Николай Матаннанов: “Ыччакка холобур буолуохпун баҕарабын”
«Саханефтегазбыт» тэрилтэҕэ үп салаатыгар үлэлиир, «Дыгын оонньууларын» кыттыылааҕынан уонна «Бэйбэрикээн» киинэҕэ Алтан Боотуру оонньоон норуокка киэҥник биллибит Николай Матаннановтыын кэпсэтиибитин таһаарабыт. Кини Таатта улууһуттан төрүттээх, уон кыраһыабай эр дьонун ахсааныгар киирбитэ, кэргэннээх, биир кыыс оҕолоох.
— «Сүллүүкүн тапталыгар» сүрүн оруолга оонньуугун. Артыыс айар үлэтин кытта олоххун ситимниир санаалааххын дуо?
— «Сүллүүкүн таптала» тохсунньу ыйга сыанаҕа туруохтаах, бу мин театр сыанатыгар бастакы холонуум буолар. Мин манна сүллүкүүн оруолун толоробун, үҥкүүлүүбүн, ыллыыбын. Быһата, «Красавица и чудовище» сахатыйбыт көрүҥэ буолар. Билигин испэктээкилгэ диэри бэлэмнэнии үлэтэ күүстээхтик барар. Уопсайынан, инники олохпун артыыс идэтин кытта ситимниибин диэн этиэхпин сөп. Миэхэ киинэҕэ уһуллар тоҕоостоох кэминэн сайын буолар. Режиссердартан этии киирдэҕинэ, толкуйдуохпун сөп.
— Мин эйигин Василий Яковлев-Далан «Тулаайах оҕо» арамаанын Өрөгөчөй диэн тоҥ биис хоһуунугар майгынната көрөбүн. Өскөтүн, арай бу киинэни устар буоллахтарына, бу оруолу толоруоҥ этэ дуо?
— Далан арамаанынан киинэ усталлара буоллар, уһуллуом этэ. Айымньыларын интириэһиргиибин.
— Оҕо эрдэххиттэн спорт ханнык көрүҥнэринэн дьарыктаммыккыный?
— Оҕо эрдэхпиттэн атах ооньуутунан дьарыктаммытым, ону сэргэ, «Кылыыҥкай» ансаамбылга иккис кылаастан үҥкүүлүүр этим. Улаатан баран, «Доҕордоһуу» ансаамбылыгар үҥкүүлээбитим. Улахан кылааска тахсан баран, «Эрэл” диэн эрэгийиэннээҕи многоборье күрэҕэр куруук кыттарым.
— Эн “Дыгын оонньууларын” кыттыылааҕа буолаҕын. Ол кэмтэн дьон эйигин көрөн билэр, эн тускар ыалдьар. Быйылгы оонньууларга туох эчэйиини ылан кыттыбатыҥ?
— Чахчы, быйыл кыттыбатаҕым. Күрэхтэһэ сылдьан атахпын эчэппитим. Билигин онтум оспута, онон дьарыкпын саҕалаабытым. Бу кыһын Саҥа дьыл кэнниттэн күрэхтэһиилэр саҕаланаллар. Инникитин “Дыгын оонньууларыгар” кыттар санаалаахпын. Бу кыһыҥҥы күрэхтэһиилэргэ этэҥҥэ кыттан, “Дыгын оонньууларыгар” кыттар путевканы сүүйүөххэ наада.
— Эһиги дьиэ кэргэн туох үтүө үгэстэрдээххитий, Саҥа дьылы хайдах, ханна көрсөҕүтүй?
— Биһиги дьиэ кэргэн төрөөбүт күннэри бэлиэтиир, аймахтарынан хардарыта ыалдьыттаһар үгэстэрдээхпит. Ону таһынан, сахалар биир саамай улахан бырааһынньыкпытын — үрүҥ тунах ыһыаҕы хайаан да бэлиэтиибит. Ол күн биһиги дьиэ кэргэн мустабыт. Оттон Саҥа дьылы биһиги Дьокуускай куоракка, чааһынай дьиэҕэ дьоммутугар өрүү бэлиэтиибит.
— Николай, эйигин хоһоон айар дииллэр.
— Ханна оннук диэн суруйбут буолахтарай, хоһоон айааччым суох. Айар үлэни кытта ситимим киинэҕэ уонна сыанаҕа оонньооһун эрэ буолар.
— Булка сыһыаныҥ?
— Саха эр киһитэ буоларым быһыытынан, булду сөбүлүүбүн. Сааскы куһу ордук астынабын. Бу кэмҥэ айылҕа уһуктар, тиллэр. Төрөөбүт дойдубут ураты кэрэтин саха эр киһитэ сааскы булка билэр дии саныыбын.
— Олоххо тутуһар санааҥ.
— Мин олоххо тутуһар санаам — чөл олох. Ол чөл олоҕу тутуһуу диэн, спордунан дьарыктаныы, аһыы утаҕы, табааҕы утарыы эрэ буолбатах. Чөл олох диэн ис-иһиттэн чөл санаалаах, сайдыылаах, инникигэ эрэллээх буолуу дии саныыбын. Онон мин бу тутуһар санаам ыччакка, улаатан эрэр оҕолорго үтүө холобур буолуохтаах диэн санаанан салайтарабын.
Дьиэ кэргэним, дойдум, дьонум-сэргэм туһугар күүстээхтик дьарыктанар, үлэлиир уонна сайдар былааннаахпын.
Ульяна ЗАХАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru