1978 сыл. Ыам ыйын ортото. Өлүөнэ эбэ уһун кыһыны быһа нуктаан баран, сааскы күн сылаас сардаҥаларыттан уһуктан, кэтэспит санааҕа талыыта киирэн төрүүр дьахтар курдук уһаан, тэнийэн, халыҥ муус суорҕаныттан дьэ босхолонон “һуу” диэбиттии арыыларга, хотооллорго халааннаан, харах ыларынан киэҥ нэлэмэн сири тоҕо киэптээн кыдьымах сүгэһэрдэнэн оргууй мөлбөйө устар.
Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хара ууга күлүгүн көрүнэр чочумаас таас туруору түөһүгэр үүммүт талах мас абына-табына лабааларыгар күн уотугар сыламныы олорбут сылгы чыычааҕа, аллараа хаҥас илиитинэн таас эркинтэн тутуһан, уҥа илиитинэн суолун бүөлүүр кыдьымаҕы киэр анньа-анньа курданарыгар диэри ууну кэһэн иһэр хара кууркалаах, баайыы бэргэһэлээх, рюкзак сүгэһэрдээх үөскүлэҥ киһиттэн соһуйан “чычып-чаап” диэбитинэн уһун кутуругунан дэйбиирдэммитинэн күөх халлааҥҥа дайда.
Айанньыт, төһө да сааскылыы сылаас күн турдар, тымныы ууттан титириэх курдук буолла. Арай күнтэн сылыйбыт таас эркин бүттэр бүтүө суох. Хардыыта кыараҕас, айана бытаан — арыт оҥкучах сир килэркэй мууһугар халты үктэнэр, арыт будулуйар уу анныгар сытар таастан, мастан иҥнэр.
Бу бэҕэһээ “Тиит Арыы” совхозка командировкаҕа сылдьар ветстанция враһын В.В. Михайловы оройуоннааҕы спорткомитет председателэ А.А. Дмитриев сарсын куоракка спорт маастара нуормалаах Бүтүн Союзтааҕы турнир буоларын, республика сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киллэриллибитин, үлэтиттэн босхоломмутун туһунан телефонунан илдьитин Чкаловка олордоҕуна булан рациянан тириэрдибиттэрэ. Бииктэр иһиттим-истибэтим диэт, Тиит Арыыга туораан доҕорун Р.Н. Кузьмины мотуордаах оҥочонон Еланкаҕа диэри быраҕарыгар тылыгар киллэрбитэ да, суолларын кыдьымах мэһэйдээн, муус анньа илик чочумаас тааһын булан, ол анныгар хаалбыта. Роберт Николаевич, төһө да ытырыктата санаатар, тустуу диэн баран муннукка ытаабыт киһини кытта мөккүһэн даҕаны иннин ылбатын сэрэйдэҕэ буолуо, саҥата суох ыһыктаах рюкзагын ууммута. Ол сылаас бэрискитэ билигин көхсүн сылыта иһэр.
Тымныы ууттан атаҕа бөҕүөрэ тоҥон аһый-аһый гынара сүрэҕэр тиийэ биллэргэ дылы. Маннык буоллаҕына аны күрэхтэһиигэ кыттыахтааҕар ыалдьан сытыыһык буолбаат! Ычча!
— ЫЧЧЫЫ- ЫЧЧА! Бу да уолу, бар, ороҥҥор, ааҥҥа турума! — тымныы туманы бүрүммүтүнэн ынаҕын ыан хотонтон киирбит ийэтин саҥатын тиһэх дуораана көмүлүөк оһох барбах сырдатар балаҕаныгар сүтэ илигинэ кыракый Бииктэр куобах суорҕанын анныгар дьылыс гынар.
