Киһи туһунан суруйар уустук. Ол да иһин аныгы үйэ суруналыыстыкатыгар очерк диэн жанр симэлийэн эрдэҕэ… Атын киһи тугу санаан сылдьарын, туохтан дууһата долгуйарын, үөрэрин-хомойорун хантан билиэххиний? Бэйэтин кытта кэпсэппитиҥ да иһин, син биир бэйэҥ хайдах ылыммыккынан, тугу санаабыккынан суруйар буоллаҕыҥ. Биир кылгас суруйууга киһи олоҕун, дьылҕатын эридьиэстэрин сиһилии суруйан батарар, дьэ, уустук дьыала. Аны туран, суруйар дьоруойгун дьиҥнээхтик интэриэһиргээн, ис дууһаҕыттан кыһаллыбатаххына, эрэдээктэри эрэ алы гынар суруйуу “төрөөтөҕө” ол.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Бэчээт күнүгэр биир идэлээхпит, Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэнэн наҕараадаламмыт, олоҕун суруналыыстыкаҕа анаабыт Николай Крылов туһунан суруй диэн сорудаҕы, кистээбэккэ эттэххэ, ыарырҕаппытым. Тоҕо диэтэххэ, аксакал суруналыыстары санааларын табар курдук суруйар икки төгүл уустуга буолуо…
Николай Александровиһы “дьирээ киһи” дииллэрин истэрим. Өссө “ытыран баран ыһыктыбат, көмүллээн баран ыыппат диэн кини” диэн кэлиэгэтэ Тамара Корякина суруйан турар. Тоҕо итинник дииллэрин чугастык кэпсэтэн баран, өйдөөтүм.
Николай Крылов төрүөҕүттэн ыарыһах, тулаайах аҥардаах, оскуолаҕа да үөрэммэтэх буолан баран, тус дьулуурунан, тулуурунан, ити этиллэр “дьирээ” майгытынан олоҕун оҥостубут, бэйэтин бэйэтэ киһи гыммыт киһи. Кини олоҕун суола бэлэм бэлэхтэринэн тэлгэммэтэҕэ, санаабыт курдук чэпчэки буолбатах этэ.
Киһи тэҥинэн сылдьаары
Аҕата уоттаах сэрииттэн бааһыран кэлэн баран, уолланар. 1946 с. ыам ыйын 1 күнүгэр ийэтэ 20 көстөөх Күүлэттэн айаннаан, Бүлүү куоратыгар киирэн төрөөбүт.
…Коля кыра эрдэҕиттэн доруобуйата мөлтөх буолан, бэйэтин өйдүөҕүттэн, балыыһаларга сытан улааппыта. Ийэтэ кини 4 саастааҕар өлбүтэ. Өлөрүгэр кэриэһин этэн, уолу эбэтигэр илдьэн биэрэллэр. Онтон эбэтэ эмиэ өлөн, кииринньэҥ эһэтигэр хаалар. Аны эһэтэ саҥа кэргэннэнэр.
Ийэтиттэн сыстан, уолчаан сылы-сыллаан сэллик балыыһатыгар сытара. Онон оҕо-оҕо курдук оскуолаҕа да үөрэммэтэҕэ. Ол саҕана дьиэҕэ үөрэтии диэн суоҕа. Алтыс кылааска киэһээҥи оскуолаҕа көһөрбүттэригэр, уол балыыһаҕа сытан бэйэтэ кинигэ булан, үөрэтэрэ.
Саастыылаахтара киинэҕэ, биэчэргэ бараллара, кини үөрэхтээх киһи буоларга сыал-сорук оҥостон киэһэ аайы уруок ааҕар, суоттуур, дьарыктанар. Балыыһаттан таҕыстаҕына, быыһыгар үлэлиир. Ыарахан үлэни кыайбат буолан, фотограф, киинэ мэхээнньигэ, столяр, электрик, чаһы маастара идэлэрин баһылаан, син килиэбин булунар.
Киинэ мэхээнньигэ билиэтин бэйэтэ атыылыыр. Сорох эрэттэр халыҥ ачыкылаах, кыра уҥуохтаах, мөлтөх, ырыган уолу аантан тарыйан кэбиһэн баран, киирэ сатыыллар. Коля саныыр: “Дьэ, бэйикэй, сэнээн көрүҥ, мин да киһи курдук киһи буолуом ээ!”. Ол кэмтэн дьону кытта тэҥ буола сатыыр дьулуура үөрэхтээх, идэлээх киһи буоларга сирдиирэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн оскуолаҕа тиийэн туттарсан, Чернышевскай нэһилиэгэр хомсомуол сэкиритээрдии сылдьан, оскуолатын бүтэрбитэ. Кини оскуолаҕа завучтуу сырыттаҕына, сахалыы-нууччалыы суруйар киһи наада диэн, оройуон хаһыатыгар үлэҕэ ылбыттара. Бу кэмтэн үйэ аҥарын кэриҥэ кэм устата суруналыыстыкаҕа үлэлээн кэллэ.
1965 с. оройуон хаһыатыгар фотокорреспонденынан үлэлии сылдьан, кэргэнин, Бүлүү училищетын “чаҕылхай сулуһун”, спортсменка, кыраһаабысса, актыбыыска кыыһы Аананы таптаан, ыал буолбуттара.
Кэргэнэ учууталлыыра, дьиэлэрэ суох буолан, оскуола куукунатыгар олорбуттара. Кэлин кэргэнин дойдутугар Уус Алдаҥҥа уонна Бүлүүгэ көһө сылдьыбыттара. Бүлүүгэ Торуой Чочуга барыта холбоон алта ыалга дьукаах олорбуттара. Куруук балыыһаҕа сытар буолан, мас-муус таһыыта, дьиэни-уоту, кыра оҕолору көрүү барыта кэргэнин дьарамай санныгар сүктэриллэрэ.
Бүлүүгэ олордохторуна биэс хостоох дьиэ биэрбиттэрэ. Ол дьиэ тымныыта бэрдэ: уулаах биэдэрэ тоҥон хаалара, киэһэ утуйар орону улахан киһи сытан сылытан эрэ баран, оҕону киллэрэллэрэ. “Аҕыс сыл тоҥмут уопуттаах киһи сантехник буолбутум” диэн кэлин кэпсиир.
Ол кэмҥэ МГУ-га бэлэмнэнии кууруһугар үөрэнэн, саас ыҥырыы кэлбитэ. Ол эрээри үп-харчы көстүбэккэ, кыра оҕолордоох буолан, барбатаҕа.
Үс кыра оҕолоох киһи СГУ историческай салаатыгар туттарсан киирбитэ. Оскуолаҕа кэтэхтэн, бэйэтэ ааҕан үөрэммит киһи, университекка күнүскү үөрэххэ туйгун устудьуон этэ. Онтон төрдүс оҕото төрөөбүтүгэр кэтэхтэн көһөргө күһэллибитэ.
Николай Александрович сүрэҕэр, тыҥатыгар, тымырыгар, о.д.а. барыта аҕыс эпэрээссийэни ааспыт киһи. 1968 с. Гурьев диэн хирург бэйэтин эппиэтинэһигэр ылан, эпэрээссийэлээн, аҕыс ойоҕоһун тоһутан, тыҥатын үс гыммыт биирин ылан бырахпыта. Онтон ыла үтүөрэн, киһи тэҥинэн олорор, үлэлиир кыахтаммыта. “Кэргэммин, оҕолорбун сэлликкэ сыһыарбатаҕым – олохпор киэн туттар биир ситиһиим”, — диэн кини билигин кэпсиир.
Бу курдук уустук олоҕу ааһан, үөрэммэт дьылҕалаах киһи үөрэнэн, үчүгэйкээн кэргэннэнэн-оҕолордонон, үлүһүйэ үлэлээн-хамсаан, Николай Крылов олох тиҥийэр үөһүгэр сылдьыбыта. Дьонтон итэҕэс буолбат, киһиттэн итэҕэс дьылҕаламмат туһугар охсуһуута элбэх ситиһиигэ сирдээбитэ.
Сытыы бөрүө
Николай Александрович сахалыы да, нууччалыы да араадьыйа, тэлэбиидэнньэ, хаһыат хайысхаларын барытын толору баһылаабыт дэгиттэр, сэдэх идэлээх суруналыыстартан биирдэстэрэ. 50-ча сыл устата кини суруйууларыгар тыа сирин үлэһит дьоно, эйэлээх кэмҥэ аармыйаҕа ыҥырыллан баран, суорума суолламмыт саллааттар, Сангаар шахтатыгар “үлэ фронугар” ыҥырыллан үлэлээбит-хамсаабыт уонна ончу умнуллубут кыргыттар тустарынан, Бүлүү гааһын туһаҕа таһаарыы, айылҕаны харыстааһын, алмаастаах түөлбэ, Арктика улуустарын кыһалҕаларын туһунан, уо.д.а. элбэҕи, интэриэһинэйи булан ааҕыахха сөп. Кини талан ылбыт, олоҕун аргыһа буолбут идэтин олус таптыыр буолан, сытыы кыһалҕаттан иҥнибэккэ суруйан сурдурҕатар, тыа сирин үлэһит дьонун кыһалҕаларын туруорсар суруналыыс.
