диэн литературнай кириитик, прозаик, Арассыыйа  суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Рыкунов, төһө да кылгас кэмҥэ олорон аастар, уус-уран айымньы туһунан бэрт мындырдык этэн кэбиспитэ баар.

edersaas.ru

Ааспыт нэдиэлэҕэ Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай мусуойга  Николай Рыкунов “Тыыннаах айымньы” диэн иккис кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Биэчэргэ Ыччат миниистирэ Афанасий Владимиров, Култуура миниистирин солбуйааччы Николай Макаров, Суруйааччылар сойуустарын ассоциациятын салайааччы Олег Сидоров, суруйааччылар Николай Лугинов, Сэмэн Тумат, Иван Мигалкин, Урсун, Куорсуннаах, тылбаасчыт Аита Шапошникова, тыл үөрэхтээхтэрэ, Николай ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, биир дойдулаахтара (Намтан улуус баһылыгын солбуйааччы Нина Сивцева салайааччылаах улахан делегация киирбитэ), бииргэ үөрэммит доҕотторо, учууталлара, үлэлээбит коллегалара мустан кинини ахтан-санаан аастылар, кинигэтин ырыттылар.
Николай Рыкунов былырыын суох буолбутун кэннэ “Үтүө үгэстэри тирэх оҥостон” диэн бастакы кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Бу кинигэни Николай бэйэтэ тутан-хабан бэчээккэ бэлэмнээбитэ. Оттон иккис хомуурунньуга быйыл Ыччат сылыгар сөп түбэһиннэрэн, СӨ ыччат дьыалаларын уонна бэлиитикэтин министиэристибэтин үбүлээһининэн “Саха сирин эдэр суруйааччыта” диэн саҥа олохтоммут сериянан таҕыста. Онон салгыы Николай Рыкунов айар үлэтин уонна кинигэ сүрэхтэниитин туһунан кэпсиибин.

“Саха сирин эдэр суруйааччыта” серия төрүттэниитэ

Былырыын Коля суох буолбутун кэннэ кини араас кэмҥэ суруйбут ыстатыйаларын, айымньыларын барытын тиһэн, биир улахан кинигэ оҥорор санаа киирбитэ. Бу санааны Коля бииргэ үөрэммит доҕотторо Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэннэрэ, поэттар Гаврил Андросов, Рустам Каженкин тута олоххо киллэрэн ыстатыйаларын хомуйан барбыттара. Бэчээттэниитин чааһын Ыччат министиэристибэтин кытары сүбэлэспиттэрэ. Бу туһунан миниистир Афанасий Владимиров кэпсиир.

Эдэр суруйааччылары кытары куруутун көрсөн кэпсэтэбин. Биир үтүө күн эдэрдэр Николай Рыкунов айымньылара бааллар, ону таһаарыахпытын сөп дуо диэн этии киллэрбиттэрэ. Толкуйдаан көрөн баран, биир эрэ кинигэнэн муҥурдаммакка, эдэрдэри өйүүр сыалтан серия олохтуохха баар эбит диэн санааҕа кэлбиппит. Онон Коля кинигэтиттэн сиэттэрэн, “Саха сирин эдэр суруйааччыта” диэн серия олохтонно. Суруйааччылар сойуустарын кытары сүбэлэһэн эдэрдэр айымньыларын аны бу сериянан таһаара турдарбыт, кэнэҕискитин кинилэргэ көмө-тирэх буолуо этэ. Онон Ыччат сылынан эрэ муҥурдаммакка, бу үлэбитин салгыы ыытыахпыт дии саныыбын, диэн этэр Афанасий Семенович.

Бэйэтин көлүөнэтин кириитигэ

Кинигэни Рустамнаах Гаврил түһүмэхтэргэ арааран, сыа-сым курдук тутан таһаардылар. Манна Николай эдэрдэри сэргэ, ааттаах-суоллаах улахан суруйааччылар айымньыларыгар ырытыы оҥорбута, уус-уран айымньылара барыта тиһиллэн киирдилэр.

