Саха сиригэр идэлээх сойуустар хамсааһыннара тэриллибитэ быйыл 95 сылын туолар. Сэтинньи 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ идэлээх сойуус үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр. СӨ Идэлээх сойуустарын федерацията 200 тыһыынча кэриҥэ чилиэни түмэр. 198 тыһыынча киһи – үлэлии сылдьар дьон, устудьуоннар эмиэ бааллар. Барыта 23 салааларынан арахсар (култуура, доруобуйа харыстабыла, о.д.а.), 2988 бастакы сүһүөх профсоюзнай тэрилтэ баар. Бүгүн биһиэхэ СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев ыалдьыттыыр.
— Үйэ кэриҥин устата идэлээх сойуустар дойдубут экономикатыгар араас охсуулары ааһан, кэм ирдэбилин кытта тэҥҥэ хардыылаһан, үлэһит дьон быраабын көмүскүүр үлэлэрин тохтоппокко кэллилэр. Күн бүгүн идэлээх сойуустар үлэ ханнык хайысхаларыгар ордук улахан болҕомтоҕутун ууран үлэлиигитий? Ханнык саҥа хайысхалары тобулаҕыт?
— Бүтүн аан дойдуга, ол иһигэр Саха сиригэр эмиэ, идэлээх сойуустар тэриллибит төрүөттэрэ — үлэлээн иитиллээччилэр бырааптарын көмүскээһин, кинилэргэ сөптөөх үлэ усулуобуйата тэриллэрин туруорсуу. Бу үлэһиттэр бэйэлэрэ тэриммит холбоһуктара үйэ кэриҥэ кэм устата сүүһүнэн тыһыынча дьону түмэн кэлбитэ – бу түмсүү кырдьык дьоҥҥо наадалааҕын, туһалааҕын туоһута.
Бу кэм тухары идэлээх сойуустар үлэлэригэр үс сүрүн хайысханы бэлиэтиибит: үлэ быраабын көмүскээһин, үлэ усулуобуйатын харыстааһын уонна социальнай партнерствоны сайыннарыы. Бу үс сүрүн хайысхаҕа үлэни идэлээх сойуустар күүскэ ыытар буоллахтарына, үлэһит дьон куолаһа иһиллэр диэн сыаналыахха сөп.
Үлэ саҥа хайысхаларын биһиэхэ бириэмэ, кэм-кэрдии уларыйыыта туруорар. Билигин ыччаты кытта үлэбитин күүһүрдэбит. Ыччат үлэлиир уратытын, тэтимин сөптөөхтүк туһанан, эдэр лидердэри иитэн таһаарыыга туһаайабыт. Бэйэбит кэккэбитин хаҥатыыга улахан болҕомтобутун уурабыт. Туруорсар этиилэрбитин, модьуйууларбытын киэҥ маассаҕа таһаарарга, былаас уорганнарыгар тиэрдэргэ бары хардарыта сибээстээхтик, биир кэлим санаанан үлэлиэхтээхпит.
— Билигин үлэҕит бэбиэскэтигэр ханнык тыын боппуруостар туралларый?
— Дойду үрдүнэн экономическэй балаһыанньа тыҥаан турар кэмигэр дойдуга, Саха сиригэр эмиэ идэлээх сойуустар сүрүн туруорсуубут, болҕомто киинигэр турар боппуруоспут – хамнас кээмэйэ уонна төлөнүүтэ. Биһиги ый ахсын ас, күннэтэ туттуллар табаар сыанатын кэтээн көрө олоробут. Манна көстөрүнэн, сыана ый ахсын үрдүү турар – тохсунньу ыйтан саҕалаан сыана үрдээһинэ 9,4% тэҥнэстэ. Оттон хамнас индексацията тохтоон турар. Бу дьон олоҕун таһымыгар хайыы-үйэ биллэн эрэр. Онон биһиги сүрүн туруорсуубут – үлэһит дьон хамнаһын үрдэтии, кэмигэр төлөөһүн.
