Николай Старостин: «Аармыйаҕа бырааттаһыы» хас биирдии сулууспалаабыт киһиэхэ саамай күндү

Ааптар: 
28.05.2021
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 28 күнүгэр Арассыыйаҕа пограничник күнэ бэлиэтэнэр. Бүгүҥҥү идэлээх бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, Аҕа дойдутугар ытык иэһин оччотооҕу Сэбиэскэй сойуус кыраныыссатын көмүскүүр сулууспаҕа ааспыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгыттан Николай Прокопьевич Старостинтан  сулууспалаабыт кэмнэрин ахтан-санаан  ааһарыгар көрдөстүбүт.

«Пограничник күнэ сүҥкэн баай ис хоһоонноох уонна албан ааттаах устуоруйалаах. Биллэрин курдук, 1918 сыллаахха ыам ыйын 28 күнүгэр Совнарком Декретинэн РСФСР Пограничнай чаастара тэриллибиттэрэ. Онтон ыла пограничниктар дойдубут көҥүлүн, араллаана суох олоҕун инники кирбиигэ кыраныыссабытын араҥаччылаан хааччыйаллар. Бу күн Аҕа дойдубут иннигэр бэриниилээх, күүстээх, бигэ санаалаах дьону сомоҕолуур. Кэнэҕэски ыччаттарбытыгар үтүө холобур туоһута буола туруохтара!
Барыгытыгар үтүөнү, этэҥҥэ буолууну уонна чугас дьоҥҥут истиҥ-иһирэх сыһыаннарын баҕарабын!» диэн Николай Прокопьевич инстаграм ситимигэр тус санаатын үллэстэр.

Приаргунскай пограничнай этэрээккэ

Мин 1989 сыллаахха ыам ыйын 23 күнүгэр Дьокуускай куораттан ыҥырыллан Забайкальскай уокурукка Краснознаменнай Приаргунскай пограничнай этэрээккэ сулууспалаабытым. Саха сириттэн 40 буолан барбыппыт. Ол иһигэр сахалар төрдүө этибит: Сунтаартан, Абыйтан, Халыматтан уонна Мэҥэ Хаҥаластан. Кытайы кытары кыраныыссаҕа турар 2018 байыаннай чааска Приаргунскай пограничнай этэрээккэ тиийэммит, байыаннай чааска иитэр-үөрэтэр үөрэххэ сылдьыбыппыт. Үөрэх кэнниттэн кыраныысса араас муннуктарынан тарҕаспыппыт, мин Приаргунскай пограничнай этэрээккэ хаалбытым. Күһүн 9- с нүөмэрдээх «Застава Мысовая» диэн заставаҕа тиийбитим. Үөрэх кэннэ, дьэ дьиҥнээх сулууспабыт саҕаламмыта.

Оскар диэн ыттаах этим

Үөрэнэ сылдьан заставаларга тиийэн эмиэ үлэлэһэр, көмөлөһөр этибит. Үөрэх кэмигэр идэни талыы боппуруоһа турбутугар, ким ханнык хайысхаҕа чугаһынан, туохха дьоҕурдааҕынан үөрэммиппит. Ким эрэ повар, ким эрэ мотоманевр механига, ким эрэ тутуу хайысхатыгар үлэлээбиппит. Биһиги үһүө буоламмыт ыты иитэр баһаатай идэтин талбыппыт. Сахалар буоларбыт быһыытынан, бэйэбитин ыттарга, дьиэ кыылыгар чугастык сананарбыт.  Онон  Ыт сулууспатын баһаатайын идэтин ылбыппыт. Ол курдук застава отделениетыгар тиийэн сулууспалаабыппыт. Оскар диэн ыттаах этим.

Заставаҕа бары биир ыал оҕотун курдук

Сулууспалаабыт күннэрбин олус диэн күндүтүк саныыбын. Заставаҕа араас омук бары  бииргэ биир ыал оҕотун курдук  олорбуппут. Барыта уонча омук, ол иһигэр  улуу нуучча норуота уонна украинецтар баһыйар элбэх этилэр, ону тэҥэ  Дагестан, Кавказ, Азербайджан омуктара бааллара. Аҕыйах ахсааннаах  омуктартан: мин — соҕотох саха, тувин уонна Бурятияттан нуучча уолаттара сулууспалаабыппыт.

Сулууспа кэмигэр араас түгэн элбэх этэ. Мин заставам территориятыгар хас даҕаны киһи кыраныыссаны кэспитэ.  Оннук түгэҥҥэ  биһиги толору эппиэтинэс ылынан: ким дозорга, ким заслоҥҥа, ким оперативнай этэрээккэ — бары бэйэбит эбээһинэспитинэн үлэлиирбит.

Икки сыл устата Сэбиэскэй сойуус кыраныыссатын харабыллаабыппыт. 1991 с. бэс ыйын саҥатыгар дойдум иннигэр ытык иэспин төлөөн кэлбитим кэннэ, икки ый буолан баран, хомойуох иһин, Сэбиэскэй сойууспут ыһыллан хаалбыта… Сэбиэскэй сойууһу харабыллаан, ытык иэспитин төлөөн, партриотическэй иитиини баран кэлбит дьоҥҥо олус хомолтолоох этэ.

«Пограничнай братство» күүһэ

Төһө даҕаны отуттан тахса сыл аастар, бииргэ сулууспалаабыт уолаттарбын кытары билсэбит, суруйсабыт, кэпсэтэбит,  бэйэ-бэйэбитин олус чугастык күндүтүк, бииргэ төрөөбүттэр тэҥэ санаһабыт. Чуолаан бүгүҥҥү күн — биһиэхэ ордук күндү.

«Пограничнай братство» диэн урукку Сэбиэскэй сойуус үрдүнэн олус күүстээх.

Бастаан утаа бииргэ сулууспалыы барбыт табаарыстарбын кытары Дьокуускайга көрсөн бэлиэтиир этибит.  Билигин дойдубар.  Мэҥэ Хаҥаласка улууспут үрдүнэн 100-тэн тахса пограничнай сулууспаҕа ытык иэстэрин төлөөбүт дьон баар. Ордук Сэбиэскэй сойуус кыраныыссатыгар сулууспалаабыт аҕа саастаах убайдар элбэхтэр эбит. Арктикаттан саҕалаан Кавказ уонна Соҕуруу кыраныыссалары барытын кэрийэ сулууспалаабыт дьон бааллар.

Пограничнай сулууспа күнүгэр олус интэриэһинэй  тэрээһиннэри тэрийэбит. Ол курдук түмсэн күрэхтэһэбит, куонкурустары ыытабыт. Бэйэ бэйэбитигэр урукку түгэннэри кэпсэтэн, өйдөөн-санаан дуоһуйан тарҕаһабыт. Бу «аармыйаҕа бырааттаһыы»  диэн хас биирдии сулууспалаабыт киһиэхэ олус күндү.

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0