Сэрии аас-туор сылларыгар Сунтаар Сиэйэтигэр ааспыт оҕо сааһа Бииктэр өйүгэр умнуллубаттык иҥмит. Куруутун аһаабыт киһи диэн биир баҕа санаалаах кыһыҥҥы хараҥа уһун киэһэлэри кыараҕас балаҕан дьиэ иһигэр атаарара. Оччолорго төһө да мэник-тэник бэдик буоллар ас көрдөөн ытаһа олорор, харахтарын көмүскэлэрэ түһэн хаалбыт, көтөх игирэ балтыларын, Биэрэлээх Маасаны, өйдөөн хаалбыт быһыылаах, билигин да арыт түһээн көрөр. Кинилэр кэннилэриттэн, аҕыйах хонугунан быыһаан, сааһын тухары сылгыһытынан үлэлээбит аҕалара Василий Андреевич, сэриигэ барар бэбиэскэтин тута сытан, ойоҕостотон өлбүтэ. Ийэлэрэ, Мария Алексеевна, оҕолорун аһатар туһугар колхозка ыанньыксыттаан умса-төннө түһээхтиирэ даҕаны, биэс күн күбэйин аһыы харах уутунан тоҥ буору сиигирдэн көмөөхтөөбүтэ…
Бииктэр убайынаан хаппыт тириини, мас сутукатын туустаах ууга буһаран өл киллэриммитэ буолаллара, ардыгар, дьоро киэһэлэригэр, тооруччу бурдуктан оҥоһуллубут лэппиэскэни мотуйаллара. Баччаҕа тиийиэх быатыгар, соҕотох ынахтарын үүтүнэн үссэммитэ буолаллара.
Төһө да ааспытын иһин, ыар сыллар этилэр. Кинилэргэ бэс сутукатын бэрсэр от тиэйээччи ыаллара Моһуһуой оҕонньор, тымныы үгэннээн турдаҕына, тыаҕа мас мастыы тахсан баран киирбэтэҕэ, оҕуһа кураанах сыарҕатын соспутунан далыгар тиийэн кэлбитигэр колхозтаахтар “һуу-һаа” буолан тахсан, тоҥон өлбүт иччитин булан киллэрбиттэрэ. Эһиилигэр этэ дуу, дьукаах эмээхсиннэрэ үс-түөрт биэрэстэлээх сиргэ ыалтан чэй иэстэһэ барбыта барбытынан — аара охтон хаалан тоҥон өлбүт этэ ол эрэйдээх. Ити өссө түөртээх-биэстээх уолчаан өйдүүрүнэн, оттон кини билбэт төһөлөөх түгэнэ буолбута буолуой…
Кыра эрдэҕиттэн, сэрии сылларынааҕы эт саастыылаахтарыныы, хара үлэҕэ буспута-хаппыта. Өйдүүр, бөрө улуйар сиригэр, Нөөрүктээйи баһыгар, субан сүөһүнү көрөн кыстыылларын, сүөһүлэр ииктэрэ-саахтара бырдаҥалаан тиийэр сиригэр утуйалларын, оскуолаҕа киирэргэр кэтиэҥ диэн саары этэрбэс тигэн ийэтэ көмүлүөк оһох иннигэр ыйаабытын тула хаама сылдьан ымсыыра, ымманыйа одуулуурун, саҥа этэрбэс кэтэр баҕаттан оскуолаҕа барар күнүн кистии-саба кэтэһэрин. Өйдүүр, бурдуктара быстыбытыгар бииргэ үлэлиир оҕонньордоро дойдуга киирбитигэр кэтэһэн кулгаах-харах иччитэ буолан олорбуттарын, онтукалара муҥхаҕа түбэһэн бүтүн сыарҕа собо балыгы тиэйэн кыыкырытан таһаарбытын. Өйдүүр, интернакка олорон үөрэнэ сырыттаҕына, убайа, ыһыга суох буолан үөрэҕин салҕаабатах уол, эһэтин саатын ылан бултуу тыаҕа тахсан өлбүт куруппааскыны булан киллэрбитин туһунан дьонун кэпсээнин, “Убайыҥ ол булдунан үссэнэммит харахпыт сырдаабыта”, — диэн ийэтэ хойукка диэри ахтара.
Сайынын, үрүҥ түүннэри үргүлдьү кэриэтэ, үс-түөрт чаас утуйан ыла-ыла, окко улахаттары кытта тэҥҥэ үлэлиирэ. Лаҕыыр буолбут ыстааннаах кыракый оҕус сиэтээччи уол үлэтигэр тахсыбатаҕына бүтүн түөрт киһини борогууллатар кутталлааҕа — от кэбиһээччини, бугул тартарааччыны, бугул түгэҕин харбааччыны, түсчүтү. Кэлин улаатан от охсуутугар, мунньуутугар сылдьыбыта. Күүстээх үлэттэн илиитэ улук буолан хаалара, онтуката билигин дьарҕаран ыалдьар.
