Николай Местников: «Бырааттыы Украина норуота Арассыыйаны кытта бииргэ буолан эйэлээх олох эргийиэн баҕарабын»
Арассыыйа уонна Украина сыһыаннаһыыларыгар биир дойдулаахтарбыт тус санааларын үллэстэллэр. Сэрии тохтоон, бары бииргэ буолан эйэлээх олох эргийиэн баҕараллар.
Николай Местников, «Сайдыы» издательскэй полиграфическай социальнай тэрилтэ дириэктэрэ:
— Советскай Союз саҕана Украина норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар сайдыылаах, култуура, успуорт, искусство, экэниэмикэ, бырамыысыланнас өттүгэр кыахтаах союзнай өрөспүүбүлүкэнэн биллэр этэ. 90-с сыллар саҥаларыгар Советскай Союз ыһыллан, Союзнай өрөспүүбүлүкэлэр бары туһунан буолбуттара. Сэбиэскэй норуокка бу саамай уустук кэм этэ. Ыһыллыы-тоҕуллуу, бырамыысыланнас эстиитэ, арҕаа дойдулар идеологиялара, култууралара кимэн киирэн ыччат санаатын, эйгэтин ыспыта. Онтон бу кэнники 20 сыл устата үрдүкү салалтабыт сөптөөх ыытар бэлиитикэтин хайысхатынан олохпут биллэ тупсан, ас-таҥас дэлэйэн, олохпут таһыма үрдээн дойдубут аан дойду геополитикатыгар улахан сабыдыаллаах судаарыстыбаҕа кубулуйда.
Ол эрээри, кэнники кэмҥэ АХШ уонна Арҕаа дойдулар сабыдыалларыгар киирэн, 2014 сылга Украинаҕа Арассыыйаны утарар националистскай күүстэр кэлэннэр, былаас былдьаһыыта саҕаланар. Аҕыс сыл устата баччааҥҥа диэри тохтообокко бара турар Донецкай уонна Луганскай уобаластарга Украина өттүттэн күөмчүлээһин буолан, эйэлээх олох айгыраата. Ол иhин, Российскай Федерация Донецкай уонна Луганскай өрөспүүбүлүкэлэр тутулуга суох буолууларын билинэр туhунан быhаарыытын сөптөөҕүнэн уонна бу бырааттыы норуоту өрүһүүйүнэн ааҕабын. Америка уонна Арҕаа дойдулар сыаллара-соруктара Украина норуотун Арассыыйаны утары туруоран бэйэлэрин бөрүкүтэ суох дьыалаларыгар туһаныы буолар. Российскай Федерация сыала-соруга дойдуну бу кутталтан көмүскээһин буолар. Онон мин бырааттыы Украина норуота Арассыыйаны кытта бииргэ буолан эйэлээх олох эргийиэн баҕарабын.