Николай Сибиряков аатынан гитаранан ырыа куонкуруһа

Ааптар: 
18.06.2017
Бөлөххө киир:

Чурапчыга уон бэһис төгүлүн тэриллибит инбэлииттэр киин уонна илин эҥээр улуустарынааҕы спортивнай-култуурунай бэстибээллэрин чэрчитинэн, Чурапчыттан төрүттээх самодеятельнай композитор, элбэх нарын иэйиилээх ырыалары айан хаалларбыт Николай Сибиряков аатынан гитаранан ырыа куонкуруһа буолан ааста.

Edersaas ru.

Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоннор араас улуустартан ох курдук оҥостон, гитара аргыстаах, сэргэх ырыалаах-тойуктаах кэлэннэр бэртээхэй ырыа түһүлгэтин тэрийдилэр. Бары да бииртэн биир бэрт эбиттэр эрээри, куонкурус аата куонкурус, кыайыылаах быһаарыллыахтаах.

Түмүккэ Тааттаттан сылдьар Иван Лобанов үһүс, Дьокуускай куораттан тиийбит Григорий Дмитриев иккис, Чурапчы улууһуттан кыттыбыт Леонид Собакин бастакы миэстэлэри ыллылар. Оттон Виктор Дьяконов тылларыгар, Николай Сибиряков мелодиятыгар «Сааскы ырыа» диэн ырыаны иэйиилээхтик толорбут, Горнай улууһун бэрэстэбиитэлэ Владимир Васильев Николай Максимович дьиэ кэргэнэ олохтообут бирииһин тутта. Миэстэлэспиттэр анал дипломнарынан наҕараадаланнылар, ону таһынан куонкурус бары кыттааччыларыгар сертификаттар итиэннэ Н.Сибиряков «Айыы тыынын аатыгар», Аайа «Ол сааскы киэһэ», Намылы «Дьахтар абылыыр айылгыта» кинигэлэрэ өйдөбүнньүк быһыытынан туттарылыннылар.

Күндү биир санаалаахтарым, гитара аргыстаах доҕотторум! Эһиэхэ бары үтүөнү-кэрэни уонна туохтааҕар да күндү доруобуйаны, ыарыыны ырыанан кыайаргытыгар баҕарабын. Оттон куонкуруһу тэрийээччилэргэ бэстибээл кыттыылаахтарыгар тыыннаах ырыа дьоро киэһэтин бэлэхтээбиккит иһин махтанабын, үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһиилэри баҕарабын. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьоҕурдарын-талааннарын арыйа, кинилэри киэҥ эйгэҕэ таһаара, күннээҕи судургу олохторун киэргэтэ, үөрүүнэн толоро сылдьыҥ.

Марианна Макарова, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, гитаранан ырыа пропагандиһа.

 Edersaas ru. сайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0