Орто үөрэҕи бүтэрэн баран оройуоннааҕы Совет доротделыгар “дорожный десятник” диэн дьоһун дуоһунаска, кэлин маастарынан икки сыл үлэлээбитэ, оройуонун сыарҕалаах атынан уһаты-туора кэрийбитэ. Ыйга 450 солкуобайы аахсара. Ол кэмҥэ киниттэн элбэх харчылаах, дьоллоох киһи суоҕун курдук сананара.
Бэрт сытыы сирэйдээх-харахтаах сүүрбэччэлээх уолу кырдьаҕастар көрүстэхтэрин аайы үөрэнэн көрбөккүн дуо диэн үүйэ-хаайа туталлара, ол иһин буолуо, кэнникинэн, кырдьык даҕаны, үөрэнэн көрбүт киһи диэн саныыр буолбута. 1956 сыл сайыныгар төрдүс кылаастан бииргэ үөрэммит атаһынаан Николай Терентьевтиин арыы, сүөгэй, лэппиэскэ ыһыктаах үөрэнэ диэн ааттаан Дьокуускайдыыр борохуокка киирэн олорбуттара. Ол курдук кыракый үрүҥ борохуотунан Бүлүү эбэ сүүрүгэр уйдаран, иэнэ-дуола биллибэт Өлүөнэ эбэни өксөйөн хас да күн айаннаан Туймаада хочотугар тэнийэ сытар сүүһүнэн электричество уотунан дьиримниир, ахсааннаах таас, үксэ мас дьиэлээх Дьокуускайы ыраахтан долгуйа, сөҕө-махтайа көрбүттэрэ…
ЕЛАНКА чугаһынан чочумаас таас эркинэ дьэ бүтэн, Бииктэр, арыый эниэ сиринэн кытылга тахсан талах маһы, кур оту хомуйан уот оттон, таҥаһын куурдунна, ыһыгын хостоон үссэнэ түстэ. Ол олорон иһиттэҕинэ үөһэ ханна трактор тыаһа тохтуу-тохтуу барылыырга дылыта. Сып-сап хомунан мырааны дабайан тахсыбыта “Булгунньахтаах” совхоз механизатордара бурдук ыһан тиритэ-хорута сылдьаллар эбит.
— Дьэ, доҕоттоор, күн-ый буолуҥ, абырааҥ. Саатар Улахан Ааҥҥа диэри быраҕан кулуҥ, — диэбитигэр быыл буолбут сирэйдээх дьоно күлсэн үрүҥ тиистэрэ кэчигэрэстилэр, саппаас чаас ыла бараары собуоттанан күпсүйэ турар массыынаҕа олордон биэрдилэр.
Улахан Ааҥҥа отделение хонтуоратын таһыгар ветстанция массыынатын көрөөт, үөрүүтүттэн, этэргэ дылы, өттүгүн үлтү түһэ сыста — бииргэ үлэлиир дьоно Покровскайтан тахса сылдьалларыгар түбэһэ түһэн ол киэһэ дьиэтин булла. Дьиэлээхтэрэ ыйыталаһыыларыгар күттүөннээҕи быһаарбакка, аһыыр да бокуойа суох, телефон үрдүгэр түстэ. Чааһынай массыыналааҕын аанньа Аркадий Дмитриевкэ эрийэн куугунатта. Хата, киһитэ дьиэтигэр баар эбит, сарсын куораттыыбын диэтэ. Илдьэ киир диэн найыламмытын сөбүлэстэ, сарсыарда эрдэ кулууп айаҕар көрсүһүөх буолан болдьостулар. Дьэ “һуу” диэн наҕылыччы аһаан, трикотун, борцовкатын булан бэрийдэ.
Саҥатык массыына сарсыардааҥҥы күн уотугар килэбэчийэн Эркээни хочонон тыргыллар суол устун сыыдамнык айаннаан долгуһуйар. Бэҕэһээҥҥи сылаата таайдаҕа буолуо, сымнаҕас олоххо тиэрэ түһэн ыараан хаалбыт халтаһалара сабыллан бардылар…
… ДОҔОРО Коля ол сыл учуутал үөрэҕэр туттарсан баран малыйбыта, икки сыл Покровскайга тахсан кирпииччэ заводугар үлэлээбитэ. Оттон кини, Сунтаар уола кучуйан, тоҕо эбитэ буолла, докумуонун университет ветеринарнай факультетыгар илдьэн биэрбитэ,бука, сүөһү үлэтин билэбин оҥоһуннаҕа буолуо. Уонна өс киирбэх киирэр экзаменнарын туттартаан студент буолан, Сэргэлээх икки мэндиэмэннээх уопсай дьиэтигэр биир кырабаат хаһаайынынан буолбута.
Үөрэннэҕин бастакы сылыгар биллиилээх бөҕөс Василий Гаврильевич Румянцев тустуу секциятын аһан үлэлэтэр үһү диэн сураҕы истэн, биир киэһэ дьукаах уолаттарын батыһан спортивнай саалаҕа тиийбитэ. Онтон ылата, оскуолаҕа физкультура уруогар сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии сылдьар бэйэтэ, Саха сиригэр саҥа тэнийэн эрэр көҥүл тустуунан үлүһүйбүтэ, киэһэ аайы кедатын кыбыммытынан спорт-саалаҕа тэбинэр буолбута.
Бастакы эрчиллиитигэр Никифор Иванов атахтаан охторбутун билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүр. Тустууга айылҕаттан бэриллибит күүс улаханы быһаарбатын, араас албастары сатабыллаахтык туттар эрэйиллэрин билбитэ. Оччолорго кэлин республика күүстээх бөҕөстөрө буола үүммүт Николай Гоголевы, Владимир Варламовы, Петр Алексеевы, Дмитрий Даниловы, Сергей Ивановы кытта бииргэ эрчиллибитэ.
Уолаттар дьарык кэнниттэн үөрэ-көтө өссө киинэ көрө ыстаналлара, оттон кини олус сылааргыыра, нэһиилэ умывальникка туран курданарыгар диэри суунаат оронугар сытынан кэбиһэрэ.
Үөрэнэр кэмигэр университет үс төгүллээх чемпионунан буобута, 1959 сыллаахха 73 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа “Труд” общество республикатааҕы түһүлгэтигэр бастаабыта.
1961 сыллаахха кэргэнинээн үөрэхтэрин бүтэрэн Аллайыахаҕа ананан барбыттара, аллайыахалар республика чемпионун ытыстарын үрдүгэр түһэрэн ылбыттара, үлэтигэр күн курдук хам-түм көстөн ааһара — күрэхтэһииттэн күрэхтэһиигэ сылдьара. Халыма – Индигир оройуоннарын зоналарыгар биэс сыл субуруччу бастаабыта, республика үс төгүллээх чмпионунан буолбута, хаста да призердаабыта…
КУОРАТ килбэйэр киинигэр турар оҕо спортивнай оскуолатын таһыгар тиийэн массыыналара туормастаан кыыкынаабытыгар хараҕын аста. Урут элбэхтэ күрэхтэспит саалатын айаҕар Д. Данилов көрсө түһэн быһа ыйааһын буола турар хоһугар сирдээн илтэ. Турнир тэрээһинигэр сүүрэ-көтө сылдьар, бэйэтэ эппитинэн, өлөр да солото суох, судьуйа үрүҥ көстүүмүн кэтэ сылдьар доҕорун кыһыл сирэйэ харахха ыраахтан тута быраҕыллар. Сыгынньахтанаат ыйааһыҥҥа тахсан тураатын кытары “Нуорма!” диэтилэр. “Буолумуна, 100-тэн тахса киилэлээхтэргэ тустар киһи ыйааһын түһэрэ оонньообото чахчы”, — дии санаата. Биэрбит толуоннарын ылан остолобуойдаан иһэн, аара союзнай республикалар былаахтарынан киэргэтиллибит тустуохтаах саалаларын өҥөйдө. Хайа эрэ хамаанда дьоно кэлэн бэйэлэрин тылларынан тугу эрэ быһаарсан көбдьүөрэ тураллар эбит. Мин ыйааһыммар хайалара буолуон сөбүй, диэн көстүүлээх соҕустарын таайа сатаан одууласпахтаата. Билиҥҥитэ утарылаһааччылара кимнээхтэрин билбэт, хаһыс пааранан туста тахсарын эмиэ. Аһыы олорон биир эрчиллиитэ суох Бүтүн Союзтааҕы турнирга кытта кэлбититтэн кэлин бэйэтэ да саллан барда, гречкэлээх кэтилиэтин ситэ сиэбэккэ туора аста.
Саалаҕа тиийэн разминкалана сырыттаҕына бастакы эргииргэ ыччаттарга Союз былырыыҥҥы чемпионун кытары тустаҕын диэн иһитиннэрэн “үөртүлэр”. Олох да паникалаан барыах курдук буолла. Ол эрэн, бачча кэлэн баран тустан көрүөххэ диэн бэйэтин уоскутунна.
КӨРӨӨЧЧҮЛЭР тууга киирбит мунду курдук ыы-былчары толорбут улахан саалалара мэктиэтигэр үллэҥнииргэ-түллэҥнииргэ дылы. Бииктэри утары, кыһыл муннуктан туруйа курдук дыралдьыйбыт, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх эдэр уол тахсар. Киниэхэ холоотоххо туораттан Бииктэр хортуоппуйдаах куулу илиилээбит, атахтаабыт курдук көстөн эрдэҕэ.
Уола кырдьаҕаһырҕатта быһыылаах, төһөтүн да иһин түөрт уон үстээх киһини кытта тустар буоллаҕа, тутара-хабара сымнаҕас, туохтан эрэ сэрэнэр дуу, тугу эрэ кэтэһэр дуу курдук, албаһын ситэ оҥорбокко төлө тутан партерга түһэрэн иһэр.
“Виктор, киирэн ис!” — диэн тренер Калин Сидоров хаһыытын көрөөччүлэр күүгэннэрин ортотугар иилэн иһиттэ. Уола эмиэ партерга түһэрээт эргитиэхчэ эргиппэтэ, төбөтүгэр күлүүстээри кэлбитигэр “карповтыахха!” диэн санаа күлүм гынна, уонна тута тобуктаан туран утарылаһааччытын илиилэрин хоннохторугар кыбыта тутаат, эргитэн көхсүн хаптаҕайынан көбүөргэ хам баттаата. Саала ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыттыы биирдэ ыһыынан-хаһыынан туола түстэ.
Билэр, билбэт дьонун эҕэрдэтин ортотунан аһары аҕылаан, оргууйдук хааман көбүөртэн тахсан иһэн, хата эчэйбэтим ээ, диэн үөрэ санаата.
Киэһэ ыччаттарга ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар кандидат уолу кытта тустуохтаах. “Кыайыаҥ, кыайыаҥ”, — доҕоро Калин настройкалыыр, сүбэ-ама биэрэр. — “Уһун киһи кэтэҕэ синньигэс”. Ол аайы сарсыардааҥҥы курдук буолбатах, санаата бөҕөх.
Киирдэ киирээт киһитэ хоннох үллэстээччи буолла. Хайа эрэ түгэҥҥэ уола көтөҕөөрү мадьыктаспытыгар түбэһиннэрэн сөбүлээн туттар албаһынан, халбарыйыахча гынан иһэн иһинэн охсон таһааран прогибтаан утарылаһааччытын ыраастык уурда. Биирдэ туман быыһыгар сылдьар курдук буолла. Тула үөрбүт-көппүт сирэйдэр малаарыҥнаһаллар, эҕэрдэлээн илиитин ыга туталлар.
Нэһиилэ уоскуйан, остолобуойугар аһаат, “Тайга” гостиницаҕа тиийэн оронугар кэтэх тардыстан өрдөөҕүттэн кырааска диэни билбэтэх хос үрдүн, быылырбыт лаампаны одуулуу сытта. Ыйааһыныгар уруккуттан эрийсэр уола Игорь Кудрявцев баар. Чурапчыга Дмитрий Петрович Коркиҥҥа бииргэ эрчиллэ сылдьыбыттара, ол кэнниттэн республика араас күрэхтэһиилэригэр эрийсэн ахан биэрдилэр, онон иэмнэрин-дьаамнарын билсиспит дьон.
