Николай Крылов: «Дьоруойу кытта чугастык алтыспыт дьоллоохпун…»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Украинскай фронт 6-с танковай аармыйатын 1-кы мотострелковай батальонун пулемётчига, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Саввич Степанов төрөөбүтэ 100 сылын туолар бэлиэ үбүлүөйдээх күнэ.

Дьоруой аата уордьаны Николай Степанов өссө 1944 сыллаахха түөһүгэр иилиниэхтээх эбит. 1944 сыл кулун тутар 11 күнүгэр Соҕуруу Буг өрүһү туораа­һыҥҥа хорсун быһыыны оҥорбут бүлүмүөтчүгү 12 хонон баран, кулун тутар 22 күнүгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа аакка түһэрбиттэр. Ол эрээри кини хорсун быһыытын наҕараадатын Кыһыл Сулус уордьанынан солбуйбуттар. 1990 сыл ыам ыйын 5 күнүнээҕи ССРС бэрэсидьиэ­нин ыйааҕынан Бүлүү улууһун Балаҕаччы нэһи­лиэгин олохтооҕо Николай Саввич Степанов Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүппүтэ 45-с сылыгар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатыгар тиксибитэ.

Бүгүн Николай Степановка Дьоруой аатын иҥэриини туруор­сан ситиспит ССРС норуо­дунай дьокутаата Андрей Борисовка көмөлөһөөччү-сэкирэтээри­нэн үлэлээбит, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Судаарыстыбаннай  бириэмийэтин лауреата, Бүлүү улууһун, Бүлүү куорат уонна Чинэкэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, биһиги, “Саха сирэ” хаһыат кэлэктиибэ, ытыктыыр уонна киэн туттар бэтэрээн-суруналыыспыт Николай Крылову кытта  сэһэргэһэбит.

Эрийэн-мускуйан кэпсэттэххэ

– Николай Александрович, суруналыыс быһыытынан, эн дьоруойгун кытта кэпсэтэр истиилгин сөбүлүүбүн.

– Билигин санаан көрдөхпүнэ, үс Дьоруой буойуннанан өрөгөйдүүр кэммитигэр үһүөннэрин билиһиннэрэн, уочаркалары бэчээттэтэн, бар дьоммор билиһиннэрбиттээхпин. Биһиги кэккэбитигэр бииргэ тыын­наах сылдьыбыт саха омук тиһэх Дьоруойун Николай Саввич Степановы кытта эн-мин дэһэн алтыһа, сэһэргэһэ сылдьыбыт дьоллоох киһи эбиппин. Саабыс барахсан хаһан да “ону гыммытым, маны гыммытым” диэн сэһэргээбэт идэлээҕэ. Оннооҕор кини туһунан кинигэ суруйа сылдьарбын билэр эрээри, бэрт өр буолумматаҕа. “Сэрии диэн тугун билбэт дьоҥҥо, эһиэхэ, ол кэп­сээн да диэн…” диирэ.

Кырдьык, бэркэ эрийэн-мускуйан кэпсэттэххэ, наадалаах хоруйгун ылар курдугуҥ. Маннык холобуру аҕалыым. “Саввич, биир эмит өстөөҕү билиэн туппуттааххын дуо?” диэн ыйыппыппар: “Ээ, биир, илиитин таптаран, ытар кыаҕын былдьаппыт ньиэмэһи аҕалбытым…” Мин итиччэ тылы ыһыгыннаран бараммын, Саабыһы дьэ эмиэ “эрийдим”. Онуоха киһим эп­­пиэтэ маннык буолла: “Томскай диэн старшай лейтенант, Сибиир саллаат­тарынан киэн туттар киһи: “Степанов, кыра уҥуох­таах киһи, эн сыылан тиийэн ньиэ­мэһи тутан аҕал, биһиги уотунан көмүскүөхпүт. Дэриэбинэ нөҥүө өстөөх төһө күүһэ баарын билиэх­хэ наада”, – диэн бирикээстээбитэ. Бардаҕым дии сыыллан, киһим ыппат. Илиитигэр бааһыран ыарыыланан олорор. “Таҕыc, барыах!” диэтэҕим дии”. Көр, ити аата, Саабыс өстөөх буулдьатын аннынан күрүлүүр күнүс, сири кытта сир буола сатаан сордонон, мүнүүтэ, сөкүүндэ ахсын өлө сыспыт түбэлтэтин кэпсээтэҕэ ити.

“Төлөнүллүбүт иэс” – иккис кинигэ

– Эн хайа да суруналыыстааҕар саха Дьоруой буо­йунун хорсун быһыыларын бу баардыы билиһиннэрбит үтүөлээх ытык киһигин.

– Саабыстыын кэпсэтэр кэм тосхойдоҕун аайы туох эрэ саҥаны мүччү туттараайабыный диэн, “эриһэр” этим. Онон кини хорсун быһыытын, мүччүргэннээх сырыыларын туһунан аныгы көлүөнэ дьоҥҥо кэпсээн хаалыахха диэн суолталаах соругу туруоруммутум. Николай Степановы кытта сорох кэпсэтии­бин пленкаҕа уһулбутум уонна ону Бүлүүтээҕи норуот үөрэҕириитин мусуойугар туттарбытым. Ити Саабыһы кытта алтыһыыбын Дьоруой аатын ылбыт сайыныгар уһулбуппут. Бэрт элбэх ыйытыы, олуйуу-моһуйуу күүһүнэн Дьоруой сэриигэ хайдах-туох сылдьыбытын, хабыр хапсыһыылартан хайдах кыайыылаах тахсыталаабытын сэрэйиэххэ эрэ сөп түгэннэриттэн бэлиэтэнэр этим. Оччолорго “1990 сыл, балаҕан ыйа” диэн бэлиэтээбит эбиппин.

Биһигини кытары бу сиргэ сэргэстэһэ тыыннаах сылдьыбыт тиһэх Дьоруойбут Николай Саввич Степанов төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээн эрэбит. Кини бу Орто дойдуттан букатыннаахтык барбыта отут сыла буолла. Ити кэмҥэ саҥа үйэ, саҥа кэрдиис кэм үүннэ.  Олох сыаннастара уларыйа оҕустулар. Саха сиригэр снаряд, буомба эстибэтэҕэ. Ол эрээри биһиги норуоппут Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр инники кэскилин толук уурбутун умнуо суохтаахпыт.

Бу күннэргэ 2005 сыллаах­ха 1500 экземплярынан тахсыбыт “Төлөнүллүбүт иэс” диэн бастакы кинигэбин саҥардан, 70-ча сирэйи, өҥнөөх хаартыс­калары эбэн таһааран эрэбин. Бастакы кинигэ билигин барыта атыыга бүтэн, иккис кинигэ тахсара наада буолла. Саҥа кинигэ Владивостоктан бэс ыйын саҥатыгар кэлэрин кэтэһэбин. 2000 тиражтаах буолуоҕа.

“Туттуммахтаан хаалбатах эбиппит…”

– Бэйэҕиттэн ураты туох эбии матырыйааллары туһанныҥ?

– Бу кинигэни бэлэмнии сылдьан, үлэм тиһэх түһүмэҕэр өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар хаһыаттары кичэйэн көрдүм. Николай Саввич туһунан киирбит матырыйаалы барытын биир да строканы ордорбокко хомуйа са­­таатым уонна «Саһарбыт страницалар кэпсииллэр» диэн салааҕа түмтүм.

«Хаһыат – олох сиэркилэтэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Тыыннаах Дьоруойу кытта сэргэстэһэ олорбут иккиэйэх сылбыт эрэ устатыгар омук быһыытынан кинини билиниибит бэрт күттүөннээҕэ суох эбит. Үс Дьоруойбут ааттарын  оскуолаларга иҥэрбиппит, Дьокуускайга, Бүлүүгэ, Кыайыы болуоссаттарыгар өйдөбүнньүктэри оҥорбуппут, кинигэлэр таҕыс­тылар.

Ол эрээри, норуот өйүгэр-санаатыгар иҥэр гына, үйэлэргэ өйдөбүл гынан илдьэ сылдьар үлэни кыайан тэрийбэтэх эбиппит. Тиһэх Дьоруойбут тыыннааҕар үчүгэй ырыа ылламматах, хоһоон сэдэх, поэма суох, худуоһунньуктар анаан-минээн үлэлээбэтэхтэр. Сылтан сыл ыытыллар самаан сайыны көрсөр саргылаах ыһыахтарбытыгар оһуохай тылыгар киллэрэн, дьоруойдар тустарынан чуордук чоргуйбаттар. Саамай хомолтолооҕо, Дьоруойдарбыт туһунан оскуолаҕа үөрэтии бырагырааматыгар киллэрбэккэ сылдьабыт. Кинилэргэ аналлаах күрэхтэһиилэр, кэмпириэнсийэлэр, биэчэрдэр сүнньүнэн төрөөбүт-үөскээбит эрэ улуустарыгар ыытыллаллар. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах дьаһаныы, саатар ырыа, хоһоон куонкуруһа, атын да көҕүлээһин олох сэдэх.

Дьоруойбут тыыннааҕар суруналыыстар эмиэ туттуммахтаан хаалбатах эбиппит. Хаһыаттарга Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр, Кыайыы күнүгэр, ыһыахтар саҕана, балаҕан ыйын 1 күнүгэр – «Билии күнүгэр», Саҥа дьыллааҕы нүөмэрдэргэ, саатар күн сирин көрбүт бэлиэ күннэригэр ахтан-санаан аһарбат эбиппит, саҥа ахтыылары, докумуоннары булан бэчээттиирбит бэрт сэдэх  эбит. Күн-дьыл устан иһэр эбээт…

  Муҥутуур наҕараада

                    – Николай Александрович, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун кытта алтыспыт түгэннэргиттэн иккис кинигэни бэлэмнээн таһаарыыҥ – Сахаҥ сиригэр күндү бэлэҕиҥ буолар.

– Мин Саабыстан бэйэтиттэн туппут биир наһаа күндү, бэлиэ бэлэхтээхпин. Ол – өҥө суох “сэбиэскэй” хаартыска. Бу бэлэх таһыгар истиҥ сурук мин муҥутуур наҕараадам буолар: “Ытыктабыллаах Николай Александрович! Мин Кыайыы 45 сылыгар үс саха буойуттара 46 сыл буолан баран, Аҕа дойду сэриитигэр сэмэй кылаап­пытын киллэрбиппит үрдүктүк сыаналанан, дьолго, мин тыын­наах тиийэн үрдүк чиэскэ тиксэн, Кыһыл Сулуһу түөспэр иилинэрбэр киллэрсибит сэмэй кылааккын сүһүөхпэр сүгүрүйэн, нөрүөн нөргүйэн, ис сүрэхпиттэн махтанан туран бу хаартыскаҕа “алҕаска” бииргэ күлүкпүт көстөрүнэн кэнэҕэһин да саныы, ахта сылдьаргар биэрэбин. Инникитин да ыраас сырдык санааҕынан чиэһинэй дьон туһугар үлэ­лии-хамсыы сырыт. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (илии баттааһына) 01.09.1990 с.”

… “Көлүөнэни көлүөнэ солбуйар. Дьоруойдарбыт – биһиги киэн туттунуубут, атын омуктары кытта тэҥнээхпитин кэрэһилээччилэрбит. Кинилэр кэриэстэрэ, омук ийэ тылын кытта дьон уоһуттан түспэтин тухары, тыыннаах буолуоҕа”, – диэн кырдьаҕас суруналыыс Николай Крылов иккис кинигэтин аан тылыгар бэлиэтээһининэн суруйуубун түмүктүүбүн.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Николай Крылов тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0