— Быйылгы сылынан бырабыыталыстыба, идэлээх сойуустар уонна үлэни биэрээччилэр түмсүүлэрин икки ардыларыгар түһэрсиллэр социальнай-үлэ сыһыаннарын сүрүннүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи үс өрүттээх сөбүлэһии болдьоҕо түмүктэнэр. Саҥа болдьоххо түһэрсиллэр сөбүлэһиигэ бэйэҕит өттүгүтүттэн ханнык этиилэри киллэрдигит?
— Үс сыллаах болдьоххо олохтонор үс өрүттээх сөбүлэһии — хардарыта үлэбит сүрүн барыла. Онон сөбүлэһии ис хоһоонун оҥоруу, кырдьык, олус эппиэтинэстээх үлэ. Саҥа сөбүлэһиигэ биһиги өттүбүтүттэн киллэриллибит этиилэртэн бүгүҥҥү күҥҥэ саамай тыын суолталаахтара: хамнас алын кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буолбатын, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура уонна социальнай хааччыйыы салааларыгар үлэһиттэр штаттарын маассабай сарбыйыы тахсыбатын, ас-таҥас сыаната үрдээһинин сэргэ сыллата хамнас кээмэйин үрдэтиини, итиэннэ үлэһиттэр хамнастарын кэмигэр аахсан ылалларын туруорсар этиилэри киллэрдибит.
— Биэнсийэ реформата буола илик эрээри, бастакы хардыылар бааллар. Манна идэлээх сойуустар санааҕыт хайдаҕый?
— Биһиги бу боппуруоһу утарабыт. Үс өрүттээх үлэбитигэр биһиги биэнсийэ реформатын боппуруоһугар үлэни биэрээччилэри кытары холбостубут. Дойду президенигэр кириисис кэмигэр биэнсийэ реформатын тохтотуохха диэн сурук баран турар. Ол да буоллар, реформа бара турар, үстүү сыл буола-буола улахан этиилэр киирэллэр. Биһиги улаханнык утарсаммыт, бастаан бэйэбититтэн саҕалыахха диэн, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары таарыйда.
Уопсайынан, бу Үлэ кодексатыгар уларытыыны киллэрэр уонна үлэһит дьон быраабын аччатар сыаллаах этиилэр сылга элбэхтик киирэллэр. ГосДумаҕа сокуоҥҥа уларытыыны киллэриигэ сылга аччаабыта уонча этии киирэр. Профсойуустар түмсүүлээх буолан, үс өрүттээх социальнай партнерство үлэтин быһыытынан, бу боппуруостары балай да утарсан кэллибит эрээри, билигин да тохтообот.
Билиҥҥи кэмҥэ саамай хотторуубут — нолуокка “администратирование” диэни киллэрдилэр. Бу 2017 сылтан киириэхтээх. Урукку өттүгэр харчы страховой усунуос курдук хомулла турбут эбит буоллаҕына, билигин нолуок быһыытынан ааһар. Куруук этэбит, биэнсийэ, страховой фондалар харчылара судаарыстыба, бүддьүөт гиэнэ буолбатах, бу үлэһит киһи бэйэтэ ууруммут үбэ. Ол үп нолуокка барбытын быһыытынан, бу судаарыстыба харчыта буолан хаалар. Инньэ гынан, судаарыстыба бу үбү-харчыны бэйэтэ талбытынан дьаһайар бырааптанан хаалла. Онон ити өттүнэн сүүйтэриилээхпит диэн этиэххэ наада.
—Эн санааҕар, биэнсийэҕэ тахсар сааһы өтөрүнэн уһатыахтара дуо?