…ЧУРАПЧЫГА ветвраһынан үлэлиир сылларыгар киэһээтин соло буоллар эрэ, борцовкаларын туппутунан күөл уҥуор икки биэрэстэлээх сиргэ баар саалаҕа барара. Дмитрий Петрович кинини куруутун үөрэ көрсөрө, спорка бэриниилээҕин иһин буолуо, иитиллээччилэригэр холобур тутара, уолаттарын кытары уочарытынан туһуннарара. Бөтүрүөбүс, тустууктар тренердэрин убаастаан итинник ааттыыллара, кытаанах ирдэбиллээх, көрдөбүллээх киһи этэ, бастаан утаа дьиппиэн да курдуга, ол эрэн сиэрдээх, быһаччы эттэххэ, тренер этэ. Тренер киирдэҕинэ ньуу-ньаа саҥанан туолан турбут саала биирдэ им-дьим буола түһэрэ, түннүккэ сахсырҕа дыыгыныыра иһиллэр чуумпута бүрүүкүүрэ.
Ол кэмҥэ, Дмитрий Петрович көмөтүнэн, зона күрэхтэһиилэригэр, “Урожай” ДСО Россиятааҕы түһүлгэтигэр, онтон да араас таһымнаах турнирдарга кыттыбыта, сири-дойдуну көрбүтэ, опытырбыта.
Оччолорго Бөтүрүөбүскэ Юрий Андреев, Игорь Кудрявцев, Семен Бойнов, Савва Григорьев, Петр Плотников, Георгий Николаев эрчиллэллэрэ. Саҥа дьарыктана кэлбит Роман Дмитриевы өйдүүр. Бастаан утаа олус көҕө суохтук тустар уолтан биир бэйэтэ астымматаҕа, Бөтүрүөбүс киниэхэ элбэҕи биэрбит этэ, кэлин киһи билбэтинии эбиллибитэ, кыаҕырбыта…
Иккис күнүгэр Бииктэр табыллыбата — бастакы хапсыһыытыгар утарылаһааччытын биир очконан баһыйа тутан баран, иккиһигэр Аллараа Халыма бөҕөһө Иван Яшнайдыын туста сырыттахтарына, судьуйалар көҕө суох тустаҕыт диэн үстэ сэрэтии оҥорон баран иккиэннэригэр хотторууну биэрдилэр.
Үһүс күн, полуфиналга, Игорь Кудрявцевтыын туста тахсаллар. Бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик билсэр бөҕөстөр туораттан көрдөххө анньыһа сылдьар курдуктарын иһин, утарылаһааччылара хас хамсаныытынан ханнык албаһы оҥороору сорунарын сэрэйэн көмүскэнэ охсоллор. Сыратын-сылбатын эмпит тыҥааһыннаах хапсыһыы Бииктэр туһатыгар түмүктэммитэ, биир очконан чорбойбута.
Финалга Киргизия маастара Кицтиин тустуохтаах. Киниттэн өндөс, модьу-таҕа бөҕөс. Кудрявцевтыын тусталларын көрбүтэ, Игоры олох оҕо курдук туппута, таптаабытынан тамнаабыта. Төһө да салыннар хайыай, көбүөргэ таҕыстаҕа дии. Арай утарылаһааччыта көстүбэт. Утаакы буолаат киһитэ ыалдьыбытын биллэрдилэр, кыайыыны быһа Бииктэргэ биэрдилэр. Отучча сылы быһа тустубут, республика биир күүстээх бөҕөһө дьэ спорт маастара буолбутуттан үөрбүт көрөөччүлэр дохсун ытыс таһыныыларын, уруйдуур хаһыыларын ортотугар дөйбүттүү турбахтаата, судьуйа ыҥыран ылан көбүөр ортотугар киллэрэн илиитин өрө көтөхпүтүгэр уйадыйыах курдук буолла. Доҕотторо сүүрэн тахсан көтөҕөн ылан өрүтэ быраҕаттаатылар. Дохсун үөрүү иэйиитэ дууһатын кууста. Хараҕын иннигэр аҕатын, убайын, игирэ балтыларын мөссүөннэрэ бытаардыллыбыт киинэ кадрдарыныы субуһан көстөн аастылар. “ Оо, оҕокком!” — ийэтин куолаһа кулгааҕар иһиллэргэ дылы гынна.
Роман ПОПОВ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
1991 с.
(Роман Попов “Ахтылҕан сылааһынан илгийэн” кинигэтиттэн).