Николай Ребров: “Хоһооннорум – хоболорум” 

Ааптар: 
19.01.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: edersaas.ru

Ааспыт сыл бүтүүтэ РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бэчээт туйгуна Ребров Николай Николаевич “Хоһооннорум – хоболорум”  хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ.

Хомуурунньукка араас кэмнэргэ, сүрүннээн, 2019–2023 сс. суруйбут хоһоонноро киирбиттэр.

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар Николай Ребров хоһооннорун билиһиннэрэбит.

СААСКЫ ЫРЫА

Сотору саас кэлиэ,
Кыһыны, тымныыны кыйдыаҕа,
Сылыйыа, итийиэ,
Күн уота кырыаны уулларыа.

Уһуктан, уйгууран
Арҕахтан тыатааҕы тахсыаҕа,
Уһуннук кэтэһэн
Арҕааттан куорсуннаах кэлиэҕэ.

Сырдаабыт халлааҥҥа
Сырыыбыт-айаммыт эрдэлиэ,
Чаҕылхай сарсыарда
Чыычаахпыт ырыата иһиллиэ.

Мутукча тыллыаҕа,
Барыта киэркэйиэ, тупсуоҕа,
Муусука ньиргийиэ,
Болуоссат дьонунан туолуоҕа.

Үөрүүбүт үрдээтэ,
Саас кэлэн барыта тилиннэ,
Үчүгэй үксээтэ,
Салгыммыт сылааһа билиннэ.

ЧОЛБОН – ДЬОЛ, ТАПТАЛ СУЛУҺА

Аарыма муостардаах табалар
Хомурах үрдүнэн сүүрэллэр,
Айаным устатын тухары
Халлааны одуулуу иһэбин.

Хараҥа кыһыҥҥы киэһэҕэ
Халлааҥҥа сулустар көстөллөр,
Олортон тырымныыр Чолбону
Ордорор, сөбүлүүр сүрэҕим.

Ол ыраах бөһүөлэк уоттара
Угуйан, кыламнаан ылаллар,
Ол эрэн кинилэр атыннык
Умайар, ыҥырар эбиттэр.

Хоболор биир тэҥҥэ тыастара
Бигээннэр утуктаан ылабын,
Бэрт ыраах умайар сулустар
Харахпар элэҥнээн ааһаллар.

Санаатым олоҕум сылларын,
Дьааҥыттан төрүттээх кэргэммин,
Сандаарар, тырымныыр Чолбонум
Дьол, таптал туоһута буоларын.

ЧОЛБОН – ДЬОЛ, ТАПТАЛ СУЛУҺА

Аарыма муостардаах табалар
Хомурах үрдүнэн сүүрэллэр,
Айаным устатын тухары
Халлааны одуулуу иһэбин.

Хараҥа кыһыҥҥы киэһэҕэ
Халлааҥҥа сулустар көстөллөр,
Олортон тырымныыр Чолбону
Ордорор, сөбүлүүр сүрэҕим.

Ол ыраах бөһүөлэк уоттара
Угуйан, кыламнаан ылаллар,
Ол эрэн кинилэр атыннык
Умайар, ыҥырар эбиттэр.

Хоболор биир тэҥҥэ тыастара
Бигээннэр утуктаан ылабын,
Бэрт ыраах умайар сулустар
Харахпар элэҥнээн ааһаллар.

Санаатым олоҕум сылларын,
Дьааҥыттан төрүттээх кэргэммин,
Сандаарар, тырымныыр Чолбонум
Дьол, таптал туоһута буоларын.

Ыспыраапка:

Николай Николаевич Ребров 1948 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр Саха АССР Абый оро­йуонун Муҥурдаах нэһилиэгин Сыаҥаннаах сэлиэнньэтигэр биэс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. 

1966 с. Дружина орто оскуо­латын бүтэрэн баран, оччотоо­ҕу “Оскуола–үлэ–үрдүк үөрэх” хамсааһынынан “Абый” сопхуоска оробуочайынан үлэлээбитэ. 1973 с. СГУ ИФФ устуо­руйаҕа салаатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Актыбыыс устудьуон үөрэҕин таһынан уопсастыбаннай үлэҕэ хото сыстан барбыта, хомсомуол кэмитиэтин чилиэнэ, университет “Алмаас” тутар этэрээтин комиссара, өрөспүүбүлүкэ элбэх улууһун кэрийбитэ.

Николай Николаевич үөрэҕин бүтэриэҕиттэн Абый, Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар хомсомуолга, успорка, үөрэхтээһин эйгэтигэр, сэбиэскэй, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саҥа кэмҥэ Абый улууһун баһылыгы солбуйааччытынан анаммыта.

1999 сылтан Дьокуускайга олорор, айар үлэҕэ, сонуну тарҕатар эйгэҕэ сыстан дьарыктанар. Ол курдук, “Сахаэнергоҕа”, Тэлэбиидэнньэ тиэхиньиичэскэй киинигэр, “Саха сирэ” хаһыаттарга үлэлээбитэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0