Николай Крылов 1983 с. “Гостелерадио” тэрилтэҕэ үлэҕэ киирэн, Бүлүү сүнньүн улуустарын барытын сырдатар анал кэрэспэдьиэн буолбута. Араадьыйанан уонна телебиэриилэри оҥороро, хаартыскаҕа түһэрэрэ. Бүлүү умнаһынан, Кэбээйинэн, Эдьигээнинэн кэрийэ сылдьан бу улуустар кыһалҕаларын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар быһаарсан, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.
1989 с. Бүлүү уокуругар ССРС норуодунай дьокутаатын быыбарыгар Андрей Борисов турбута. Онно Н.А. Крылов Бүлүү умнаһын улуустарын штабын салайбыта. Онтон дьокутаат көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбитэ. А.С.Борисов туруорсуутунан, 1990 с. саха үс буойунугар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Манна сэрии саҕанааҕы докумуоннары көрдөөн тилиннэрии, араас тэрилтэлэргэ сурук суруйуу элбэх сыраны эрэйдэҕэ. Кэлин Дьоруой Н.С. Степанов туһунан документальнай киинэни уонна кинигэни бэлэмнээн, үйэтиппитэ.
Кэлин “Социалистическая Якутия”, “Саха сирэ” хаһыаттарга үлэлээбитэ, ЯСИА-ҕа уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннээбитэ.
Николай Александрович “Саха сирэ” хаһыакка үлэлиир кэмиттэн эдэр суруналыыстарга көмө-ама буолара, сүбэлиирэ. Ону тэҥэ биир кэрэхсэбиллээх өрүтүнэн үөрэммит оскуолатын бүтэрээччилэргэ уонна Бүлүү улууһун “Олох суола” хаһыатын селькордарыгар сыл аайы аҕата, “Слава” уордьан кавалера А.Г.Егоров аатынан уонна бэйэтин анал стипендияларын, барыта 4 бириэмийэни олохтоон туттартыыра буолар. Стипендия харчылаах, ону биэнсийэтиттэн өлүүлээн туттарар.
Түөрт кинигэ ааптара, уонунан кинигэ тахсыытыгар кыттыгастаах. 2011 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ алмаас, гаас промышленноһыгар анаммыт үс фотобыыстапканы тэрийбитэ.
“Суруналыыс олох оргуйар үөһүгэр, инники күөҥҥэ сылдьыахтаах, — диир кини. – Дьоҥҥо көмөлөһүү, кыһалҕалары быһаарарга дьулуһуу – үлэтин соруга. Үчүгэй уопуту тарҕатан, киэҥ дьүүлгэ таһааран сырдатыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ буортуну оҥорууну утарсыы – күннээҕи үлэтэ. Суруналыыс мүлтүркэй буолуо суохтаах, сытыы бөрүөлээх, харса суох санаалаах буолуохтаах”.
Николай Александрович сир анныгар ядернай эстиилэри утаран суруйбутун түмүгэр, АЛРОСА-тан киниэхэ сэрэтэр сурук кэлэн турардаах. 1991 с. Алма-Ата куоракка киһи быраабын көмүскээһиҥҥэ аан дойдутааҕы конгресска уонна түүр омуктар түмсүүлэрин сүбэ мунньаҕар кыттыбыта. Бу сырыытыгар Алма-Ата Өрөбөлүүссүйэ болуоссатын трибунатыгар Нурсултан Назарбаевтыын тахсыбыттаах. Оччотооҕуга Сойууска киэҥник биллэр Олжас Сулейменовтан интервью ылбыта. 1990 с. Тува Кызыл куоратыгар Сибиир национальнай театрдарын бэстибээлигэр Ньурба театрын кытары барса сылдьыбыта. Кэлин ити театр артыыстарын олорор, үлэлиир усулуобуйаларын тупсарар, дьиэнэн хааччыйар туһугар турууласпыта.
Билигин Крыловтар — оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар сууланан, быр-бааччы олорор куорат биир сис ыала. Бииргэ олорбуттарын үйэ аҥардаах үбүлүөйүн ылан, хос сиэн минньигэһин, олох үөрүүтүн, орто дойду дьолун билэн олороллор. Кэннилэрин хайыстахтарына, киһи кыбыстыбат, мыыммат үлэтэ-хамнаһа, идэҕэ бэриниилээх буолуу дьоһун ситиһиилэрэ көстөн эрдэхтэрэ… Онон, биһиги аҕа табаарыстарбытыттан үөрэнэрбит элбэх.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru