Николай Кульбертиновы кытта Өймөкөөн полицията — инники күөҥҥэ

Ааптар: 
28.07.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ СӨ ИДьМ Коллегията сыл аҥардааҕы үлэ түмүгүн таһаарда. Онно бары көрдөрүүлэринэн 34 улуустан Өймөкөөн улууһа бастаан таҕыста. Бу ситиһии, биллэн турар, улуустааҕы Ис дьыала отделын салалтатын тэрийэр үлэтин кытта ыкса сибээстээҕэ чахчы. Онон кэпсэтиибит, сүрүннээн, ол тула барыаҕа.

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим – полиция полковнига Николай КУЛЬБЕРТИНОВ.

edersaas.ru

 


— Николай Иванович, икки эрэ сыл иһигэр Өймөкөөн полициятын инники күөҥҥэ таһаарыыҥ тугу кытта сибээстээҕий?

— Мин Өймөкөөн улууһугар 2015 сыл тохсунньутугар үлэлии кэлбитим. Ол кэмҥэ сыллааҕы үлэ түмүгүнэн улуус 34-тэн 33-с миэстэҕэ сылдьар этэ. 2016 сыл түмүгүнэн 6-с миэстэ буолбуппут. 2017 сыл бастакы аҥаарыгар буруйу оҥоруу түбэлтэтин 96, 2% арыйан, бастакы миэстэҕэ таҕыстыбыт. 2015 с. бу көрдөрүү 56,5% эбит.

Биллэн турар, ситиһии төрдө — каадыры таба аттарыы. 2015 сыллаахха ИДьО штакка 15 киһи тиийбэт этэ. Билигин барыта 49 сотрудниктаахпыт. Бары анал үөрэхтээх, уопуттаах исписэлиистэр. Ол да иһин буолуо, үлэлэрэ тахсыылаах. Тэҥнээн көрүөх, биир холобур — сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолор буруйу оҥорууларын арыйыы. 2014 сыллаахха 22 буруйуу оҥоруу чахчыта баар эбит буоллаҕына, 2015 с. – 10, 2016 с.– 5, 2017 с. (сыл бастакы аҥаарыгар) – 1.

Маны таһынан, отдел материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтүүгэ улахан болҕомтобутун уурдубут. Ол курдук, эргэ тиэхиникэни списаниеҕа таһааран баран, икки сыл иһигэр 6 саҥа массыынаны, үс мотуордаах оҥочону, “Трекл” мааркалаах улахан кыамталаах көлөнү ыллыбыт. Үлэлиир тэрилтэбитин өрөмүөннээтибит. Томтор нэһилиэгэр “Буруйу оҥорууну бопсор үлэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан 2 мөл. солк. үбү тыырдаран, учаастактааҕы пууммутун өрөмүөннэттибит. Саҥардыллыбыт тэрилтэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыыга СӨ Ис Дьыалаҕа миниистирэ Владимир Прокопенко бэйэтинэн кэлэн эҕэрдэлээн, учаастактааҕы полицияны өйөөн, саҥа УАЗ-Патриот күлүүһүн туттарбыта.

— Тымныы полюһугар анал идэлээх каадыры ыҥыран аҕалыах диэтэххэ, уустук буолуохтаах. Туох ньыманы туһанан штаккын толордуҥ?

— Биллэн турар, үлэһит бастакы ирдэбилэ – олорор дьиэнэн хааччыйыы. Мин дьолбор диэххэ дуу, саҥа үлэҕэ ананыым саҕана улуус муниципалитетын баһылыга Михаил Захаров өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр “Стройкон” тутуу фирматыгар таба тайанан, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааммата тэтимнээхтик олоххо киирбитэ. Уус-Ньараҕа саҥа дьиэ тэллэй курдук элбээбитэ. Онно үгүс эдэр исписэлиис эмиэ дьиэлэммитэ. Дьон көспүт дьиэлэриттэн элбэх кыбартыыра босхоломмута. Ол онтон биэс кыбартыыраны киин куораттан аҕалбыт биэс уопуттаах исписэлииспитигэр бэрдэрбиппит. Онон үлэһиттэрбит толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ олороллор.

— Николай Иванович, атын улуустарга тэҥнээтэххэ, промышленнай улууска буруйу оҥоруу бырыһыана үрдүгэ чахчы…

— Оннук. Өймөкөөҥҥө көмүс хостооһуна муҥутуурдук сайдыбыт буолан, атын регионнартан араас дьон кэлиитэ үгүс. Санаан көр, сайыҥҥы сезоҥҥа вахта ньыматынан 3 тыһ. кэриҥэ киһи кэлэн үлэлээн барар. Ол да иһин буруйу оҥоруу көрүҥэ араас. Буруйу оҥорооччуну тута була охсорго да күчүмэҕэйдэрдээх. Аҕыйах хонукка кимэ-туга биллибэт ааһан эрэр киһи, буруйу оҥороот, “Халыма” федеральнай суолунан да, салгын айан сырыытынан да куотуон сөп. Айан аартыга Магадаанынан да, Дьокуускайынан да сылы эргиччи аһаҕас.

— Оччотугар наркотигы да тарҕатыы бу манан сыттаҕа дии?

— Былырыын балаҕан ыйыгар 6 киһилээх тэриллиилэх буруйу оҥоруу бөлөҕүн туппуппут. Наркотигы Уус Ньараттан төрүттээх Приморье олохтооҕо аҕалар эбит. Батсаабынан, ханна тиийэн хайдах ылыахтааҕын бэйэлэрэ эрэ билэр ис хоһоонноох кэпсэтиилээхтэр. Ону Уус Ньара олохтооҕо эдэр киһи тарҕатарын билбиппит. “Барыыганы”, биһиги ыйыы биэрэн, Владивостокка туппуттара. Бөлөх дьоно ыам ыйыгар Уус Ньараҕа сууттанан, 6-лыы сылга түбэспиттэрэ.

— Николай Иванович, эн Өймөкөөҥҥө сэбиэскэй кэминээҕи дружинниктар үлэлэрин сөргүтэн, уопсастыбаннаһы атахха туруоран эрэргин истибиттээхпин.

— Маныаха мин, түгэнинэн туһанан, улуус муниципалитетын баһылыгар Михаил Захаровка улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Икки сыллааҕыта Өймөкөөҥҥө аан бастаан ананан кэлиибэр, улуустааҕы балыыһа кылаабынай бырааһа Владимир Коголь эмиэ саҥа үлэлии кэлбитэ. “Улууһу кытта сиһилии билсиэххитин наада, сарсын тыа сирин куустатыгар илдьэбин”, — диэт, улуус тыаларынан сырытыннарбыта, олоҕу-дьаһаҕы, дьону-сэргэни кытта билиһиннэрбитэ. Инньэ гынан, аҕыйах хонук иһигэр туох-ханнык олохтоох сиргэ кэлбиппитин билэн, үлэбит былаанын ол сиэринэн торумнаабыппыт. Билигин санаатахха, үлэбитин итинник саҕалаабатахпыт буоллар, бу ситиһии арыый да бытаарыа эбитэ буолуо. Билигин ол бастакы сырыыбыт түмүгүнэн, нэһилиэк баһылыктарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит, күннээҕи түбүгү кытта билсэ олоробут. Ол курдук, Томторго Никифор Протопоповы, Өймөкөөҥҥө Валентин Васильевы (полицияҕа үлэлээбит уопуттаах салайааччы), Сордоҥнооххо Иван Максимовы (бу нэһилиэк улуус тарбахха баттанар бастыҥ үлэлээх), Үчүгэйгэ Валентин Атласовы кытта бииргэ үлээлээн, ДНД-ны тэрийдибит. Улуус муниципалитетын баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Раиса Садыкова сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор хамыыһыйаларын, итэҕэл конфессияларын уонна национальнай общиналар (улууска 60-тан тахса араас омук дьоно олорор) боппуруостарын сатабыллаахтык сүрүннүүр буолан, полиция уорганнарыгар дьоһун өйөбүлү оҥорор. Улуус Мунньаҕын дьокутааттара эмиэ өрүү өйүүллэр. Ол курдук, 600 тыһ. солк. үбү көрөн, улуус киинин кэккэ түөлбэтигэр 6 видеонан кэтээн көрүү камератын туруордубут. Өссө иккини бу күннэргэ туруоруохпут. 150 тыһ. солк. ДНД анал форматыгар көрбүттэрэ. Онон бу күһүҥҥүттэн Өймөкөөн улууһун дружинниктарын анал көстүүмнэринэн араарар буолуохтара.

Буруйу бопсуу үлэтин оскуола ыскаамыйатыттан саҕалыахха наада. Ол инниттэн былырыыҥҥыттан Уус Ньаратааҕы Арассыыйа Дьоруойа Игорь Хоменко аатын сүгэр орто оскуола салалтатын кытта сүбэлэһэн баран, Полиция кылааһын арыйбыппыт. Бу кылааһы кытта полиция үлэһиттэрэ үлэлэһэбит. Онон үлэбит түмүгэ биллэ тахсыылаах диэххэ сөп. Маны таһынан, улуус муниципалитетын өйөбүлүнэн полиция үлэһиттэрэ буруйу оҥорон учуокка турар оҕолору кытта анаан үлэлэһэн, “Аптаах бэлэх” диэн аахсыйаны ыытар. Үлэ бу көрүҥүн оҕолор да, полиция үлэһиттэрэ да олус сөбүлээтилэр. Түгэнинэн туһанан, ДНД-ны тэрийиигэ улуус киининээҕи дьахталлар сэбиэттэригэр, Арассыыйа Дьоруойа Игорь Хоменко аатын сүгэр орто оскуола салалтатыгар, Уус Ньаратааҕы Оҕо дьиэтин үлэһиттэригэр, тыа сирин бары нэһилиэктэрин уопсастыбаннаһыгар улуус полициятын үлэһиттэрин ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

— Улуустааҕы ГИБДД управлениета туох көрдөрүүлээҕий?

— 2015 с.– 113, 2016 – 85, 2017 (сыл бастакы аҥаарыгар) – 29 арыгыны иһэн баран массыынаны ыытыы түбэлтэтэ чахчыта бэлиэтэммит.

— Николай Иванович, түмүкпэр: “Бу күннэргэ Өймөкөөнү кытта быраһаайдаһан эрэҕин дуу?” –диэн ыйытар буоллаҕым дии? Куораттар үөрэн, күлүктэригэр имнэнэр буоллахтарына, өймөкөөннөр курус гына түһэр буоллахтара…

— Мин Өймөкөөн сиригэр-уотугар, дьонугар-сэргэтигэр ис дууһабыттан ыллардым. Урут бу хотугу улууһу олох билбэт эбит буоллахпына, икки сыл иһигэр иккис төрөөбүт дойдум курдук ылынным. Ол иһин ханна да тиийдэхпинэ: “Биһиэхэ, Өймөкөөҥҥө…” –диир буолан хааллым. Киһи ити курдук ис сүрэҕиттэн ылларар дойдута эбит. Кыһын -62 кыраадыс тымныыны тулуйуом дии санаабат этим. -45 кыраадыс тымныы буоллаҕына: “О, бүгүн халлаан биллэ сылыйбыт”, — диирбитин суохтуурум буолуо. Ытык Өймөкөөн дьонугар-сэргэтигэр, муниципалитет сатабыллаах салалтатыгар миигин бу икки сылы быһа өйөөбүккүтүгэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Хоту дойду Кавкаһын, ама, олоҕум устата умнар үһүбүөн. “Эһиги, өймөкөөннөр, барыга бары кыахтаах дьоҥҥут. Эһиги күүскүт – норуоттар доҕордоһууларыгар, сомоҕолоһууларыгар! Бу кыаххытын ыһыктымаҥ”, — диэн Өймөкөөн сириттэн бараары туран, баҕа санаабын этиэм этэ.

—  Николай Иванович, махтал сэргэх кэпсэтиигэр. Эйигин кытта  өрүү ситиһии арыалластын!

 Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0