Биллиилээх суруйааччы, талааннаах кэпсээнньит-сэһэнньит, дьоҕурдаах дыраамаһыт, мындыр литэрэтииринэй чинчийээччи-кириитик, тылбаасчыт Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан быйыл төрөөбүтэ 110 сылын туолла. Онуоха тоҕооһуннаран, суруйар истиилигэр биир суолу быстах бэлиэтиир интэриэһинэй буолуон сөп.
Николай Заболоцкай ааҕааччыны мичик гыннарар, күллэрэр, сэргэхситэр гына суруйары сатыыр да, сөбүлүүр даҕаны. Ону ааҕааччы бэркэ биһириир. Суруйааччы “Күн да уһун”диэн кэпсээннэрин, сэһэннэрин, уочаркаларын уонна ахтыыларын дьиибэргэтэр-толкуйдатар ааттаах хомуурунньугунан холобурдаан ахтыһыаҕыҥ эрэ.
“Ким хайдах ыалдьарынан” диэн кэпсээҥҥэ оскуола аннынааҕы күөлгэ сатыылаабыт андыны учуутал Киргиэлэй уонна үөрэнээччи Миитэрэй тыынан эккирэтэ сылдьан ытыалыыллар. Анды умсар, күөрэс гынар. Төрүт өлбөт. Сааһыттар кыһыйан ол муода төрүөтүн көрүдьүөстүк була сатыыллар: — Дьоҕойон к-куйахтаах дуу? – диэтэ Киргиэлэй. – Аһаран биэрэр быһыылаах, — кыһыйбыттыы Миитэрэй хоруйдаста.
“Үөн сиэбитэ» диэн кэпсээҥҥэ кииҥҥэ киирэн иһэр бэрэдэбиэстиин кэпсэтиини истиэххэ: — Оччо айылаах тоҕо эргийдиҥ, эн киһи, бука кырсалары кытта билсии таһааран кэллэҕин, сытан хаалбыт табаардаргын эргитээри? – Ол да ханна барыай, эргиэн дьыалатыгар саҥаны киллэрэбин. – Эй, суох, ити киһи, хата, бөрөлөрү кытта куудьустаҕа буолуо… Итэҕэстэрин кинилэргэ анньан кэбиһээри. Бу кэпсэтии көрүдьүөстээх өттүттэн сабаҕалыыбыт: Сыырдаах бэрэдэбиэһэ соччо үчүгэй үлэлээх буолбатах быһыылаах.
“Үрүҥ сүүрүктэр”сэһэҥҥэ доҕордуулар кэпсэтиилэрэ эмиэ дьээбэлээх: — Ээ, пахай, Костя. Көөчөөн эрэйдээх күрдьэх саҕа сирэйин күҥҥэ таһааран үтэн туруорар эбит дуу? Ол иһин халлаан бүгүн алдьаммыт. Итинтэн салгыы күрүө маһын тиэйээччи Костя бостуук Кирилэни кустуурга ыҥырар, ымсыырдар. – Быһыкка киириэх. Саҥа күөлгэ уу бөҕө киирэн бысхайбыт. – Оттон ынахтарым? – Биир түүн сынньата түс, аанньа киһиэхэ дылы, ынахтаргын салгытан кэбистэҕин дии. Ол иһин сүтэн эрэйдииллэр. Ынахтарыҥ “эрэйдээбэт” инниттэн Кирилэ кустаһарга сөбүлэһэр. Итиннэ маарынныыр кэпсэтиини дьиҥ олохтон ылан, ыстатыйа кырдьаҕас ааптара таарыччы ахтыым. Холкуоска үлэлии сылдьан, оччотооҕуга Улуу Өктөөп саҕана көрүдьүөһү сөбүлүүр Уйбаан Хотуоһабы (Саттамыайы) аара көрсө түстүм. Кини аҕыйах ыаллаах Уйбаныапкаттан иһэр эбит. Кэпсэттибит. – Ханналаан иһэҕин? – Дэриэбинэҕэ күлэ-үөрэ, сынньана. – Бороонноргун ким көрөрүй? – Ким көрүөй, доҕор?! Кинилэр да биир күн бырааһынньыктаатыннар ээ…
