Николай Донской: «Этэҥҥэ эрдэхпинэ ханна да ыҥырбаттар этэ…»
90-c сыллар саҥаларыттан саха эстрадатыгар Николай Донской аата киэҥник биллэн барбыта. Оччотооҕу кэмҥэ Николай аныгы, сонун ырыаларынан эстрада эйгэтигэр ураты суолу тэлбитэ. Кини ырыаларын ыччат тута олус чугастык ылыммыта, уостан түһэрбэккэ ыллыыллара. Күөх экран, хаһыат эрэ нөҥүө сөбүлүүр ырыаһыттарбыт туһунан дэҥҥэ көрөрбүт да, ааҕарбыт да. Билиҥҥи курдук интэриниэт, социальнай ситим суоҕа. Онон чахчы талааннаах, сүрэхтээх уонна баҕалаах эрэ ырыаһыт бар дьон биһирэбилин ылар кыахтааҕа. «Кыыдаана”, “Эдэр бандьыыт сүрэҕэ”, “Ытаама Туйаара” курдук ырыалар хит этилэр. Билигин Николай Донской тоҕо ыллаабат буолла? Кини ханна баарый?
Бүгүн ырыаһыт, режиссер Николай Донскойдуун кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.
— Николай, билигин тугунан дьарыктанаҕын, эстрада эйгэтиттэн олох сүтэн хааллыҥ дии. Саҥа ырыа, килиип, уопсайынан тугу эмит кэлин айдыҥ дуо?
— Мин билигин улаханнык ыалдьан баран доруобуйабын чөлбөр түһэрэ сылдьабын. Саҥа ырыа суох, ол эрээри ситэ бүппэтэх ырыалардаахпын, идиэйэ да баар.
— Эн ырыаны таһынан киинэ устан эмиэ режиссер быһыытынан холонон көрбүтүҥ. Ити туһунан кэпсиэҥ дуо?
— 2012 сыллаахха бэйэм сценарийбынан «Сулус» диэн киинэ устубутум. Ол киинэни көрбүт эрэ барыта саҥарар, кириитикэлиир. Ол эрээри дьиктиргиирим диэн оннук араастан саҥара-саҥара Ютуб ханаалга 295 тыһыынча киһи көрбүт ээ. Киһи бэйэтин атыҥҥа эмиэ боруобаланыахтаах дии саныыбын. Киинэ эрэ барыта үрдүк сыанабылга тахсыбата чахчы.
— Айар үлэлээх киһиэхэ айар муза сүтүүтүн, кириисис туһунан тус санааҥ.
— Муза сүтэр. Ити айар дьону барыларын да таарыйан ааһыан сөп. Ол эрээри муза сүтэн кириисис саҕаланнаҕына, киһи аралдьыйыахтаах, наада буоллаҕына тулалыыр эйгэтин да уларытыахтаах. Ыраах, кэрэ сирдэргэ сылдьан сэргэхсийиэхтээх. Киһини таптал эмиэ музалыыр. Оччоҕуна барыта этэҥҥэ буолар дии саныыбын.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ, оҕолоруҥ төһө улааттылар?
— Дьиэ кэргэним туһунан этэр буоллахха, икки уоллаахпын. Номнуо устудьуоннар.
— Билигин ыллыыр ыччат наһаа элбээтэ, сорохторун киһи арааран билбэт. Эн кими ордук чорботон талааннаах дии саныыгын?
— Ээ мин билигин саҥа үүнэр ырыаһыттары истибэппин да, манаабаппын да. Онон хайаларын да чорботон этэр кыаҕым суох. Ол эрээри айар үлэлэригэр ситиһиини баҕарабын. Айар ыччат баара туох куһаҕаннаах буолуой, сахалыы тыл-өс, ырыа сайдарыгар кинилэр эмиэ көмөлөһөллөр буоллаҕа.
— Сөбүлүүр айымньыҥ, суруйааччыҥ?
— Чейз, Стивен Кинг, Михаил Булгаков айымньыларын сыттыктана сытан ааҕабын. Оттон саха литературатыттан Даланы сөбүлүүбүн.
— Билигин туох былааннааххыный? Ханнык эмит саҥа бырайыакка кыттар санаалааххын дуо?
— Мин урут доруобай, чэгиэн эрдэхпинэ туохха да ыҥырбат этилэрэ, билигин кэнсиэрдэргэ, араас тэрээһиннэргэ ыҥыраллар да, айар үлэттэн сынньана сылдьабын. Этэргэ дылы, муза кэлэрин күүтэбин быһыылаах. Билиҥҥи туругунан кэнсиэртиир былаан суох, ол эрээри олох көрдөрөн иһиэҕэ.
— Махтанабын Николай, айар үлэҥ уостан хаалбатын. Саҥа ырыалары күүтэбит.
Ульяна ЗАХАРОВА. edersaas.ru