“Коля литературнай кириитик быһыытынан бэйэтин кэмигэр барыбытын хабан ырытта. Үөлээннээхтэрин, алтыһа сылдьар доҕотторун, улахан суруйааччылар айымньыларын ырытан көлүөнэ диэн өйдөбүлү хаалларда”,   диэн бэлиэтиир Коля доҕоро, Саха сирин суруйааччыларын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов.
Ити санааны саха народнай суруйааччыта, Судаарыстыбаннай мусуой дириэктэрэ Николай Лугинов кинигэ сүрэхтэниитигэр кэҥэтэн эттэ.
Николай Рыкунов бэйэтин көлүөнэтин кириитигин быһыытынан литератураҕа чаҕылхайдык киирдэ. Чахчы литературнай кириитик быһыытынан бэйэтин миэстэтин булла. Литература кириитик баар буоллаҕына эрэ сайдар ээ. Кириитик суох буоллаҕына, литература сайдыбат. Литературнай кириитикэ үлэтэ наһаа ыарахан. Мээнэ киһи ылсыбат. Онон Коля кириитик быһыытынан бэйэтин да көлүөнэтигэр, литератураҕа даҕаны элбэҕи хаалларан барда”, диэн бэлиэтиир Николай Алексеевич.

Манна сыһыаран эттэххэ, Коля Рыкунов Николай Алексеевич айар үлэтинэн уруккуттан “ыалдьара”. Бэл диэтэр, биир кэмҥэ “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” романынан “ыалдьан”, “эн эттиҥ, мин иһиттим” диэн тылларынан кэпсэтэ сылдьар буолбуттаахпыт. Николай Алексеевиһы олус убаастыыра, батыһа сылдьан кини санаатын истэрэ, элбэхтэ сүбэлэтэрэ. Ити барыта Коля айар үлэтигэр, саныыр санаатыгар тустаах миэстэни ылбыта саарбаҕа суох.
Ол иһин да Николай Алексеевич: “Коля биһиги көлүөнэни, аҕа көлүөнэ суруйааччылары, эдэр көлүөнэни кытары сыһыаммытын сылыппыт киһибитинэн буолар. Коля биир улахан үтүөтэ онно сытар”,   диэн эдэр кириитик туһунан эппитэ мээнэҕэ буолбатах.

“Тыыннаах айымньы” уратыта

Филологическэй наука кандидата Саргылаана Ноева “Тыыннаах айымньы” кинигэни сыаналыырыгар: “Николай үлэтин биир халбаҥнаабат бириинсибэ – кырдьык туһугар туруулаһыы. Ол да иһин архыыпка, докумуоҥҥа олоҕурбут үгүс матырыйаал, уруккуга төннүү, ону анаарыы кини научнай интэриэһин биир өрүтэ буолбут. Бу кинигэ Николай Рыкунову дириҥ көрүүлээх чинчийээччи, кыраҕы харахтаах кириитик, талааннаах суруйааччы, аныгы литература үтүөкэн бэрэстэбиитэлин быһыытынан толору сырдатар”, — диэн бэлиэтиир.
Оттон поэт, кириитик Николай Винокуров – Урсун Коля Рыкунов прозаны да, поэзияны да, драманы да үһүөннэрин тэҥҥэ тутан ырытар уопуттаах кириитик буолан тахсыах чинчилээҕин этэр.
Коля бастаан билэрдии эдэр көлүөнэ суруйааччылары ырытан киирбитэ. Ол гынан баран, бу кинигэҕэ улахан айымньыларга эмиэ ылсыбыта көстөр. Холобур, билиҥҥэ диэри үчүгэйдик ырытылла илик айымньылаах Николай Лугинов туһунан сүрдээх киэҥник ырытар. Аҥаардас кэпсээннэрин, сэһэннэрин эрэ буолбакка, бөдөҥ айымньыларын “Чыҥыс Хаанын”, “Улуу Хууннарын” барытын чинчийэр. Ити кини дириҥээбитин, кыаҕырбытын, сиппитин-хоппутун көрдөрөр. Коля прозаны суруйар буолан, кириитик быһыытынан прозаиктар айымньыларын сүрүннээн ырыппыта. Ол эрээри бу кинигэ прозаны, поэзияны, драманы ырытар дэгиттэр кириитик буолуоҕун көрдөрдө,   диэн бэлиэтиир.
Онон бу икки сыанабылы тэҥҥэ тутан эттэххэ, Николай Рыкунов кырдьыгы өрө тутан, литература бары жанрыгар ылсан үлэлэһэр дириҥ хорутуулаах кириитик буола үүнэн тахсыах этэ. Итини өссө биир үлэтэ – литературнай кириитик, прозаик Николай Заболоцкай-Чысхаан саха литературатыгар уочаркаларын бэчээттэтэн таһаартарбыта буолар.

