Мындыр дьон тугу да мээнэ бырахпат, сөбүн көрөн туһаҕа таһаарар идэлээх.
edersaas.ru
Намтан төрүттээх, Дьокуускай куорат олохтооҕо, тэхэньиичэскэй куруһуокка оҕолору дьарыктыыр Николай Кудрин эргэ, бэйэтэ этэринэн, сэбиэскэй саҕанааҕы «Иж – Юпитер» матассыыкыл мотуорунан бэртээхэй көлөнү айбыт. Силигин ситэрэн, икки миэтэрэ усталаах, биир миэтэрэ кэтиттээх сыарҕаны холбообут. Инньэ гынан, дьиэ таһыгар эбэтэр ходуһаҕа, сиргэ илдьэ сылдьарга аналлаах дьоҕус тыраахтар бэлэм!
Икки эргэ бэлисипиэти холбоон, үс көлөһөлөөх, эмиэ дьоҕус малы-салы тиэйэр-таһар бэлисипиэти оҥорбут. Түөрэккэйэ суох, сөбүгэр таһаҕаһы таһар кыахтаах «тимир ат» сааһырбыт дьон илдьэ сылдьарыгар олус табыгастаах буолсу.
Николай Михайлович бу иннинэ сиэннэригэр массыына оҥорбут. Мындыр киһи эргэ матассыыкылы, бэлисипиэти таах бырахпакка, маннык туһаҕа таһаарарга сүбэлиир.
Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru