Николай Слепцов: “Биһиги күүспүт — түмсүүгэ”

26.02.2019
Бөлөххө киир:

НИКОЛАЙ ВЛАДИМИРОВИЧ СЛЕПЦОВ
Максим Аммосов төрөөбүт-үөскээбит Нам улууһун Хатырыгыттан төрүттээх. Физкултуура учууталын идэтин ылбыта, РФ бэрэсидьиэнин иһинэн судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы академиятыгар (РАГС) үөрэммитэ. Юрист идэтин баһылаабыта.

edersaas.ru

Аан бастаан Нам улууһун II Хомустааҕар оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Онтон дойдутугар, Хатырыкка нэһилиэк баһылыгынан, биэс сыл Нам улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Дьокуускай куоракка икки тэрилтэҕэ үлэлии сылдьан, куорат үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Василий Петров ыҥырыытынан Самсоновтар ааттарынан Хатас оскуолатыгар дириэктэринэн ананан кэлбитэ үһүс сылыгар барда.

— Николай Владимирович, Хатас оскуолатыгар маҥнайгы кылааска сыл аайы төһө оҕо үөрэнэ киирэрий?
— Түөрт кылаас аһыллар, ол түөрт кылаастан биирэ — нуучча кылааһа. Сыл аайы 100-чэ оҕо кэлэр, кинилэр маҥнайгы кылааска киирэллэригэр туох да мэһэй, харгыс суох, барыларыгар миэстэ тиийэр. Саҥа ирдэбилинэн, электроннай уочарат тутуһуллар. Ол гынан баран, олунньу 1 күнүттэн төрөппүттэр бэйэлэрэ кэлэн, сайабылыанньа суруйаллар. Оскуола приемнайыгар кэллэхтэринэ эбэтэр эрийдэхтэринэ, интэриэһиргиир боппуруостарын барытын быһааран биэрэллэр.

— Хатаска пропискалаах эрэ оҕолору ылаллар дуо?
— Бастакы ирдэбилинэн, Хатаска пропискалаах буолуохтаахтар. Оттон пропискатын оҥорторо илик эбэтэр дьиэ түүлэһэн олорор дьон ханнык аадырыска олороллорун бигэргэтэн, олохтоох дьаһалтаттан ыспыраапка аҕаллахтарына, биһиэхэ үөрэнэр кыахтаналлар. Манна сыһыаран эттэххэ, куорат чугаһынааҕы атын дэриэбинэлэртэн (холобур, Пригороднайтан) улаханнык ыла сатаабаппыт. Тоҕо диэтэххэ, оҕо үөрэнэ кэлэригэр-барарыгар ыарахаттардаах, төрөппүт да, оскуола да улахан эппиэтинэһи сүгэр.

Хатас хас да түөлбэҕэ арахсар, киэҥ сиринэн тэнийэн олорор. Биһиги сайаапкабытынан Дьокуускай куорат дьаһалтата оптуобус биэрэр. Онон, тымныы күннэргэ бигэргэтиллибит анал маршрутунан кыра кылаас үөрэнээччилэрин оптуобус таһар. Оҕолорбут икки симиэнэнэн үөрэнэр буоланнар, оптуобус сарсыарда 7.30 чаастан саҕалаан, киэһэ үөрэх бүппүтүн кэннэ оҕолору дьиэлэринэн тарҕатар. Ол гынан баран, суол-иис наһаа үчүгэйэ суох буолан, 32 миэстэлээх ПАЗ оптуобус сылдьарыгар уустук. Үксүгэр төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрэ аҕалаллар-илдьэллэр. Кыра кылааска үөрэнэр оҕолоох хайа төрөппүт оҕотун бэйэтэ аҕаларын-илдьэрин кылаас салайааччыта билэр эбээһинэстээх.

— Үөһээ кылааска тахсан баран, куоракка киирэн үөрэнэр оҕо төһө элбэҕий?
— Кистэл буолбатах, куорат аттыгар олорор буоламмыт, оҕо хамсааһына баар. Аҥаардас Пригороднай сэлиэнньэтигэр Чиряев арыйбыт физика-математика кылааһыгар 40-ча оҕо үөрэнэрэ. Кинилэри оптуобус таһара. Үөрэнээччилэртэн ыйыттахха: “Оскуолабытыгар итинник кылаас суоҕун иһин барбыппыт”, — дииллэр. Төрөппүт оҕотун билиитин кэҥэтээри, сайыннараары эрдэттэн хайысхалаах оскуолаҕа үөрэттэрэ сатыыра өйдөнөр. Итини барытын учуоттаан, орто сүһүөххэ математиканы дириҥэтэн үөрэтэр, онтон 10–11 кылаастарга агротиэхиньиичэскэй хайысхалаах, физика, математика, биология профильнай биридимиэтэрдээх кылаастары арыйбыппыт. Аны ФГҮөС ирдэбилинэн оҕо улахан кылааска үөрэҕин бэйэтэ былааннаан, хайысхатын таллаҕына, кини инники идэтин сөптөөхтүк таба тайанарыгар олук буолар. Оччоҕо бэйэтин оскуолатыттан атын сиргэ үөрэнэ сатыыр оҕо ахсаана аҕыйыа этэ.

Үөрэнээччилэрбит 5-с кылаастан саҕалаан “агробизнес оскуолатыгар”, 1–11 кылаастарга урбаан предметигэр (алын уонна орто кылаастар — үөрэх таһынан, 9–11 кылаастар — биридимиэт быһыытынан) үөрэнэллэр. Тыа сирин олохтооҕо — бэйэтин сиригэр хаһаайын. Сир инники кэскилэ хайдах хаһаайыннааҕыттан улахан тутулуктаах. Онон оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн сиргэ-уокка хаһаайынныы сыһыаннаһалларыгар, үгэстэри уонна урбааны дьүөрэлииллэригэр, бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр, атахтарыгар бигэтик туралларыгар эрдэттэн үөрэтии, уһуйуу наада. Биллэн турар, ким ханнык идэни таларын хааччахтаабаппыт, ол аата булгуччу тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр үөрэн диэн модьуйуу суох. Ол да буоллар, тыа хаһаайыстыбатын техникумугар, академиятыгар биһиги оҕолорбут киирэ тураллар.

— Сотору УоСЭ (ОГЭ), БКЭ (ЕГЭ) диэн тыллар хас биирдии үөрэнээччи, төрөппүт уоһуттан түспэт долгутуулаах кэмнэрэ кэлиэхтэрэ.
— Соторутааҕыта оскуолабытыгар УоСЭ-ҕа бастакы кэпсэтии, сэһэргэһии барбыта. Алын кылаастартан саҕалаан бэлэмнэнии үлэтин ыытабыт. Сорох үөрэнээччилэрбит оробуочай идэни ыла тураары, тохсус кылааһы бүтэрэн баран, орто үөрэххэ бараллар. БКЭ-ҕэ ирдэбил эмиэ күүстээх. Бу кэмнэргэ социальнай, психологическай сулууспалар оҕолору да, төрөппүттэри да кытта үлэлииллэр.

Бу сылларга WorldSkills Junior хамсааһын күүскэ ыытылынна. Манна сыл аайы араас компетенцияны элбэтэ турабыт. Онон оҕолор ханнык үөрэҕи талалларыгар үлэ барар.