Сарсыарда Кирилэ пиэрмэлиир. Уол утуктуу иһэн, өрүс халааннаан, хойуу халҕаһалаах үрүҥ сүүрүк кытылы номнуо толорон кэбиспитин көрөн олус соһуйар, уута көтөн хаалар. Сити түгэҥҥэ пиэрмэ диэкиттэн иһэр Байыкка оҕонньору көрсө түһэр. Пиэрмэ үлэтигэр букатын сыһыана суох оҕонньортон ону-маны ыйыталаһыам диэн иһигэр бэркэ үөрэ саныыр. Кинилэр тарбаһар таайтарыылаах, күлүүлээх-оонньуулаах, көрүдьүөс кэпсэтиилэрин кылгатыахха: — Хантан оҕустанныҥ? – Уларсыбытым. – Мин тыаттан киирэн иһэбин… – Туохтан даа?!. – Сайылыктан, тыаттан диибин! – Ээ, тыаттан… сөп-сөп… Онно тугуй, эһэлии тахса сырыттыҥ дуо? – Сүппүт ынахтары көрдүү тахса сырыттым, субу аҕай төннөн иһэбин. – Ынахтаргын булан эргийдэҕиҥ дии, оччо ыраатан, тэлэһийэн баран? – Булан, икки хармааммар бу ыга симэн иһэбин. – Һэ-һэ!.. Бу киһи кэм күлүүтэ-оонньуута баппат. Һэ-һэ, ынах ааттаах ээ… хата, булпун, икки чөкчөҥөбүн уктан иһэбин диэ, ол ордук буолуо! – Ону эн хантан биллиҥ! Түһээн көрдөҕүҥ буолуо! – Түһээн буолумуна! Ол эн эһэ барааххын, икки чөкчөҥө сыыһа булкун түһээбэтэх даҕаны киһи, саба тарыйан удумаҕалыыр аһа ини. Ыл, хата аккыттан түс, өрбөххүн сүөр, үөлүөх, кыайбатахпытына фермэҕэ кэһии оҥостуохпут.
Ити иннинээҕи киэһэ Байыка Ааныстыын, Өтөхтөөх пиэрмэ бастыҥ ыанньыксытыныын, ууга хаайтарбыт сүөһүлэри сыралара-сылбалара быстан быыһыыллар. Ууга түһэн, тыалга-кууска күүскэ үрдэрэн, тоҥмут-хаппыт, сылайбыт-элэйбит киһи, кырдьаҕас киһи сиэринэн, сэмэлии-мөҕө көрсүөн сөп этэ. Ону уол төһө сөбүлүүрэ, хайдах саныыра, ылынара биллибэт. Оттон оҕонньор күлүүгэ кубулутан, элэккэ эргитэн этэрэ эдэр киһиэхэ быдан-ордук тиийэр.
“Күн да уһун” сэһэҥҥэ сэһэнньит көрүдьүөстээн этэрэ элбэх. Онтон сороҕор тохтуохха. Доропуун оҕонньор сэттэ туутугар балык аанньа киирбэккэ эһэн кэбиһэр. Бэйэтэ кэпсииринэн, күөлэ ханнан хаалбыт. Итиннэ эбэн этэрэ элбэх.Үс-түөрт хонукка лип сытан тахсар. Ону уус тыллаахтар тупсаран-киэркэтэн, “иэннээх таҥас курдук тэниччи тутан” бэрэссэдээтэлгэ тиийэ тарҕатан кэбиһэллэр. Ол иһин Тимофей Егорович оҕонньордуун кэпсэтэригэр эҕэлии элэктээн этэр: — Онон, кэбис, ол Мэндээрикигиттэн араҕыс, бостуой аны күөл иччитин бэйэтин туугуттан хостоон таһааран манна алдьархайы тардыаҥ турар. Ити кэпсэтиигэ оҕонньор ыраах барыан баҕарбакка, араас сылтаҕы була сатыыр. Ол быыһыгар үлүһүйэн оҕолуу киирэн биэрэрэ кыһыылаах: — Эмээхсиним ыалдьан бөҕө буоллаҕа дии… илиитин дьарҕата эҥин… – Ол киниэхэ борооннору ыатыаҥ үһү дуо?
