НИКОЛАЙ ДЕГТЯРЕВ: «ҮЛЭ БЫРААБА ТУТУҺУЛЛУОХТААХ. БУ – СОКУОН»
Икки сыллааҕыта турбут коронавирус пандемията уопсастыбаҕа үгүс тосту уларыйыылары киллэртээбитэ. Быйыл дойдубутугар Америка Холбоһуктаах Штаттарын уонна Европа кэккэ дойдулара биллэрбит сааҥсыйалара хаарыйан, үлэ миэстэтэ, үлэ бырааба, хамнас кээмэйэ курдук боппуруостар суолталара хас биирдиибитигэр хаһааҥҥытааҕар да дириҥээн турар.
Үлэ, Эйэ, Саас бырааһынньыгар сиэттэрэн, СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтяреву көрсөн, Сахабыт сиригэр идэлээх сойуустар быйылгы аахсыйаларын туох-ханнык ситиһиилээх, туруорсуулаах көрсөөрү олороллорун туһунан кэпсэттибит.
СӨ Идэлээх сойуустарын федерацията 22 араас идэлээх сойуустар холбоһуктарын түмэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 181 244 киһи идэлээх сойуустар чилиэннэринэн буолаллар. Саха сирин тэрилтэлэрин ортотугар бастакы сүһүөх идэлээх сойуус 2946 түмсүүтэ үлэлиир.
– Николай Николаевич, СӨ Идэлээх сойуустара быйыл Сахабыт сирин бары муннуктарыгар үлэ дьонун үгэс курдук уулуссаларга тахсан, баарбытын, түмсүүлээхпитин көрдөрүөххэ диэн ыҥырыы таһааран олороҕут…
– Саха сирин идэлээх сойуустарын хамсааһына төрүттэммитэ 100 сылын былырыын бэлиэтээбиппит. Үйэ кээмэйдээх историческай суолталаах докумуоннары архыыптартан хасыһан, дьоһуннаах кинигэ таһааран турабыт. Докумуоннар да көрдөрөллөрүнэн, идэлээх сойуустар баар буолуохтарыттан үлэ дьонун түмэ тутан Үлэ, Эйэ, Саас бырааһынньыгын уруйдааһын-айхаллааһын, уулуссаҕа тахсан сэлэлии хаамыы – өрөспүүбүлүкэбит биир үтүө үгэһэ буолан кэлбит. Оннооҕор Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар бу тэрээһин тохтооботох. Арай сэбиэскэй былаас үрэллибитин кэннэ, быыһык кэмҥэ аҕыйах сыл тохтуу сылдьыбыт. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылыгар үйэлээх үгэс кэһиллибэтэ наада. Итиэннэ Саха сирин олохтоохторугар ыам ыйынааҕы аахсыйаҕа кыттыһыы – уһун кыһын кэннэ сааска үктэнии үөрүүтэ, хас биирдии киһи тыһыынчанан ахсааннаах үлэ дьонун аармыйатыгар кыттыһыыта, үлэ ситиһиилэринэн киэн туттуу – барыта холбоһон, ураты өрө көтөҕүллүүлээх бырааһынньык буолааччы. Икки сыллаах тохтобул кэннэ, тэрилтэлэр маннык хаамыы наадатын биллэрэн, быйыл ыам ыйынааҕы аахсыйа үгэһэ кэһиллибэтин туһунан быһаарыныы ылылынна. Итиэннэ дойдубутугар уустук кэм бүрүүкээн турдаҕына, Арассыыйа салалтата ыытар бэлиитикэтин өйөөн, сомоҕо күүс буоларбытын көрдөрөр кэм тирээн турар. Биһиги, идэлээх сойуустар, дойдубутугар саҥа кэм олохтонор быһаарыылаах кэмигэр баар кыахпытын туһанан, уопсастыба биир туллаҥнаабат тутула буолар сорук турар. Онон, быйыл Арассыыйа идэлээх сойуустара бука бары «Нацизма суох эйэлээх олох туһугар» диэн девизтээх ыам ыйдааҕы аахсыйаҕа тахсыахпыт.
– Идэлээх сойуустар ыытар аахсыйаҕыт сүрүн девиһин таһынан луоһуннаргыт сыллата уларыйаллар. Быйыл ханнык луоһуннар баар буолуохтарай?
– Луоһуннарбыт сыллата уларыйаллар. Бу уопсастыба сытыы боппуруостарыттан быһаччы тутулуктаах, онон улахан суолталаахтар – үлэ дьоно тугу туруорсара, тугунан тыынара идэлээх сойуустар луоһуннарыгар көстөр. Быйыл «ZA Мир! Труд! Май!», «Биир ньыгыл сомоҕо буоллахпытына, кыайтарбаппыт!» «Идэлээх сойуустар түмсүүлэрэ баар тэрилтэлэригэр судаарыстыба өйөбүлүн олохтуурга!», «Сааҥсыйалары күүстээх үлэнэн кыайыахха!», «Инфляцияҕа харда – хамнас үрдээһинэ!» уо.д.а.
