Николай Дьячковскай: Удачнайга олохсуйуом, үлэлиэм-хамсыам
— Сэмэним аннынан уолаттарым Толялаах Коля игирэлэр. Университекка үөрэхтэрин бүтэриэхтэриттэн “АЛРОСАҔА”, Удачнайга алмааска үлэлииллэр. Эмиэ ити сиэним Дьулус Хаан курдук, оҕо эрдэхтэриттэн куска, андыга тэҥҥэ сылдьыһан, бу Кэтит Күөл эбэлэригэр бултаан, балыктаан, айылҕалыын алтыһан, буһан-хатан улааппыттара. Булт диэн баран, “муннукка ытаабыт” дьон, кыалыннаҕына уоппускаларыгар кэлэн, ахтылҕаннарын таһааран, дуоһуйа сынньанан барааччылар, — былырыын Арҕаа Бас андыһыттар аҕа баһылыктара Ньукулай Ньукулаайабыстыын дурдаҕа олорон элбэҕи сэһэргэспиппит.
Быйыл табаарыһым Милан Афанасьев эрэллээх “Эскудотынан” эрбэллибит-сэрбэллибит, оҥоох- чоҥоох көрбүт сэргэх киһини, кыракый кыысчаанын, эбээлээх эһээ ахтылҕаннаах сиэннэрин көтөҕө сылдьар, уоппускатыгар кэлбит эдэр хайа инженерэ Николай Дьячковскайдыын — Николай Николаевич II-дуун Чурапчыга бииргэ айаннаатыбыт, Хайахсыкка бииргэ бултаатыбыт.
Аан дойду атаах дьахталларын алы гынаары күлүмүрдэс алмаастаах руданы – хайыр тааһы биэрэстэнэн сир түгэҕиттэн хостоон, үлтүрүтэн конвейернай тырааныспарынан байытар, ол аата алмааһы араарар-ылгыыр фабрикаҕа тохтоло суох ыытыынан-тириэрдиинэн дьарыктанар хайа үлэһитэ, лаһыйа сылдьар лэһигирэс соболору сыа-сым курдук тутан бэрт үөрүйэхтик хатырыктаан, хайа быһан үөстээн, ис-иһиттэн сырдаан, дуоһуйа-астына, сахалыы-махалыы ухаа-миин буһара, хамыйаҕын үрэ-үрэ амтаһыйа турара, эдэр киһи ахтылҕаннаах төрөөбүт төрүт эйгэтигэр эргиллэн, үөрэ-көтө сылдьарыттан ордук туох баар буолуой.
Бырамыысыланнас
Сэбиэскэй кэмнэргэ сахалар сыстан биэрбэт салаабыт буоллаҕа. Сааһын, күһүнүн хоно-өрүү сааланыы, кустааһын, куобахтааһын, сайынын нэдиэлэни нэдиэлэнэн кымыһы, арыгыны ыймахтаан ыһыахтаан тэйии, дьиэҕэр-уоккар көстүбэккэ, хаар түһүөр диэри сылгытыйан оттоон уһаарбаланыы диэни билиммэт, бириэмэнэн, чааһынан тигинэччи үлэлиири эрэйэр, онуоха мэлдьи бэлэм чөл, чэгиэн туруктаах, илэҥсэ өйгүнэн сылдьыы эрэйиллэр буолан, чучунаа курдук көҥүл-босхо олохтоох айылҕа оҕолоро — сахалар тэйиччи туттар этибит. Аны өрөспүүбүлүкэбит үрдүкү салалтата, обкуом, Совмин бырамыысыланнаһы салайар, сүрүннүүр тойотторо “сахалар бырамыысыланнаска үлэлиир кыахтара суох” диэн сэнэбиллээх бэлиитикэни тутуһаллара, онтуларын аһаҕастык этэллэрэ. Хайа инженерэ идэлэммит, тыыппалаах биирдиилээн эмэ ыччаттарбытын “үүннэрэбит” диэн ааттаан тэйитэн, партийнай-сэбиэскэй салайар үлэҕэ көһөрөллөрө.
Кэм-кэрдии, быһыы-майгы, олох сиэрэ уларыйан истэҕин аайы, саҥа сыһыан, өйдөбүл, ирдэбил туруоруллан, чоххо, көмүскэ, алмааска, кэҥээн, далааһыннанан иһэр ньиэби, гааһы чинчийии, хостооһун салааларыгар олохтоох ыччат, бэйэбит каадырдарбыт сыстан үөрэнэн, үлэлээн барбыттара. Саха аныгы ыччата дойду, өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтэ кыаҕырарыгар, олохпут таһыма үрдүүрүгэр үлэлиир-хамсыыр, кылааттарын киллэрэр буоллулар.
Алмаасчыт Дьячковскайдар
Биир оннук, аныгылыы өйдөөх-санаалаах, олоххо саҥалыы көрүүлээх, “АЛРОСА” АК Удачнайдааҕы ХБК-н “Удачнай” руднигын хайа үлэтин оробуочайа, Чурапчы улууһун ыччата Николай Дьячковскай буолар. 2018 сыллаахха университет Горнай институтун хайа массыыналарын, тэриллэрин инженерэ идэлээх бүтэрбитэ. Сөҕөрүм баар, Чурапчыга уу саха Надежда Семеновна, Николай Николаевич Дьячковскайдар ыал түөрт оҕолоруттан үһэ Удачнайга олохсуйан алмааска үлэлээбиттэрэ балайда буолбут. Инникитин алмаасчыт сахалар династияларын утумнаһыыта тэнийэн, тарҕанан, салҕанан бардаҕына киһи үөрэр эрэ буоллаҕа.
Улаханнара, эдьийдэрэ Мотрена Николаевна нарколог-психиатр идэлээх. Алмаасчыттар доруобуйаларын, чөл туруктарын мэлдьи хонтуруоллуур-бэрэбиэркэлиир, улахан ноҕуруускалаах үлэҕэ үлэлиир-үлэлээбэт кыахтарын быһаарар толлор, ытыктыыр киһилэрэ. Оттон игирэ аҥаара, Николай убайа Анатолий Николаевич АЛРОСА-ҕа 2013 сыллаахтан үлэлиир, Удачнайга дьиэлээх-уоттаах. 2015 сыллаахха университет Горнай институтун бүтэрбитэ.
— Билигин үлэлииргэ үчүгэй. Оннук-маннык сахаҕын-бүрээккин, украинаҕын-нууччаҕын диэн арахсыы, атааннаһыы суох. Кылаабынайа, бэйэҕин киһи, үлэһит быһыытынан көрдөрүөххүн, араас омуктаах кэлэктиипкэ дьонтон хаалсыбакка үлэлээн, кэпсэтэн-ипсэтэн “эн-мин” дэһэн, өйөһөн-убаһан бэйэ киһитэ буолуоххун наада. Шахтаҕа биэрэстэлээх сир түгэҕэр кымырдаҕас уйатын курдук араас салааларынан тарҕанан, 8-тыы чаастаах үс симиэнэнэн суукканы эргиччи үлэ тохтообот, — таабарбытыгар, сырылаччы тыгар күн сыламын анныгар, халлаанныын силбэһэн сиэркилэлии чаҕылыйа, мэндээрийэ сытар эбэбитин, анды киириитин, сырыытын учуоттаан, таттарыылаах, көстүүлээх гына бачыгыраччы анньыллыбыт хоруолларбытын, маччыыктарбытын одуулуу олорон, собо барахсан хоргуннаах миинин сыпсырыйа-сыпсырыйа Николайдыын сэһэргэһэбит. – Үлэһит илии тиийбэт кыһалҕата суох. Сыллата “АЛРОСА — Ньурба” ХБК үөрэтэр кэмбинээтин, университет Мииринэйдээҕи филиалын бүтэрбиттэр уонна киин үөрэх кыһаларын бүтэрбит исписэлиистэр, үрдүк үөрэхтээх каадырдар эбиллэ тураллар. Үчүгэйэ диэн, саха ыччата элбээтэ. Ньурбаттан, Өлөөнтөн хото бааллар. Байытыы технологическай бырассыаһыгар, шахтаҕа, карьерга, уйуктаах самасыбаалларга, экскаваторга, атын да учаастактарга кимтэн да хаалсыбакка, өссө ордук таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Кэмбинээккэ үлэ кэмигэр сэрэхтээх буолууга, ирдэниллэр инструкцияны, быраабылалары тутуһууга, тулалыыр эйгэ, салгын ырааһа, шахтаҕа гаас мунньуллуута нуорматтан тахсыбатыгар, салгылатыыга күүстээх хонтуруол, кэтэбил олохтонор. Ханна, хайа туһаайыынан сылдьаргын, туруккун көмпүүтэринэн, түргэн сибээһинэн хонтуруоллуу, көрө-билэ, истэ олороллор. Бэл, кэтэ сылдьар кааскаҥ лаампата хаста чыпчыҥныыра бэйэтэ туһунан сигнал, хамаанда. Онон рудникка сир түгэҕэр эрэллээхтик сананаҕын, үлэлиигин.