Холкуоһугар кыайыылаах-хотуулаах, үтүө үлэһитинэн биллибит сэттэ уон сэттэлээх Доропуун кырдьаҕас ол-бу көрүдьүөс түбэлтэҕэ кыттыктаах курдук буолан иһэр. Кини дьиэ кэргэнинээн Индигир уҥуор өтөхсүйбүт Балаҕаннаахха сүүстэн тахса субай сүөһүнү көрөн сайылыыр. Онно Костя уол — оҕонньор аллар атаһа, кулууп үлэһитэ — иккитэ-үстэ кэлэн, бэркэ тапсан кэпсэтэллэр. Уол олус оонньуулаах барахсан. Бэрт көрүдьүөс тыллаах-өстөөх. Идэтигэр айылҕаттан анаммыкка дылы. Идэтинэн кэпсиирин-ааҕарын, ыллыырын быыһыгар омуннаан-төлөннөөн саҥаран-иҥэрэн үгүстүк күллэрэр. Чэ, холобур, оҕонньордуун кэпсэтиититтэн: — Ол аата бу бырдахха сааланан иһэр эбит буоллаҕыҥ дуу? — Кыһытар буоллахтарына, мин кинилэри өссө манан биэртэлиэм! – диэн чиҥэтэ-чиҥэтэ, Костя били икки сүнньүөҕүн ылан көрдөрдө. – Ол эрээри аҥардас бырдахха эрэ эн киһи итиччэ тэриммэтиҥ ини? – Ээ, оттон салгын сии таарыйа, чугастааҕы уулары кэрийэ түһэн, сырдатан ааһар санаалаах этим. – Кустары дуо? – Ээ, бачча кэлэ сылдьан баран, таарыйан көрбөккө барда диэн хомойуохтара, баҕар, кэннибиттэн үҥсүү ыытан кыайыахтара. –Ол эрээри куска сананар билигин арыый эрдэ буолуо суоҕа дуо? – Эрдэттэн үөрэммиттэрэ ордук.
Көрүдьүөс тыл-өс быһылааннаах да кэмҥэ күлүүлээх, “киһи дууһата чэпчии, сырдыы түһэригэр” сороҕор көмөлөһөр буолар эбит. Эһэ икки сүөһүнү тарпытын кэннинээҕи кэпсэтии: — Нуо, бачыыҥкаҥ? – Антах хаалта. –Ханна? – Эһэҕэ. – Тыый! — Кыһыыта бэрт ээ, сүүрэн чиччигинээн тиийэн ырдьыгыныы сытар эһэни тиискэ тэбэн бытарыттаҕым дии. – Абытай! – Кини да кэһэйдэ ини. Бачыыҥкам ол эһэ айаҕар хаалла… Ол оннугар биир-икки тиис мин атахпар кэлсибит буолуохтаах. Быһата, былыргылыы атастаһыы таҕыста быһыылаах. Оннооҕор оҕонньор кытта, бэйэтин “буруйдааҕынан” ааҕынар киһи (сайын булчуттар өлөрүөх эһэлэрин, “эһэ тириитэ миэнэ-э, миэнэ-э!!!” диэн хаһыытаан үргүтэн кэбиспиттээх), мичик гынан ылар.
Өсөһүнэн иччилэрин ууга былдьата сыспыт Кугасчаан тыһаҕас бэйэтэ, кэлин күүстээх буруу үөһүгэр түбэһэн, олох иһин тиһэх тыыныытын тухары охсуһуута кытыыга көрөн турааччылары уйадытар. Онуоха ааҕааччы да кыттыһар: ааптар маны барытын сылаас тылынан, сырдык кыраасканан суруйар-ойуулуур.
Түмүктүүр сиэринэн ситэрэн силимнээтэххэ, Н.Заболоцкайы-Чысхааны көрүдьүөсчүт (юморист) суруйааччынан ааҕар кыахтаахпыт. Ону бу кылгастык суруллубут суол даҕаны балачча томоонноохтук туоһулуур.
Көрүдьүөстээн, күлэн-оонньоон, элэктээн этии сүнньүнэн омуннаан-төлөннөөн, сымыйа-кырдьык икки ардынан саҥарыыга олоҕурар. Көрүдьүөс тыл-өс икки хас киһи кэпсэтиитигэр (диалогка-полилогка) киэҥник туттуллар. Ол быһыытынан прозаҕа уонна дыраамаҕа үгүстүк көстөр, бэркэ биһирэнэр.
Көрүдьүөс тылынан-өһүнэн суруйуу ааҕааччыны тардар, сэргэхситэр, күллэрэр-үөрдэр. Ааптар “Үрүҥ сүүрүктэр” диэн сэһэнин маннык хомоҕой тэҥнэбилинэн бөлүһүөктүү түмүктүүр: Үрүҥ сүүрүктэр – сырдык санаалар. Ити эппитэ манна даҕаны сыһыаннаах. Көрүдьүөстээн этии үрүҥ сүүрүк тэҥэ: саппаҕырбыт санааны сайгыыр, киһи сүргэтин көтөҕөр, күннэтэ күлүмэхтик элбии-үксүү турар нолуоктаах кэмҥэ эдэргэ-эмэҥҥэ туруулаһар туругу күүһүрдэр, сарсыҥҥы саҕахха сырдык санааны саҕар. Онон күлүҥ-үөрүҥ, көрүдьүөстээҥ, үөрүҥ-көтүҥ, үтүө-мааны, күрүөх-билэ дьоммут!
Уйбаан Мөлөкүүрэп, Надежда Винокурова.