— Чугастааҕы икки-үс сылга көрүллүбэт, ол чуолкай. Билигин үс сыллаах бүддьүөт үбэ көрүллэ турар, онно ити боппуруос бакаа киирбэт. Ол гынан баран, эппитим курдук, Биэнсийэ фондатыгар үп тиийбэтин туһунан ыйаллар. Төһө эмит утарсыбыппыт үрдүнэн, кэлэр сылга үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин индексациялааһыны тохтоттулар. Биһиги итини олох утарабыт.
Аны туран, индексацияны быйылгы сылга 4 эрэ % ыыппыттара. Онтон инфляцияҕа тэҥнээһини биир кэмнээх төлөбүр быһыытынан оҥоробут диэн этэн тураллар. Ааспыт ыйга ФНПР-га (Көҥүл профсоюзтар федерациялара) генеральнай сэбиэт буолбута. Онно бастайааннай хамыыһыйаҕа үлэлиирбэр бу боппуруоһу көтөҕөн турабыт. Биэнсийэҕэ 5 тыһ. солк. тэҥинэн биэрии сыыһа, Арассыыйа киин өттүгэр дуу, Уһук Хоту дуу олох таһыма атын. Биһиги ааҕыыбытынан, биэнсийэлээхтэрбит итиннэ сүүрбэттэн тахса тыһыынчаны сүтэрэллэр.
Ити боппуруостарга үлэлэһэн, Ил Түмэн дьокутааттарын кытары, Галина Данчиковаҕа иккис ааҕыыга үлэлэһэргэ этии киллэрбиппит. Аҕыйах күннээҕитэ биллибитинэн, тохсунньуга ситэ ылбатахтар олунньуга ылыахтара диэн буолла. Кэлэр 2017 сыллаах биэнсийэни толору индексациялыахпыт диэн этэн тураллар. Бу боппуруоска дойду бырабыыталыстыбата уонна идэлээх сойуустар көрүүбүт араастаһыылаах.
— Идэлээх сойуустар үлэһиттэрин күнүн көрсө туох үлэ ыытылла турар?
— Быйыл 95 сылбытыгар анаан, элбэх улууһу хабан, бастакы форум тэрийэн ыытаары олоробут. 500-тэн тахса делегат кэлиэҕэ. Сүрүннээн билиҥҥи турукпутун, 100 сылбытын көрсө кэлэр 5 сылга туох үлэ-хамнас ыытылларын туһунан кэпсэтии буолуоҕа. Сэтинньи 24 күнүгэр секцияларынан үлэҕэ профсоюзнай мотивация, үлэ харыстабыла, о.д.а. боппуруостары көрүөхпүт. Үлэ харыстабылыгар элбэх уларыйыы киириэхтээх, ордук “Спецоценка условий труда” диэн саҥа федеральнай сокуон үлэҕэ киириитинэн. Ону тэҥэ социальнай партнердарбытын — бырабыыталыстыбаны, үлэни биэрээччилэр түмсүүлэрин салайааччыларын кытта бииргэ олорон кэпсэтиэхпитин баҕарабыт.
Быйылгы үлэ кэлэктииптэрин уус-уран самодеятельность фестивала түмүктэнэн эрэр. Сэтинньи 25 күнүгэр кыайыылаахтар кэнсиэртэрэ буолуо. Үбүлүөйбүтүн үлэ үөһүгэр көрсөбүт. Холобур, бүгүн босхо юридическай көмөнү оҥордубут, ыччат сэбиэтин отчуоттуур-быыбардыыр конференциялара буолла. Биһиги ыччакка улахан эрэллээхпит. Кинилэр Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн үчүгэй үлэлээҕинэн биллэллэр.
Түгэнинэн туһанан, биир идэлээхтэрбин олоххо көхтөөх көрүүгүт, дьон туһугар кыһамньыгыт, сонун идиэйэлэргит, уопсай соруктары быһаарарга түмсүүлээххит иһин махтанан туран, ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Биһиги кэккэбитигэр олус көхтөөх, эрчимнээх, дьон кыһалҕатыттан хаһан да туора турбат, уопуттаах салайааччылар баалларыттан киэн туттабын.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.