Чысхаан

Бу туһунан “Тыыннаах айымньы” кинигэ киирии тылыгар саха народнай поэта, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева: “Коля литературнай кириитикэҕэ улахан интэриэстээҕин сонно тута биллэрбитэ. Кини Н.М.Заболоцкай-Чысхаан саха литературатын туһунан уочаркаларын саҥаттан таһаарарга туруорсубута. Николай турар бэйэтэ сүүрэн-көтөн, Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын үбүлээһин боппуруоһугар тылыгар киллэрэн, Чысхаан саха литературатын туһунан уочаркалара бэртээхэй кинигэ буолан тахсыбыта. Бу кинигэ саха литературатын историятыгар улахан суолталаах кинигэ – кырдьыксыт кинигэ. Николай Рыкунов киһи быһыытынан көнө, кэм-кэрдии ситимин болҕойон көрөр дьоҕурдаах буолан итини ылсыбыта. Хайдах да буолбутун иһин, бу олоххо кырдьык кырдьыкка тардыһар. Ол сокуону Николай бэйэтин кылгас олоҕор холобурунан көрдөрдө”, диэн суруйар.

Оттон Николай бастакы кинигэтигэр киирии тылы суруйбут, саха народнай суруйааччыта Семен Попов – Сэмэн Тумат: “Коля саха литературатыгар сүҥкэн кылааты киллэрсэн барда. Кини саха биллиилээх кириитигэ, прозаига Николай Заболоцкай ыстатыйаларын, чинчийиилэрин түмэн туруорсан бэчээккэ таһаартарда. Үөрүүлээҕэ баар: Николай Заболоцкай “Саха литерутарата. Очеркалар” диэн П.А.Ойуунускай көрдөһүүтүнэн суруйбут үлэтин аныгы сурукка-бичиккэ көһөрдө. Ити олус улахан ымпыктаах-чымпыктаах үлэ. Ити Николай наһаа улаханнык дириҥээбитин, суолун булбутун туоһута”, диэн бэлиэтиир.

Манна эбэн эттэххэ, Николай бу үлэтин салгыы сайыннаран диссертация оҥорор санаалааҕын кини научнай салайааччыта, филологическэй наука кандидата Людмила Григорьева иһитиннэрдэ. Онон Коля Чысхаан үлэлэрин иккистээн таһаарыынан эрэ муҥурдаммакка, салгыы өссө дириҥник хорутан үлэлиир баҕалаах этэ.

Эдэр кириитиги үүннэрии

Николай литературнай кириитикэҕэ сыстан үлэлээн барыыта, биллэн турар, алтыһа сылдьар дьонуттан быһаччы тутулуктаах. Итиннэ улахан оруолу университекка үөрэппит преподавателэ кириитик Василий Протодьяконов ылар. Ону сэргэ аҕа көлүөнэ суруйааччылары кытары алтыспыта улахан суолталаах. Онуоха 2004 с. сөргүтүллүбүт Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтара төһүү күүс буолбута. Бу туһунан прозаик Елена Слепцова – Куорсуннаах кэпсиир.
Коля устудьуоннуур сылларыттан эдэрдэр семинардарыгар көтүппэккэ сылдьыбыта. Биллэн турар, литературнай кириитиги иитэн таһаарыы диэн сүрдээх уустук. Коля бытааннык үүммүтэ. Ол эрээри эрэллээхтик. Кини бэйэтэ киһи быһыытынан хорсун. Хорсун киһи кириитикэҕэ үлэлэһэр. Билигин кэлэн, Сойууска кыл мүлчү киирбит эбит диэн үөрэбин. Кини кылгас олоҕор ити улахан ситиһии, диэн этэр.
Манна ханыылыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуотун поэта Иван Мигалкин эдэр киһи үүнэн тахсарыгар уопут улахан суолталааҕын бэлиэтиир.
Кириитик диэн ханнык да көлүөнэҕэ баар буолуохтаах. Кэлин эдэрдэр 30-40 сылынан саныахтара, биһиги литература эйгэтигэр көтөрбүтүгэр Николай бастакы олугу уурсубута диэн. Хаһан баҕарар эдэр киһи сыыһалаах-халтылаах буолар. Ол кини билиитэ-көрүүтэ кыратыттан буолбатах, эдэр эрчимнээх санаа хаһан баҕарар бастакынан таас истиэнэҕэ охсуллар. Таас истиэнэҕэ охсуллуу ыарыылаах даҕаны, кэһэтиилээх даҕаны. Ол эрээри эр санаалаах киһи туруулаһан син биир баар истиэнэни төлө көтөн литература эйгэтигэр киирэр. Суруйааччы, кириитик олоххо бэйэтэ тугу сомсон ылбытын ааҕааччыга тириэрдэр, үйэҕэ хаалларар, диэн этэр.