– Билигин үлэ дьонун долгутар сүрүн боппуруостар – сыана үрдээһинэ уонна сааҥсыйалар сабыдыалларынан үлэ ырыынагар уустуктар үөскээһиннэрэ.
– Хамнас боппуруоһа идэлээх сойуустар бэбиэскэбититтэн хаһан да түспэт. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын өйөбүлүнэн, Идэлээх сойуустар федерациялара бырабыыталыстыбаны кытта ыкса үлэлэһэн, 2021 сылга былырыын бүддьүөт үлэһиттэрин кэккэ категорияларыгар хамнас үрдээбитэ. Онон ааспыт сыл устата сүрүннээн РФ Бэрэсидьиэнин ыам ыйынааҕы ыйааҕар киирсибэтэх, «прочие» диэн ааттанар категорияҕа киирсэр үлэһиттэр хамнастарын үрдэтии тула үлэ барбыта. Ол төрүөтүнэн тэрилтэлэр идэлээх сойуустарын туруорсуулара, үлэ кэлэктииптэрин ортотугар социальнай хайдыһыыга да тиийиэн сөптөөх үгүс өйдөспөт түгэн тахсыбыта буолбута. Идэлээх сойуустар федерацияларын көҕүлээһининэн былырыын Ил Дархан аатыгар хамнаһы үрдэтэри туруорсар сурукка илии баттааһынын хомуйбуппут. Аҕыйах күн иһигэр 24 тыһыынча өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо илии баттаабыта, докумуону баһылык Айсен Николаевка тиэрдибиппит. Итини таһынан, Ил Түмэн дьокутааттарын кытта көрсөн бу боппуруоһу дьүүллэһии ыытыллыбыта. Бу туруорсуубут ситиһиилээх буолла – 2022 сылга бу категория үлэһиттэр хамнастарын 10% үрдэтэр туһунан соругу Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын иннигэр туруорбута.
Үлэ ырыынагар тахсар уларыйыылары, үлэни биэрээччилэр үлэһит быраабын күөмчүлээбэттэрин кэтээн көрүү үлэтэ эмиэ тиһигин быспакка барар. Бу хайысхаҕа федерация өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын уонна судаарыстыбаннай үлэ иниспиэксийэтин Саха сиринээҕи салаатын кытта ыкса үлэлэһэбит. Үлэһит киһи үлэлиир бырааба тутуһуллуохтаах, үлэ усулуобуйата тэриллиэхтээх, хамнас кэмигэр төлөнүөхтээх. Бу – сокуон.
– Пандемия үөскэппит уустуктарын этэҥҥэ аһардыбыт. Бу кэм ханнык итэҕэстэри-быһаҕастары көрдөрдө?
– Өйдөспөт быһыы-майгы биирдиилээн тахса сырытта. Үлэ бэрээдэгэ уларыйыыта, 65-тэн үөһээ саастаах дьоҥҥо биллэриллибит хааччахтар, дистанционнай үлэ, үөрэх – бу барыта тус-туһунан быһаарыыны, хас биирдии киһи балаһыанньатын туспа ылан көрүүнү ирдиир боппуруостар. Идэлээх сойуустар бары түмсэн бу быыһык кэмҥэ дьоҥҥо сүбэлиир-амалыыр, бырааптарын быһаарар, туруулаһарга күүс-көмө буолар үлэбитин күүһүртүбүт. Холобур, ааспыт сылга уопсастыбаннай хонтуруолу олохтуур үлэ чэрчитинэн, уопсайа 401 тэрилтэҕэ үлэ бырааба тутуһуллуутун бэрэбиэркэлээтибит. Батсаап ситимигэр арыйбыт анал лииньийэбит уонна федерация саайтын нөҥүө киирбит 1408 ыйытыыга суругунан харда бэлэмнээн ыыттыбыт.
Билиҥҥи уустук диэн ааттыыр кэммитин бэлэмнээх көрсөбүт диэн этиэххэ наада. Өрөспүүбүлүкэбитигэр экэниэмикэ үгүс хайысхаларыгар үлэһит дьон бырааптарын хааччыйар уонна мэктиэлиир “отраслевой” диэн ааттанар сөбүлэҥнэр түһэрсилиннилэр. Үлэни биэрээччилэр баһыйар үгүстэрэ хамнас олохтоммут алын кээмэйин учуоттаан төлүү олороллор. Үлэ сокуонун куруубайдык кэһии, сытыы иирсээннэр билиҥҥитэ тахсыбаттар. Үлэһит балаһыанньатын өйдөөһүн уонна үлэҕэ ытыктабыллаах сыһыан олохтонор диэн этэбит. Бу аата үгүс сыллаах Идэлээх сойуустар, бырабыыталыстыба уонна үлэни биэрээччилэр тэҥҥэ олохтоон кэлбит социальнай партнердуу сыһыаммыт сөптөөх хайысханан барбытын түмүгэ. Ол эрээри, күннэтэ кыраҕы хонтуруол үлэтэ тохтообот. Дойдуга балаһыанньа уустук, онон үлэ ырыынагар уларыйыы, өйдөспөт быһыы хаһан баҕарар тахсыан сөп.
– Николай Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Үлэ, Эйэ, Саас бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит!
Анивера Акимова