Талбыт идэҕэр үөрэнэр кыахтааххын
— Бэйэҥ баҕаҕынан идэҕин уларытыаххын, таһымҥын үрдэтиниэххин баҕарар буоллаххына, баһаалыста, анал куурустарга үөрэтэллэр, бэлэмнииллэр. Кэмбинээккэ исписэлииһи бэлэмнээһиҥҥэ, үүннэриигэ бэйэлэрэ халбаҥнаабат быраабылалаахтар: үрдүк үөрэхтээх инженер да буолларгын, үлэҕин боростуой оробуочайтан саҕалыыгын. Тулуйан үлэлээн, буһан-хатан уопутуран, бэйэҕин кимҥин-туоххун көрдөрөн истэххинэ, маастар, учаастак начаалынньыга дуоһунастаан, өрө таһааран, үүннэрэн иһиэхтэрэ. Онон, үрдүк хамнастанан, кыаҕыран, этэҥҥэ үлэлии-хамныы сылдьарыҥ барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.
Кылаабынайа, үлэ дьиссипилиинэтин, уопсастыбаннай бэрээдэги тутуһан сылдьарыҥ, арыгыны испэтиҥ наада. Үлэ кэмигэр испит, итирик сылдьан түбэстэххинэ, бырастыы гымматтар, “муустаах ураҕаһынан” кыйдыыллар. Хомойуох иһин, саха ыччата, биир үксүн, иһэн кэбиһэн үүрүллэрэ элбэх. Аны төрөөбүт дойду, төрүт үгэстэрбит, үөрүйэхтэрбит тардыылара, ахтылҕаннара ханна барыай. Ону олоххо туруоруммут сыалгын-соруккун ситиһэр сыалтан барытын тулуйуоххун, үлэлиэххин наада. Сайдыылаах сиргэ култуурунайдык сынньанарга, аралдьыйарга, успуордунан дьарыктанарга, эккин-хааҥҥын эрчийэргэ усулуобуйа, туох барыта баар. Сыллата 72 үлэ күннээх уоппускаҕын ылаҥҥын, талбыт кэмҥэр төрөөбүт дойдугар кэлэн сынньанан, ахтылҕаҥҥын таһааран барар кыахтааххын.
Мин бу сырыыга кэргэммин, кыракый кыысчааммытын Удачнайга көһөрөн илдьэр былааннаах кэллим. Кыбартыыра атыылаһыахпыт, ол дойдуга, полярнай эргимтэ таһыгар олохсуйуохпут, үлэлиэхпит-хамсыахпыт, сааһыран иһэр төрөппүттэрбитигэр көмөлтө-өйөбүл буолуохпут, дьоллоохтук олоруохпут диэн бигэ эрэллээхпин. Сайдам сахам ыччатын, биир көлүөнэ дьоммун бырамыысыланнаска хото сыстыҥ, кэскиллээх, хамнастаах идэлэри баһылааҥ диэн ыҥырабын.
Иван Ксенофонтов-Силиги, edersaas.ru