Псевдоним туһунан

Саха литературатыгар Николай Рыкуновтар иккиэлэр. Биирдэстэрэ – биһиги Колябыт, Николай Николаевич Рыкунов, иккиһэ – кини убайа, поэт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Михайлович Рыкунов. Николай Михайлович 1936 с. Намҥа I Хомустаахха төрөөбүтэ. Идэтинэн – учуутал. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл орто оскуолатыгар, кэлин Нам улууһун хаһыатыгар үлэлээбитэ. Айымньылара 1954 с. саҕалаан бэчээттэнэллэр. Кини аатын билигин Нам улууһунааҕы библиотека сүгэр.
Хаһан баҕарар литератураҕа икки тэҥ ааттаах дьон псевдоним ылар үгэстээхтэр. Бу туһунан Урсун: “Мин бастаан литератураҕа киирэрбэр Николай Винокуров диэн төрдүө этибит. Ол иһин кэлин Урсун диэн ааты ылыммытым. Коляҕа эмиэ псевдонимна ылын, эн суруйбуккун уонна убайыҥ Николай Михайлович суруйбутун буккуйа сылдьыахтара диэн сүбэлээбитим. Ол эрээри Коля араастаан псевдоним ылына сатаабыта да, кыаллыбатаҕа”, диэн бэлиэтиир.
Манна даҕатан эттэххэ, Николай аҕата кинини Суһум, Урсун Малдьаҕар буол дии сылдьыбыттара. Ол эрээри хайатын да иҥэриммэтэҕэ.

Николай Рыкунов туһунан бириэмийэ

Николай Рыкунов аатын үйэтитии кини айымньыларын эрэ таһаарыынан муҥурдаммат (эһиил кини туһунан ахтыы кинигэтэ тахсара былааннанар). Биир дойдулаахтара намнар кини аатынан оскуолаҕа стипендия олохтоммутун, салгыы араас тэрээһини ыытар былааннаахтарын иһитиннэрдилэр. Оттон Суруйааччылар сойуустарын ассоциациятын салайааччыта Олег Сидоров өрөспүүбүлүкэ таһымыгар литературнай кириитикэҕэ бириэмийэ олохтооһунун туһунан эттэ.

Литературнай кириитик дириҥ билиилээх буолар. Литератураны, литературоведениены эрэ буолбакка, уопсастыба өйүн-санаатын сайдыытын эмиэ биэрэр. Ол суолтатын Николай олус дьэҥкэтик көрдөрдө. Николай Рыкунов аатынан литературнай кириитикэҕэ бириэмийэ олохтуоххайын диэн этии киллэрэбин. Эдэрдэри өйүүр сыалтан, диэн этэр Олег Гаврильевич.

Ийэ истиҥ тыла

Николай Рыкунов элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Аҕалара Коля устудьуоннуур сылларыгар эрдэ өлөн, кини атаҕар турарыгар ийэтэ Екатерина Петровна, убайдара, эдьиийдэрэ көмө-тирэх буолбуттара. Ийэ киһиэхэ оҕотун сүтэрбит аһыыта, кутурҕана, хомолтото ханна барыаҕай, баар. Екатерина Петровна кинигэ сүрэхтэниитигэр долгуйан туран, Коля аҕа табаарыстарыгар, үөлээннээхтэригэр туһаайан доҕор, атас суолтатын туһунан олус истиҥник эттэ.

Оҕом Коля кыра эрдэҕиттэн кинигэни олус умсугуйан ааҕара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыаҕыттан суруйааччы, учуутал буолуом диирэ. Ол эрээри кэлиҥҥи үлэтин, тугу оҥорбутун биһиэхэ кэпсэл оҥостубат этэ. Оҕобун өйүү-убуу сылдьыбыт аҕа көлүөнэ суруйааччыларга, Коля доҕотторугар махталым улахан. Кини маннык табаарыстардааҕа, доҕоттордооҕо ол – кини дьоло. Маннык көмө-тирэх буолар дьонноох, табаарыстардаах, доҕоттордоох буолан, оҕобут аата ааттанар. Ийэ киһи быһыытынан онтон олус үөрэбин уонна махтанабын, диэн этэр.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0