— Баай историялаах оскуолаҕа каадыр боппуруоһа хайдаҕый?
— Каадыр боппуруоһугар күчүмэҕэйдэр суохтар. Үлэһиттэрбитинэн толору хааччыллан олоробут. Хайдахтаах да үчүгэй исписэлиис куораттан сылдьан үлэлиирэ ыараханын учуоттаан, бэйэбит оскуолабытын бүтэрбит исписэлиистэри уонна Хатаска олохтоох учууталлары ыла сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, 847 оҕо икки симиэнэнэн үөрэнэр оскуолатыгар үлэлиир манан дьыала буолбатах. Учууталлары кытта мунньах, араас тэрээһин ыытар буоллаххына, киэһэ 6–7 чаас эрэ диэки мустар кыахтанаҕын. Ол да буоллар, санаабытын түһэрбэппит. Түгэнинэн туһанан, куорат дьаһалтатыгар махтаныахпытын баҕарабыт, харчы көрөн, оскуолабытыгар сыһыары тутуу (пристрой) бырайыагын оҥоро сылдьабыт. Олунньу бүтүүтэ бырайыакпыт эспэртиисэтин ыллахпытына, аны тутуутугар күүскэ үлэлэһиэхтээхпит. Сыһыары тутуубут үлэҕэ киирдэҕинэ, биһиги биир симиэнэнэн үөрэниэхтээхпит.

— Хатаска кэлбит киһиэхэ үс этээстээх таас оскуола ыраахтан килэйэн-халайан көстөр. Ону көрөн: “Хатас үөрэнээччилэрэ дьоллоох оҕолор эбит”  диэн астына уонна киэн тутта саныыгын. Усулуобуйаҕыт бары ирдэбилгэ эппиэттиир дуо? Арай мунньахтыыр саалалара суох эбит дуу, дии санаабыттаахпын.
— Таас оскуолабыт типовай тутуу буолан, ирдэбилгэ эппиэттиир. Тупсаҕай оҥоһуулаах, остолобуойбут, буҕалтыарыйабыт бэйэбит гиэнэ. Эн этэриҥ курдук, саалабыт суох буолан, мунньахтарбытын, улахан тэрээһиннэрбитин спорт саалатыгар ыытабыт.
Киһи үөрэрэ диэн, үөрэнээччилэрбит ахсаана сыл аайы эбиллэ турар, өссө да эбиллиэ турдаҕа. Тоҕо диэтэххэ, элбэх оҕолоохторго Хатас сиригэр-уотугар учаастак түҥэтэлээбиттэрэ. Уота, гааһа эмискэ быһаарыллан элбэх киһи кэллэҕинэ, барыларын оскуолаҕа ыла охсор кыах суох курдук. Хатас генеральнай былаанын быһыытынан, өссө биир оскуола Агрогородок учаастагар тутуллара былааннанар.

 Хатас уопсастыбаннай олоҕо күөстүү оргуйар. Онно барытыгар эһиги Самсоновтар ааттарынан оскуолаҕыт кэлэктиибэ инники күөҥҥэ сылдьар. 
— Нэһилиэкпит олоҕор көхтөөхтүк кыттабыт. 15 киһилээх эр дьон ансаамбыла баар. Эр дьон ансаамбыла тэриллибитин кэннэ, аны кэрэ аҥаардарбыт хор тэринэргэ этии киллэрбиттэрэ. Онон 50 киһилээх хордаахпыт. Нэһилиэк эрэ буолбакка, куоракка ыытыллар тэрээһиннэргэ ыҥырыллан кыттабыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга миэстэлэһэбит.

— Эн ситиһииҥ туохханый?
— Уопсайынан, биир сиргэ олорбокко, тугу эрэ ситиһээри сүүрэр-көтөр үлэни ордоробун. Үөрэнээччилэрбит, учууталларбыт ситиһиилэриттэн, үлэбит-хамнаспыт табылларыттан олус үөрэбин. Хатас оскуолата бэйэтин суолун сөпкө талан, саҥаттан-саҥа сүүрээннэри киллэрэн, олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыр. Сайдыы барар, ол иһигэр национальнай бырайыактарга, граннарга үлэлэһэн эрэбит. Уопсайынан кэлэктииппэр олус махтанабын. Бары үлэлэригэр олус бэриниилээхтэр, үлэлииргэ баҕалаахтар. Кэлэктиип “Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ” диэн тускулу тутуһан үлэлиирин оскуола учууталларын, үөрэнээччилэрин ситиһиилэрэ кэрэһилииллэр.


