Николай Николаевич Тихонов

30.11.2016
Бөлөххө киир:

Тихонов Николай Николаевич – экономическай наука доктора, профессор, Аграрнай үөрэхтээһин норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын, Хотугу форум академиятын академига, Саха сирин бочуоттаах кырдьаҕаһа. Кини 1936 с. ахсынньы 2 күнүгэр Ньурба оройуонугар Кукаакы (Кукакинский) нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

1958 с. Ленинградтааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэммитэ. 1967 с. Воронежтааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар кандидатскай үлэтин (“Саха сирин киин улуустарын колхуостарыгар уонна сопхуостарыгар аһылыгы бэлэмнээһин экономиката” диэн тиэмэҕэ ддиссертация суруйбута) көмүскээбитэ. 1996 с. Тыа хаһаайыстыбатын экономикатын Сибиирдээҕи научнай-чинчийэр институтугар докторскай үлэтин (диссертациятын аата — “Хотугу сэлиэнньэлэр экономическай уонна социальнай сайдыылара”) көмүскээн экономическай наука докторын аатын ылбыта. 2001 с. Экономика уонна тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын тэрийии кафедратын профессора буолбута.

Николай Николаевич үөрэҕин бүтэрээт, 1959-1969 сс. Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтугар младшай, кэлин старшай научнай сотруднигынан үлэлээбитэ. 1969-1977 сс. — старшай научнай сотрудник, 1977-1981 сс. — ССРС Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи оделениетын Саха сиринээҕи филиалыгар Экономика отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1981-83 сс. Новосибирскайга Тыа хаһаайыстыбатын экономикатын Сибиирдээҕи научнай-чинчийэр институтугар сэлиэнньэлэр социальнай кыһалҕаларын үөрэтэр отдел салайааччытынан үлэлээбитэ. Онтон 1983 с. дойдутугар төннөн урукку үлэтигэр киирбитэ. 1997 с. экономика уонна тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын тэрийэр кафедра сэбиэдиссэйинэн, профессорынан үлэлээбитэ.

2007 сылтан М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Үп-экономика институтугар Үп уонна баан дьыалатын кафедратыгар күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиир. Быйыл ахсынньы 2 күнүгэр 80 сааһын бэлиэтиир.

Николай Николаевич – Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, 200-тэн тахса научнай үлэлэр, ол иһигэр уон монография, хаһаайыннара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0