Николай Валуев сыстыганнаах дьаҥтан харыстанар быһыыны от ыйыгар ылбыт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Спортивнай диэйэтэл, Госдуума экологияҕа, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Николай Валуев сыстыганнаах дьаҥтан харыстанар быһыыны ылыыга бэйэтин санаатын үллэһиннэ.

— Сыстыганннах дьаҥҥа былырыын сэтинньигэ дьиэ кэргэнинэн сутуллан ыалдьыбыппыт. «Спутник V» вацинаны от ыйыгар ылбытым. Ыарыы көрүҥэ уларыйан, билигин аны эдэр дьон, оҕолор ыалдьар буолбуттара улаханнык дьиксиннэрэр. Ыарыыны вакцина-быһыы олох чэпчэтэр эбит. Онон бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун кутталлаах дьаҥтан  харыстыыр инниттэн, быһыыны хайаан да ыларгытыгар сүбэлиибин, — диэн санаатын тиэртэ Николай Валуев.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. 

Хаартыска — demotivation.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0