ОСКУОЛА САҤА СҮҮРЭЭННЭРЭ
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ саҥа кэлбит салайааччы туох эрэ сонун сүүрээни киллэрэр үгэһэ баар. Эбэтэр уларыта тутуу, саҥаны киллэрии кэмэ бэйэтэ кэлбит буолар.

“Биридимиэтинэн арааран үөрэтии”

Дьокуускай куорат биир алын сүһүөх оскуолатын кытары бииргэ үлэлэһэннэр, кинилэр үөрүйэхтэрин туһанан эрэллэр. Үөрэх хаачыстыбатын тупсарар сыалтан алын кылаастарга биридимиэтинэн арааран үөрэтии быйыл саҕаланна. Кырачааннары түөрт сылы быһа наар биир учуутал үөрэтэн, этэргэ дылы, оҕолорго ийэ курдук буолан хаалар. Оттон атын гуманитарнай эбэтэр политехническай хайысхалаах учуутал кэлэн дириҥник үөрэттэҕинэ, хаачыстыба да мэктиэлэнэр.

Кадет уонна гендернэй кылаастар 

2017 сылтан кадет кылааһа, 2018 сыл балаҕан ыйыттан гендернэй кылаастар арылыннылар. Чопчулаан эттэххэ, бэһис кылааска 20 уол, 20 кыыс арахсан үөрэнэллэр. Бу кылаастары ыллылар да, тута арыйан кэбиспэтэхтэрэ. Үөһээ Бүлүүлэр гендернэй үөрэхтээһиннэрин уонна Уус Алдан улууһун “Уолан” гимназиятын уопуттарын билсэн, сүбэлэһэн баран быһаарыммыттар. 6-с, 7-с, 8-с кылаастарга обургу оҕо саас (подростковай) кэлэр. Ол иһин, уолу-кыыһы туспа араартаан, бастатан туран, өбүгэ үгэстэригэр үөрэтэллэр, сахалыы тыыны иҥэрэллэр, уол уонна кыыс айылҕаттан аналларын өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэрэллэр. Үөрэнээччилэр салгыы ханнык идэҕэ барыахтарын баҕаралларынан, онус кылааска хайысхаларын бэйэлэрэ талаллар.

Лаборатория

247 кв миэтирэ иэннээх эргэ мастарыскыай хаарбах туруктаах турбутун сөргүтэн, лаборатория оҥорон үлэлэттилэр. Муостатын, үрдүн бүтүннүү көтүрэн, учууталлар уонна төрөппүттэр субуотунньук тэрийэн барытын аныгы матырыйаалларынан хос оҥордулар. Инньэ гынан, Саҥа дьыл иннинэ үөрэнээччилэригэр күндү бэлэҕи оҥордулар. Сып-сырдык, саҥалыы тыыннаммыт дьиэлэрин “универсальнай лаборатория” диэн ааттаатылар. Манна уолаттар үөрэх кэнниттэн производственнай үөрэх маастарын көмөтүнэн айти технология, робототехника, урбаан, агротехнология эридьиэстэрин баһылыыллар. Барыта 351 оҕо дьарыктанар, инникитин 700 оҕо дьарыктанар буолуоҕа. Лаборатория былаана киэҥ. “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” диэн бырайыакка кыттаары, наадалаах докумуоннары хомуйса сылдьаллар. Табылыннаҕына, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, Дьокуускай куорат уонна чугас улуустар үөрэнээччилэрэ Хатастааҕы универсальнай лабораторияҕа кэлэн үөрэнэр, оттон Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын академиятын устудьуоннара быраактыкаларын барар буолуохтара.

Аны учууталлар бэйэлэрэ харчы хомуйан тутуллан испит былаһаакканы оҥорон, сабыылаах спортивнай былаһаакка оҥорон таһаардылар. Олунньуга биллэриллибит харантыын кэмигэр ким да үлэтэ суох олорбото. Учууталлар Саҥа дьыл иннинэ оскуолаларын ис туругун тупсарыахха диэн этии киллэрэн, бэйэлэрэ үбүлээн, харантыын кэмигэр дизайннаан, үс этээһи барытын кырааскалаан, уруһуйдаан, үөрэнээччилэр, балаҕан ыйын 1 күнүн курдук, сибиэһэй кырааска сыттаах оскуолаҕа үөрэнэ кэллилэр.

“Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» тускулу тутуһан 

1915 сыллаахха Хатастааҕы Таҥара дьиэтин аҕабыытын кыһамньытынан Хатаска церковнай-приходской оскуола аһыллыбыта. Оскуола таҥара дьиэтин кытары кэккэлэһэ турар олохтоох лөчүөк дьиэтигэр олохсуйбута. Сэбиэдиссэйинэн аҕабыыт Георгий Берденников, учууталынан лөчүөк Николай Винокуров анаммыттара. Оскуоланы Дьокуускайдааҕы епархиальнай училище сэбиэтэ бас билэрэ, Дьокуускайдааҕы епархия уонна земство биэрэр үбүнэн олорбута. Учуутал акылаата сылга 120 солкуобайга тэҥнэһэрэ.

1916 сыл ахсынньы 20 күнүнээҕи туругунан, оскуолаҕа 12 оҕо (9 уол уонна 3 кыыс) үөрэммитэ. Сотору сэбиэдиссэй пансионат аһылларын эбэтэр ыраахтан кэлэн үөрэнэр оҕолорго олороллоругар үп-харчы көрүллэрэ наадатын туруорсубута. Оскуола үлэтэ-хамнаһа гражданскай сэрии саҕана тохтотуллубута. Оскуоланы аһар туһунан боппуруос 1920 сыллаахха хаттаан сөргүтүллүбүтэ. 1921 сыл ахсынньы 11 күнүгэр чугастааҕы нэһилиэктэр сэбиэттэрин уопсай мунньаҕа Хатаска оскуоланы арыйарга, оскуола сэбиэтин таларга, учууталынан Тиит Арыы оскуолатыгар учууталлаабыт Михаил Ильич Попову аныырга хадатаайыстыба суруйбута. Хадатаайыстыбаҕа үөрэнэр саастаах 222 оҕо баара ыйыллыбыта.

1923 сыл тохсунньу 1 күнүгэр сэлиэнньэҕэ М. Ф. Дьяконов учууталлаах икки кылаастаах оскуола аһыллыбыта. Онтон 1923 сыл атырдьах ыйыттан оскуола сэбиэдиссэйинэн М. И. Попов анаммыта.

1930 сыллаахха оскуола 4 кылаастаах оскуолаҕа уларытыллыбыта, таҥара дьиэтин биэрбиттэрэ.

1937 сыллаахха бөһүөлэк ортотугар 112 миэстэлээх оскуола тутуллубута. Дириэктэринэн Н. П. Аллахскай үлэлээбитэ.

1958 сыллаахха оскуола 8 кылаастаах этэ, онтон 1963 сыллаахха толору уон кылаастанан, орто оскуола аатын ылбыта.

Хатас орто оскуолатын аан маҥнайгы бүтэрээччилэринэн 1966 сыллааҕы үөрэнээччилэр буолбуттара.

1972 сыллаахха орто оскуола 320 миэстэлээх саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Оскуола тиэргэнигэр бэйэтэ учаастактаах уонна “тыыннаах муннуктаах” этэ.
Оскуола сайдыытыгар сүрүн түһүмэҕинэн РФ уонна СӨ үтүөлээх учууталлара, Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уонна “Бочуот Знага” уордьаннар кавалердара Надежда Евменьевна уонна Парфений Никитич Самсоновтар үлэлээбит кэмнэрэ этэ. Кинилэр оскуола кэлэктиибигэр улахан көмөнү оҥорбуттара. Самсоновтар өҥөлөрүн, сыралаах үлэлэрин учуоттаан, Хатас орто оскуолатыгар Н. Е. уонна П. Н. Самсоновтар ааттарын иҥэрэр туһунан СӨ бырабыыталыстыбата 1995 сыл олунньу 8 күнүгэр уураах таһаарбыта.

2005 с. Хатас орто оскуолата үс этээстээх таас оскуолаламмыта.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0